Тымныы дойду кыһалҕаларын тулуйбут былыргы саха ыалын тиэргэнэ, олоҕо хайдаҕын, итии дойдулар олохтоохторо сэҥээрээччилэр. Чахчы иҥэн-тоҥон бардахха, өбүгэлэрбит мындырдара сөхтөрөр. Бу, А. П. Курочкин 19 үйэ бүтүүтэ — 20-с үйэ саҥата түһэрбит хаартыската ону туоһулуур. Манна саха ыалын кыстык балаҕана көстөр. Иннигэр дьиэлээхтэр тураллар. Тиэргэн иһигэр үчүгэй тутуулаах охсуу ампаар, онно сыста сүөһү хаһаата, от кыбыыта, сылгы дала, булуус, күөстэнэр дьиэ көстөллөр. Саха өбүгэтин оттуур ходуһатын чугаһыгар кыстыыр кыстыгын тэринэр. Бу кини сүрүн олоҕо буолан тутуута чиҥ-чаҥ, эттээх мастарынан тутуллар, суостуганнаах оһохтоох, халыҥ сыбахтаах. Алааһа, тыалтан-куустан хаххалыыр тиит, хатыҥ тулалаах, сылаас тыыннаах, ыраас иһэр уулаах буолар. Сүөһү суоһун туһанар туһуттан балаҕаныгар сыста хотонун тутар. Сайылык соруга — сүөһү мэччирэҥэ. Онон, киэҥ-куоҥ, нэлэмэн, уулаах-хаардаах сир талыллар. Тиэргэнигэр: балаҕан, ампаар, титиик, дал, күөс дьиэтэ, булуус, үүт омуһахтаах сарай киирэллэр.