Екатерина СУРЖАНИНОВА быйыл үһүс төгүлүн персональнай быыстапкатын туруорда. “Сияние севера” диэн ааттаах быыстапкатыгар кэнники биэс сыллааҕы үлэлэрэ, барыта 32 хартыына көрдөрүлүннэ. Худуоһунньук үлэлэригэр хотугу тема ордук сытыытык бэриллэр. Екатерина Аллараа Халымаҕа төрөөбүт, туундара дьүкээгирдэрин удьуора буолар.
КЫРДЬАҔАСТАР КЭПСЭЭННЭРЭ
Мин кырдьаҕас эһэм, эбэм кэпсээннэригэр улааппыт оҕобун. Эһэм Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх, кыахтаах ыалга төрөөбүт, улахан хаһаайыстыбалаах, миэлиҥсэлээх эбиттэр. Оҕолор бары үөрэхтэммиттэр. Ийэлэрэ кини кыра эрдэҕинэ өлбүт, онон 18 саастаах улахан эдьиийдэрэ бырааттарын, балтыларын көрөн улаатыннарбыт. Эһэм ол эдьиийин олус истиҥник ахтара. Эбэм Аллараа Халыма Андрюшкино сэлиэнньэтитигэр төрөөбүт, кини оҕо сааһа эһэм киэнитээҕэр кытаанах соҕус, ас-таҥас кырыымчык эбит. Сэрии кэмигэр туох барыта фроҥҥа ыытыллар, оскуолаҕа үөрэнэр тээбирин тиийбэт, тэтэрээт оннугар кинигэҕэ, строкалар быыстарыгар суруйаллар эбит. Кинилэр куруук оҕо, эдэр саастарын кэпсииллэрэ, хаартыскалары көрдөрөллөрө, ол иһин мин ол былыргыны бүгүҥҥү күннээҕи курдук ылынан улааппыт эбиппин.
УҺУЙУЛЛУУ
Киистэни илиибэр Черскэйгэ уруһуй куруһуогар аан бастаан ылбытым. Мин ийэм ыллыыра, үҥкүүлүүрэ, фортепианоҕа оонньуура, олус музыкальнай киһи этэ, ол иһин маҥнай миигин фортепиано кылааһыгар киллэрбиттэрэ. Иккис дьарык кэнниттэн мин сөбүлээбэккэ дэлби ытаан кэлбиппин өйдүүбүн, ол кэннэ биэс саастаахпар уопсай куруһуокка уруһуйдуурбун бэлиэтии көрөн бастакы кылааска Черскэйдээҕи оҕо искусствотын оскуолатыгар Зоя Серафимовна Аммосоваҕа дьарыктанан саҕалаабытым. Зоя Серафимовна эбээн худуоһунньуга, киниэхэ Дьокуускайга көһүөхпэр диэри икки сыл дьарыктаммытым. Дьокуускайга олус соһуччу көспүппүт. Тохсус кылааһы бүтэриэхпэр диэри бэйэм дуона суоҕу, кыыллары, сибэккилэри уруһуйдаан кэлбит эбиппин, онтон Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа бэлэмнэнии курсугар киирэн баран биирдэ бастакы натюрморпун уруһуйдаабытым. Барытын ааһан иһэн чэпчэкитик ылыммытым эрээри, композициябын кыайбакка кыайан киирбэтэҕим, ол иһин 11-с кылааһы бүтэрэн баран эрэ киирбитим.
УДЬУОР
Мин өбүгэлэрим төһө уруһуйдьуттарын билигин этэр кыаҕым суох, былыр киһи уруһуйдуон оннук усулуобуйа да суоҕа, олох-дьаһах да кытаанаҕа. Арай эбэм уруһуйдуура үһү,
ол эрээри уруһуйунан киһи айаҕын кыайан иттиммэт диэн бухгалтер идэтин баһылаабыт. Айар дьоҕурун быысабайдыырынан, баайарынан таһаарара. Ийэм бииргэ төрөөбүт быраата эмиэ уруһуйдуур дьоҕурдаах эбит, эбэм кини үлэлэрин сыыһа оҥорбуккун диэн куруук кириитикэлээн кэҕиннэрэн кэбиспит, ол иһин убайым авиатехнигынан үлэлии барбыт. Эбэм биир Хабаровскайга олорор балта художественнайга үөрэммит, эмиэ тарбаҕар талааннаах барыны бары сатыыр, уруһуйдуур, керамиканан оҥоһуктары оҥорор, түүлээҕинэн иистэнэр.
