Харыстыахха эр дьону!

Саха Сиригэр кэнники кэмҥэ эр киhи доруобуйатыгар болҕомто ууруллар буолла. Ол өрөспүүбүлүкэ доруобуйатын харыстабылын историятыгар бастакынан буолбут быраастар сьезтэригэр Саха бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев эр киhи доруобуйатыгар болҕомтону күүһүрдэр туһунан эппитин кэннэ. Съезд үлэтин түмүгэр сайдыы сүрүн туhаайыытыгар эр киhи доруобуйатын туругун тупсарыы киирбитэ. Ити сөптөөх быhаарыныы буолар.

УРОЛОГ-АНДРОЛОГ БЫРААСКА ЭР ДЬОН ТӨҺӨ СЫЛДЬАРЫЙ?

Чахчыны эттэххэ, Саха Сиригэр эр киhиэхэ болҕомто дьахтар-аймах доруобуйатыгар уурулларынааҕар кыра. Холобура, тыа сирдэригэр уролог-андролог быраас суоҕун кэриэтэ. Дьокуускай куоракка хас поликлиника аайы анал быраастар син бааллар. Ону таhынан чааhынай килииникэлэргэ уролог-андролог быраастар бааллар. Ол эрэн, үөрэхтээх специалист аҕыйаҕыттан, сырдатар үлэ мөлтөҕүттэн эр киhи сыл аайы уролог-андролог бырааска сылдьар култуурата сайда илик. Чуолаан ити саха эр дьонугар сыhыаннаах. Онуоха холоотоххо дьахтар-аймах син сыл аайы гинеколог бырааска хайаан да сылдьар, кинилэр доруобуйаларын көрөр-истэр мэдиссиинэ киинэ элбэх. Биир үксүн итинтэн уонна да атын дьайыылартан сылтаан дьахтар олоҕун уhуна эр киhитээҕэр уhун. Кэнники туоhулар этэллэринэн, эр киhи олоҕун орто уhуна 65,78 дьахтар киэнэ 75,98 сыл буолар. 10 сыл арастаах.

УОЛ ОҔО ДОРУОБУЙАТЫГАР – УРАТЫ БОЛҔОМТОНУ

Уол оҕо эр киhи буолан улаатан тахсарыгар быраас көрүүтүгэр-истиитигэр сылдьан барыахтаах. Оҕону төрөөтүн кытта неонатолог, педиатр быраастар көрөллөр, туох эмэ ыарыы баар буоллаҕына, ону суох оҥорорго сөптөөх үлэни ыыталлар. Онтон салгыы оҕо учаастактааҕы педиатр быраас көрүүтүгэр киирэр. Уол оҕо сылга биирдэ урологка көрдөрөрө наада. Дьиҥэр, уол кыра сааһыттан араас урологическай ыарыыта элбэх буолуон сөп. Ол курдук, саамай тарҕаммыттары эттэххэ, фимоз, крипторхизм диэннэр. Фимоз диэн уол оҕо ууһатар уорганын төбөтүн сабар сарыы тириитэ арыллыбат буолуутун этэллэр. Бу оҕо 7-9 сааhыгар диэри ыарыы диэҥҥэ киирсибэт. Онтон салгыы ити сарыы тирии сатаан арыллыбат, анныгар кир мунньуллан иhэр, ыарытыйар буоллаҕына эпэрээсийэ туhунан толкуйдуохха наада. Онтон крипторхизм диэн сахалыы БУОТТУК ыарыы диэн ааттанар, ол аата сымыыт аллараа туспэккэ үөhэ ханаалга хааларын этэллэр. Сорох ардыгар итинник сатаан түспэтэх сымыыты уол оҕо төһө эмэ улааппытын кэннэ  байыаҥкамаат хамыыйыһатыгар көрүү кэмигэр булааччылар. Сороҕор отой даҕаны аармыйаҕа бараары сылдьар дьонтон булуллан соhуйуу тахсааччы. Ити ыарыы тугунан кутталлааҕый? Эр киhи сымыытын сүрүн үлэтэ диэн, сперматозоид оҥорон таhаарыыттан ураты, тестостерон диэн эр киhи эр киhи буолар гормонун оҥороро буолар. Сатаан аллараа түспэтэх сымыыкка сперматозоид, тестостерон үчүгэйдик оноhуллубакка, гормон эргиирэ атыннык барар. Ол түмүгэр итинник ыарыылаах уол оҕо организмыгар дьахтар гормона элбэхтик үөскүүр. Үүнэн эрэр организмҥа уларыйыы тахсара сүрдээх түргэн. Онон бу уол оҕо организма, өйө-санаата дьахтар киэнин курдук буолан хаалар кутталлаах. Гомосексуализм үөскүүрүн биир төрүөтэ манна сытар буолуон сөп. Ити курдук улахан уларыйыылар тахсалларын кэмигэр көрбөккө хаалыы — төрөппүт буруйа. Ону тэҥэ ууһатар уорган сайдыытыгар киирэн эрэр уол оҕо олус кыбыстанньаҥ буолара охсор. Оҕону көрөр быраастар үгүстэрэ дьахталлар, дьэ ол иhин уол оҕо туох эмэ уларыйыы баар да буоллаҕына кыбыстан, кимиэхэ да кэпсээбэт, көрдөрбөт. Өссө бу соҕотох ийэ иитэр уол оҕото буоллаҕына, дьэ, улахан кыһалҕа. Аҕа иитэр уол оҕотун балаһыанньата атын, эр киһи уолугар болҕомто уурар буоллаҕына, тута быһаттарыан сөп.

