Рубрикабыт ыалдьыта Саха сирин судаарыстыбаннай Филармониятын артыыската – Светлана Тютрина.
Светлана, эйигин кылаассыкалыы муусукаҕа ким сыһыарбытай? Муусука үрдүкү оскуолатыгар күүстээх сүүмэрдээһини ааһан киирбит буолуохтааххын, ону өйдүүгүн дуо?
– Ийэм эдэр эрдэҕиттэн кылаассыкалыы муусуканы истэрин олус сөбүлүүр. Дьиэтигэр ону-маны гынар кэмигэр холбоон кэбиһээччи, ону истэ-истэбин оҕо сылдьан “тоҕо наһаа чуҥкук муусукатай” дии саныырым. Оттон аҕам биир да күн ырыа истибэтэҕинэ сатаммат. Кини урукку да, билиҥҥи да мусукааннары барыларын билэр. Билигин даҕаны сыанаттан түспэт ырыаһыт, үҥкүүһүт, сыаҥкаларга эҥин оонньуур. Ити курдук, иккиэн муусуканы ис сүрэхтэриттэн таптыыллар.
Мин, дьиҥэр, уһуйааҥҥа сылдьан үҥкүүлүүр этим ээ. Ол иһин, былаан быһыытынан хореографическай училищаҕа киириэхтээх этим. Ону аҕам улахан эдьиийэ, биһиги аймах тутаах киһибит Елена Степановна Прокопьева сүбэлээн, Муусука үрдүкү оскуолатыгар биэрбиттэрэ. Эдьиийим хореограф идэлээх буолан “мусукаан буоллаххына кырдьыаххар диэри үлэлиэххин, уһуйааччы да буолуоххун сөп” диэн эппитин өйдүүбүн. Ол курдук, күүстээх сүүмэрдээһини ааһан киирбитим. Бастакы учууталым виолончелы олордон көрөөрү атахпын икки аҥы тарпытыгар наһаа соһуйбутум (күлэр).
Бу оскуола саҥа арыллыбыт кэмигэр улуустарынан кэрийэ сылдьан сүүмэрдиир этилэр. Тыһыынча оҕоттон талыллан-талыллан сүүстэн тахса эрэ оҕо киирэрэ. Инньэ гынан, уһулуччу талааннаах эрэ оҕолор үөрэнэллэр. Аны олорор усулуобуйабыт наһаа үчүгэй этэ. Оччолорго оннооҕор илии куурдар баара. Онон тыа сириттэн кэлбит оҕолор олох атын дойдуга сылдьар курдук сананарбыт. Эмиэрикэттэн, Дьоппуонтан кэлбит оҕолору кытта бииргэ үөрэммиппит. Үөрэх кэнниттэн кыратык сынньана түһээри гыннахпытына “тоҕо олороҕут? дьарыктаныҥ” диэн буолааччы. Ол иһин, билиҥҥэ диэри мээнэ сыттахпына суобаһым оонньоон киирэн барар. Аны тас дойдуларга эҥин гостуруоллуу бардахпытына, “Саха сирин курдук ыраах сиртэн сылдьаҥҥыт, хайдах маннык чаҕылхайдык оонньуугут?” диэн наһаа сөҕөөччүлэр.
Оонньуур инструмеҥҥын бэйэҥ талбытыҥ дуо? Көрдөххө наһаа улахан, кыыс оҕо илдьэ сылдьарыгар да табыгаһа суох курдук дии. Төһө ыйааһыннааҕый?
– Суох, инструмент бэйэтэ талар эбит. Миигин бастаан скрипкаҕа биэрээри гыммыттара, ону тарбахтарым уһунун иһин виолончель кылааһыгар ылбыттара. Уһуйааччым Муусука үрдүкү оскуолатын профессора Ольга Григорьевна Кошелева буолар. Виолончель наһаа ыйааһыннаах буолатах эрээри, өр тута сырыттахха ыарахана биллэр. Бүтүннүү мастан оҥоһуллубут инструмент буолар. Оттон струната тимиртэн, смычога ат сиэлиттэн оҥоһуллубут. Орто инструмент сыаната быһа холоон 200 тыс солк саҕаланар, оттон профессиональнай виолончель сыаната 500-600 тыһ солк, оннооҕор мөлүйүөнүнэн сыаналаахтар бааллар. Ханнык баҕар инструмент төһөнөн аҕа да оччонон сыаналанар. Ол иһин, Страдивари инструменнара билиҥҥэ диэри саамай сыаналаахтар.
