Барыта оҕо саастан бэриллэр

Михаил Гаврильевич Старостин — Российскай Федерация үтүөлээх худуоһунньуга, Россия худуоһунньуктарын Союһун чилиэнэ, СР искусстватын үтүөлээх деятелэ, “За достижения в культуре”” Россия культураҕа министерстибэтин бэлиэтинэн, “За вклад в развитие республики” СР Президенин махталынан, “Духовность, традиции, мастерство” Россия худуоһунньуктарын союһун бэлиэтинэн,”За вклад развитие национального книгоиздания” С.А.Новгородов аатынан национальнай кинигэ кыһатын үрүҥ көмүс мэдээлинэн наҕараадаламмыт,   Саха республикатын былааҕын биир ааптара, Россия биллиилээх айар талаана, бүгүн, биһиги сурунаалбыт ыалдьыта.

Михаил Гарильевич, эн төрүттэриҥ Нам сириттэн тардыылаахтар эбит дии.

– 1959 сыллаахха  төрөөбүтүм. Томпо Кириэс Халдьаайытыгар улааппытым, онон саха тыатын оҕотобун.  Аҕыйах сыллааҕыта Таатта Хара Алдан нэһилиэгин кинигэтэ тахсыбыта. Онно, Хара Алдан нэһилиэгин төрүттэспит Старостиннар, Винокуровтар, Захаровтар диэн 80 ыалы 1830 сыл арыый иннигэр Нам Хатыҥ Арыы нэһилиэгиттэн көһөрөн аҕалан олохтообуттарын туһунан сурулла сылдьара. Көһөрүү биричиинэтэ, соҕурууттан былыргы итэҕэллээхтэри, норуокка тарҕаммытынан “аттыкылары” көһөрөн аҕалан бурдук үүннэттэрэн нэһилиэнньэни аһынан хааччыйыы. Онтон биһиги дьоммутун Хара Алдаҥҥа көһөрөн аҕалан алаастарынан олохтообуттара, кэлин нэһилиэги үөскэппиттэр. Оччолорго Саха сирэ Иркутскай губернияҕа киирэринэн биэрэпиһи Иркутскайдар ыыталлар. Ол билигин Иркутскай архыыбын ревизскэй сказкатыгар хараллан сытар. Онно бу ааттаммыт 80 ыал испииһэгэ бүтүннүү киирэ сылдьар. Ити дьону кытары биһиги төрүппүт, мин хос эһэм Старостин Игнатий диэн икки уоллаах киһи көһүспүт. Онон, аҕам, Хара Алдаҥҥа төрөөбүт Таатта киһитэ буолар. Ийэм Кириэс Халдьаайы биир төрүт-уус аҕатын ууһун Степановтар кыыстара.

 Эн 60-с,70-с сыллаах көлүөнэҕин. Оччолорго Сэбиэскэй Сойуус диэн улуу дойдулаах этибит. Дьэ ол элбэх сойууһунай, аптаныамнай өрөспүүбүлүкэлэртэн турар модун дойду туох баар билиитин, көрүүтүн, үөрэҕин, бары кыаҕын бу сэрии кэнниттэн төрөөбүт көлүөнэлэргэ сүһэн биэрбитэ. Эн ити үйэ муҥутуур үөһүгэр үөскээбитиҥ.