«ЭР КИҺИ ИККИС СҮРЭҔЭ» ДИЭН ТУГУЙ?

Кэнники кэмҥэ эр дьон простатит диэн ыарыыта аhара элбээтэ, эдэримсийдэ. Ити ыарыы туhунан кыратык сырдаттахха, маннык. Предстательнай железа, сахалыы ахта быччаххайа, эр киhи эр киhи буолар уоргана. «Эр киhи иккис сүрэҕэ» диэн этэллэр. Билигин простатит диэн диагноз турара эр дьоҥҥо үксээтэ. Ити ыарыы бастакы төрүөтэ — сааhырыы уонна хамсаныы аҕыйаҕа. Ол түмүгэр ис түгэҕин уорганнарыгар хаан эргиирэ мөлтүүр, ол онтон быччаххай сүмэhинэ сатаан тахсыбакка хаайтаран, ыарыыга кубулуйар.

СЫСТЫГАННААХ ЫАРЫЫ СОДУЛА

Хамсааhын аҕыйаҕа урбанизация күүскэ барыытын, эр киhи олорон эрэ үлэлиирэ аhара элбээбитин кытта сибээстээх. Иккис төрүөтүнэн эр киhи ааспыт кэмигэр хайдах олорбутуттан тутулуктаах. Быhааран эттэххэ, маннык. Билигин 40, 45, 50 саастаах дьон эр киhи ууһатар уорганын сайдыытыгар киирэр күөгэйэр кэмнэригэр сылдьыылара 90 – ус сылларга ааспыта. Өйдүүрбүт курдук, ити сылларга барыта көҥүл буолан, уопсастыбаҕа сиэр-майгы улаханнык айгыраабыта, эдэр дьон чэпчэки суолунан барыылара элбээбитэ. Арассыыйаҕа «сексуальнай революция» буолбута. ССРС эстэн, доруобуйа харыстабылын институттара мөлтөөннөр, аһара көҥүл барыы содулугар араас сыстыганнаах ыарыылар элбии сылдьыбыттара. Сүрүн тарҕаммыт ыарыы – гонорея. Ол кэминээҕи  ыччат ити ыарыыга сысталлара, туох кистэлэ кэлиэй, элбэх этэ. Статистика этэринэн 1990 сыллаахха, өссө ССРС эстэ илик кэмигэр, гонореянан ыарытыйыы сыл иhигэр 1897 төгүл буолбут. Онтон салгыы 90-ус сыллар статистикаларын булбатым. Онтон 2000 сыллаах статистика көрдөрөрүнэн сүһүрүү 2658 диэри улааппыт. Ити өссө ыарыы син кыччаабыт сыллара этэ. Манан толкуйдаан көрдөххө 90-ус сылларга сыстыганнаах ыарыы ахсаана биллэ улахан буолуохтаах. Кэнники статистика туоһулуурунан 2016 сыллаахха ити ыарыынан 749 киhи ыалдьыбыт. Уопсастыбаҕа уларыйыы тахсан, дьон доруобуйа харыстабылыгар култуурата, билиитэ улаатан ыарыы аҕыйаабыт. Оттон ити 90-ус сыллардаахха ыалдьыбыт эдэр дьон билигин орто саастарыгар сылдьаллар уонна ол ыалдьыбыт содуллара билигин простатит буолан ситэн кэлбит.

