Былыр сахалар иистэнэр иннэни кыыл уҥуоҕуттан, ардыгар мааман муоһуттан, кэлин үрүҥ алтантан, үрүҥ көмүстэн онороллоро. XVII үйэҕэ нуучча сиригэр ыстаал тимир иннэни Германияттан атыыһыттар киллэрбиттэр. Арассыыйаҕа бастакы иннэ оҥорор собуоттары Петр I астарбыт. Бүгүн күннээххэ Арассыыйа үрдүнэн биир эрэ иистэнэр иннэни оҥорор собуот хаалбыт. Ол Урал Екатеринбург куоратыттан 17 көстөөх сиргэ турар Арти диэн бөһүөлэккэ баар собуот. Манна английскай дамааск ыстаал боробулуохаттан, сэбиэскэй станокка, «Иглы Арти» диэн ааттаах хампаанньа үрдүк хаачыстыбалаах иннэни оҥорор. Сылга 10 мөлүйүөн иннэни таһааран Арассыыйа ырыынагын 15%-нын хааччыйар. 75%-нын кытай (мөлтөх хаачыстыбалаах), 10% Германия ылар. Сэбиэскэй кэмҥэ Сойуус үрдүнэн 300 мөлүйүөн иннэни оҥороллоро. Иннэни уһаарыы уустук технологиялаах. Биир иннэ 3 ый устата чочуллар. Бүгүн иннэ оҥоруу биһиги дойдубутугар ити курдук туруктаммыт, онон, бэйэ оҥорбут иннэтин атыылаһан дойдубут промышленноһын өйүүрбүт буоллар.
Сайпыт: dalbar.ru
Телеграмҥа ханаалбыт: https://t.me/dalbarxotyn