Бэс ыйын 2 күнүгэр Дьокуускайга «Арассыыйа – мин устуоруйам» мультимедийнай историческай пааркаҕа дьоро күн тосхойдо.
Бу күн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар хотун» сурунаал саҥардыллан тахсыбыт 3-с нүөмэрин сүрэхтээһин уонна сурунаал анал ааттарын туттарар дьоро түһүлгэ түстэннэ. «Далбар Хотун» ис-тас көстүүтэ уларыйан: киэбэ кыччаан, халыҥаан, элбэх өҥнөөх хаартыскалардаах, килэбэчигэс өҥнөнөн таҕыста. Кэрэ аҥаардар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ эр дьоно, саха сайдам ыала сөбүлээн ааҕар сурунаала 29 сыл иһигэр 165 нүөмэри ааҕааччытыгар бэлэх уунна. Бу иннинэ 36 сирэйинэн тахсыбыт эбит буоллахтарына, билигин кээмэйэ 3 төгүл улаатан, 96 сирэйдэннэ.
Сүрэхтэниигэ сурунаал дьоруойдара, доҕотторо, суруналыыстар, суруйааччылар, блогердар, бииргэ үлэлэһээччилэр, спонсордар уонна, биллэн турар, сурунаал эрэллээх ааҕааччылара муһуннулар. Дьоро киэһэни «Далбар Хотун» сурунаал алын эрэдээктэрэ, СӨ норуодунай суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах уонна Амматтан Николай Нестеров иилээн-саҕалаан ыыттылар. Сурунаал сонун нүөмэрин сүрэхтээһин кыһыл лиэнтэтин «Сахабэчээт» генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова уонна бас эрэдээктэр Зинаида Архипова быстылар.
Зинаида Архипова, сурунаал бас эрэдээктэрэ:
-Кумааҕынан тахсар таһаарыылар сыллата аҕыйыы турар кэмнэригэр «Далбар Хотун» сурунаалбыт уларыйан, тупсан тахсыбыта биһиэхэ эрэ буолбакка, бүтүн саха тыллаах дьоҥҥо барыларыгар үөрүүлээх.
«Далбар Хотун» сурунаалы төрүттээччинэн уонна бастакы сүрүн эрэдээктэринэн СӨ норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева буолар. Сурунаал ахсаана 25 тыһыынчаҕа тиийэ сылдьыбыта. Манна улахан ааттаах-суоллаах суруналыыстарбыт, суруйааччыларбыт үлэлээбиттэрэ, үлэлии сылдьаллар.
Биһиги салалтабыт, чуолаан «Саха бэчээт» автономнай тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова сурунаалбыт өссө сайда, чэчирии турарыгар маннык кыаҕы биэрбитигэр кэлэктиип уонна манна мустубут дьон аатыттан махталбытын тириэрдэбит», – диэн эҕэрдэтин тириэртэ. Ону сэргэ, бэйэлэрин эҕэрдэлэрин сурунаал таһаарар эрэдээктэрэ Ольга Корякина-Умсуура, өр сылларга үлэлээбит суруйааччы Галина Нельбисова, бэйиэт Руслан Каженкин уо.д.а. тириэртилэр.
Дьоро күн биир дьикти түгэнинэн худуоһунньук Екатерина Суржанинова тэрээһин кэмигэр бары көрөн олордохпутуна, ХХI үйэ дьахтарын мөссүөнүн уруһуйдааһына буолла. Уруһуйдаан бүппүтүн кэннэ хартыынаны аукциоҥҥа туруоран, саҥа хартыына тута бэйэтин хаһаайынын булла. Онтон «Далбар Хотун» биэс сыллааҕы үлэтин түмүгүнэн олохтоммут анал ааттары туттарыы долгутуулаах түгэнэ тосхойдо. Ол курдук, «Далбар Хотун сэбэрэтэ», «Көмүс тарбах», «Сандалы Хотун» уонна «Дабайыы» номинациялар хаһаайкаларынан сурунаал араас сыллардааҕы дьоруойдара буоллулар:
«Далбар хотун сэбэрэтэ» – «Далбар Хотун» 2021 сыллаах 8-с нүөмэрин дьоруойа, филолог, этнограф Александра Прокопьева;
«Көмүс тарбах» — сурунаал дьоруойа, дизайнер, иистэнньэҥ, муода элбэх куонкуруһун Гран-притын ылбыт Сардаана Заболоцкая;
«Сандалы хотун» – 2019-2021 сылларга сурунаал «Сандалы» рубрикатыгар үлэлэспит асчыт Татьяна Пестрякова;
«Дабайыы» – «Кындыкаан» бырайыак салайааччыта Маргарита Попова.
Анал ааттар хаһаайкаларыгар «Далбар Хотун» дьоруойа, биллиилээх муосчут Марианна Маларова оҥорбут статуэткатын, алтан кыысчааны туттардылар. Статуэтканы «Далбар Куочаан» диэн ааттаабыттар. «…Тоҕо диэтэххэ, бу кып-кыра кыысчаан төбөтүгэр көтөн хаалбат оҕо киһи ымыыта олорор, ол иһин кинини Далбар Хотун оҕо сааһа диэн ааттаатыбыт» -– диэн Лена Слепцова-Куорсуннаах билиһиннэрдэ.
Саҥа мөссүөннээх сурунаалы сүрэхтээһин бииртэн биир сонун көстүүлэринэн астыннарда. Кэлбит ыалдьыттары саҥа нүөмэр таһын киэргэппит Олоҥхо тыйаатырын артыыската Анастасия Алексеева олоҥхону аныгы көрүҥүнэн толорон сөхтөрдө. Аан дойду виртуоз-хомусчута Альбина Дягтерева, саха эстрадатын ырыаһыттара Анастасия Готовцева, Елена Старостина – Хотун Арылы, Амикан уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. «Ситэ кэрэ» кэрэҕэ тардыһыы тыйаатырын дефилетэ дьоро киэһэни ситэрэн-хоторон биэрдэ. Бу күн тута сурунаалга суруйтарбыт ыалдьыттарга «lUKAS» брэнд харчы тардар тирии хаппара, «Хотой» сахалыы таҥас 10 тыһыынчалаах сэртипикээтэ оонньонно.
Маны тэҥэ ыалдьыттарга анаан сүүйүүлээх оонньууну, быыстапканы тэрийдилэр, сурутуу түмүгүнэн өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар, мааны астаах сандалы тардылынна, ырыа-тойук, оһуохай салҕанан барда.
Надежда Егорова, бас эрэдээктэри солбуйааччы Юлия Пестрякова хаартыскалара.