Дьокуускай былыргы куорат

Бастакы олорор дьиэлэри бэрэбинэттэн нууччалыы быһыылаан туталлара. Таҥара дьиэлэрин мастан, киппииччэттэн туталлара. Олохтоохторо нууччалар. XVIII-XIX үйэлэр кирбиилэригэр куорат куорат курдук сиппит.

1911 сыллааҕы ааҕыынан нэһилиэнньэтэ 9254 киһи буолбут, олортон 3541 эрэ саха. Манна дворяннар, чиновниктар, таҥара үлэһиттэрэ, атыыһыттар, мещаннар, хара үлэһиттэр уонна үөрэх оҕолоро киирэллэр. Сыыйа тыа сириттэн эстибит хаһаайыстыбалаах сахалар үлэ көрдөөн киириилэрэ, куорат улаатарыгар сүрүн биричиинэ буолбут. Ону тэҥэ атыы-тутуу улаатан, эргиэмсиктэр элбээбиттэр. Үөрэххэ тыа сирин кыахтаах дьонун оҕолоро үөрэнэ киириилэрэ, саха интеллигенцията үөскүүрүгэр тирэх буолбут. Куорат сүрүн улаатыыта 1922 сыллаахха автономия кэлиититтэн саҕаламмыт. Оттон бүгүн, ол эбэтэр, 2024 сылга Дьокуускай куорат олохтоохторун аахтахха 341778 киһи тахсар. Манна устудьуоннары уонна үлэлии кэлэр дьону киллэрдэххэ балачча буолар. Тапталлаах куораппыт үүнэ, сайда турдун!

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...