ХОТУ ДОЙДУ КЫҺАЛҔАЛАРА
Хоту дойду олоҕун кыһалҕалара Россия бүттүүн кыһалҕаларын кытта ыкса ситимнээх. Үбүлэнии өттүн ыллахха, оннооҕор Дьокуускай үчүгэйдик олорор кыаҕын толору туһаммат, эгэ ыраах сытар нэһилиэктэри этиэн дуо. Суол-иис мөлтөҕүттэн табаар сыаната хас эмэ бүк үллэн тиийэр. Хотугу надбавка туох да ороскуотун кыайан толуйбат. Айылҕа харыстабыла туспа улахан болҕомтону эрэйэр. Горнодобывающай тэрилтэлэр тулалыыр эйгэни сүһүрдэн, чугастыы ыраас үрэхтэр, күөллэр да хаалбатылар. Быйыл балык суох диэн олохтоохтор кэпсииллэр. Балык, булт — олохтоох нэһилиэнньэ аһаан-таҥнан олорор төрүт дьарыга, онон тыыннаах олорор. Кинилэри араас сокуоннарынан, лицензияларынан хааччахтаан, куттаан эһэллэрэ кэллэ. Хоту улууска үлэ суох, ас-таҥас киһи баһа быстар сыаналаах, айылҕаттан ылар хааччахтанар — бу барыта түмүллэн киһи кыайан олорбот услуобуйата үөскүүр, онон дьон киин сир диэки көһөргө күһэллэллэр.
ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ
Ааспыт үйэ сүүрбэһис сылларыгар, мин эбэм оҕо эрдэҕинэ, Андрюшкиноҕа сахалар олохсуйууларын саҕана, эбээннэр, дьүкээгирдэр, чукчалар сахалыы кэпсэтэр буолбуттар.
Төрөөбүт тылынан кэпсэтии хайдах эрэ кыбыстыылаах курдук этэ диэн ахтар, ол иһин үгүстэр паспордарыгар омуктарын сахаҕа уларыттарбыттар. Онтон сотору кэминэн нууччалыы тыл баһыйан, бары нууччалыы сахалыы акценнаах саҥарар буолбуттар. Инньэ гынан, сүрүн тыл уларыйыыта иккитэ буолан ааспыт. Билигин онно олохтоохтор бэйэлэрин истэригэр эрэ төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэр, эбэтэр икки чукча көрүстэхтэринэ нууччалыы кэпсэтиилэрин быыһыгар чукча тылларын кыбыталлар. Мин ийэлээх аҕам нуучча тылынан эрэ кэпсэтэллэрэ, онон дьүкээгирдии билбэппин, сахалыы саҥарбаппын. Эбэлээх эһэм бэйэлэрин икки ардыларыгар сахалыы кэпсэтэллэрэ, хос эбэм сахалыы уонна дьүкээгирдии билэрэ, нууччалыы өйдүүр эрэ этэ.
БЫЛЫР МАННЫК ЭМТИИЛЛЭРЭ
Эбэм манныгы кэпсээбиттээх. Биирдэ балта дуу, быраата дуу илиитин уокка сиэппитигэр таһырдьа тахсан тыыннах ыты иһин хайа тардан баран оҕо илиитин ол ыт иһигэр батары аспыт. Былыр уокка сиэттэххэ тириини оннук эмтииллэр эбит. Мин оҕо сылдьан тарбахпын быспыппар эбэм холодильниктан таба этин таһааран тарбахпын эрийбитин өйдүүбүн. Дьүкэгиирдэргэ оннук эмтээһин киэҥник туттуллар эбит, киһи ыарыйдаҕына, сүүрэ сылдьар табаны тутан ылан иһин хайан баттан баран, ыалдьыбыт киһини ол иһигэр угаллара, араас ыарыыттан барытыттан көмөлөһөрө үһү.
