Биһиги оҕо сылдьан сайын сыһыыга чүмэчи курдук хороччу үүнэн тахсыбыт саһархай өҥнөөх, эминньэҕин түгэҕэр сымыыт уоһаҕын соппут курдук араҕастаах сибэккини булларбыт эрэ, тута, айахпытыгар анньарбыт. Минньигэс саахар амтаннаах буолара. Чүмэчи от от ыйыттан балаҕан ыйын бүтүөр диэри сибэккилиир. Бу кэмҥэ үргээн хатараллар уонна сыл устата ханнык баҕар ыарыыны мүлүрүтэргэ, ис үөнүн түһэрэргэ, радикулитка, невралгияҕа о. д. а. ыарыыларга тутталлар. От алкалоидынан, арыынан, битэмииннэринэн баай буолан эмчиттэр, отоһуттар киэҥник туһаналлар.
Холобур: сыстыганнаах ис ыарыыларыттан, тирии бааһырарыттан, кыһыылаах ымынахтан, араас искэннэртэн быыһыан сөп.
Саха сиригэр өссө икки атын көрүҥ үүнэр: үөмэх чүмэчи (вьющийся) уонна байҕал чүмэчитэ (байкальский). Өҥнөрө кубаҕак чэрэниилэ күөх буолар. Бастакыта — «Кыһыл кинигэҕэ» киирбит, сэдэх. Иккиһэ — син тэнийбит. Эмтиир эгэлгэтэ элбэх, ордук аллергия курдук аныгы кэм ыарыытын утары охсуһарга туһалаах. Сэрэниҥ, дьааттаах, онон өлүүтүн тутуһар ирдэнэр.