Бизнес-леди эйгэтэ

 

Сэтинньи 14 күнүгэр “Сахамедиа” медиа-кииҥҥэ “Загляни в мир бизнес-леди” бырайыак тэриллибитэ 10 сылынан «төгүрүк остуол» ыытылынна. Бу тэрээһин туһунан “Далбар хотун” сурунаал сиһилии билистэ.

 

Евдокия Ефимова, “Мой бизнес” киин генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта:

  • Бүгүҥҥү тэрээһини “Загляни в мир бизнес-леди” бырайыак чэрчитинэн “Союз женских организаций Республики Саха (Якутия)” уонна “Мой бизнес” киин буолан тэрийдибит. Бу бырайыак олохтоммута уон сылын бэлиэтиибит уонна «төгүрүк остуолга» олорон өссө сайыннарар, тупсарар, кэҥэтэр туһунан кэпсэттибит. Бырайыакка эрдэ кыттыбыт уон биэс эксперт сибээскэ тахсаннар уопуттарын, санааларын үллэһиннилэр. Дьахтар урбааныгар туох тиийбэтин, туох көмө наадатын эмиэ ырыттыбыт.

 

Туйаара Андреева, фотограф, “Загляни в мир бизнес-леди” бырайыак көҕүлээччитэ:

  • Бу бырайыагы уон сыл анараа өттүгэр, Анжелика Андееваны уонна Туяна Андрееваны кытта билсэммин хаартысканан быыстапка тэрийии туһунан идиэйэбин кэпсээбитим. Онуоха кинилэр тута өйөөннөр, эбии сүбэ-ама биэрэннэр “бизнес-ледилары” хаартыскаҕа түһэрэн уонна кинилэр ситиһиилэрин сайка суруйан дьоҥҥо-сэргэҕэ, киэҥ эйгэҕэ таһаарыахха диэн буолбута. Урбаан миниистирэ Екатерина Кормилицина өйөбүлүнэн барыта олус түргэнник табыллан хаалбыта. Бырайыакка ол кэмҥэ бизнес эйгэтин чаҕылхай кыргыттара кыттыбыттара. Билигин күн-дьыл уларыйа турар, «нетворкинг» диэн олус сайынна. Оччолорго биһиги саҕалаабыт үлэбит бүгүҥҥү күҥҥэ “нетворкинг” дэнэр буолла. Онон бу үлэбитин сөргүтэбит, кэҥэтэбит. Ахсынньы ыйтан коммерческай бырайыак тэрийиэхпит. Бизнес эйгэтигэр саҥардыы киирэн эрэр эбэтэр саҕалыы да илик, үлэлэрин эйгэтин уларытыан баҕалаах кыргыттары түмэммит үс ый устата үөрэтиэхпит уонна кинилэргэ күүс-көмө буолуохпут.  Бу кэм устата элбэҕи билэн, сатабыллара үрдээн бизнес эйгэтигэр үлэлииргэ элбэх холобур ылан, бэлэмнэн тахсыахтара. Онон былаан элбэх, былаан киэн.

 

Туяна Андреева, “Союз женских организаций Якутиикоординатора:

  • Биһиги оччолорго, “Женщины меняющие мир” аан дойдутааҕы конференцияҕа сылдьан баран “Артик-леди” диэн уопсастыбаннай пуонданы тэрийбиппит. Пуонда сүрүн сыалынан социальнай бырайыактары өйөөһүн этэ. Ол көмөтүнэн “Белая Роза”, “Розовая чайка” тэрилтэлэр, ону сэргэ бу Туяна Андреева бырайыага  өйөбүл ыланнар үлэлэрин саҕалаабыттара. 2025 сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр «Дьахтар хамсааһына» тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир, онно бу бырайыак  “Загляни в мир бизнес-леди” хайаатар даҕаны кыттыаҕа. Эһиилги сыл ыам ыйыгар урбаан күнүн чэрчитинэн хаартысканан быыстапкабытын тэрийиэхпит.

 

Надежда Васильева, “Психологический центр Надежды Васильевой” киин салайааччыта, урбаанньыт:  

  • Мин урбаан эйгэтигэр үлэлиир буоламмын этиэхпин баҕарабын – «нетворкинг» диэн биһиэхэ олус наадалаах. Ол эбэтэр, бэйэ икки ардыгар уопут атастаһыыта, көрсүһүүлэр, сүбэ-ама үллэстиитэ буолар. Куораппыт кыра буолан бары бэйэ-бэйэбитин билэбит, билсэбит. Ол иһин, өрөспүүбүлүкэбит дьонугар-сэргэтигэр туһалаах, наадалаах тэрилтэлэр баар буолалларын туһугар урбаанньыттар биир сүбэнэн үлэлиирбит олус наадалаах. Онно бу дьахталлар хамсааһыннара баара күүс-көмө буолар.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...