ИЭЙИИ
Олохтоох худуоһунньуктартан Афанасий Осипов, Михаил Старостин үлэлэрин олус сөбүлүүбүн. Артур Васильев хартыыналара дьоһун, дириҥ суолталаахтар диэн бэлиэтиибин.
Туохтан, ханнык кэмҥэ ордук иэйэбиний? Дьикти дьылҕалаах дьон олохторуттан, айылҕа кэрэ көстүүтүттэн. Хотугу норуоттар үгэстэрэ, култууралара, кыыл-сүөл уонна күннээҕи олох бытархайдара киһи айар кутун куруук иитэ, байыта тураллар. Арктика устун айанныахпын баҕарабын, Чукоткаҕа тиийэр баҕа санаалахпын.
ДЬҮКЭЭГИРДЭР СУРУКТАРА
Мин эбэбинэн туундара дьүкээгирдэриттэн силистээхпин. Биирдэ эдьиийбиттэн, биһиги аймахха үөскээн ааспыт дьахтар тапталын туһунан кэпсээни истэн баран бу хартыынаны суруйарга санаммытым. Дьүкээгирдэр былыр пиктографическэй суруктаахтарын истэр этим. Иннокентий Павлов бу суруктар тустарынан кэпсиир кинигэтин ааҕан баран элбэҕи билбитим. Суруктар эр киһи уонна дьахтар киэнигэр арахсаллара, туоска биилээҕинэн батары баттаан суруйаллар эбит. Эр дьон суруктарыгар үксүн ханна, тугу бултаабыттарын, кими көрсүбүттэрин, ханан сылдьыбыттарын кэпсииллэр, онтон дьахтар аймах таптал суруктарын суруйаллара. Дьүкээгирдэргэ үгэстэринэн тапталга тылынан бастаан эр киһи билиниэхтээх, онтон дьахтар суругунан киниэхэ бэйэтин сыһыанын таайтаран суруйар. Бу хартыынаҕа көстөр сурукка кыыстаах уол бааллар. Кыыс соно уһун, уол киэнэ кылгас. Бу кыыс дьиэ киһигэр олорор, кини уолга сурук суруйар. Икки ардыларыгар баар сурааһыннар кинилэр доҕордоспуттарын кэпсиир. Кириэстии тардыллыбыт сурааһыннар бу дьон таптаспыттарын көрдөрөллөр. Эр киһи атын дьиэҕэ олорор, атын таптыыр дьахтардаах, бу дьахтар кыыстаах уол тапталларыгар мэһэй буолар. Кыыс үрдүгэр баар эриллэҕэс былыттар кыыс уол туһунан саныырын кэпсииллэр, оттон кириэс кини наһаа санаарҕыырын көрдөрөр. Маннык суруктар кэм аастаҕын аайы судургутуйан испиттэр, кэмниэ кэнэҕэс умнуллубуттар.
