Бу судургу быраабыланы тутустаххытына, биэрэс арассаадата бэртээхэйдик үүнүөҕэ!
1. Хойут буһар суорт сиэмэтин олунньу 15-20 күннэригэр ыһаллар, түргэнник буһар суорт сиэмэтин кулун тутар 1-10 күннэригэр ыһаллар. Биэрэс арассаадата буорга олордуллар кэмигэр диэри ортотунан 65-75 күнүнэн ситэр.
2. Биэрэс сиэмэтин олордуох иннинэ үс күн сылаас ууга сытыаран сиигирдиллэр.
3. Биэрэс арассаадата иһиттэн-иһиккэ көһөрөн олордору сөбүлээбэт, ол иһин тута улахан иһиккэ ыһар ордук – 5 см. диаметрдаах иһиккэ икки сиэмэни.
4. Сиэмэлээх иһиттэри бодунуоска кэчигирэтэн ууран, үрдүнэн салаппаан бүрүөнэн сабан баран +27,+28 сылаас сиргэ сиэмэ ото быгыар диэри туруоруҥ. Ол кэннэ түннүк таһыгар көһөрүҥ, +22 кыраадыс сылааска турара ордук.
5. Тута ханнык баҕарар уоҕурдуунан «аһатылаллар». Кэнэҕэскитин 2 нэдиэлэҕэ биирдэ уоҕурдар наада.
6. Нэдиэлэҕэ биирдэ уу кутуҥ, арассаада кытыыта илийиэр диэри, ол эрээри уунан уста сытыа суохтаах. Муус устар ый бүтэһигэр арассааданы тус -туспа иһиккэ олордуҥ.