Ырыаларым, ырыаларым –
Ыллам-дьэллэм тылларым –
Үгүс өйү, сүрэҕи
Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ,
Үлэ, олох күргүөмүгэр
Өрүкүйэр күүстээтиннэр.
«Хоһооннорум миэннэрэ»
Күннүк Уурастыырап
Россия уонна Саха Республикатын норуотун артыыһа Иван Степанов ахтар: «Миигин Свердловскай консерваторияҕа ырыаҕа үөрэппит, куолас туруорар идэлээх учууталым Зоя Васильевна Щелонова: «Екатерина Захарова Италия соловейын дьырылас кырааскалаах куолаһыныы ураты куоластааҕа. Мин, Катяны айаҕын атытан, күөмэйин чинчийэн көрбүтүм — кыра тыла икки аҥы хайдыбыт курдук быһыылааҕа…» диэн кэпсиирэ. Кини төһө баҕарар үөһээ ылар кыахтаах, үрдүк, күүстээх сопрано куоластааҕа. Бэл, микрофона суох ыллаатаҕына, күөрэгэй чыычаах үрдүк халлааҥҥа тахсан дьырылыы туойарыныы, саала иһин толорон кэбиһэрэ».
2013 сыллаахха «Түҥкүтэх ырай» диэн «уларыта тутуу» сыллара Дьокуускай куоракка хайдах кэлбитин туһунан кэпсиир новеллаларым тахсыбыттара. Онно, Эстрада Театра дьиэлэнэн олорбут Троицкай собуорун норуокка тарҕаммыт үһүйээнигэр олоҕуран суруйбут «Бээгэй уонна Күөрэгэй» диэн уус-уран кэпсээним киирбитэ. Ол кэмҥэ хомуллубут матырыйаалтан сүрүн дьоруойум дьиҥ олоҕун сырдатыам.
Екатерина Афанасьевна Захарова 1920 сыллаахха сайын үгэннээн турдаҕына, от ыйын 9 күнүгэр, талаанынан баай Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Кини, төһө даҕаны эдэркээн, 25 эрэ сааһыгар орто дойдуттан бардар, 100 даҕаны сааһыгар диэри олорон киһи ситиспэт ситиһиилэммит. Ол курдук, Екатерина Захарова саха оператын историятыгар айылҕаттан бэриллибит талаанынан, кимнээҕэр даҕаны дириҥ, уһун, ураты суолу хаалларбыт. Кини олоҕо олус курус. Киэҥ куйаартан сиргэ кэлэн түспүт халлаан эттигин курдук күлүмүрдээт, уостубут. Эбэтэр, сир олоҕо, куруук үрдүккэ талаһар Күөрэгэй чыычаахха кыараҕаһыттан эбитэ дуу, олус кылгас үйэлэммит.
Катя олох оҕо сылдьан тулаайах хаалбыт. Санаан көрүҥ, 20-30-с сыллар, биһиги дойдубутугар олох укулаатын уларытар өрөбөлүүссүйэ, гражданскай сэриилэр, ыар репрессиялар, батталга олорбут дьахтар быраабын туруорсуу, хоргуйуу, дьадайыы, сэллик, торохуома өрө турбут сыллара этэ эбээт. Онтон тулаайах кыысчааҥҥа ол хайдах курдук ыарахан буолуой? Бииргэ үөрэммит оҕолоро кинини маннык ахтыбыттар; «… судургу сиидэс ырбаахылаах, онньунан барбыт эргэ этэрбэстээх, кылгаабыт хара сонноох, сырыыны сылдьыбыт сороломмут куобах бэргэһэлээх, намыһах уҥуохтаах, төп-төгүрүк сирэйдээх, хойуу кыламан быыһынан тэбэнэттээхтик көрбүт харахтаах, имигэс, түргэн-тарҕан туттуулаах. Куруук күлэ-үөрэ сылдьар буолан оҕолор киниэхэ сыстыбыттара эрэ баар буолара. Ис киирбэх, истиҥ майгылаах Катяны, бары сөбүлүүрбүт».