– Бэйэбин 60-с сыллар ортолоруттан өйдүүр буолан барбытым. Оччолорго Кириэс Халдьаайы элбэх эддилиэнньэлээх Дьоруой Сүөдэр Охулуопкап аатынан сопхуос “Киин уһаайбата” диэн ааттанара. Үлэ-үөрүү тэҥҥэ өрө тигинээн олороро. Ол улахан сопхуоска 1963 сыллаахха Тополинай эмиэ киирбитэ. Таба иитиитэ барыстаах этэ, онно биһиги сопхуоспут элбэх көрдөрүүлэри биэрэн өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыта. Мин оҕо сааспар биһиги бөһүөлэкпит быйаҥ уйата (идиллия). Кириэс Халдьаайы, биир уу баһар массыыналаах, барыта ынах ыллыга дойду. “Илин Бас”, “Күн Көрбүт”,“Томтор” диэн үчүгэйкээн ааттардаах түөлбэлэринэн төгүрүктэммит алааска турара. Былыргыта Байаҕантай улууһун III Байаҕантай нэһилиэгэ. Манна былыр икки таҥара дьиэтэ турбута. Ол саҕана хас биирдии ыалтан 1-2 бэрэбинэҕэ түһээн түһэрэн, сүрдээх бөдөҥ-садаҥ мастарынан туппуттар.  Итинник икки таҥара дьиэлээх бөһүөлэк саха сиригэр баара дуу, суоҕа дуу? Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн биирдэһин куупалын көтүрэн баран, оҕо интэринээтэ оҥорбуттар. Билигин, Дьоруой Сүөдэр Охулуопкап аатынан түмэл (музей). Биирдэһин элээмэтэ эрэ хаалан турар, чөлүгэр түһэриллэ илик. Кириэс Халдьаайы диэн ол иһин ааттаннаҕа дии. Уонна былыргыта, ити, Мөҥкөнөн, Кириэһинэн өрүһү туораан  Өймөкөөннүүр суол аартыга ааһара. Билигин быһа Саһылынан Кириэһи таарыйбакка ааһаллар. Кэлин Томпо оройуона буолбуппут кэннэ Кириэс Халдьаайы 10 кылаастаах оскуолалаах соҕотох нэһилиэк этэ. Бэрт кырдьаҕас, элбэх кэпсээннээх оскуола, холобур Алампа убайа Василий Иванович Софронов учууталлыы сылдьыбыт. Мин үөрэнэрим саҕана дьэ чахчы бүтүн сойуус үрдүттэн араас омук учууталлар кэлэн үлэлииллэрэ. Омук тылын, химияны эҥин кэлии учууталлар үөрэтэллэрэ. Ол иһин үөрэх таһыма үрдүк буолара. 500 – тэн тахса үөрэнээччилээх. Сайдыыттан, Саһылтан, Мэҥэ-Алдантан 8-с кылаас кэнниттэн оҕо бөҕө салгыы үөрэнэ кэлэр. Ударниктан, Арыы Толоонтон олох даҕаны 5-с кылаастан кэлэллэр. Бу үтүмэн үгүс оҕо интернакка олороллор, онон интернат эмиэ оргуйан олорор. Ол саҕана биһиэхэ уруһуй куруһуога суоҕа. Арай, 4-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына Амматтан төрүттээх Филиппов Александр Иннокентьевич диэн Ленинградка Герцен аатынан институту бүтэрбит учуутал, оскуола дириэктэринэн ананан кэлбитэ. Кэлин манна Дьокуускайга Художественнай училищеҕа дириэктэри солбуйааччы эҥин буола сылдьыбыта. Биһиэхэ сыл эрэ үлэлээтэ быһыылааҕа. Ол кини уруһуй кыраамататын, боропуорсуйаны мээрэйдиири, эттиктэри уруһуйдууру үөрэтэн хаалбыта. Биирдэ уруһуйга күрэх оҥорон, онно аан маҥнайгы натюрморг туруоран уруһуйдаппытын өйдүүбүн. Эппитим курдук соҕурууттан элбэх учуутал кэлэрэ, биир кэмҥэ Алехан Батарбекович диэн осетин киһитэ дириэктэрдии сылдьыбыта. Кини уола Мэлс Алеханович – (Маркс, Энгельс, Ленин, Сталин диэнтэн таһааран ааттаабыт)  физика учуутала этэ. Кыыһа экэнэмиис дуу суоччут дуу этэ, бары дьиэ кэргэнинэн кэлэн барбыттара. Английскай учуутала -Алексей Михайлович саас аайы араас оҥоһуктарга күрэс тэрийэр. Онно күннэтэ көрөр оҕолоруҥ дьэ киһи үөйбэтэх үчүгэй оҥоһуктарын оҥорон аҕалан сөхтөрөллөрө. 1969 сылга “Якутская графика” диэн буостуктар таҕыстылар. Ол ыал аайы баар, дьэ ону көрө көрө оҕолор уотунан сиэтэн хартыына оҥороллор, баатымаҥҥа, хортуоҥҥа уруһуйдууллар. Онно аан бастаан ол английскай тыл учуутала, хантан кырааска булбута буолла, холбоон-илбээн, баҕар малярнай даҕаны кырааска буолаахтыа, холустаны тиирэн хаарынан бүрүллүбүт, күрүөтэ көстөн турар бэһи арыы кыраасканан уруһуйдаабытын көрбүтүм. Ону мин “тыый, маслянай уруһуй маннык буолар эбит дуу” диэн олус сэҥээрэн көрбүтүм.

8-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына миигиттэн үс хас сыл аҕа, ыалым уол булка уһуйбута. Кинилэргэ саа арааһа баар. Аны ботуруон ииттэргэ үөрэттэ. Уонна дьэ саас үгүрүөлүү, чөкчөҥөлүү барабыт. Мин онно сылдьан айылҕаны үчүгэйдик билсибитим. Күн киириитин көрөбүн, кус кэтии олорон ый тыгарын одуулаһабын уонна дьиэбэр кэлэн баран киэһэ дьонум утуйалларын кэтэһэбин. 9 чааска утуйаллар. Дьэ оччоҕо уу-чуумпуга соҕотох олорон ол көрбүппүн өйбөр хат тилиннэрэн уруһуйдуубун уонна дуоһуйан утуйан хаалабын.