ТАБАҺЫТ НИКОЛАЙ ЯГЛОВСКАЙ
Хас да сыллааҕыта Аллараа Халымаҕа бара сылдьан хас да киһи мэтириэтин оҥорбутум, олортон биирдэстэрэ. Николай Васильевич Ягловскай удьуор таһабыт. Нам улууһуттан Аллараа Халымаҕа зоотехнигынан үлэлии кэлбит кыыһы кэргэн ылан иккиэн таба иитиитинэн биэнсийэҕэ тахсыахтарыгар диэри дьарыктаммыттар. Билигин Черскэйтэн чугас Халыма салаатыгар балыктыыр учаастактаахтар, үксүн онно олороллор, дэриэбинэҕэ бородуукта эрэ ыла кэлэллэр. Дьонун-сэргэтин былыргытын, олоҕун дьаһаҕын олус үчүгэйдик билэр, элбэх кэпсээннээх киһи. Биэс тылынан холкутук саҥарар: дьүкээгирдии, сахалыы, нууччалыы, чукчалыы, эбээннии. Былыр хас да тылы билэр киһи элбэҕэ, холобур туундараҕа чукча эбээни кытта көрүстэҕинэ, чукча ытыктаан эбээн тылынан кэпсэтэрэ. Билигин оннук дьон аҕыйахтар. Ягловскайдары араас суруналыыстар, худуоһунньуктар элбэхтик хаартыскаҕа түһэрбиттэр, уруһуйдаабыттар, онон кинилэр камера, худуоһунньук иннигэр сатаан олоро үөрэхтээх аймахтар. Николай Васильевич маннык бэргэһэлээх эрээри арыый эдэр эрдэҕинээҕитин Николай Курилов уруһуйдаабытын быыстапкатыгар көрөн соһуйбутум.
ЧУКЧА КЫЫҺА
Мин дойдубуттан олох кыра эрдэхпинэ көспүт буоламмын, дойдум дьонун-сэргэтин кытта ситимим быстыбыта. Улаатан баран, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуотар ассоциацияларын кытта билсэн биир дойдулаахтарбын булбутум. Онно мин саҥа уруһуйдаан эрэр кэмим этэ. Чукчалар киһи тириитигэр уруһуйдуур (татуировка) үгэстэрин хартыынаҕа түһэриэхпин баҕаран, Колымскайтан сылдьар чукча кыыһын булбутум. Бу хартыынаҕа көстөр чукча кыыһыгар 17-18 үйэлэргэ оҥоһуллубут иллюстрациялартан уруһуйдар киирбиттэрэ. Былыр Европаттан сылдьар чинчийээччилэр көрбүт кэпсээннэриттэн худуоһунньуктар уруһуйдаабыттара хаалбыт буолуохтаах. Чукчалар уонна эскимостар үгэстэрэ майгыннаһар эбит. Бу уруһуйдар тугу кэпсииллэрин субу диэн билбэппин. Сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар тириилэригэр маннык уруһуйдаах кыргыттар бааллар эбит, кинилэр сааһыран, өлөн, ааспыт үйэ ортотуттан уонна кимиэхэ да хаалбатах. Эр дьон эмиэ татуировкалаах буолаллар эбит. Халыма чукчалара өстөөхтөрүн өлөрдөхтөрүнэ бэгэччэктэригэр кыра бэлиэ (точка) туруораллара, ол иһин буолуо, улахан сэрииһиттэри хара илиилээхтэр (черноруки) дииллэр эбит. Кырса көстүбэт эйгэни, өбүгэлэри кытта ситими көрдөрөр. Кыыс кэтэн олорор киэргэллэрэ арҕаа дойду цивилизацията өтөн киирэн эрэрин кэрэһилиир.
ХОТУГУ КҮН КҮЛҮМЭ
Бу хартыынаҕа Колымскайтан сылдьар чукча-дьүкээгир төрүттэрдээх Люба Оконешникова турар. Мин кинини кытта Дьокуускайга билсибитим. Люба мэтириэтин уруһуйдуурбар көрдөспүтүгэр, көннөрү мэтириэт буолбакка, туох эрэ ис хоһооннооҕу оҥоруохпун баҕарбытым. Хоту дойду уйаҥ айылҕата олус айгыраата. Улахан промышленность үлэтэ тулалыыр эйгэҕэ өтөрүнэн оһоруммат бааһын-үүтүн оҥорор, олохтоох нэһилиэнньэ киин, атын сирдэргэ көһөр. Ким да айылҕаҕа хаһаайынныы сыһыаннаспат. Оттон тыһынча сыл анараа өттүгэр хайдах этэй? Манна төрүт норуоттар хайдах олорбуттарай? Кинилэр билэллэрэ буолуо дии, бу сиргэ хайдах дьаһанан, туттан-хаптан олорору. Тоҕо кинилэри истибэппитий? Бу хартыына ол туһунан.