Күндү дьүөгэлэр!
1994 сыллаахха бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев дьахталлар ыра гынан өр кэмҥэ иитиэхтээн илдьэ сылдьыбыт баҕа санааларын толорон, кинилэр эйгэлэрин, интэриэстэрин хабар анал сурунаал тахсарын туһунан ыйаах таһаарбыта. Бастакы сүрүн эрэдээктэринэн Саха срин норуодунай поэта Наталья Харлампьева ананан өр сылларга үлэлээбитэ. “Далбар Хотун” диэн оччолорго олох саҥа өйдөбүлү олоххо киллэрэн, ураты эйгэлээх, иитэр-үөрэтэр суолталаах сурунаал отут сыл устата тахса турар.
Кэми-кэрдиини кытта сурунаал эмиэ уларыйар, сайдар, саҥа тыыннанар. “Далбар Хотун” билигин сылга аҕыста тахсар 100 сирэйдээх халыҥ, аныгылыы оҥоһуулаах, олох бары эйгэтин хабан суруйар культурологическай, общественнай-политическай таһаарыы буола үүннэ.
“Далбар Хотун” отут сыл устата элбэх эрэллээх дьүөгэлэрдэннэ. Олор истэригэр сурунаал 2007 сылтан тэрийэн ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Далбар Хотун” күрэһин сүүсчэкэ араас номинация кыайыылаахтара уонна “Далбар Хотун” аат хаһаайкалара. Биһиги бары үтүө дьыала туһугар мустан, улахан күүс буоларбыт саарбаҕа суох.
Итини этэн туран, сурунаалбыт ОТУТ үбүлүөйдээх сылыгар “ДАЛБАР ХОТУН” кулуубун тэрийдибит. Кулуупка сааһыттан тутулуга суох сурунаал сурутааччылара баҕаҕыт хоту киирэҕит. Кулууп сыалын-соругун, чилиэн буолар туох уратылааҕын туһунан сиһилии бу сигэнэн киирэн билсиҥ!
Ытыктабылы кытта, “Далбар Хотун” сурунаал бас эрэдээктэрэ Айталина Никифорова-Шадрина.
“ДАЛБАР ХОТУН” сурунаал
өрөспүүбүлүкэтээҕи кулуубун балаһыанньата
- Сыала-соруга
-
- “Далбар Хотун” сурунаал отут сыл устата өрүү бииргэ буолар, санаа атастаһар, сүбэни-соргуну холбуур ааҕааччы дьүөгэлэрин, редколлегиятын чилиэннэрин, ону кытта 14 төгүлүн ыытыллыбыт “Далбар Хотун” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс бары кыттааччыларын, уонна кулууп сыалын-соругун үллэстэр саҥа дьүөгэлэри холбоон, “Далбар Хотун” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи кулууп тэриллэр.
- Кулуупка сааһыттан хааччаҕа суох сурунаал сурутааччылара киирэллэр.
- “Далбар Хотун” кулууп уопсастыбаннай дьахтар түмсүүтэ дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар дьаһалларга кыттар.
- Араас түгэн тахсар түбэлтэтигэр санаатын этэр.
- Элбэх оҕолоох, толорута суох ыал кыһалҕатын судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ тахсан, быһаарарга көмөлөһөр.
- Сылга биирдэ сирэй көрсөн, актуальнай тема тула кэпсэтэр, рекомендация таһааран, дьоҥҥо билиһиннэрэр.
- Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьахтар кэмитиэтин, Россия ийэлэрин хамсааһынын кытта бииргэ үлэлиир.
- “Далбар Хотун” күрэскэ кыттар дьүөгэлэргэ көмө буолар.
- Кулууп чилиэннэрэ ыйга биирдэ араас тиэмэнэн сирэй көрсөн эбэтэр онлайн араас мастер-кылаастары тэрийэллэр.
- Кулууп олох очуругар оҕустарбыт дьахтарга аналлаах социальнай кииннэри кытта үлэлээн көмөлөһөр.
- Уопуттаах ийэлэр эдэр ийэлэргэ сүбэ-соргу буолаллар.
- Араас улуустарга, нэһилиэктэргэ “Далбар Хотун” сурунаал күннэрин ыытыыга быһаччы кытталлар.
2. Кулууп чилиэннэрин бырааба.
- Кулууп чилиэннэрэ сурунаалга ураты дьоҕурдаах, сэдэх дьылҕалаах далбар, эбэтэр дьоһун-мааны ыал туһунан матырыйааллары көҕүлээн, сурунаал суруналыыстарын көмөтүнэн таһааттараллар.
- Сурунаалы кытта үлэлэһэр маҕаһыыннар, хампаанньалар кулууп чилиэннэригэр анал чэпчэтии көрөллөр.
- Кулууп чилиэннэрэ миэстэтигэр баар кыһалҕаны, тиэмэни көтөҕөр бырааптаахтар.
3.Үлэлиир болдьоҕо
3.1.”Далбар Хотун” кулууп сурунаал 30 сылыгар анаан, 2024 сылтан тэриллэр.
3.2. Кулууп “Далбар Хотун” сурунаал арахсыспат аргыһа буолан, сурунаал тахсарын устата үлэлиир.
4. Балаһыанньаҕа саҥа пууннар, этиилэр, уларыйыылар киириэхтэрин сөп.