Оччолорго оҕо үксэ уруһуйдуур. Миигиттэн түөрт сыл аҕа убайым Дьөгүөр – Байаҕантай аһары үчүгэй уруһуйдьут этэ. Миэхэ кытта уруһуйдаан биэрэр, дьэ, ону илдьэн көрдөрөн бириис эҥин ылабын. Улахан убайбыт буоллаҕына тута быһаарынан физик идэтин баһылаабыта. Кини Дьөгүөрү хайысхалаан биэрэн эмиэ физик оҥорбута. 9-10 кылаастарга үөрэнэр кэмигэр МГУ кэтэх оскуолатыгар киллэрбитэ. Союз саҕана оннук баара. Сотору-сотору сорудах кэлэр, ону барытын толорон ыытан иһэр. Онно сайдан, маннааҕы университетка тута киирэн физик идэтин баһылаабыта. Кэлин бэйиэт-суруйааччы буолбута.

Дьонуҥ бары физиктэр эбит дии, онтон эн хайдах худуоһунньук буолан хааллыҥ?

–  Улаха убайым 8-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына тиийэн, уруһуйдарбын көрдө уонна: “8 -с кылаас кэнниттэн художественнай училищеҕа киир” диэтэ. Мин ыал кыра оҕотобун уонна кыра даҕаны буоллаҕым дии, онон дьонум толкуйдаатылар. Онтон ийэм үлэтиттэн уурайан миигин көрөөрү куоракка киирсэр буолла. Бастакы сылларга ыарахан этэ, ону ийэм өйөөн, көрөн-харайан үөрэммитим. Убайым оччолорго куоракка ыал буолан оҕолонон олорор. Биһиги кинилэргэ олоробут. Ийэм кыһынын оҕо көрсөн эҥин онно кыстыыр, сайынын дойдутугар тахсар. Мин 1973 сыллаахха туттарсыбытым. Оччолорго куоракка аҕыйах таас дьиэ баар уоннааҕыта барыта мас дьиэлэр. Училище “Залог” оройуонугар турар мас дьиэ. Мин аттыстааппар биир 3 сыналаахпын, онтукайым физикаҕа. Убайдарбын үтүктэн дьарыктанан көрөбүн даҕаны, олох төбөбөр киирбэт биридимиэт этэ. Дьиэбит Ойуунускай уулуссатыгар турара. Ол дьиэ айар дьон түмсэн олорор дьиэлэрэ быһыылааҕа, холобур биир дойдулаахпыт суруйааччылар Егор Неймохов, Сэмэн Попов – Тумат баар курдуктарын өйдүүбүн. Биир сарсыарда онтон сатыы аҕабынаан докумуон туттара бардыбыт. Хамыһыйа докумуоммун ылан көрөн баран, арай, “һуу, үчүгэйдик үөрэммит оҕо эбит дии” диэтилэр. Мин ону, “куһаҕаннык үөрэнэр оҕолор 8-с кылаас кэнниттэн кэлэн киирэр үөрэхтэрэ эбит дуу…” диэн муодарҕыы иһиттим. Арай көрүдүөргэ хаамыталыы сылдьан истиэнэҕэ ыйанан турар үөрэнээччилэр уруһуйдарын көрдүм. Дьэ, доҕоор, кыраамата бөҕөтө, туох даҕаны кинигэҕэ уруһуйдаммыт курдук хартыыналар. Ону көрөн, били, “үчүгэйбин” дэнэ сылдьыбыт киһи киэптэттим, бэйэбин сэнэнэн сүөм түһэн хааллым. Онтум, төрүт даҕаны училище аҥар кынатыгар баар художественнай оскуола оҕолорун уруһуйдара эбит. Испиэһэги көрбүппүт, 20 миэстэҕэ 60 туттарсааччы баар. Ити бастакы күн кэнниттэн аҕам аны барсыбат буолан хаалла. Бастакы сүрүн эксээмэним буолар күнүгэр 20 мүнүүтэ хаалбытыҥ кэннэ “чэ, хойутуоҥ суоҕа, чугас дии” диэн эмиэ бэйэбин ыытта. Дьиҥэр, 20-15 мүнүүтэ иннинэ тиийэн оҥостуохтаах эбиккин, мин буоллаҕына саҥа дьиэбиттэн тахса сылдьабын. Аны куоракка сылдьа үөрүйэҕэ суох тыа оҕото мунаах буоллаҕым дии, университет күөлүн үрдүнэн баран иһэн буккулуннум. Аҕабынаан муостаны туораабыппытын өйдүүбүн. Көрдөхпүнэ иннибэр муоста турар, онтон кэннибин хайыспытым эмиэ муоста баар. Ыксаатым.  Чэ, син сөпкө бардым быһыылаах, биир муостаны туораатым уонна дьээ, сүүрүү кытаанаҕа. Аҕылаан-мэҕилээн тиийбитим, кылаас иһэ тобуус толору туттарсааччы. Бары уруһударын хостоон тэлгэтэн бэлэм буолбуттар. Мин буоллаҕына буһа-хата саҥа хостонон, балачча бадьыыстаһан, кунуопкалаан, уруһуйдаан эҥин дьэ бэлэм буоллум. Арай көрөн олордохпуна улахан баҕайы аармыйаттан эҥин кэлбит уолаттар бааллар, үлэлэрэ туох даҕаны үчүгэйэ сүрдээх. Хамыһыйабыт киирдэ даҕаны кэрийэ сылдьан сыана туруортаан бардырҕатан барда. 2 сыананы харыстаабаттар, биэрэн иһэллэр, ол аайы туттарсааччы көтөн иһэр. Арай миэхэ 3 сыананы туруортууллар. Дьэ ити курдук токур үһүнэн эксээмэммин түмүктээтим уонна хата киирэн хааллым. Другин Михаил диэн Үөһэ Дьааҥыттан сылдьар атаһым биир 2-лэнэн “истээччинэн” киирбитэ. Ол, кэлин киирэн иккиэн бииргэ үөрэммиппит.