Урут дьон виолончели улаханнык аахайбат курдук этэ. Тоҕо диэтэххэ, билбэт инструменнара буоллаҕа дии. Ол иһин, оҕо сылдьан соччо сөбүлээбэт этим. Кэлин улаатан бараммын, нууччалыы эттэххэ, саамай уникальнай инструмеҥҥа оонньуурбуттан астынар буолбутум. Виолончель ханнык баҕар оркестрга, ансамбылга туттуллар, соҕотохтуу эмиэ оонньуохха сөп. Аны кылаассыкаттан саҕалаан рок муусукаҕа тиийэ оонньуубут. Ону Филармонияҕа үлэлии киирэн бараммын биирдэ өйдөөбүтүм. Холобур, кылаассыканы кытта аныгылыы муусуканы буккуйан оонньооччубут. Эбэтэр кылаассыка үрдүгэр джаз, блюз уган биэрээччибит. Маннык буккуспут истиил “кроссовер” диэн ааттанар. Маны боруобалаан бараммын инструмеммын наһаа сөбүлээбитим. Виолончель миэхэ төһөлөөх элбэҕи биэриэн сөбүн уонна мин бу инструмент нөҥүө көрөөччүлэрбэр баһаамы биэрэр кыахтаахпын билбитим.
Бииргэ төрөөбүт хаһыаҕытый? Эн туйаххын хатарааччылар бааллар дуо?
– Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит: үс балтылаахпын уонна бырааттаахпын. Кыра балтым уонна быраатым Муусука үрдүкү оскуолатыгар, альт уонна охсор инструмеҥҥа үөрэнэллэр. Икки балтым туттарса сатаабыттара да кыайан киирбэтэхтэрэ. Уонна, улахан кыыһым скрипкаҕа үөрэнэр, бастакы кылааһы бүтэрдэ.
Оҕо сааспын билбэтэх кыһыыбар эбитэ дуу, улаатыахпар диэри дьоммор “миигин таах сибиэ муусука оскуолатыгар биэрэҥҥит…” диирим. Онно профессиональнай таһыммытын кыра эрдэхпититтэн чочуйдахтара дии. Ол иһин, күн аайы үөрэхтэн уонна дьарыктан ураты тугу да билбэт этибит. Балтым туттарсарыгар улахан кылааска үөрэнэр этим. Төрөппүт мунньаҕар “оҕолоргут үөрэнэ киирдэхтэринэ оҕо саастарыттан маталлар, оонньуохтарын оннугар куруук дьарыктанар буолаллар” диэбиттэрэ. Онно биирдэ өйдөөбүтүм, кырдьык даҕаны, куукуланан оонньообокко улааппыт эбиппин диэммин. Биһиэхэ оннук буолуохтааҕын курдук этэ.
Оттон кыргыттарым сыанаҕа кэтэҕэр сылдьан этэҥҥэ улаатан эрэллэр. Оннук сылдьан улаатыахтарын баҕарар этим. Кырам уһуйааҥҥа сылдьар, кини эмиэ ийэтэ үөрэммит оскуолатыгар барыаҕа. Ыарахан сылдьаммын сэттис ыйбар диэри үлэлээбитим. Онон сүрэҕим анныгар сылдьар эрдэхтэриттэн араас муусуканы истэ үөрэммит кыргыттар. Уопсайынан, мусукаан төрөппүттэрдээх оҕолорго үөрэх быдан чэпчэкитик бэриллэр диэммин кэтээн көрөбүн. Онон бу оскуолаҕа үөрэнэн саҕалыахтара, салҕыы күн-дьыл көрдөрөн иһиэҕэ дии саныыбын.
Оттон бэйэҥ муусука айарга холонон көрбүтүҥ дуо?