ТЫМНЫЙЫЫ ЫАРЫЫГА ТИЭРДЭР

Эр киһи простатитын үөскээһинин өссө биир бэйэбитин кытта сибээстээх. Иккис төрүөтүнэн эр киhи ааспыт кэмигэр хайдах олорбутуттан тутулуктаах. Быhааран эттэххэ, маннык. Билигин 40, 45, 50 саастаах дьон эр киhи ууһатар уорганын сайдыытыгар киирэр күөгэйэр кэмнэригэр сылдьыылара 90 – ус сылларга ааспыта. Өйдүүрбүт курдук, ити сылларга барыта көҥүл буолан, уопсастыбаҕа сиэр-майгы улаханнык айгыраабыта, эдэр дьон чэпчэки суолунан барыылара элбээбитэ. Арассыыйаҕа «сексуальнай революция» буолбута. ССРС эстэн, доруобуйа харыстабылын институттара мөлтөөннөр, аһара көҥүл барыы содулугар араас сыстыганнаах ыарыылар элбии сылдьыбыттара. Сүрүн тарҕаммыт ыарыы – гонорея. Ол кэминээҕи эдэр ыччат ити ыарыыга сысталлара, туох кистэлэ кэлиэй, элбэх этэ. Статистика этэринэн 1990 сыллаахха, өссө ССРС эстэ илик кэмигэр, гонореянан ыарытыйыы сыл иhигэр 1897 төгүл буолбут. Онтон салгыы 90-ус сыллар статистикаларын булбатым. Онтон 2000 сыллаах статистика көрдөрөрүнэн сүһүрүү 2658 диэри улааппыт. Ити өссө ыарыы син кыччаабыт сыллара этэ. Манан толкуйдаан көрдөххө, улахан төрүөтэ — тымныйыы. Биhиги дойдубут сыл устатын тухары тымныы. Аҕыйах кэмҥэ сылыйан ылар. Эр киhи бултаан-балыктаан, үлэлээн-хамсаан тоҥоро-хатара элбэх буолан, ити ыарыыга судургутук ылларымтыа. Ити ыарыы эр киhи олоҕор мөкүтүк дьайара биллэр, тахсан киирэрин мөлтөтөр, куhаҕан туруктаах искэн буолан кубулуйар кутталлаах. Уонна ити ыарыы биир сүрүн симптомунан түүн устата хаста да тахсан киирии буолар. Эр киhи түүн аайы хабаҕаран хаста эмэ уhуктарыттан утуйар уута айгырыыр, алдьанар. Хас түүн аайы сылы сыллаан утуйар уу айгырааhына киhи ис туругар улахан ох суулаах буолар. Ол иhин эр дьон ортотугар сүрэх ыарыыта, хаан баттааhына үрдүк буолуута, инфаркт, инсульт ыарыы олус элбэх. Табаахтан, арыгыттан ураты ити ыарыыларга тиэрдэр төрүөтүнэн простатит ыарыы буолар. Биhиги республикабытыгар сүрэх, тымыр ыарыытыттан дьон өлүүтэ элбэх. Ол курдук бүтэhик чахчынан сылга 8053 киhи барбыт буоллаҕына, ол онтон сүрэх -тымыр ыарыыларыттан 3544 киhи суох буолбут. Аны ити 3544 киhиттэн улахан аҥаара эр дьон. Аны туран ыарыы өссө биир куhаҕана диэн сааhырбыт дьон түүн туралларыгар ууларыгар аҥаарыйа сылдьан хараҥаҕа иҥнэн охтон уҥуохтарын тоhуталлара буолар. Аны уҥуох тостуутуттан сылтаан атын ыарыылар өрө туруулара доруобуйаҕа улахан айгырааhыны таһаарара баар суол.