Бастакы кууруска үөрэхпит олус ыарахан этэ. Аармыйаттан кэлбит уолаттар улахан дьон буоллахтара дии, уруһуйдара лаппа үчүгэй. Мин буоллаҕына саҥа үөрэнэ сылдьар 14 эрэ саастаах оҕобун, онон тиритии-хорутуу кытаанаҕа. Онтон иккис куурустан дьэ дьоммун ситэн, өссө аһары түһүөх курдук буоллум. Юрий Иннокентьевич Вотяков диэн биллиилээх график маастарга түбэспитим. Үөрэхпин бүтэрэрбин кытары кини миигин Москубатааҕы полиграфическэй институтка баран туттарыс диэтэ. “Полиграфический это – фирма!” эҥин дэтэлиир уонна напырабылыанньа биэрдэ, онто миэстэтэ суох, уопсай туттарсыы.  Мин бардым. Оччолорго бүтүн союз үрдүнэн Москубаҕа уонна Львовка эрэ икки Полиграфическэй институт бааллар. Онон халыҥ куонкурус. “Куонкуруһу таһынан” миэстэлэри Сойууһунай өрөспүүбүлүкэлэргэ эрэ биэрэллэр. Биһиэхэ буоллаҕына 400 -тэн тахса киһи туттарсар. Мин, эксээмэммин барытын туттардым эрээри, куонкуруһунан кыайан ааспатым. Онон төннөн кэллим.

Сойуус саҕана үлэтэ суох киһи диэн суоҕа дии, дьэ эн ол кэлэн баран тугу үлэлээтиҥ?

–  Оччолорго манна өрөспүүбүлүкэтээҕи нагляднай агитацияны ыытар

(идеологическэй былакаат, лоһун) энин оҥорор “Худфонд” диэн улахан тэрилтэ баара. Оннук буондалар сойуус үрдүнэн өрөспүүбүлүкэлэргэ барыларыгар бааллара. Онно киирдим. Дьэ, улахан былакааттары, Ленин эҥин мэтириэттэрин тимир лиистэргэ уруһуйдуубут. Дьиҥэр миигин Сунтаарга, норуодунай тыйаатырга худуоһунньугунан анаабыттара даҕаны, барбатаҕым. “Худфондаҕа” үлэлии сылдьан учуулуссаны бүтэрбит оҕолор сыллата баран туттарсабыт Киирбит хаалар, киирбэтэх төттөрү кэлэн салҕыы үлэлиир. Оччолорго, билиҥҥи курдук, куорат аайы биһиги үөрэхпит суох. Москубаҕа, аҕыйах киин куораттарга бааллар. Холобур, биир – Искусства института Владивосток куоракка баара. Билигин норуот худуоһунньуга Афанасий Романав эмиэ “худфоҥҥа” үлэлиирэ. Иккиэн бара бара, төннөн суккураһан кэлэбит. Оннук иккитэ Москубааҕа туттарыстым даҕаны, кыаллыбата. Аны аармыйаҕа сулууспалаан кэллим. Ити курдук түөрт сылым сүттэ. Аармыйа кэнниттэн дойдубун наһаа ахтаммын тахсан саҥа аһыллыбыт Муусука оскуолатыгар “художественнай кылаас” диэн баарыгар киирэн, түөрт сыл учууталлаатым. Дьэ онно дьиҥнээхтии тыа олоҕун кытары билистим.

Ол түөрт сыллаах “тыа үөрэҕин” кэнниттэн, “бэйи эрэ, өссө биирдэ баран туттарсан көрүүһүкпүн” диэн, оччолорго саҥа аһыллан төрдүс сылын үлэлии турар Красноярскайдааҕы институтка бардым. Эксээмэн туттарар уопуттаах буолан, тиийээт, үлэлэрбин тэлгэтэ охсон, уонна учуутал киһи бэлэмим даҕаны балачча буоллаҕа, туйгуннук туттаран “промышленная графика” диэҥҥэ киирэн хааллым. Ол билигин, “графическэй дизайн” дэнэр.

