“Далбар хотун” сурунаалтан нэдиэлэтээҕи гороскоп (алтынньы 7-13 күннэрэ

ХОЙ
Саҥа нэдиэлэ хой бэлиэлээхтэргэ үп-харчы өттүнэн ситиһиилээх буолара күүтүллэр. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар доруобуйаҕытыгар болҕомто уураргыт тоҕоостоох. Үлэҕэ, үөрэххэ кыра моһоллор баар буолуохтарын сөп. Онтон санааҕытын түһэримэҥ, барыта этэҥҥэ буолуоҕа.

ОҔУС
Оттон “оҕустары” бу нэдиэлэҕэ күүстээх үлэ-хамнас күүтэр. Нэдиэлэ ортото истиҥ көрсүһүүгэ ыҥырыахтара. Оттон сулумахтар сөбүлүүр киһилэриттэн соһуччу бэлэх тутуохтарын сөп. Өрөбүллэри дьиэҕитигэр олорон атаараргыт ордук.

ИГИРЭЛЭР
«Игирэлэр» бу нэдиэлэҕэ былааннаабыт үлэлэрин, бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр олус табыгастаах. Ол эрэн, аһара үлэнэн үлүһүйэн доруобуйаҕыт туруга мөлтөөн ылар кутталлаах. Онон кэмигэр сынньана сылдьаргытын умнумаҥ.

АРААК
“Араактар” эмиэ үлэҕэ умса түһүөхтэрэ. Өрөбүллэргэ дьиэ кэргэҥҥитин, аймахтаргытын кытта буола сатааҥ. Оттон сулумахтар сүрэхтэрин аҥаардарын көрсүөхтэрин сөп. Бу кэми мүччү туппакка аһаҕас буолуҥ диэн сулустар сүбэлииллэр.

ХАХАЙ
Оттон хахай бэлиэлээхтэр сулустаах чаастара үүммүт. Эһиги айылҕаттан бэриллибит талааҥҥыт, дьоҕургут үгүс дьону сөхтөрүө. Чуолаан кэрэ аҥаардарга тапталга билинээччилэр да баар буолуохтара. Ол эрэн, суолга сэрэхтээх буолуҥ, эчэйии ылыаххытын сөп.

КЫЫС
Эһиэхэ туруоруммут сыалгытын, былааҥҥытын ситиһэргэ тоҕоостоох кэм үүммүт. Сорохтору үлэҕэ-хамнаска өрө үүнүү күүтэр. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар соһуччу харчы түһүөҕэ. Өрөбүллэри доҕотторугутун кытта атаарыҥ.

ЫЙААҺЫН
Бу нэдиэлэҕэ элбэх дьону кытта билсиһии, көрсүһүү күүтэр. Үлэҕитигэр олус интэриэһинэй этиилэр киириэхтэрэ. Олору кыайа-хото туттаххытына ботуччу соҕус бириэмийэ биэриэхтэрэ. Таһырдьа сылаастык таҥна сылдьаргытын умнумаҥ, тымныйан ыалдьан хаалыаххытын сөп.

СКОРПИОН
Скорпион бэлиэлээхтэргэ бу нэдиэлэҕэ үп-харчы тиийбэккэ кыра моһоллор үөскүөхтэрин сөп. Ол да буоллар, нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар соһуччу бэлэх тутуоххут эбэтэр тугу эрэ сүүйүөххүт.

ОХЧУТ
Оттон “охчуттарга” саҥа нэдиэлэ дьоһун ситиһиилэри, кыайыылары бэлэхтиэ. Үп-харчы чааһа эмиэ тупсуо. Кэргэнниилэргэ нэдиэлэ бүтүүтэ өйдөспөт түгэннэр үөскүөхтэрин сөп.

ЧУБУКУ
«Чубукулар» үлэ, дьиэ-уот бүппэт түбүгэр умса түһүөхтэрэ. Ол түмүгэ ситиһиилээх буолуоҕа. Сорохтор үрдүк хамнастаах үлэҕэ киириэхтэрэ эбэтэр холтуура булуохтара. Төрөппүттэр оҕолоргутугар болҕомто уураргытын умнумаҥ.

КҮРҮЛГЭН
Күрүлгэн бэлиэлээхтэр дьиэни-уоту атыылыылларыгар эбэтэр атыылаһалларыгар бэртээхэй кэм. Сорохтор соһуччу улахан бэлэх тутуохтарын сөп. Онон саҥа үүммүт нэдиэлэ эһиэхэ бары өттүнэн ситиһиилээх буолуоҕа.

БАЛЫК
«Балыктар» ыллыыр-туойар талааҥҥытын, ону-маны оҥорор дьоҕургутун дьоҥҥо-сэргэҕэ көрөдөрөр кэммит кэлбит. Үлэҕитигэр улахан уларыйыы суохха дылы. Доруобуйаҕыт эмиэ кэминэн. Кэргэттэргитигэр болҕомто ууран, бииргэ сынньаныҥ, кэпсэтиҥ диэн сулустар сүбэлииллэр.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...