«Ийээ, аҕаа» диэн ыҥыраллара – дьол

Дьиэ кэргэн сылынан  биэс оҕолоох эдэр ыалы Дмитрий уонна Айталина  Петровтары билиһиннэриэхпин баҕарабын. Кинилэр  өрөспүүбүлүкэтээҕи  “Сыл бастыҥ ыала” күрэскэ кыттан,   “Эдэр ыал” номинацияҕа   кыайыылаах буолбуттара.  Дьоруойдарым  маннык  таһымнаах күрэскэ 2015 сылтан кыттан саҕалаабыттар.   2022 сыллаахха  бастакытын кыайыы өрөгөйүн  билбиттэр.    Онон, бу үрдүк ситиһии  уонча сыллаах үлэлэрин түмүгэ диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо.

   Айталина Уус Алдан Бороҕонуттан, оттон  Дмитрий Хаҥалас улууһун  Булгунньахтааҕыттан төрүттээхтэр.  Ыал буолбуттара номнуо уонтан тахса сыл буолбут. Ыал аҕата геолог идэлээх, чинчийээччи инженерынан үлэлиир. Ийэлэрэ бухаалтыр уонна хореограф идэлээх, билигин оҕолорун көрөн олорор.  Петровтар үс уол уонна икки кыыс оҕолоохтор.

 Оҕону сахалыы саҥардыахха

Дмитрий:  Уолаттарбыт оскуолаҕа үөрэнэллэр, кыргыттар кыралар. Оҕолорбутун төһө кыалларынан  сахалыы эйгэҕэ иитэ сатыыбыт. Ордук бастакы оҕону үчүгэйдик сахалыы саҥарарга үөрэтиэххэ наада эбит. Биһиэннэрэ убайдарыттан  үөрэнэн, кинини үтүктэн  сахалыы түргэнник саҥарар буолбуттара.  Биирдэ эмэ дьиэлэригэр  нууччалыы саҥардахтарына, “Хайа  нуучча киһитэ кэллэ?” диэммин болҕомтобун уурабын. Оччоҕо  тугу нууччалыы саҥарбыттарын  толкуйдуу түһэллэр уонна сахалыы туох диэн буоларын ыйыталлар.  Ону  тылбаастаан, быһааран биэрэбин, аныгыскыга  сахалыы тылы  туттар буолуҥ диэммин  этэбин.

Айталина:  Улахан уолбут 13 саастаах, кини  кыра эрдэҕинэ куруук  сахалыы киинэлэри  көрөр этибит.  Биирдэ “Тыал баарын тухары” диэн киинэҕэ  “ийээ” дииллэрин истэн наһаа  интэриэһиргээбитэ уонна   “ити туох дииллэрий?” диэн ыйыппыта. Ону мама диэн сахалыы ийэ  диэн буолар диэбиппитигэр, киһибит онтон ыла ийээ диэн ыҥырар буолбута. Сотору кэминэн   “оттон папа диэн туох диэн буоларый?” диэн ыйытан соһуппута. Ити курдук, үс аҥаар сааһыттан  “ийээ, аҕаа” диэн ыҥырар.  Биһиги үөрэрбитин   уонна атын  дьон соһуйа   истэрин    көрөн, астына-астын саҥарара.  Инньэ гынан, оҕолорбутугар  төрөөбүт тылгытын хайаан да  билиэхтээххит диэммит үөрэтэбит. Дьиэҕит  иһигэр сахалыы эрэ саҥарыахтааххыт, дьиэҕититтэн тахсан бардыгыт да   доҕотторгутун кытта ханнык  баҕар тылынан кэпсэтиэххитин сөп  диибит.

Бииргэ бултуубут

Дмитрий:  Миигин  аҕам биэс сааспыттан  тыаҕа илдьэ сылдьыбыта. Ону холобур оҥостоммун  уолаттарбын кыра эрдэхтэриттэн  булка илдьэ сылдьабын. Өрөбүл күннэргэ дойдубар Хаҥаласка баран биир-икки күн кустаан кэлээччибит.  Уолаттар күһүҥҥү, сааскы булду наһаа күүтэллэр. Ону таһынан,  күөгүнэн  балыктааччыбыт. Биирдэ эмэ муҥхаҕа сырытыннарыахпын  баҕарабын. Хаҥаласка күөллэрбит кыра  буоланнар  улаханнык  муҥхалаабаттар.  Уус Алдаҥҥа күтүөттүөхпүттэн биирдэ эрэ муҥхаҕа сылдьыбытым.