ЫАЛ АРАХСЫЫТА ЭЛБЭХ

Саха Сиригэр статистика көрдөрөрүнэн ыал арахсыыта олус элбээтэ. Сыл аайы оротунан алта тыһыынчаттан тахса саҥа ыал тэриллэриттэн лоп курдук аҥардара арахсар. Маныаха төрүөт элбэх. Эр киhи доруобуйатын туруга мөлтөөһүнэ, дьахтар уонна эр киhи бэйэ-бэйэлэриттэн астыммат буолуулара, сатаан оҕо үөскээбэтэ — арахсыыга улахан төрүөт буолар. Ыал арахсара диэн, биллэн турар, мөкү чахчы. Ол эрээри дьон бэйэ-бэйэтин өйдөһөн, баар кыһалҕаны быһаара сатыахтаах. Ыарыы буулаабыт буоллаҕына эмтэнэр, быһаарар ордук. Эр киһи доруобуйатын тупсарар, эмтиир кииннэр Дьокуускай куоракка син баар буолан эрэллэр.

СЫЛААСТЫК ТАҤНЫАҤ – ДОРУОБАЙ БУОЛУОҤ

Тымныы кэмҥэ сылаастык таҥна сылдьааhын эр киhи, дьахтар төрүүр-ууhуур уорганнарыгар олус туhалаах. Тоҕо диэтэххэ, тымныы, бастатан туран, төрүүр-ууһуур уорганнарга охсор. Киhи атаҕа тоҥноҕуна ис анныгар баар уорганнарга хаан эргиирэ төһө эмэ мөлтүүр. 2000 сыллар ортолоругар эдэр кыргыттар систэрэ, истэрин түгэҕэ көстө сылдьар муодата кэлэн ааспыта. Кыргыттар барахсаттар ол муоданы үтүктэн саас төһө эмэ эрдэттэн күһүн хойукка диэри ол курдук систэрэ, самыылара, истэрэ көстө сылдьааччы. Төһөлөөх онно тоҥууну ылбыттара буолуой?! Билигин ол муоданы тутуhа сылдьыбыт кыргыттар улаатан ыал ийэлэрэ буолар саастарыгар тиийдилэр даҕаны үгүстэрэ сатаан оҕолонор кыахтара суох буолан мэдиссинэттэн көмө эрэйэллэр. Онон эдэр дьон сылаастык таҥна сылдьара булгуччулаах.

 

Николай Григорьев, быраас, «Дельта» килииньика дириэктэрэ

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Модун санаалаахтар

Сэрии сылларыгар тыылга төһүү үлэһит күүһүнэн эр дьон оннугар дьахталлар хаалбыттара. Салайааччыттан саҕалаан дьиэ хаһаайкатыгар тиийэ бары ийэлэр, эдэр кыргыттар, оҕолор алдьархай ааҥнаабытын, дойду...

«ДАЛБАР ХОТУН» Төҥүлүгэ

Ахсынньы 12 күнүгэр "Далбар хотун" сурунаал Төҥүлү нэһилиэгин "Доруобуйа" түмсүү далбардарын кытта көрүстэ. Бу күн олохтоохтор сурунаал үлэһиттэрин "Сайдам" общественнай түмсүү дьиэтигэр үөрэ-көтө көрүстүлэр....

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...