ХАРАҤАНЫ КЫАЙАР КҮНҮ ТУОЙАР БЭЙИЭТ

Дьааҥы сис хайаларын быыһыгар биһиктэммит Түгэһир нэһилиэгэр эбээн норуота өбүгэлэрин култуураларын, үгэстэрин харыстаан, дьарыктарын өрө тутан олороллор. Түгэһиргэ кэргэннии Колесовтар биир дойдулаахтарыгар үчүгэйдик биллэллэр. Оттон мин ыал аҕа баһылыга Михаил Петрович Колесов үтүө дьарыгын туһунан билэн баран дьоҥҥо-сэргэҕэ кини туһунан кэпсиэхпин баҕардым. Ол эрээри, Михаилы ойдом тутан кэпсиир табыллыбатын бэккэ билэбин, тоҕо диэтэххэ кини кэргэнинээн Александралыын иннэлээх сап курдук биир баайыыга тиһиллэн сылдьаллар.

Александралаах Михаил 2000 сыллаахха холбоһон ыал буолбуттар. Иккиэн Түгэһир төрүт олохтоохторо. Сүрэхтэрин холбообут күннэриттэн ыла кинилэр арахсыспат ситиминэн буолан, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн олороллор. Александра кэргэнин өйүүрэ Михаилын диэки таптыыр харахтарынан көрө-көрө: «Айа, бу киһи наһаа сэмэй, дьоҥҥо көмөтүн, үйэлээҕи айбытын, туппутун олох умнан кэбиһэр, бэйэм санатабын», – диэн күлэ-күлэ эппититтэн да көстөр. Михаил Петрович уонна Александра оҕо саастара таба ыстаадатын кытта көс олоххо ааспыт. Ыал буолан да баран, уоллара Дима 14 сааһын туолуор диэри аймах община табаларын мэччитэр сирдэринэн, хайалар быыстарыгар көһө сылдьан олорбуттар. Онон айылҕа көҥүл салгынынан тыыммыт, сирдэрин-уоттарын бары маһын-отун билэр дьон бу бааллар диэн эрэллээхтик этиэххэ сөп.

КЫЫЛ ТАБАЛЫЫ КӨҤҮЛ МАЙГЫТЫНАН

Михаил Иркутскайдааҕы геологическай техникум геофизикка факультетыгар үөрэммит. Ол эрээри бүтэһик курска сылдьан ыксал биричиинэнэн тохтобул ылан дойдутугар төннүбүт. Кини төрөөбүт сирин-уотун, көҥүл салгынын ахтан, Дьааҥы хайаларын быыһыгар биһиктэнэн сытар Түгэһириттэн ханна да барбакка олохсуйарга санаммыта да манна эбии буоллаҕа диэн таайабын. Аймахтарын кытта иитэр табаларын көрөн- -истэн ыйы-ыйдаан кини тыаҕа күнүн-дьылын атаарара. «Оҕо эрдэхпинэ табаларбын маныы олорбутум, күн тахсыыта очуос тааска сыламньыйан нуктаан эрдэхпинэ, эмискэ кэннибиттэн тойон кыыл көтөн кэлэн, кынатын тыалынан соһутта уонна салгыҥҥа уйдаран ыраата турда. Онно дьикти турукка киирэн, көтөр хараҕынан сирбин-уоппун үөһэттэн көрөн ылбыттаахпын.

Кэнники ол турукка киирэр улахан уустуктардаах эбит диэн билбитим, олус үөрүүлээх, сырдык түгэн этэ. Ол курдук сирим-дойдум олох күүһүн миэхэ көрдөрбүттээх», – диир кини. Михаил Петрович чараас эйгэлээҕэ баҕар ол кэмҥэ биллибитэ буолуо…

Михаил даҕаны, Александра даҕаны төрөөбүт ийэ сирдэрин ис сүрэхтэриттэн таптыыллара кинилэр кэпсээннэриттэн тута биллэр.

«Михаил бииргэ төрөөбүттэрин кытта өбүгэ сирдэрин хаһан да өтөхсүппэтэхтэрэ. Онно көмүллүбүт аймахтарын Миисэ үчүгэйдик билэттиир. Сирин-уотун аһата, кэпсэтэ, сүбэлэһэ-амалаһа сылдьар. Өбүгэлэрин алгыһа, сирэ-уота эмтээх отун хомуйарыгар киниэхэ көмөлөһөрө буолуо», – диэн Александра санаатын этэр.