Михаил Гаврильевич, эн үлэлэриҥ литература көрүҥнэриттэн ордук бэйиэсийэҕэ чугастар. Сүрдээх элбэх ханарытан этии (метафора), романтика, көтүү, киһи ис туругун көрдөрөр өрүтэр бааллар. Элбэх ала бэлиэлэр (символ), мэҥэ уобарастар бааллар. Дьэ ити истиилиҥ туһунан кэпсээ эрэ.

–  Бука, дизайнер үөрэхтээх буоламмын буолуо, бэйэбэр атын атын соруктары туруоруннахпына сатанабын. Онон араас истиилинэн барытынан үлэлиир курдукпун. Сүрүн көрүҥнэрим графика уонна живопись. Истиилбин абстрактный экспрессионизм диэччилэр, ол эрээри реализмҥа киирсэр үлэлэр бааллар. Уус-уран литература айымньытын дьоруойдарын курдук мин дьоруойдарым эмиэ тилиннилэр даҕаны, бэйэлэрин олохторунан олорон бараллар. Худуоһунньук, алыс үлүһүйэн кинилэри аһары түһэрбэккэ, кэмигэр тохтотору сатыахтаах. Афанасий Николаевич Осипов: “живопись бүтэр уһуга суох” диир этэ. Ол, чахчы, бэйэҥ айылҕаттан бэриллибит сэрэххинэн сэрэйэн кэмигэр тохтуохтааххын. Биир үлэни төһө баҕарар сайыннаран бара туруохха сөп, ону муоһалыыр уустук. Бэйэҥ даҕаны билбэккинэн үлэҕин буорту оҥоро турарыҥ буолуо дии.

Эн айар үлэҕин күүскэ ырытыы ирдэнэр эбит. Ким эмэ онно үлэлэстэ дуо?

– “Уруһуй түмэлин” научнай үлэһитэ Галина Гаврильевна Неустроева үөрэхпин бүтэрэн кэлиэхпиттэн үлэлэрбин табан ырытар. Түмэл дириэктэрэ Влада Владиславовна Тимофеева эмиэ үчүгэй ыстатыйалаах. Уонна ханна быыстапкалаабыт сиргэр хайаан даҕаны ырытан суруйаллар. Үлэлэрим быыстапкалара элбэх сиргэ турбута. Холобур Россия иһигэр: Иркутскай куоракка кэтэх гэлэриэйэҕэ иккитэ туруорбутум, Новосибирскэй, Владивосток түмэллэригэр, Южно-Сахалинскайга, Москубаҕа, ону таһынан балачча омук сирдэригэр. Ол быыстапкаларга ускуустубаны үөрэтээччилэр хайаан даҕаны ырыталлар.

Чэ, манна төһө баҕарар бэлэмниэххэ сөп буолуо, онтон атын дойдуларга, куораттарга быыстапка оҥороргор хайдах тэринэҕин?

– Худуоһунньуктар быыстапкалары тохтоло суох араас куораттарга оҥоро туруохтарын сөп. Ол эрээри үйэҥ тухары көлөһүҥҥүн тохпут үлэлэргин харыһыйаҕын. Дьэ, холобур, ханна эрэ ыытар буоллаххына, хартыыналары суулаан баран, хараххын быһа симэн туран тырааныспар хампаанньатыгар туттаран кэбиһэҕин. Олор хайдах тиэрдиэхтэрэ биллибэт. Онтон эмиэ биир оннук өр да өр айаннаан төттөрү кэлэр. Онтон холустаҕа оҥоһуллубут живопись тымныыны тулуйбат, кырааската хайыта-ойута барар. Ол иһин сылыйдаҕына сааскыттан саҕалаан ыытаҕын уонна күһүн эргийэн кэлэрин курдук тэринэҕин. Канада курдук ыраах сиргэ, биирдэ, быытапка оҥорон турабын. Оннук ыраах айаҥҥа ыытарга улахан кээмэйдээх хартыына кыайан барбат. Сөмөлүөккэ батар буолуохтаах. Ол улахан хааччах, ороскуот. Онтон бэттэх соҕус бараргар улахан хартыыналарга анаан икки эҥин миэтэрэ кээмэйдээх дьааһыктары оҥороҕун. Хартыына холкутук, хамсаабакка туруохтаах.

Дьэ, кырдьык, билиҥҥи эдэр худуоһунньуктарга уустук кэм. Эн 10 сыл кинигэ кыһатыгар үллүстүрээтэр быһыытынан үлэлээбитиҥ. Кинигэни оҥорсуу уонна бэйэҥ тус айар үлэҥ туох уратылаахтарый?

