Дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан уонна «Далбар Хотун» сурунаал төрүттэммитэ 30 сылынан, үгэскэ кубулуйбут өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» күрэс быйыл XIV төгүлүн “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар ыытыллыаҕа.
Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан сүүрбэччэ сайаапка киирбититтэн, Амматтан, Чурапчыттан, Хаҥаластан, Горнайтан, Намтан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Ньурбаттан уонна Өймөкөөнтөн уон биир бастыҥ далбар хотун талыллан, муус устар ыйга “Саха” НКИХ ханаалыгар «күөн көрсүөхтэрэ».
Ол иннинэ күөх экраны көрөөччүлэр «Далбар Хотун» күрэс кыттааччыларын туһунан биэриилэри көрүөхтэрэ уонна «Көрөөччү биһирэбилэ» номинация хаһаайкатын куоластааһын көмөтүнэн талыахтара.
“Саха” НКИХ айар хамаандата кыттааччылары уста айаҥҥа турунна.
Санатар буоллахха, быйылгы күрэскэ 45-тэн 65-гэр диэри саастаах, кэргэннээх, үс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох, кэтэх хаһаайыстыбалаах кэрэ аҥаардар кытталлар. Күрэс кыайыылааҕа тыраахтарынан наҕараадаланыа.