«Хос эһэм, дьонум кэпсииллэринэн, Марха ойуун үһү. Кини аатын да улаханнык ааттаабаттара. Эбэм Мария Федоровна, 40-с сыллардаахха Эндыбаалга, Сэбээҥҥэ балыыһаҕа акушеркалаабыт этэ. Оҕолоро сыыһа сытан, төрүүллэригэр өлүөхтэрин сөптөөх дьахталлары быыһыыра, илбийэн араас ыарыыны эмтиирэ. Аны уҥуоҕу олус сатабыллаахтык тутан кэбиһэрин дьон сөҕөн-махтайан кэпсиирэ», – диэн Михаил кэргэнин санаатын чиҥэтэрдии этэр.

Михаил Колесов өбүгэлэрин төрүт сирдэрэ Хобоол диэн ураты кэрэ айылҕалаах сир эбит. «Геологтар кэлэ сылдьан, Хобоол кэрэ айылҕатын көрөн ах баран турбуттара. “Альпийскай хонуулар курдук үтүө сир манна баар эбит, төһө кыалларынан бу сиргитин аныгы техногеннай дьайыылартан харыстыы сатааҥ”, – диэбиттэрэ.

Аны, Хобоол эмтээх ото наһаа элбэх. Кырабар эбэм батыһыннара сылдьан от үргээн эмп оҥороро. Орой-мэник оҕо буолан эбэм үөрэҕин наһаа болҕойон истибэт этим, ол да буоллар эбэм дьоҕура хааммар иҥэн сылдьар быһыылаах. Ханнык от туохха туһалыырын төрүөхпүттэн билэр курдукпун. Мин оппун хомуйарбар кэргэним Александра улаханнык көмөлөһөр», – диэн кини кэпсиир.

Эмтээх оту хомуйан чэй уонна араас булкааһы оҥороллорун туһунан кэпсээннэрин истэ олорон, Михаил Петрович бу тухары төһөлөөх киһиэхэ көмөлөспүтүн ааҕан да сиппэккин эбит диэн түмүккэ кэлэбин. Эмтээх оттору хомуйан кини тирии баастаахтарга (псориаз), бүөр, быар, куртах, ноор ыарыылаахтарга көмөлөспүтэ үгүс. Оттон киниэхэ от сакаастыыр дьон иммунитеты күүһүрдэр от булкааһыгар «аптаах настойка» диэн аат иҥэрбиттэр.

«Эбээн-Бытантай ото атын сирдээҕэр ордук туһалаах быһылаах. Оннук диэн көрөбүн. Оннооҕор Кавказтан, Алтаайтан сакаастыыллар. Бу диэки от үксүтэ күөх кыстыыр. Тоһуттар тымныыга туох баар туһалаах хаачыстыбатын киллэрэр. Оннук муҥутуур эмтээх кэмигэр чэй оҥорор отторбутун хаары хаһан хомуйабыт», – диэн кини кэпсиир. ХОҺООННОРО – ОЛОҔУН СҮҮРҮКТЭРЭ Биһиги дьоруойбут оҕо сылдьан сүрэҕэр ыарыылааҕынан өр кэмҥэ балыыһаҕа сыппыт. Ол кэмҥэ кини кинигэни утаппыттыы ааҕара. Ордук Гомер «Иллиада» поэматын сөбүлээбитин, ааҕа олорон дьоруойдар олохторун хараҕар киинэ курдук көрөрүн кини ахтар.

Михаил Петрович суруйар алыпка хаһан ылларан барбытын бу диэн өйдөөбөт. «Аҕам Петр Колесов бэйэтэ ырыа, мелодия айар, поэма суруйар этэ. Тоҕо эрэ, оччотооҕу салайааччылар сөбүлээбэккэлэр, рукопиһын суох гыммыттара, кинигэ бэчээттэтэригэр кыһалҕалары көрсүбүтэ. Аҕам онтон муунтуйар быһыылааҕа, айбыт хоһооннорун кимиэхэ эрэ иһитиннэриэн наһаа баҕарара. Ол иһин түүн ортото миигин, биэстээх-алталаах оҕону, туруоран хоһооннорун ааҕара. Ону оҕочоос бэйэм олох сөбүлээбэт этим. Уутугар аҥаарыйа сылдьар оҕо хайа аанньа буолуомуй? Ол аҕам талаана бэриллибитэ буолуо, сылдьан эрэ туох эрэ кэрэни, уратыны, киһини долгутары көрдөхпүнэ, миэхэ өйбөр тыллар кутуллан киирэллэр. Хоһоон устуруокаларыгар тиһэн, кумааҕыга суруйан кэбиһэбин», – диир кини.

