«ДалбарХотун» күрэс балаһыанньата

ХIV республикатааҕы «ДалбарХотун» күрэс

БАЛАһЫАННЬАТА

 

1.Уопсай балаһыанньата

1.1 Бу Балаһыанньа XIV өрөспүүбүлүкэтээҕи «ДалбарХотун» күрэс ыытыллар бэрээдэгин чэрчилиир. XIV өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» күрэс РФ Дьиэ кэргэн сылыгар, сурунаал төрүттэммитэ 30 сылыгар ананар. Күрэһи СӨ «Сахабэчээт» автономнай тэрилтэ, НВК “Саха”  тэрийэн ыыталлар.

1.2 «Далбар Хотун» күрэс – СӨ Ил Дархана бигэргэппит дьиэ кэргэҥҥэ итиэннэ демографияҕа сыһыаннаах бэлиитикэтин сүрүн хайысхаларын өйүүр сыалтан олохтоммут өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак. «Далбар Хотун» күрэс тыа сиригэр уутуйан олорор элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн өбүгэ үгэстэрин, төрүт дьарыктарын, бигэ туруктаахтык тыа хаһаайыстыбатын араас салааларын сайыннарар, тыа сиригэр утумнаахтык олохсуйан олорууну биһириир.  Тыа сирин дьахтарын хайҕаллаах өрүттэригэр дьон-сэргэ сүгүрүйэ үөрэнэрин, уус тарбахтаах өбүгэлэриттэн тиксибит айымньылаах төрүт үгэстэрэ салҕанарын уонна өрүү болҕомтоҕо сылдьарын ситиһэр.

1.3 Сайаапкалар 2023 с. ахсынньы 25 күнүттэн тохсунньу 31 күнүгэр диэри ылыллаллар. Кэтэхтэн ыытыллар сүүмэрдиир түһүмэх тохсунньу 31 күнүгэр сайаапкалыыр пакеттарга олоҕуран ыытыллыа. Сүүмэрдээһин түмүгүнэн 7 (сэттэ) кыттааччы күрэс түмүктүүр түһүмэҕэр ыҥырыллаллар.

 

  1. Күрэс сыала, соруктара

2.1 Күрэс сыала: тыа сирин дьахталларын олохторугар-дьаһахтарыгар, үөрүүлэригэр, кыһалҕаларыгар уопсастыба болҕомтотун тардыы.

  1. 2 Соруктара:

— норуокка чөл олохтоох ыал, ийэ буоларга баҕа санааны туругурдуу;

— уопсастыбаҕа чэгиэн, олоххо баҕалаах, үөрэххэ уонна үлэҕэ көхтөөх оҕолору иитэр истиҥ ийэ, сатабыллаах хаһаайка үтүө холобурун олохтооһун;

— тыа сирин ийэлэрин ситиһиигэ көҕүлээһин;

— элбэх оҕолоох ийэлэргэ уонна дьиэ кэргэҥҥэ ытыктабылы олохтооһун.

 

  1. Күрэскэ кыттыы ирдэбиллэрэ

3.1 Күрэскэ 45-тэн 65-гэр диэри саастаах, кэргэннээх, үс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьахталлар кытталлар.

3.2 Сайаапкалар dalbar2010@mail.ru «Далбар хотун» сурунаал электроннай аадырыһыгар ыытыллаллар.

— сайаапка-анкета (dalbar.ru — «Далбар Хотун» сайтыгар баар);

— «Далбар Хотун», НВК “Саха”  сайтарыгар таһаарарга JPEG форматтаах, 720 х 1240 пикселтэн кырата суох кээмэйдээх икки цифровой хаартысканы ыытар (кыттааччы бэйэтин уонна дьиэ кэргэнин мэтириэттэрэ).

3.4 Хас биирдии кыттааччы аккредитацияланарын иһин тэрийэр кэмитиэккэ 5 000 солкуобай кээмэйдээх усунуос төлүүр.

 

  1. Күрэс түмүктүүр түһүмэҕин ыытыы бэрээдэгэ

Күрэс 4 түһүмэхтээх:

4.1 НВК “Саха”-ҕа интерактивнай куоластааһын. НВК “Саха” тохсунньу, олунньу, кулун тутар ыйдарга сүүмэрдэммит кыттааччылар тустарынан устан тэлэбиидэнньэҕэ таһаарбыт  сюжеттарынан көрөөччүлэргэ куоластааһыны тэрийии. Бу түһүмэххэ элбэх куолаһы хомуйбут кыттааччы «Көрөөччү биһирэбилэ» ааты сүгэр. «Көрөөччү биһирэбилэ» номинацияны ылбыт кыттааччы күрэс кыайыылааҕа буолар кыаҕын сүтэрбэт.

4.2 Бэйэни билиһиннэрии. Айар күрэс. Кыттааччы 5 мүнүүтэ устата бэйэтин, дьиэ кэргэнин, үлэтин-хамнаһын, дьарыгын туһунан кэпсээн билиһиннэрэр. Кыттааччы ыллаан, үҥкүүлээн, музыкальнай тэрилгэ оонньоон, эбэтэр атын дьоҕурун кэпсээн көрдөрөр (3 мүнүүтэҕэ диэри).

4.3 Ас  күрэҕэ. Кыттаачы эрдэ астаан аҕалбыт аһын-үөлүн туһунан кэпсиир. Бүлүүдэ ахсаана хааччахтаммат.

4.5 Киэһээҥҥи былааччыйалаах хаамыы. Кыттааччылар киэһээҥҥи мааны былааччыйаларынан хааман көрдөрөллөр.

 

      5. Кыайыылааҕы быһаарар ирдэбиллэр

Кыайыылаахтары дьүүллүүр сүбэ быһаарар. Дьүүллүүр сүбэ састаабын тэрийээччи бигэргэтэр.

 

  1. Наҕараадалааһын

 Күрэс түмүгүнэн маннык ааттар иҥэриллэллэр:

  1. Талба Хотун
  2. Хотун ийэ
  3. Айыы Хотун
  4. Иэйии Хотун
  5. Мааны Хотун
  6. Уран Хотун
  7. Биһирэм Хотун (Көрөөччү биһирэбилэ)
  8. «ДалбарХотун»

Кыттыы, тэрээһин боппуруостарыгар 8(924)176-66-45 (бассаап нөҥүө) эбэтэр Dalbar2010@mail.ru электроннай аадырыска суруйан билсиэххэ сөп.

Күрэс балаһыанньата НВК “Саха” ситимигэр, өрөспүүбүлүкэ, улуус хаһыаттарыгар, “Ulus Media”, “Далбар Хотун” саайтарыгар тахсыаҕа.

 

анкета

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...