Идэҕэ таптал күүһэ

Орто дойду оһуордаах-дьарҕаалаах олоҕун  түстүүр Аал Луук Мас кэриэтэ тула өттүлэрин сырдыгынан сыдьаайдар, кэнчээри ыччат кэскиллээх инникитин кэрэһэлиир Ытык учууталлар баар буолаллар. Кинилэр баараҕай байҕал кэриэтэ дириҥ билиилэрин, алмаас таастыы чочуллубут талба талааннарын, иэйэр сүрэхтэрин, бүтүн олохторун кэрэйбэккэ кэлэр көлүөнэҕэ аныыллар. Оннук учууталлартан биирдэстэринэн СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Светлана Николаевна Маркова буолар.  Бар дьон ытыктабылын ылар учуутал М.К. Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатыгар фортепиано салаатын сэбиэдиссэйинэн уонна учууталынан үйэ аҥаарын устата таһаарыылаахтык үлэлиир, үгүс көлүөнэ ыччаты музыка кэрэ эйгэтигэр уһуйан сырдыкка-кэрэҕэ сирдиир.

Уопуттаах учуутал кырачаан оҕолору дорҕоон араас өҥүнэн күлүмнүү оонньуур музыка аптаах кустугар сиэтэн киллэрэн күннэтэ сыралаахтык үлэлэһэн ситиһиигэ тиэрдэр. Үөрэнээччилэрэ Москва, Санкт-Петербург, Самара, Новосибирск, Геленджик, Сочи, Туапсе уо. д.а куораттарынан дойду таһымнаах, Соҕурууҥҥу Корея, Чехия дойдуларынан норуоттар икки ардыларынааҕы пианистар куоҥкурустарыгар Лауреат үрдүк аатын ылбыттара. Кинилэртэн үгүстэрэ дьоһун дьон буола улаатан  музыка алыптаах туонатыгар тус суолларын тобулан ситиһиилээхтик үлэлииллэр, убаастыыр учууталларын үтүө тылынан ахталлар.

Светлана Николаевна сүрүн үлэтин таһынан, Майатааҕы норуодунай хор концертмейстерынан айымньылаахтык үлэлиир. Хор айымньытын талыы, хаачыстыбалаахтык толоруу, ырыа иэйиитин табыы барыта коцертмейстертан тутулуктаах. Онуоха, Светлана Николаевна сыралаах үлэтэ, дириҥ билиитэ, силистээх-мутуктаах уопута хор бары ситиһиитигэр бигэ тирэх буолар.

Бэриниилээх учуутал ситиһиилээх үлэтин иһин СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын грамоталарынан, «Учуутал Албан аата»  үрдүк суолталаах анал аатынан наҕараадаламмыта, «Көмүс устурууналар»  өрөспүүбүлэкэтээҕи күрэс  бастыҥ концертмейстера», «Мэҥэ Хаҥалас улууһун сыл бастыҥ учуутала», «Искусство учуутала» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ «Гран-При» үрдүк аатын ылары ситиспитэ.

Уопуттаах учуутал билиитин биир идэлээхтэригэр аналлаах үөрэх босуобуйаларыгар сиһилии үллэстэр: «Музыка кылгас тылдьыта», » Ол кэрэ музыка дуораана», «Дьүкээбил» (ансаамбылынан толоруу хомуурунньуга), «Эдэр пианист азбуката».

Светлана Николаевнаны кытта идэҕэ бэриниилээх буолуу, оҕону музыкаҕа уһуйуу уратытын туһунан сиһилии сэһэргэстибит.

-Музыкаҕа уһуйааччы идэтин  тоҕо талбыккыный?

-Музыка — олох дьолун түстүүр ураты эйгэ буолар. Музыка олохпутун иэйиилээх тыынныыр, араас кэм, көлүөнэ хараҥаччыта, олох кэрдииһин аргыһа буолар. Киһи-аймах тэбэр сүрэхтээҕин, сирдээҕи олохтон тэйэр үрдүкү эйгэлээҕин музыка туоһулуур. Ол иһин кэнчээри ыччакка музыка ураты тыынын тиэрдээри бу идэни талбытым. 1980 с Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище «Фортепиано» салаатын, онтон 1987 с. В. В. Куйбышев аатынан Самаратааҕы музыкальнай-педагогическай институту бүтэрбитим. Дьэ уонна оҕолору пианино курдук кэрэ дорҕонноох үнүстүрүмүөҥҥэ оонньуурга уһуйбутунан барбытым.  Ол саҕана Майатааҕы музыкальнай оскуолаҕа 1980 с үлэлии киирбитим. 1988-93 с. Павловскайдааҕы филиалга сэбиэдиссэйдээбитим. 1993 с Майатааҕы музыкальнай оскуолаҕа сэбиэдиссэйинэн уонна учууталынан күн бүгүнүгэр диэри үлэлиибин.

Оҕону пианиноҕа үөрэтии туох уустуктааҕый? Бу үнүстүрүмүөнү айылҕаттан талааннаах эрэ киһи баһылыыр дуу, баҕа күүһүнэн  үөрэниэххэ сөп ду?

-Бастатан туран, оҕо музыканы истэр дьоҕурдаах буолуохтаах. Музыканы сатаан истэр оҕо дьаныардаах үлэ түмүгүнэн ханнык баҕар үнүстүрүмүөҥҥэ оонньуу үөрэниэн сөп. Маны сэргэ күннэтэ дьарыктанар баҕа уонна дьүккүөрдээх үлэ. Туох барыта үлэттэн тахсарын курдук, үнүстүрүмүөҥҥэ оонньуу үөрэнээһин эмиэ үлэ буолар.

-Биир идэҕэ бэриниилээх буолуу туохха олоҕурарый?

-Тапталга. Идэҕэ, олоххо, сыралаах үлэҕэ олоҕурар. Биир суол устун баран иһии үгүс үтүө түмүктээх, норуокка-дьоҥҥо туһаны аҕалар суолтаах буолар.

Бу курдук, учуутал идэтигэр таптала кэрэни кэрэхсиир бүтүн көлүөнэни иитэн таһаарар, сирдээҕи кэрэни үксэтэр аналлаах.

Изабелла Романова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...