Оттон Александра кэргэнин хоһоонноро түөлбэтигэр эрэ буолбакка, киэҥ эйгэҕэ биһирэнэллэригэр итэҕэйэр. «Ыстаадаҕа сылдьан суруйбут хоһооннорун лиистэрэ мунньуллан, бүтүн кинигэ да буолан тахсыахтарын сөбө. Мин Михаилы хоһоонноргун литературнай куонкурустарга ыыт диэн этэр-хаайар буолбутум. Мин этиибин ылынан, биир үтүө күн оҥостон олорон үчүгэй диэбит хоһооннорун эргэчээн телефонугар бэчээттээбитэ», – диэн Александра кэпсиир.

Ол курдук, Михаил Петрович үчүгэй диэбит хоһооннорун, табаларын ыстаадаҕа сайылата таһарыан иннинэ, суруйааччылар Арассыыйатааҕы сойуустарын куонкуруһугар «Стихи. Ру» сайтка ыыппыт уонна таһыччы умнан кэбиспит. Күһүөрү ыстаадаттан киирэн баран электроннай пуочтатын арыйбыта, 13 тыһыынча номинантан талыллан 10 бастыҥ иһигэр киирдиҥ, Москваҕа наҕараадалааһын дьоро тэрээһинигэр ыҥырабыт диэн иһитиннэрии кэлбит эбит. Маамыкта кыырайар ыраах сиригэр сытар Саккырыыртан Москваҕа диэри дөбөҥнүк айаннаабаккын. Колесовтар хантан үп-харчы булабыт диэн толкуйга түспүттэр.

«Маныаха оччолорго өрөспүүбүлүкэ баһылыгынан олорбут Егор Афанасьевич Борисов миэхэ улаханнык көмөлөспүтэ. Кини биһиги улууспутугар үлэтин-хамнаһын отчуоттуур мунньаҕар кэлэ сылдьара. Мин мунньахха бураанынан сүүрдэн тиийбитим, дьоҥҥо тыл биэрбиттэригэр тахсан үөрүүлээх сонуммун кэпсээбитим. Егор Афанасьевич айар талааннаах эбээн бэрэстэбиитэлигэр көмөлөстөххө сатанар диэн тылын биэрбитэ», – диэн Михаил Петрович долгуйан олорон ахтар.

Егор Борисов быһаччы көмөтүнэн Михаил Колесов Москваҕа тиийэн, Арассыыйа бэйиэттэрин сойууһун биир улахан куонкуруһар чиэстэммитин бу курдук ахтар. «Саала иһэ тобус-толору киһи, биһигини инники эрээккэ олортулар. “Михаил Колесов, сыанаҕа ыҥырабыт”, – диэбиттэригэр тахсан хоһооммун аахтым.

Мин Михаил Колесов-Охотник диэн аатынан хоһооннорбун суруйабын. Истээччилэрим: «Охотник – настоящий мужик», – диэн ытыстарын тыаһа хабылла түстэ, өссө атын хоһооннорбун ааҕарбар көрдөстүлэр. Ол куонкурустан «Сыл бэйиэтэ» үрдүк ааты ылан дойдубар төннүбүтүм», – диэн Михаил долгуйан олорон кэпсиир.

Михаил Петрович бэйиэт быһыытынан киэҥ эйгэҕэ биллиитэ, биһирэниитэ бу түгэнинэн бүппэтэх. 2015 сыллаахха кини кэргэнинээн Москваҕа Бэс Чагдаҕа сынньаммыттар. Михаил Колесовы «Есенинскай ааҕыыларыгар» кыттарыгар ыҥырбыттар. Дьүүллүүр сүбэҕэ улуу княгиня Мария Владимировна баар эбит. Тэрээһин кэнниттэн кини эбээн бэйиэтин ыҥыран ылан, айар талаанын хайҕаабыт уонна бэйэтин кинигэтин бэлэхтээбит. «Наследие» литературнай бириэмийэҕэ кыттаргар ыҥырбыт.

Михаил Петрович хоһоонноро Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, атын дойдуга эмиэ бэйэтин сүгүрүйээччилэрин булбуттар. Квебек гуманитарнай институтун иһинэн кини хоһоон хомуурунньугун француз тылынан тылбаастаабыттар. Прагаҕа чехтыы тылынан «Охотник тишины» диэн кинигэтиттэн хоһоонноро олохтоох литературнай сурунаалга тылбаастанан тахсыбыттар.

