Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла.

Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр бэлиэтээтэ:
«Ытыктабыллаах олоҥхоһуттар, оһуохай тылын этээччилэр, норуот маастардара, тимир уустара! Өбүгэлэрбит айан хаалларбыт култууралара үйэлээх буоларыгар тус кылааккытын киллэрэ сылдьаргытыгар махтанабыт! Дойду бэрисидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускайга сырыытыгар, Саха сирин дьоно-сэргэтэ олус талааннаахтарын уонна норуот быһыытынан култуураларын, фольклордарын харыстаан илдьэ сылдьалларын бэлиэтээбитэ. 2022 сыллаахтан Ил Дархан тус стипендията үгэс култуурабытын тарҕатааччыларга бэриллэр буолбута. Үс сыл тустата 81 стипендия бэрилиннэ. Эһиги бастыҥтан бастыҥ буолаҕыт, салгыы бу курдук айа-тута сылдьыҥ», – диэн Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.

Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, бэтэрээн учуутал Александра Артемьева эҕэрдэтин тиэртэ:
– «Улуукан улаҕалаах уран тыллаах айымньыбыт Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлиибин! Тапталлаах суруйааччыбыт Күннүк Уурастыырап: «Үйэ саас тухары саханы үрдэтиэ олоҥхо», – диэбитэ күн бугун биһиги олохпутугар киирэн туран. Олоҥхолуур, оһуокайдыыр ыччаттар элбээтилэр. Бэйэбитин ааттатар үрдүк суолбут киэҥник аһыллан кэскилбит кэҥээтэ. Оһуохай таһаарааччылар, олоҥхоһуттар, уустар, иистэнньэҥнэр үгэс төрүт култуурабытын туох баар сыраларын биэрэн туран тиэрдэллэр ыччакка. Ил Дархан маннык талбан талааннаах дьоммут улэлэрин хамнастарын сыаналаан, анал стипендия анаабыта наһаа улахан өйөбүл буолар«.
Бэйэлэрин санааларын стипендия ылааччылар үллэһиннилэр:
Людмила Цой, Таатта:

– «Дьолуо» олоҥхо толорор бөлөх салайааччытабын. Олоҥхонон дьарыктаммытым уонтан тахса сыл буолла. Биирдиилээн олонхо толоробун. Ыччакка тарҕатабын. Оҕолорго кэпсиибин, үөрэтэбин. Алдаҥҥа буолбут Олоҥхо ыһыаҕар «Кылаан чыпчаал» аатын сүкпүппүт. 2018 сыллаахха Башкирияҕа буолбут Бутун Арассыыйатааҕы сэһэнньиттэр курэхтэригэр көмүс лауреат буолбуппут. Ийэ кылыһахтаах тойуксуттар Таатта араас нэһилиэктэриттэн кытталлар.

Руф Гаврильев, Ньурба:

– Бугун олоҥхоһуттары, оһуохайдьыттары, норуот маастардарын, тимир уустарын наҕараадалара үрдүк таһымҥа ааста. Талааннаах дьоммут наһаа элбэхтэрэ үөртэ. Оһуохай тылын 1961 сылтан этэбин. Ыһыахтарга бириис ылааччыбын. Куоракка Арчы дьиэтигэр оһуохай этэбин. Үс сыллааҕыта Туймаада ыһыаҕар Дархан этээччи буолбутум.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Ийэм мааны былаачыйата…

«Далбар Хотун 2021» күрэс кыттыылааҕа, "Иэйии Хотун" номинация кыайыылааҕа Галина Шкулева бу күннэргэ Москубаҕа Михаил Ефимович Николаев аатынан "Бэс чагда" санаторийга, анал байыаннай дьайыы...