Былыр эмчит, эмп-томп суоҕуна сахалар бэйэлэрин араастаан ичээннииллэрэ:
1.Оҕо алыс сырааннанар буоллаҕына, сыраанын кыптыыйынан быһа кырыйаллар.
2.Төбө ыарыытыттан:
а) былаатынан хам бааналлар.
б) ыалдьыбыт киһи төбөтүн уһаты-туора мээрэйдээн «мэйиитэ тахсыбыт» диэн быһаараллар. Ону көннөрөөрү төгүрүччү ыбылыта туталлар.
в) «куйаха сыстыбыт» буоллаҕына, онно баар баттаҕын эрийэ-эрийэ тардыалыыллар. Ардыгар ытыран баран тардаллар.
3.Эдэр киһи тараҕайданар буоллаҕына, сэттэ саастаах Ытык сылгы баһын буһаран, ууллубут сыатын холбуйан ылан аҕыныахтыы сырыттахха, кыырыктыйбыт баттах үүнэр.
4.Ис өрө турдаҕына — мэккээһин от силиһин үүккэ оргутан иһэрдэллэр.
5.Тымныйыы сөтөл тахсарыгар сылаас миин уонна оргуйбут үүт иһэллэр.
6.Олохсуйбут сөтөлгө, сэллик сөтөлугэр кыра баҕаны тыыннаахтыы ыйысталлар. Эһэ сыатын эбэтэр үөһүн итии ууга суурайан иһэллэр.
7.Аҕылыыр ыарыыга уонна сэлликкэ эһэ тыҥатын хатаран, мэлийэн арыыга, сүөгэйгэ буккуйан сиэтэллэр. Ону ыарыһах билиэ суохтаах, биллэҕинэ бэргиир. Салгыыта тахсыаҕа.
Сайпыт: dalbar.ru
Телеграм ханаалбытыгар киириҥ ⏭️https://t.me/dalbarxotyn