Ийэм мааны былаачыйата…

«Далбар Хотун 2021» күрэс кыттыылааҕа, «Иэйии Хотун» номинация кыайыылааҕа Галина Шкулева бу күннэргэ Москубаҕа Михаил Ефимович Николаев аатынан «Бэс чагда» санаторийга, анал байыаннай дьайыы байыаһын Ийэтин быһыытынан сынньана-эмтэнэ сылдьар.

Кини Орто Халыма олохтооҕо, үс оҕо ийэтэ, быраас. Бу дьикти устуоруйалаах хаартысканы көрөҕүт. Манна Галина Ийэтин Анна Васильевна Винокурова мааны былаачыйатын кэтэн турар.
Ийэм барахсан Москубаны көрүөн олус баҕарара,  биһиги оҕо сырыттахпытына аҕабыт ийэбитигэр бэлэхтээбит былаачыйатын анаан-минээн Москубаҕа «дьаарбата» аҕаллым, — диир.

Винокуровтар Орто Халыма Өлөөкө күөлүн олохтоохторо, 7 оҕолоохтор, онтон биэһэ — кыыс. Галина аҕас балыһа Анна Винокурова – Үрүҥ Көтөр Ийэтигэр анаабыт олус истиҥ хоһоонун таһаарабыт.

ХХХХХ

Ийэм кэппит былааччыйалара
Итии салгынынан илгийэллэр,
Иллээх дьиэ иһирэх сыһыанынан
Ис сүрэхпэр ыраах сөҥпүт
Истиҥ санааларбын таарыйаллар.

Онно ийэм өссө тыыннаах,
Олох,үлэ оргуйар үөһүгэр эргийэрэ,
Сылга биирдэ оһуобай түгэҥҥэ
Ууруллан турар мааны былааччыйатын кэтэрэ.

Оччоҕо тула эйгэм
Дьиктитик да уларыйара,
Күн ахсын көрер дьиэм
Сырдаан-сырдаан
Иһиллибэт музыканан туолара.

Дууһам кынаттаах кыракый куорсунугар
Күн араас өҥнөрүн түһэрэн,
Дьоллоох оҕо саас
Чуораана чугдаарара.
Ийэм үөрбүт харахтарынан
Таптыы, таптыы көрөрө…

Хатыламмат оҕо сааспын санатар
Хаарыаннаах урукку былааччыйалартан
Өссө да илгийэр Ийэм
Биһиэхэ таптала,
Кэрэни сэргиир уйан-нарын дууһата.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...