Киэҥ нэлэмэн дойдубут муннуктарыгар килиимэт араастаһарын бары бэккэ диэн билэбит. Маныаха оҕуруот аһын олордуу эмиэ олохтоох усулуобуйаны тутуһары ирдиир, арассааданы олордуу кэмэ араастаһар.
Агрономнар бу курдук формуланы тутуһан олордуҥ диэн сүбэлииллэр эбит.
Д=А-В-С
Бу буукубалар тэҥнэһэллэр:
Д – арассаада олордуу күнэ
А- буорга олордуу
В – арассаада «сааһа»
С – сиэмэ тахсар кэмэ
Помидор олордуутун холобурун ыллахха:
Помидору аһаҕас сиргэ үгэс быһыытынан бэс ыйын 10 чыыһылатын кэннэ олордоллор. Помидор арассаадатын «сааһа» ортотунан 55 күн буолар.
Сиэмэ тахсар кэмэ 4-8 күн.
Ол аата 55+8=63 күн.
Бу сыыппараны бэс ыйын 10 күнүттэн ааҕан таһаарабыт. Ол аата аһаҕас сиргэ олордуллар помидор арассаадатын муус устар бастакы күннэригэр олордор табыгастаах.
Бу формуланан теплицаҕа уонна аһаҕас сиргэ олордуллар оҕуруот аһын арассаадатын хаһан ыһыахха сөп буоларын билиллэр.
Санатар буоллахха, теплицаҕа олордуллар арассааданы аһаҕас сиргэ олордуллар арассаадаттан 1-1,5 ый иннинэ ыһаллар.
Оҕуруот аһын арассаадатын тахсыытын кэмэ:
Биэрэс 8-14 күн
Баклажан 8-10 күн
Помидор 4-8 күн
Хаппыыста 3-6 күн
Оҕурсу (кабачок, тыква) 4-6 күн
Лук 8-10 күн
Дына, арбуз 5-10 күн
Түмүккэ сүбэ: теплицаҕа эбэтэр аһаҕас сиргэ олус үүнэн хаалбыт арассаадатааҕар ситэ үүммэтэх арассааданы олордор ордук.