Төлөпүөнтэн аралдьытыы

Айталина: Төлөпүөннэрин аһара  хааччахтаабаппыт эрээри, онтон аралдьыта сатыыбыт.  Холобур,  киэһэ аайы бары бииргэ   киинэ көрөбүт эбэтэр  хабылык, хаамыска курдук  остуол оонньууларын оонньуубут, дуобаттыыбыт, хаартылыыбыт.  Оҕо болҕомтотун тардарга дьиэ кэргэнинэн оонньуур ордук умсугутуулаах  эбит. Ону таһынан,  аһыыр кэмҥэ ким да  төлөпүөн көрбөт диэн көмүс быраабылалаахпыт.

Дмитрий: Оҕо-оҕо курдук мэниктииллэр бөҕө буоллаҕа дии. Биирдэ эмэ  наһалаары гыннахтарына төлөпүөннэрин үөрэнэ баралларыгар эрэ биэрээччибит. Дьиэлэригэр кэлэн баран   ийэлэригэр  туттаран кэбиһэллэр. Оннук нэдиэлэ курдук сылдьыахтарын сөп.   Оччоҕо тута көнө, тупса түһэллэр.  Маннык  түгэннэр  дөрүн-дөрүн буолааччылар.

Сэрэнэн сэмэлээһин

Дмитрий: Тугу эмэ сыыһа-халты туттан буруй оҥорор түгэннэригэр,   ыһыытаан-хаһыытаан  мөхпөппүн. Оннооҕор улахан дьон сыыһар.  Ол иһин, холкутук  өйдөтөн, быһааран биэрэбин. Бэйэм даҕаны куруук үлэбэр сылдьабын, сайыҥҥы кэмҥэ хас эмэ нэдиэлэ командировкаҕа барабын. Инньэ гынан, дьиэбэр аҕыйахта көстөн ааһарбар оҕолорбор  үтүө өйдөбүлү эрэ хаалларыахпын баҕарабын. Оҕоҕо чугас доҕоро  курдук буолуохха наада дии саныыбын.  Оччоҕо төрөппүттэриттэн  тугу да кистээбэт,  аһаҕас  буолар. Оттон   улаханнык мөҕүллүбүт оҕо   сабыллан хаалыан сөп. Кыһалҕатын дьонугар  кэпсээбэккэ,   бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьан  муунту буолуон, соҕотохсуйуон сөп.

Айталина:  Сорох   оҕолор оннооҕор   икки сыананы  ыллахтарына  куттанан төрөппүттэригэр  кэпсээбэттэр эбит. Ол аата  төрөппүттэрэ   куруук биэскэ  эрэ үөрэниэхтэрин  баҕараллар буоллаҕа дии. Биһиэхэ оннук  “синдром отличника” диэн суох.  Куһаҕан сыананы ыллахтарына  мөхпөккө,  тоҕо оннук буолбутун быһааран, анаалыстаан көрөбүт.   Оҕо төрөппүтүттэн куттаныа суохтаах дии саныыбын.

Төрөппүттэрбит үтүө холобурдарынан…

Дмитрий: Миигин  төрөппүттэрим  хаһан да  хааччахтаабат  этилэр.  Сайыҥҥы сынньалаҥҥа  хаска баҕар диэри дуоһуйа оонньуурум.  Ол эрэн, аһара  атаах оҕо буолбатах этим.  Икки эдьиийдээх  соҕотох уол буоламмын  хотоммун  көрөрүм,  сүөһүлэрбин  уулатарым,  дьиэ таһынааҕы  үлэни  барытын  оҥорорум. Аҕабын кытта булка-алка, балыкка тэҥҥэ сылдьыһарым.

