Босуобуйалар кээмэйдэрэ улаатта

Саха сиригэр 2024 сылга дьиэ кэргэни уонна оҕо аймаҕы өйүүр социальнай миэрэлэргэ уларыйыылар киирдилэр.

«Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ тохсунньу 1 күнүттэн икки төгүл улаатыннарыллан, 300 тыһ. солк. тэҥнэстэ. Быйыл хапытаалы туһаныы быраабылатыгар бэрт туһалаах хайысханы киллэрдилэр – дьиэ кэргэн бу үбүнэн учаастак ылыан сөп буолла. Санатар буоллахха, бу социальнай миэрэ үһүс уонна онтон элбэх оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр.

Тохсунньу ыйтан эдэр дьиэ кэргэни өйүүр саҥа көмө олоххо киирдэ. Ол курдук, 25 саастарыгар диэри сүрэхтэрин холбообут эдэр дьоҥҥо 50 тыһ. солк. бэриллэр. Маныаха кинилэр аан бастаан сокуонунан ыал буолбуттара ирдэнэр.

Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕар уонна кини дьиэ кэргэнигэр дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн усунуоһугар уонна одькх кэккэ өҥөтүгэр 50 бырыһыаннаах чэпчэтии көрүллэр.

Маны таһынан 2024 сылтан оҕоҕо төлөнөр босуобуйа кээмэйэ улаатта:
– Дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр биир кэмнээх төлөбүр I түөлбэ улуустарыгар 55 694 солкуобай, II түөлбэ улуустарыгар 46650 солкуобайга диэри улаатта.
– Үһүс уонна онтон үөһээ төрөөбүт оҕоҕо ыйдааҕы босуобуйа I түөлбэ улуустарыгар 27 847 солкуобай, II түөлбэ улуустарыгар 23 325 солкуобайга диэри улаатта.
– Элбэх оҕолоох уонна кыаммат дьиэ кэргэҥҥэ оскуолаҕа ороскуоттарын толуйуу 4 302 солкуобайга диэри улаатта.

– «Сүүс сыл оҕолоро» хапытаал 110 775 солкуобай буолла.

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...