Биллэн турар, тулаайах оҕо муҥура суох кыһалҕатын мүлүрүтүөх — ырыата эрэ баара. Балта Мария Афанасьевна: «Катя куруук ырыа аргыстаах сылдьара, ханна да бардын, тугу да гыннын ырыата киниэхэ ийэтин солбуйара…», диэн кэпсээбит. Катя оскуолатын бүтэрээт, учууталларын сүбэлэринэн Дьокуускайга үөрэххэ диэн киирбит. Ол эрээри хойутаабыт. Бука, дьылҕата тартаҕа, килбик тыа оҕото хантан эрэ истэн, тыйаатырга тиийбит. Онно, саха бастакы идэтийбит хампаһыытара Марк Николаевич Жирков араадьыйа хорун тэрийээри, ырыаһыттары тала сылдьара. Катя, сүүмэрдэнэн хорга киирбит уонна хас даҕаны ыйдаах тургутууну ааһан, 16 эрэ сааһыгар, Тарас Павлович Местников (тыйаатыр бастакы дириэктэрэ) бирикээһинэн ахсынньы 1 күнүгэр 1936 сыллаахха национальнай хорга артыысканан киирбит. Мин инники нүөмэргэ норуот артыыската Анна Егорова эмиэ бу хорга киирбитин туһунан суруйбутум. Кинилэр манна билсэн, дьүөгэлии буолбуттар, үйэлэрин тухары биир тыйаатырга үлэлээбиттэр.
Марк Николаевич Катяны классическай ырыаҕа күүскэ дьарыктаабыт. Кыыс, ырыаҕа дьоҕура бэрт буолан икки эрэ сыл иһигэр соҕотох толорооччуга (солистка) тиийэ үүммүт, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыт. Кини, дьон иннигэр таҕыстаҕына букатын уларыйа түһэрэ, ураты иэйиилээх куолаһынан истээччитин абылаан ырыа кэрэ эйгэтигэр көтүтэн илдьэ барара. Ол туһунан бииргэ үөрэммит, үлэлээбит дьүөгэтэ, хор салайааччыта Феврония Алексеевна Баишева «Тернистый путь к волшебным звукам» кинигэтигэр ахтыбыт: «Бу дьиктилээх ырыаһыт, куруук, ис сүрэҕиттэн иэйэн-куойан, куту-сүрү долгута ис иһиттэн имэҥирэн, сырдаан туран ыллыыра. Көрөөччүлэр кини киирэрин күргүөмнээх ытыс тыаһынан көрсөллөрө. Күүстээх, үрдүк, киэҥ далааһыннаах куоластаах буолан, дириҥ драматическэй сопраноҕа анаан суруллубут айымньылары ылсыһара. Холобур, Л.Бетховен — «Эгмонт» музыкальнай драматыттан Клерхен ырыатын толороро. Украина норуотун ырыаларыттан — «Ардах», Н.А. Римскэй-Корсаков — «Садко» оператыттан Волхова (Муора ыраахтааҕытын уонна Водяница сарыысса кыыстара) «Биһик ырыатын» ыллыыра».
Екатерина Захарова чахчы-бааччы «чаҕылхай сулус» этэ. Көрөөччүлэр кинини сиэнэттэн түһэрбэккэ 14 -түү ырыаҕа тиийэ ыллаталлара. Дьон-сэргэ тапталын, биһирэбилин ылан ытыс үрдүгэр даҕаны сырыттар, Екатерина бүгүрү үлэһит, үөрэ-көтө сылдьар аламаҕай майгылааҕа, көр-күлүү аргыстааҕа. Ону В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап ииппит кыыһа Баян-Слу ахтыытыттан ааҕыаҕыҥ: «1939 сыллаахха Владимирдаах Надя холбоспуттара уонна куоракка Надя ийэтин Феодосия Александровна дьиэтигэр Ворошилов уулуссатын 9 нүөмэригэр, Глухой переулокка, пошивочнай мастарыскыай таһыгар олорбуттара. Мин кинилэргэ киирбитим — ырыаһыт Екатерина Захарова, Аня Степанова, прокурор Настя Захарова бааллара. Күлэн-үөрэн, ыллаан- туойан үчүгэй баҕайылар. Миэхэ ырыа үөрэттилэр: «Күммүтүн көмө күдэрик көттө, халлааммыт өҥө хараара өстө» диэн. «Ити ким ырыатай?»- дииллэр.