Айталина:   Миэхэ эмиэ оннук этэ.   Ырыанан, үҥкүүнэн, чэпчэки атлетиканан дьарыктаммыт буоламмын  күн солото суох буолааччым.  Сарсыарда дьиэбиттэн тахсан баран   киэһэ биирдэ бэлэм аска  кэлээччибин.  Аһаан баран иһит эрэ сууйарым. Ол иһин да буолуо,  ыал буоларбар улахан асчыта суох этим.  Кэлин кэргэммин, оҕолорбун үөрдээри   астыырга үөрэммитим. Билигин   сатаабатым диэн суох. Оҕолорбор тугу эрэ сатаабаппын диэтэхпинэ, наһаа соһуйаллар. Ийэбит кыайбата диэн суох дии саныыллар. Кыралыын, улаханныын  тэҥҥэ ас астаһалларын олус сөбүлүүллэр.  Улахан уолбут   алаадьы, блины курдук бурдук аһы ааһан иһэн   астыыр.

Уйулҕаһыты соһуппута

Дмитрий: Улахаммыт   оскуолаҕа киирэн баран ордук нуучча тылын   ыарырҕаппыта.   Кыра кылааска үөрэнэ сырыттаҕына  уйулҕаҕа сыһыаннаах  нууччалыы тиэс толорбуттар этэ.  Ону биһиги  уолбут  “мин Саха сиригэр олоробун, сахалыы саҥарабын, саха политехническэй лиссиэйгэ үөрэнэбин уонна тоҕо нууччалыы тиэһи толоруохтаахпыный?  Мин маны өйдөөбөппүн, миэхэ сахалыы тылбаастааҥ. Мин бырааттарбар  холобур буолабын, биһиги саха тылын билиэхтээхпит” диэн соһуппут.  Уйулҕаһыт олох ах баран хаалбыт этэ уонна төрөппүт мунньаҕар  “оҕоҕутун наһаа үчүгэйдик иитэр эбиккит, сөхтүм. Уолгут нууччалыы билбэтиттэн олох кыбыстыбатын” диэн эппитэ.

Айталина:  Нууччалыы тиэһи ис хоһоонун үчүгэйдик өйдөөбөккө үлүбээй толорбут буолан, көрдөрүүтэ намыһах буолбута. Оттон   сахалыы   быдан  үчүгэйдик  толорбут  этэ. Билигин   саха тылыгар түөркэ-биэскэ  үөрэнэр,   олимпиадаҕа кыттар,   олоҥхолуур эҥин.

 Дьиэ кэргэн үтүө үгэһэ

Дмитрий: Тугу эмэ оҥороору гыннахпытына бастаан бары  сүбэлэһэбит. Сыл аайы бары хаартыскаҕа түһэбит.  Оҕолор улааталларын, бэйэбит төһө уларыйарбытын  көрөр олус үчүгэй.    Кэргэним барытын толкуйдаан, түһэрээччини булан, таҥаспытын-саппытын бэлэмнээн биэрэр. Биһиги бэлэмҥэ тиийэн  түһэбит эрэ.  Оҕолор номнуо  үөрүйэхтэнэн сөбүлэһэн иһэллэр. Сыанаҕа сылдьа үөрэммит  буолланнар  олох кыбыстыбаттар.

Бултуу бардахпытына   сирбитин-уоппутун   аһатан сиэри-туому тутуһа сылдьабыт. Ийэбит сотору-сотору алаадьылаан дьиэбитин ыраастыыр. Ону сороҕор   оҕолорбут “ийээ, алаадьылаан дьиэбитин ыраастаабатаҕыҥ ыраатта дии” диэн санатааччылар.

Айталина:   Ону таһынан,  сайын аайы  мин дойдубар тахсан сайылыыбыт. Оҕолор   эбээлэригэр оҕуруокка уу кутан эҥин  күүс-көмө бөҕө буолаллар.   Чугаһа  да бэрт буолан сорох ардыгар  өрөбүл күннэргэ эмиэ   тахсааччыбыт эбэтэр киинэҕэ, бассейҥа сылдьарбытын сөбүлүүбүт.

Оҕо эрдэхпинэ аҕам мин күрэхтэһиилэрбин олох көтүппэт этэ.  Сүүрэрбэр кытта  тэҥҥэ  сүүрсээччи. Ол иһин,  оҕолорум күрэхтэһиилэригэр, кэнсиэртэригэр быыс булан хайаан да  сылдьа сатыыбын. Ону наһаа астыналлар “аттыбытыгар баарыҥ наһаа үчүгэй” дииллэр.

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...