–  Айар үлэҕэ бара сатаан, үөрэхпин бүтэрэн кэлээт, кинигэ кыһатыгар үлэҕэ киирбитим. Биллэн турар бу тус туспа хайысхалар. Бастатан туран кинигэ оҥорсууга сакааһынан үлэлиигин. Ону уус-уран эрэдээктэр аттарар. Холобур, бу айымньыга бу худуоһунньук сөп түбэһэр, бу үөрэх кинигэтин, оҕо кинигэтин бу худуоһунньук кыайыан сөп диэн. Онно уус-уран эрэдээктэр менеджер курдук үлэлиир. Айымньыны эрэдээктэр көрө илигинэ, ааптар хайдах бачаачайдаабытынанан илии анныттан ылаҕын. Киһи сөҕөрө, кинигэ буолан таҕыстаҕына букатын уларыйан хаалбыт буолар. Оччолорго дириэкэр Скрябин Сэмэн Сэмэнэбис этэ. Мин маҥнай, Красноярскайга үөрэнэ сылдьан сайын, кыһын сынньылаҥмар кэллэхпинэ сакаас ылан барарым. Ол балачча төлөбүрдээх буолан син харчыланар этим. Сыыйа, итэҕэлгэ киирэн эбии үлэ биэрэн иһэр буолбуттара. Сайынын кэллэхпинэ оҕо кинигэлэрин эҥин  оҥоттороллоро, онон балачча хамнастанарым. Холобур оҕо кинигэлэрин тылбаастара: Эрих Распе “Барон Мюнгаузен мүччүргэннээх сырыылара”, Георгий Борисов “Эһэ уонна кыысчаан” остуоруйата, Геннадий Снегирев “Туундара уонна тайҕа норуоттарын остуоруйалара”, аны Юрий Сергеев “Становой хребет” кинигэлэрин  толору уруһуйдаан оҥорбутум. Онтон үлэҕэ киирбитим кэннэ, сотору, уус-уран эрэдээктэр оҥорбуттара. Ол үлэтэ бэрт буолан үллүстүрээссийэҕэ илиим даҕаны тиийбэт этэ. Бэккэлээн кинигэ тастарын оҥорорум. Оччолорго сылга 130 араас кинигэ тахсара. Бэлигирээпийэ мөлтөх. Сылга биир эмэ кинигэни Смоленскайга эбэтэр Твергэ, Москваҕа ыытан таһааттарарбыт. Ол кинигэ кинигэ курдук буолара. Дьэ ону кэтэһии бөҕө буолабыт. Аны, 90-ус сылларга хааччахтана сыппыт кинигэлэр, холобур, Гавриил Баишев – Алтан Сарын “Тоҕус этиҥ тойуга”, Гаврил Ксенофонтов “Урааҥхай сахалар”, Сэмэн Попов – Тумат “Сэмэн Новгородов олоҕо” тахсыбыттара. Ол бастакы үчүгэй полиграфиялаах кинигэлэр этэ. Биһиги иннибитинэ элбэх саха биллиилээх худуоһунньуктара кинигэ уруһуйугар үлэлээбиттэрэ, холобур: Афанасий Мунхалов, Сэксэй Парников, Ефим Шапошников уонна даҕаны атыттар. 60-с сылларга кинигэ үллүстүрээссийэтэ олус күүһүрэ сылдьыбыт, онно Сэксэй Парников эрэдээксийэ сүрүннүүр уус-уран эрэдээктэринэн үлэлээбитэ улахан оруоллаах. Билигин кинилэр үлэлэрэ кинигэлэргэ хаалбыттара хайдах курдук үчүгэйий.

Онтон ити үлүгэр үлэни кытары бэйэҥ айар үлэҕин хайдах тэҥҥэ тутан айбыккыный-туппуккунуй?

– Ол олус уустук этэ. Субуотаҕа уонна өрөбүлгэ эрэ бэйэм айар үлэбэр төннөрүм. Сүнньүнэн уоппускабар үлэлиибин. 1992 сыллаахха “Худуоһунньуктар дьиэлэригэр” бастакы быыстапкабын оҥорбутум. Биир кэмҥэ “айар үлэҕэ бардым” диэн, бэчээттэн бара сылдьыбытым. Ол гынан баран биир ыйынан төттөрү кэлбитим, хамнаһа суох хайдах олоруоҥуй? Онтон иккистээн эмиэ барбытым. Ол сырыыга “Полярная звезда” сурунаалга көспүтүм. Эрэдээктэр бэйиэт Софрон Осипов этэ. Онно бириэмэм элбэх, биир сурунаалы эрэ оҥороҕун. Онон бэйэм айар үлэбэр добуоччу үлэлээбитим. Онтон саас “Бичиктэрим” эмиэ ыҥырдылар. Күһүн барбытым, саас төнүннэҕим дии. Хата үс хонуктаах “айар күн” биэрэн абыраабыттара. Ити курдук уопсайа кинигэ бэчээтигэр 10 сыл үлэлээбитим.

Дьэ билигин хартыыналарга киириэх. Холобур, саха киһитэ барыта билэр, таптыыр хартыынатын “Балыксыт” туһунан кэпсэтиэх.