«Билбэппин». «Онтон эн, бу, кимиэхэ олороҕун?» «Владимирга». «Күннүк Уурастыырап диэн кимий?» «Билбэппин». Кыргыттар күлүс да күлүс буолаллар. Туохтан күлэллэрий дии саныыбын, убайым «Күннүк-Уурастыырап» диэн ааттааҕын билбэппин. Улахан баҕайы тэриэлкэ араадьыйа анныгар сытабын, онно үчүгэй баҕайы «Кэрэ куолас кэҕэ көтөр» диэн ырыа биэрэллэр. Кэлин билбитим, Екатерина Захарова ыллыыр эбит.
Эбэтэр:
Тунаҕардыыр эрэ урсуннаах
Туруукалыыр ини дойдубар
Ортобунан ини курданан
Уһукпунан эрэ дугунан… диэн эмиэ Екатерина ыллыырын истэн ымсыырабын аҕай». Кэлин Екатерина Захарова төрөөбүтэ 50 сылыгар «Кэҕэтин» ыллаан турабын». Ити курдук Күннүк Уурастыырап бэйиэт биир дойдулаах талааннаах ыччаттарын олус өйүүрэ, бэл үгүстэрин бэйэтин кытары дьиэлээн олордоро. Олортон биирдэстэрэ – күлүүк кыыс Катя Захарова.
Марк Жирков ахтарынан Екатерина Захарова 52 бэйэтэ толорор ырыалааҕа эбитэ үһү. Оччотооҕу кээмэйинэн, эдэркээн ырыаһыкка баай эрэпэртийээр. Олортон сахалыылара: «Мааппа ырыата», «Күөрэгэй», «Хомсомуол», Күннүк Уурастыырап тылларыгар бэйэтэ айбыт матыыптаах ырыалара: «Быраһаай эн Кавказ», «Кэҕэ», »Түүн», »Үөрэххэ ыҥырыы», «Уой, даа уой», »Көлүкэчээн». Эллэй бэйиэт тылларыгар: «Ол түүн», Алексей Бэрийээк – «Быһаххын сытыылаа» о.д.а. Нууччалыы ырыалара эмиэ элбэх, холобур: «Ах ты ноченька», «Поздно вечером сидела», «Зачем тебя, мой милый, я узнала», »Ты не вейся, чёрный ворон». Лидия Русланова уонна Ирма Яунзем ырыаларыттан, Украина норуотун ырыаларын, романстары, опера арияларыттан толороро.
Ити сылларга Екатерина Захарова туһунан хаһыакка хото суруйаллара, таптыыр ырыаһыттарын хайдах курдук дьон көхтөөхтүк истэрин сырдаталлара. Национальнай бибилэтиэкэ эргэрбит хаһыаттарын быыһыгар, бэл, Екатерина Захарова бэйэтэ суруйбут биир бэлиэтээһинэ хараллан сылдьар:
Тохсунньу 1 күнэ. Саҥа 1940 сыл.
«Саха номохторугар үлэлиэҕим»
«1939 сыл миэхэ күүстээх үлэ сыла. Мин саха номохторун үөрэтэн саҕалаатым уонна сыл бүтүүтэ сценаҕа олоҥхоттон быһа тардыыны көрдөрдүм. Ол улууканнаах ырыаны толорбут бастакы киэһэбин өр өйдүү-саныы сырыттым. Бу, мин олоҕум — чаҕылхай түгэнэ. Быйыл, 1940 сылга, салҕыы олоҥхоҕо күүскэ үлэлиир санаалаахпын. Мин, тыйаатырга саха бастыҥ олоҥхолорун ырыаларын сөргүтэн толорорбуттан дьоллонобун. Сотору «Кармен» операттан ария ыллыахтаахпын. Бу ария күүстээҕин, өрө күүрүүлээҕин сөбүлүүбүн. Е.А.Захарова, саха государственнай хорун солистката.»
