“ДАЛБАР ХОТУН – 2024” соргуну сонотто, саргыны сандаарта!

Долгутуулаах, кэтэһиилээх “ДАЛБАР ХОТУН” 14-үс өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһэ күлүм гынан ааста. Тэрээһин үлэбит 2023 сылтан саҕаламмыта. Балаһыанньа суруйан, улуустар дьаһалталарыгар суруктары ыытан,  кэпсэтэн, сайаапкалары хомуйан, күрэскэ кыттар кыахтаах, ол эбэтэр балаһыанньа быһыытынан тыа сиригэр олорор, элбэх оҕолоох, кэтэх эбэтэр бааһынай хаһаайыстыбалаах, оҕолоро ситиһиилээх, үлэлээх-хамнастаах, олоххо көхтөөх Далбар Хотуттары сүүмэрдээн ылан, кинилэри кытта ыкса үлэлээн барбыппыт. Маҥнай утаа 10 Далбар сайаапка биэрбитэ.

ДАЛБАР ХОТУН күрэскэ кыттан, кырдьыга даҕаны,  сахалыы сиэринэн толору олоҕу тутан,  холобур буолар дьоһун-мааны ыал ийэлэрин, эбээлэрин ааттарын киэн тутта аатыыбыт:

Чемезова Снежана Сергеевна, Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгэ, Саввинова Марианна Афанасьевна, Үөһээ  Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэгэ, Рожина Марианна Дмитриевна, Нам улууһун Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ, Винокурова Ирина Христофоровна, Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгэ, Рожина Саргылана Афанасьевна,  Амма  улууһун Амма нэһилиэгэ, Уваровская Акулина Александровна, Хаҥалас улууһун Ой нэһилиэгэ, Сивцева Яна Ивановна, Чурапчы улууһун Чурапчы нэһилиэгэ, Федорова Парасковья Степановна, Бүлүү улууһун Бороҕон нэһилиэгэ, Антонова Валентина Саввична, Ньурба улууһун Чаппанда нэһилиэгэ.

Биэтэккэ тоҕус Далбар Хотун тутуспутунан кэлбиттэрэ,  Амма Эмиһин биир киэн туттар ыалын ийэтэ Степанова Анастасия Степановна, хомойуох иһин, салгыы кыттыбатаҕа.

Быйылгы “Далбар Хотун” сурунаал 30 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт күрэспит олох ураты буолла. “Саха” НКИХ кытта холбоһуктаах барыл буолан, Саха сирин бүтүннүү түмтэ.  Түгэнинэн туһанан, өссө төгүл “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа салайааччытыгар Олег Марковка, тэлэбиидэнньэ дириэктэригэр Олег Колесовка-Талбаҥҥа, продюсерга Михаил Сергеевкэ, режиссердарга Антонина Новгородоваҕа, Сардаана Протодьяконоваҕа, редакторга Парасковья Жирковаҕа улахан махталбытын тиэрдэбит.  Быйылгы дьиэ кэргэн, оҕо аймах сылынан сахабыт тэлэбиидэнньэтигэр  саханы саха дэтэн  олорор тыа ыалларын олоҕо хайдах баарынан  көстөн, ис хоһоонун улаханнык байытта,  саҥа тыыны киллэрдэ. Тоҕус далбар Хотуну билиһиннэрэр сыалтан Саха НКИХ режиссера Антонина Новгородова операторын кытта тоҕус далбарбыт олорор сирдэригэр тиийэн хас биирдиилэрин туһунан киинэлэри бэлэмнээн, муус устар 1 күнүттэн 16 күнүгэр диэри хас киэһэ аайы  “Саха Далбар Хотунун” таһаарбыттара улахан сэҥээриини ылла. Туох да омуна  суох, бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ Саха сирин бастыҥ далбар хотуттарынан олордо.  Оттон муус устар 21 күнүгэр тоҕус Далбар Хотуну үс түһүмэҕинэн дьоҕурдарын-талааннарын, бэйэлэрин да, оҕолорун да сатабылларын көрдөрөн күрэскэ кыттыбыттарын тутан олорон улаханнык астынан туран көрдүбүт.

Тоҕус Далбар Хотун, тоҕус саха мааны ыала, тоҕустан куорсун анньыммыт сүүстэн тахса ыччат, оҕо аймах  “Саха” НКИХ  павильонун биирдэ сүгэн кэбиспиттэрэ. “Маннык элбэх киһи биһиэхэ өссө кэлэ илигэ”, — диэн саллыбыттара биһиги биир идэлээхтэрбит. Биһиги Далбар Хотуттарбытын өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо көрөн, үрдүк сыанабылы биэрбиттэрэ.    Дьүүллүүр сүбэ маннык уһулуччу кыахтаах далбардартан биири талар уустук сорукка  түспүтүн  өйдүүбүт.  Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ  Н.И. Харлампьева, Саха сирин норуодунай поэта. Ону кытта норуокка ытыктанар, биллэр дьоммут  М.Н. Габышева, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,  Сардаана Атакова, “Далбар Хотун – 2021”, А.П.Атласов, Ил Түмэн дьокутаата, аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, А. А. Аммосов,  СӨ  үтүөлээх артыыһа.   Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан ДАЛБАР ХОТУН – 2024 үрдүк аатын ылла Саргылаана РОЖИНА.  Бары кыттыбыт далбардарбыт араас номинациялар хаһаайкаларынан буолан, күрэспит спонсордарыттан сыаналаах бириистэри туттулар.

“Далбар Хотун” күрэс тус сыалын-соргун ситтэ! Кустук өҥүнэн оонньуур толору дьоллоох тыа олоҕо хайдах баарынан көстөн, угуйда-ыҥырда! Уйгулаах олоҕу үрүлүтэн олорор  Далбар Хотуттарынан киэн туттабыт!

 

Айталина Никифорова, “Далбар Хотун” сурунаал бас эрэдээктэрэ.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...