– Туох барыта оҕо саастан бэриллэр. Оҕо эрдэхпинэ таайым Бүөтүр Баһылайабыс Степанов уол оҕото суох буолан миигин илдьэ сылдьара. Дьэ ол таайым Кириэс Халдьаайы тулатыгар баар күөллэргэ илимниир, миигин 5-с кылаастан ыла балыктыырга сыһыарбыта. Онно 3-4 килэмиэтирдээх сирдэринэн күөлтэн күөлгэ көһө сылдьан сайыны быһа илимниибит. Ол тухары малбытын-салбытын сүгэн сатыы көһөбүт. Таайым аттаах этэ даҕаны, күһүн сыарҕа хаара түспүтүн эрэ кэннэ көлүйэрэ. Ол күөллэр минньигэс даҕаны соболоохторо… Оҕо бантаасыйата диэн сүрдээх буоллаҕа дии, онтон бу уобарас төрөөбүтэ. Көстөрүн курдук, манна балыксыт күөлүн сүгэн иһэр. Кириэскэ балыктаах күөл аҕыйах этэ, хас биирдиилэрэ кимҥэ эрэ ананаллар. Ол өбүгэттэн кэлбит күөллэр иччилэрин иитэллэр. Бу ыал онно оттуур, балыктыыр, кустуур. Дьэ ол иһин саха киһитэ иитэр эбэтин уобараһын куруук төбөтүгэр, сүрэҕэр илдьэ сылдьар диэн өйдөбүллээхпин. Онтон “улахан балыгы туппут киһи” диэн ыра, эрэл хаһан даҕаны сүппэт, ол бэлиэтэ, ити, оройун үрдүгэр уста сылдьар собо.

Эн үлэлэргэр киһи элбэх үгэс буолбут ала бэлиэлэри (этнографический символ) булар, ол эйиэхэ хантан кэлэрий?

– Мин итинник кинигэлэри куруук мунньарым уонна ала бэлиэлэри үөрэтэрим. Хотугу омуктарга киирэрбэр Тан (Владимир) Богораз кинигэтэ туһалаабыта. Биирдэ Москваҕа “Наука” кинигэ маҕаһыыныгар киирбитим, “Материальная культура чукчей” диэн үллүстүрээссийэлээх кинигэтэ сытар. Арыйталаан истэхпинэ, арай, мин эһэм талах чаархаана уруһуйдана сылдьар. Мин буоллаҕына, чаархаан сахалар эрэ киэннэрэ дии саныырым, онтукам хотугу эргимтэ омуктарга барыларыгар баар буолан таҕыста. Онтон ыла, хоту эргимтэни көрдөрүөхпүн баҕардахпына, ити талах чаархааны ала бэлиэ курдук киллэрэр буолбутум. Бу сүрдээх күүстээх бэлиэ. Хотугу дьону иитэн олорбут биир сүрүн дьарыкпыт – түүлээх булдун бэлиэтэ. Аны, түнэ сон (кухлянка). Бу түнэ сонтон ити көпүсүөн бэргэһэлээх “аляска” диэн аатырбыт куурканы эмиэрикээнистэр тигэн таһаарбыттара. Ити хотугу ала бэлиэлэр, мин айар үлэбин байыппыттара.

Аны, дьонуҥ, үгүстэрэ хамсалаахтар дии?

– Хамса диэ? Мин бэйэм эдэрбэр табах тардар этим. Эһэм үйэтин тухары табахтаабыта. Хамса араас көрүҥнээх. Омук омук киэнэ тус-туспа, онон билэр киһи хайа омук буоларын хамсатынан таайар. Хамса – хоту киһи муудараһын, толкуйун, тулуурун биэрэр биир тутаах тэрил дии саныыбын. Ол эрээри ускуустубаҕа киирэрин сорох омуктар ылымматтар эбит. Холобр, билигин аҕыйах саха худуоһунньуга Кытайга баран уруһуйдаан хамнастаналлар. Мин биирдэ эмиэ оннукка бардым. Кытайдар тэрээһиннэрэ үчүгэй бөҕө, мастырыскыай, кырааска, олорор сир, аһыыр ас, туттар тэрил барыта тардыллан турар. Мин буоллаҕына эмиэ “хамсалаах” киһибин хартыынабар киллэрдим. Ону дьонум фэншуйунан дуу, ЗОЖ дуу, “Дьонуҥ тоҕо хамсалаахтарый? Манныкка үлэ сыаната түһэр” диэн сөбүлээбэтэхтэрин биллэрбиттэрэ. Мин: “тыыннаах киһи табахтыыр буоллаҕа уонна өбүгэлэрим ситимнэрэ итинник” диибин даҕаны, ылымматахтара.

Туһах?

