Биһиги сахабыт сирэ муҥура суох элбэх кистэлэҥнээх. Олортон биирэ «Дириҥ үрэх» булуута. 1982 с. Дьокуускайтан 140 көстөөх сиргэ, Лена өрүс үрдүгэр геологтар түҥ былыргы киһи баһын уҥуоҕун булбуттар. Тута археология экспедицията кэлэн, таас дьааһык иһигэр угуллубут оҕо уҥуоҕун арыйбыттар. Салгыы хаһан, испиэскэ таас дьапталҕа анныгар сытар биэс 30-55 саастаах, олортон иккилэрэ толук сиэригэр-туомугар барбыт эр дьон уҥуохтарын булбуттар. Аттыларыгар: оноҕос төбөтө, өнчөҕө (таас, уҥуох), кыһыахтар, быһыччалар, симэхтэр сыталлара. Бу булуу сааһа 3,5 тыһыынча сыл анараа өттө диэн сабаҕаланар. Онтон салгыы көстүбүт уҥуохтары «түҥ былыргы дүктүйэ култуурата» диэн ааттаабыттар. Дүктүйдэр 10 тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр баар буола сылдьыбыттар. Салгыы өссө сөҕүмэр арыйыынан — 12 тыһыынча сыл анараа өттүгэр Беринг хомотун нөҥүөлээн кэлбит Эмиэрикэ кэнтиниэнин дьоно олоро сылдьыбыт суоллара буолбут.