Сэтинньи 16 күнүгэр Хорообут нэһилиэгин хас биирдии олохтооҕо байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэллэрин туһугар, биир санаанан кыра да көмөнү оҥордорбут диэн сыаллаах харысхал бэлэхтэрбитин «Дьол түһүлгэтин» дьиэтигэр кииннэммит «Түмэн» уопсастыбаннай холбоһукка салайааччыны солбуйааччы, иистэнэр сыах салайааччыта Федора Ивановна Наумоваҕа илдьэн туттарбыппыт.
Сэтинньи 20 күнүгэр улууспут дэлэгээссийэтэ буойуннарбытыгар барбыттара. Эйэлээх олох иһин туруулаһар уолаттарбытыгар улуус баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов үгүс көмөнү оҥорорун истэбит, киэн туттабыт.
Бэйэбит уолаттарбытыгар үөрэнээччилэрбит суруйбут суруктара, оҥорбут ыраастыыр набордара, харысхаллара тиийбиттэр. Уолаттарбыт үөрүүлэрин, махталларын дьонноругар суруйбуттар. Дойдуларын дьонуттан «Этэҥҥэ эргиллээр, Эр Бэрдэ!» диэн суруктаах бэлэхтэрбит уолаттарбытыгар дьулууру, тулууру, кыайыыны сахпыта саарбаҕа суох.
Сэтинньи 20 күнүттэн саҕалаан оскуола кэлэктиибин үлэһиттэрэ үөрэх быыһыгар «Этэҥҥэ эргиллээриҥ уолаттарбыт!» аахсыйаны салҕаатылар. Уолаттарбытыгар сылаас буоллун диэн, илиилэрин сылааһын иҥэрэн 55 бэргэһэни, 65 кээнчэни, саа уоһугар аналлаах 140 хааны, ону таһынан повязкалары тигэн илдьэн туттардыбыт. Ыксаллаах дьыалаҕа көмөлөһөллөрүн өйдөөн, кэлэктиип үлэһиттэрэ ким да туора турбакка кыһаллан туран кытыннылар. Киэн туттан ааттыахпын баҕарабын уран тарбахтаах иистэнньэҥ кэллиэгэлэрбин: Елизавета Афанасьевна Старостина, Наталья Васильевна Босикова, Светлана Кимовна Громова, Лена Аркадьевна Пинигина, Вера Петровна Кириллина, Анна Дмитриевна Егорова, Сандаара Петровна Сергучева, Наталья Николаевна Евсеева, Юбилина Юрьевна Скрябина. Таҥаһы кырыйарга маастардарбыт: Екатерина Романовна Винокурова, Күннэй Николаевна Борисова. Иискэ Ангелина Семеновна Сергучева, Александра Васильевна Сергина, Венера Валерьевна Птицына, Любовь Руфовна Алексеева, Мария Анатольевна Осипова күүс-көмө буоллулар.
Илиилэрин сылааһын иҥэрэн, алгыстарын анаан, үчүгэй хаачыстыбалаах үлэни оҥордулар. Туруоруммут сыалбыт туолан, үлэбит түмүктэнэн, көмөбүтүн туттардыбыт. Кэлэктиибим үлэһиттэригэр махтанабын.
Ханнык баҕарар көмөҕө
Хорообуттар бэлэмнэр!
Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ!
Октябрина Васильева, «Эркээйи»
https://ulus.media/