– Оҕо сырыттахпына, Кириэс Халдьаайыга эбэм Өлөксөөндөрө эмээхсин биһиэхэ туһах иитэн биэрэр этэ. Бэйэтэ онтун хатар. Куртуйахха кылынан, куобахха боробулуоханан уонна чугас эркин иитэр. Ону убайбынаан кэрийэбит. Дьиэбит анныгар Даадар диэн от үрэхтээхпит – бэйиэт Федор Григорьевич Винокуров — Даадар дойдута. Убайбынаан туһахпытын кэрийэ Даадары туораан уҥуор тахсабыт. Онно, айылҕа тыытыллыбатах ырааһынан турар буолара. Бөдөҥ, лагларыспыт хатыҥнар, ып-ыраас ынах ыллыктара. Сайын ол устун хааман истэххинэ дьэдьэн сыта дыргыйар. Туһухтаах уобарас, миэхэ эмиэ оҕо сааспыттан, өбүгэлэрбиттэн кэлбитэ. Аны, төһө даҕаны табалаах Тополинай биһиги оройуоммутугар киирдэр, мин биирдэ даҕаны дьиҥнээхтии хотугу табалаах дьону көрбөтөх эбиппин. Ол иһин таба муостаах киһини оҥорбутум. Билбэтэҕи өйтөн толкуйдаан оҥоруу бэлиэтэ. Бэл, ити уруһуйдуур түнэ сонноох дьоммун илэ көрбөтөҕүм. Ол да буоллар, бу барыта норуот өбүгэтин үгэһэ, олоҕун укулаата, кини сылаас эйгэтэ диир санааттан ала бэлиэлэр быһыыларынан киллэрбитим. Хамыйах дуо? Тыый, киһи аһыыр буолан тыыннаах сырыттаҕа дии уонна булт соноро эмиэ түмүгэр аһылыкка тиэрдэр, оччотугар “хамыйах” олох бэлиэтэ буолара тоҕо сатаммат.

Эн “Искусства уонна культура Арктическай институтугар” учууталлаабытыҥ.

– Уһуйааччы үчүгэйэ, чааһын биэрдэ даҕаны иллэҥ буола түһэр. Аны кэлэр көлүөнэ уонна биир көлүөнэ биир идэлээхтэргин кытары күннэтэ алтыһа сылдьаҕын. Биэрэр биридимиэтим: шрифт дизайна, уруһуй, графика. Бэйэм үөрэммит идэм буолан үөрэтэргэ үчүгэй этэ. Худуоһунньук үөрэҕэ диэн үксүн дьарык, быраакчыка, ол иһин онно элбэх кэми биэрэ сатыыгын. Биһиги бары куолаан элбэх талааннаах ыччаттары иитэн таһаардахпытына улахан ситиһии буолар. Бу кэлиҥҥи бүтэрбит ыччаттарбытыттан, холобур, дипломун былакаатынан көмүскээбит Тереза Чавис, “Бүтэй Бүлүүнү” оҥорбут Татьяна Волкина күүстээх  худуоһунньуктар диибин. Татьяна “Бичик” кинигэ кыһатыгар үлэлии сылдьыбыта.Талааннаах ыччат элбэх эрээри, билигин биһиги идэбит харчыта, хамнаһа суох буолан ыччат тохтуура уустугурда. Кинилэр аһыахтарын, таҥныахтарын, дьиэ кэргэттэрин иитиэхтэрин наада. Ол иһин айар дьоҥҥо олус ыарахан. Бу күннэргэ Харуки Мураками суруйуутун аахтым, онно биир датчанин суруйааччы эппитин саныыгын: “Нужно писать каждый день без надежды и отчаяние”. Худуоһунньук эмиэ оннук. Ол иһин ыччаттарга этэбин, ким даҕаны атыылаһыа диэн эрэммэккэҕин эрэ, онтон санааҕын алыс түһэрбэккэ күн аайы тохтоло суох үлэлээ диэн. Туох барыта үлэттэн тахсар. Сүбэм диэн маннык: Улуу худуоһунньук Валентин Серов эппит; “Айылҕаны баарынан үтүгүннэрэн ылыа суохтааххын” диэн. Итиннэ Николай Заболоцкай диэн нуучча бэйиэтин эбиэҕиҥ: “я не ищу гармонии в природе” диэн этиитин. Кырдьык айылҕаҕа лоп бааччы эн баҕарбытыҥ курдук гармония суох, ол иһин худуоһунньук бэйэтэ баҕарбыт гармониятын айылҕатын туһанан буһаран, ситэри айан таһаарар. Валентин Серов “правда — искусства” диэн этиитэ кырдьык. Ол эрээри аһары барыы суох буолуохтаах, кэмигэр тохтууру сатыахтаххын диэн эрдэ эппитим. Эрнест Хемингуэй этэр: “Сарсын тугу суруйуохтааххын чопчу билэ туран тохуохтааххын” диэн. Уонна дьэ хорсуннук иннин хоту бара туруохтааххын. Маҥнай ылымматтар, онтон “чэ син туох эрэ баар” диэхтээхтэр, дьэ ол кэнниттэн дьон эйиэхэ үөрэнэн дьиҥнээхтии ылынар буолан барар.

Михаил Гаврильевич, бүгүн биһиги эн элбэх кырыылаах айар үлэҥ хас даҕаны өрүтүн таарыйдыбыт. Эн үйэлээх айымньыларыҥ төрөөбүт дойдубут кэрэ эйгэтин үйэлэр тухары тыынныы турдунар! Махтанабыт!

                                                                           

Куорсуннаах

        

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...