УСТУОРУЙА ТҮГЭНИТТЭН КЭСКИЛ САҔЫЛЛАР

Бу санаатахха Михаил Колесов аҕата бэйэтин кэмигэр сайдыылаах киһи эбит. Кини Саккырыыр туһунан устубут киинэ лиэнтэтин бобинаҕа хаалларбыт. Аҕатын кэскиллээх дьыалатын салҕаан, Михаил Кварц камеранан эмиэ устуоруйаҕа хаалларар сыалтан ыстаадаҕа олох туһунан устар эбит. «2007 сыллаахха Прагаттан Саха сирин туһунан документальнай киинэ уста Мартин Ришави Саккырыырга кэлэ сырыттаҕына, билсибитим. Миэхэ оннук киинэ лиэнтэ биир чымыдаан баарын билэн, сыыппараҕа көһөрөөрү биир катушканы илдьэ барбыта. Киинэтин биир куопуйатын Госкомфильм пуондатыгар хаалларыахтаах. Быйыл эмиэ сыаллаах-соруктаах биһиги улууспутугар кэллэ, бу күннэргэ документальнай киинэтин салгыы уста ыстаадаҕа айаннаата», – диэн Михаил Петрович кэпсиир.

Ыраах сытар Эбээн Бытантай улууһа үгэстэн тэйбэккэ олорор олоҕунан-дьаһаҕынан омук туристарын тардар. Колесовтар итии чэйинэн үгүс айанньыттары күндүлээбит буолуохтаахтар. Ол курдук, биир интэриэһинэй түгэни кэпсээтилэр. «Өбүгэбит сиригэр Хобоолго кэрэ лыахтар олус элбэхтэр, оҕобут туппут лыахтарын ийэтэ коллекциялаабытын олохтоох хаһыат үлэһитэ социальнай ситимҥэ таһаарбытын Липецкэй учуонайа көрөн интэриэһиргээбит этэ. Биһиэхэ кэлэн Диманы илдьэ сылдьан лыахтаабыта, Саха сирин лыахтарын көрүҥнэрин үөрэппит этэ. Лыахтары коллекциялааччыларга олус сыаналанар көрүҥ баарын билэн, эһиилигэр ону «бултаһа» кэлиэх буолбута. Оттон Дима ол кыһын ыт оҕотун курдук лыаҕы иитэн таһаарбыта. Чиэрбэни аһатара, бүөбэйдиирэ, биһиги соторунан өлөр чиэрбэ ини дии саныырбыт. Онтубут сааһыарыы кып-кыраһыабай саһархай өҥнөөх лыах буолан көтөн тахсыбыта», – диэн Михаил Петрович күлэ-күлэ кэпсиир.

ХАЙА ДА БЭЙЭЛЭЭХ БУУРҔАҔА БЭРИММЭППИТ

Бу курдук Михаил Петрович уонна кини тапталлаах олоҕун аргыһа Александра олохторугар дьону биһирэтэр түгэннэрэ өссө да элбэх буолуохтаахтар. Холобур, оҕолор инникилэрин туһугар долгуйар оскуола учуутала Лена Анатольевна Старостина идеятынан оскуола оҕолоругар эбээннэр ыстаадаҕа сылдьан хайдах дьаһанан, бултаан-алтаан, астанан олорбуттарын бэйэ холобуругар көрдөрөн үөрэтэр куруһуок арыйбыттара сүүс үтүө саҕалааһыннарыттан биирдэстэринэн буолар. «Эбээннэр дьуурталарын чуорааны тутан оҕолору онно мунньан таба этин хатарарга, бултуур, балыктыыр тэрил оҥорорго уонна да атын үөрүйэхтэргэ үөрэппиппит. Хоту дойду хоһуун киһитэ кэмигэр түргэнник туттара, кэмигэр холкутук сылдьара этигэр-хааныгар баар. Быйыл олохтоох үөрэх салалтатыттан бу куруһуокпутун салгыырбытыгар этии киирбититтэн үөрэбит», – диэн Михаил Колесов этэр. Кини түмүгэр муударай эбэтэ тирии имитэ олорон сиэнчээнин диэки тапталынан сыдьаайар харахтарынан көрө-көрө эппит түгэхтээх сүбэтин кытта үллэстэр. «Эбэм: “Миисэ, хараҥаттан куттаммат буол. Хараҥаҕа туох да уларыйбат, олох устубутун курдук устан иһэр. Хараҥаны күн кыайар, чугутар”, – диэбитэ. Оттон мин хотум дьоно хайа да бэйэлээх күҥҥэдьылга, буурҕаҕа-силлиэҕэ өлөн-охтон биэрбэттэригэр итэҕэйэбин», –диэн кини кэпсэтиибитин түмүктээтэ.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...