Бу мааны сахалыы таҥастар эр киһи күүстээх илиитигэр айыллан, чочуллан тахсыбыттар диэтэхпинэ, итэҕэйиэ этигит дуо? Дьоруойум аан бастаан алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан киэһээҥи былаачыйа тикпит. Оччолорго наһаа үчүгэй таҥаһынан тиктим дии санаабыта, олох да биэтэс матырыйаала буолан биэрбит. Онтон санаатын түһэрбэккэ кыралаан иистэнэн саҕалаабыт. Ону таһынан, уруһуйдуур, дьиэ тээбиринин кырааскалыыр, араас ньыманан илиинэн ону-маны оҥорор. Кини Чурапчы улууһун Одьулуунуттан төрүттээх, билигин Мииринэйгэ олорор, түөрт оҕо амарах аҕата, тапталлаах кэргэн Лев КОЛЕСОВ.
– Былырыын бастакыбын өрөспүүбүлүкэтээҕи “Якутия мастеровая” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа эбэм халадаайын үтүгүннэрэн тигэн кыттыбытым. Ол үлэбин үрдүктүк сыаналааннар “Симэх” галереяҕа “Фонд эталонных образцов” диэҥҥэ ылбыттара. Онтон кынаттанан сахалыы төрүт таҥаһы үөрэтэн саҕалаабытым. Былыр өбүгэлэрбит таҥастара улуустарынан атын-атын тигиилээх буолаллар эбит. Ол таҥас боһуонугар, киэргэлигэр, оноотун үрдүгэр, кэтитигэр көстөр. Ону таһынан, төһө баайдаах-дуоллаах, кыахтаах, ханнык улууска, аймахха сыһыаннаах киһи буоларын онон билэллэр эбит. Тус бэйэм түҥ былыргылыыны хатылыы сатаабаппын. Холобур, бу хаһыаччыктаах халадаайдар сахалыы боһуоннаахтар. Ол эрэн, аныгылыы ньыманан тигиллибиттэрэ. Хас биирдии үлэбэр бэйэм ураты буочарбын уонна хайаан да илии үлэтин киллэрэ сатыыбын. Бүтүннүү тесьманан буолбакка, кыратык да оҕуруонан киэргэттэххэ харахха быраҕыллар ураты көстүүлэнэр. XVI, XVII үйэлэргэ олоро сылдьыбыт иистэнньэҥнэр, биһиги олохпутугар төннөн кэлэллэрэ буоллар, быһа холоон бу курдук сахалыы таҥастары тигиэхтэрэ эбитэ буолуо дии саныыбын.
– Сахалыы таҥаһы аһара аныгылатыыны соччо сэҥээрбэппин. Боһуонун алдьаппакка эрэ, киэргэтиитигэр эрэ киллэриэххэ сөп дии саныыбын. Холобур, халадаай дьогдьуурдаах, сон оноолоох буолуохтаах. Ол иһин, бастаан сахалыы таҥас канонун үөрэтэн баран тиктэр ордук. Саха таҥаһа сахалыытынан хаалыахтаах.
Моой симэҕэ
Былыр өттүк киэргэллээх моой симэҕин сон таһынан кэтэллэр эбит. Хараҥа күүстэртэн харыстыыр суолталаах. Түгэҕэр хаппардаах буолуон сөп. Онно дьахтар күннээҕигэ туттар малын-салын: иннэтин, сабын, сүүтүгүн, кулгаах хастарын, бытархай харчытын эҥин уктар. Симэҕи бүтүннүү харысхал бэлиэнэн киэргэтэллэр.
– Сахалыы таҥаһы дьиҥнээх (натуральнай) матырыйаалынан тигэрбин ордоробун. Оннук таҥаска киһи этэ тыынар, сайыҥҥы куйааска сөрүүн буолар. Оттон солко таҥас киһи этин итиитин тутар. Инньэ гынан, киэһэ сөрүүҥҥэ улаханнык тоҥмоккун. Киэргэлигэр эмиэ дьиҥнээх тесьмалары, оҕуруолары туттарбын сөбүлүүбүн. Быысапкалаатахха өссө ураты кэрэ көстүүлэнэр. Тигэ олордоххо син биир уларыйыылар киирэллэр. Ол иһин, бастаан сүрүн таҥаһын тигэн баран, тутан-хабан көрөн киэргэлин талабын.
«Ситим» фольклорнай бөлөх кыргыттара: Василиса Колесова, Сардана Григорьева, Надежда Кан (сал. В. Колесова). Эдуард Ковальчук хаартыскаҕа түһэриитэ.
Былырыыҥҥы Туймаада Ыһыаҕар Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев уонна Людмила Валерьевна Николаева, Лев Колесов тикпит сахалыы таҥастарын кэппиттэрэ.
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ
Венера ОХЛОПКОВА