Бурдук — 500 мл
Туус – 1 кыра ньуоска
Мас арыыта – 50 мл
Оргуйбутунан уу – 150 мл
Туолба:
Эриллибит эт – 300-350 г
Эриэппэ луук – 2 устуука
Туус – сөбүлүүргүнэн
Хара биэрэс – сөбүлүүргүнэн
Тымныы уу – 50-80 мл
Астааһына:
Бурдугу, тууһу, арыыны бииргэ имитэбит. Кыра-кыралаан оргуйбутунан ууну эбэн биэрэбит. Биир кэлимсэ, илиигэ сыстыбат, уунаҥнас тиэстэ буолуохтаах. 30 мүнүүтэ туруора түһэбит.
Эриллибит эти луугу кытта холбуубут, тууһуубут, тумалыыбыт. Сүмэлээх буоллун диэн эппитигэр тымныы ууну эбэбит.
Тиэстэни тэҥ өлүүскэлэргэ араартаан төкүнүктэри оҥортуубут, төкүнүктэри биир-биир тэнитэн иһигэр туолбабытын ууран чебурек быһыытын таһаарабыт. Сылыйбыт арыылаах хобордооххо икки өттүттэн саһарчы буһаран ылабыт. Минньигэстик аһааҥ.