Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта.

Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу Америка, Европа, Илиҥҥи Азия омуктарыгар тиийэ тарҕаммыт былыргы музыка инструмена. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, хомус 160 тахса көрүҥнээҕэ биллэр.   Маныаха хас биирдии норуот хомуһу араастаан ааттыыр: варган, комус, камыс, губыз уо .д.а. Ол эрээри, саха курдук, хомуһу өрө туппут омук суох. Саха хомуһа тыаһа ырааһынан, тыына уһунунан аан дойдуга аатырыан аатырар. Ордук ураты оҥоһуутугар, матырыйаалыгар, форматыгар болҕомто ууруллар. Сахаҕа хомус үс араастаах: мас хомус, хомус (тимир биһилэхтээх), икки тыллаах хомус.

Оттон хомуска тардыы араастардаах:

Наар охсуу;

Хардары таары охсуу;

Тарбах араас охсуулара;

Табыгыр;

Сүрүн дорҕоон;

Уос дорҕоон;

Хаастатыы;

Күөрэгэйдэтии.

Аан дойду үрдүнэн Хомус түмэлэ 1990 сыллаахха Дьокуускай куоракка аһыллыбыта. Түмэли Иван Егорович Алексеев -Хомус Уйбаан тэрийэн арыйбыта. Хомус музейыгар икки тыһыынчаҕа тиийэр хомус көрүҥэ баар, ол иһигэр 57 дойду хомуһа  көрүҥэ экспонат буолбут. Түмэли олохтоспут бөлөһүөк, философскай наука дуоктара  Ксенофонт Дмитриевич Уткин маннык суруйбуттааҕа — “Саха хомуһа ырыата ылбаҕайынан, тойуга дорҕооннооҕунан сүүс омук сүрэҕин сүүйдэ, омук дьонун умсугута угуйда”.

А.Е.Кулаковскай хоһооно хомус айылгытын толору тиэрдэр.

ХОМУС

Айыҥат хаан аймаҕа

Аан ийэ дайдыны

Айар күнүгэр,

Икки атахтааҕы

Ийэ сиргэ

Кэскиллиир күнүгэр,

Урааҥхай дьону

Орто дойдуга

Олохтуур күнүгэр,

Хохуоралаах тыллаах.

Хоҥкунас тыастаах,

Холобура суох хоһоонноох

Хомус барахсаны

Хомуһуннаан айбыта үһү.

Ол кэннэ таҥхалаабыта үһү

Ол курдук диэн:

«Бэрт тимиринэн бэйэлээтим,

Сүдү тимиринэн сүрүннээтим,

Сыыйыы тимиринэн сыҥаахтаатым,

Дьикти тимиринэн тиэрбэстээтим,

Тыйыс тимиринэн тыллаатым.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Модун санаалаахтар

Сэрии сылларыгар тыылга төһүү үлэһит күүһүнэн эр дьон оннугар дьахталлар хаалбыттара. Салайааччыттан саҕалаан дьиэ хаһаайкатыгар тиийэ бары ийэлэр, эдэр кыргыттар, оҕолор алдьархай ааҥнаабытын, дойду...

«ДАЛБАР ХОТУН» Төҥүлүгэ

Ахсынньы 12 күнүгэр "Далбар хотун" сурунаал Төҥүлү нэһилиэгин "Доруобуйа" түмсүү далбардарын кытта көрүстэ. Бу күн олохтоохтор сурунаал үлэһиттэрин "Сайдам" общественнай түмсүү дьиэтигэр үөрэ-көтө көрүстүлэр....

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...