– Хампаһыытардар диэн олох атын эйгэлээх дьон буоллахтара дии. Мин айар үлэбэр биир сүрүн миэстэни Александр Дьячковскай – Саарын ылар. Биирдэ кинини кытта сөмөлүөккэ хойутаан турабыт, онно билсибиппит. Александр үс ырыатыгар мин виолончельга уонна кырыымпаҕа оонньуурбун киллэрбитэ. Кини миэхэ нотата суох тута айар дьоҕурбун, кыахпын уһугуннарбыта. Онон Саарыҥҥа махталым муҥура суох.
Кэлин уһуйааччы эҥин буолуоххун баҕарбаккын дуо? Биир эмэ оҕону үөрэтэн көрбүтүҥ?
– Дайаана Давыдова диэн биир үөрэнээччилээхпин. Кини миэхэ 18 сааһыгар ноталары да билбэт кыыс кэлбитэ уонна билигин идэтийбит мусукаан буолан эрэр. Кини Филармония кэнсиэригэр сылдьан баран виолончелы наһаа сөбүлээбит этэ. Муусукаҕа туох да сыһыана суох эрээри, олус талааннаах уонна баҕалаах кыыс. Ол эрэн, үөрэнэр кэмин куоттардаҕа дии. Бу эйгэҕэ оҕону кыра эрдэҕиттэн, тарбахтара мастыйа илигинэ уһуйаллар. Ону ол диэбэккэбин, бастаан ноталары үөрэтэн, муусука туһунан кэпсээн саҕалаабытым. Онтон биир үтүө күн кыыһым идэтийбит мусукаан буолуон баҕарарын туһунан эппитэ. Ону истэммин наһаа соһуйбутум. Оччотугар инструмент наада диэммин ийэтигэр эппиппэр, тута виолончель атыылаһа охсубуттара. Үчүгэйдик дьарыктанан барбытыгар эбэлээх эһэтэ профессиональнай виолончель ылан биэрбиттэрэ. Оннук икки сыл дьарыктанан бараммыт үһүс сылыгар музыкальнай училищаҕа укпутум. Онтон Муусука үрдүкү оскуолатыгар бэйэм учууталбар биэрбитим. Онно үөрэнэ сылдьан Санкт-Петербург куоракка Римскэй-Корсаков аатынан муусука оскуолатыгар, виолончель салаатыгар туттарсан киирбитэ.
Билигин оҕолору үөрэтиэхпин баҕарбаппын. Тоҕо диэтэххэ, олус эппиэтинэстээх, “таах сибиэ эйиэхэ үөрэнэммин, хаарыан 5-6 сылбын бараатым” диэбэттэрин курдук ылсан үлэлиэххэ наада. Холобур, Дайаана миигин кытта олоҕо уларыйдаҕа дии. Ол иһин, киниэхэ “эн уон сылгын куоттарбыккын, онон барыларыттан элбэҕи үөрэтиэхтээххин, үлэлиэхтээххин умнума” диэммин куруук этэбин.
Билигин Филармония кэнсиэригэр дьон төһө сылдьарый?
– Кэлиҥҥи сылларга саала куруук толору буолар. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпинэ саал аҥара да туолааччыта суох. Оччолорго дьон кылаассыканы соччо сэҥээрбэт, истэ үөрүйэҕэ суох этэ. Ордук эстрада ырыаһыттарын истэллэрэ. Оттон билигин кэнсиэрбитигэр ыччат эмиэ сөбүлээн сылдьарыттан наһаа үөрэбит уонна сөҕөбүт. Биһиги кылаассыканы эрэ оонньообоппут, араас киинэлэр саундтректарын, истииллэри буккуйан оонньуубут. Холобур, Битлз, Майкл Джексон о.д.а. Оҕо эрдэхтэриттэн кылаассыканы истэ үөрэммэтэх дьоҥҥо, тугу сөбүлүүллэрин биэрэр ордук. Онтон дьэ кыралаан кылаассыканы истэн саҕалыыллар уонна сөбүлээн, ылларан кэбиспит буолааччылар. Биирдэ сылдьыбыт дьон кэлэ тураллар, онон эрэллээх көрөөччүлэрдээхпит. Тус бэйэм улахан былаһааккаларга, холобур, стадиоҥҥа эҥин толору көрөөччүнү муһан кэнсиэрдиэхпитин баҕарабын.
Светлана, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын, айар үлэҕэр өрө үүнүүнү баҕарабын.
Венера Охлопкова