1938 сыллаахха П.А.Ойуунускай «Туйаарыма Куо» олоҥхо-драматын М.Жирков муусукатынан испиктээкил оҥорон көрдөрбүттэр. 1940 сыллаахха П.А.Ойуунускай хаайыллыбытын кэннэ, кини олоҥхотунан Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон «Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн либреттэ суруйан, саха бастакы оператын таһаарбыттара. Испиктээктэри иккиэннэрин В.В.Местников туруорбута. Манна Екатерина Захарова Кыыс Кыскыйдаан уонна Дьэс Эмэгэт уобарастарын уратытык, хатыламмат абылаҥнаахтык толорбута уос номоҕо буолан сылдьар. Бу олоҥхоҕо Катя ардыгар Айыы Умсуур удаҕаны эмиэ толороро. Кини оруолугар киирэригэр бэлэмнэнэн тыйаатырга эрдэ кэлэрэ, испиктээк иннинэ кими даҕаны кытары кэпсэппэт буолан хаалара үһү. Оннук турукка киирэн оруолугар бэлэмнэнэрэ. Аны, испиктээк кэнниттэн өр уобараһыттан кыайан тахсыбакка эрэйдэнэрин бииргэ үлэлээбит дьоно сөҕөн кэпсииллэрэ. Ол курдук илбиһирэн иччилээхтик ыллаан оруолун толороро.
1939 сыллаахха Марк Жирков икки тапталлаах ырыаһыттарын Екатерина Захарованы уонна Анна Егорованы Москваҕа илдьэ барбыт. Онно, саха тыйаатырын устуоруйатыгар аан маҥнайгынан, бу икки норуот таптыыр артыыскаларын ырыаларын сэттэлии виниловай (имиллэҕэс) грампластинкаларга устубуттар. Катя, устуу быыһыгар сынньана таһырдьа таҕыстаҕына үлэһиттэр батыһан тахсан, айаҕын атыттан көрө-көрө: «эн айылҕаттан ыллыыр талааны бэриһиннэрбиккин, үөрэннэргин улуу ырыаһыт буолуо эбиккин» дииллэрэ үһү. Марк Николаевич оччо Москваҕа тиийэн баран, кыргыттарын Большой Тыйаатырга Римскэй-Корсаков «Царская невеста» оператыгар сырытыннарбыт. Катя онно аан маҥнай дьиҥнээх идэтийбит опера ырыаһыттарын истэн сөхпүт- махтайбыт.
1940 сыллаахха Катялаах Анна алта киһи иһигэр киирсэн Воронеж куорат муусука учуулуссатыгар үөрэнэ барбыттар. Ол эрээри сэрии туран биир эрэ сыл үөрэнэн баран төннөн кэлбиттэр. 1944 сыллаахха Катя М.П.Мусоргскай аатынан Урааллааҕы консерваторияҕа үөрэнэ барар. Ол эрээри Урал тыаллаах-куустаах айылҕата, элбэх собуот-баабырыка тыыны хаайар буруолаах салгына, аччык устудьуон олоҕо Катя сэллигин көбүппүт. Бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Феврония Баишева ахтар: «Самой страшной потерей была наш соловей, наша гордость Катя Захарова… Она сильно сдала… Не было в ней того огонька и задора, как раньше. Катя часто жаловалась на то, что, педагог по вокалу радуется, когда она берет «соль» второй октавы. «А ведь в Якутске брала с легкостью «до» третьей октавы, а сейчас не могу», — с грустью говорила она. Мы успокаивали: «Конечно, голод отнимает силу, с этим надо примириться и не падать духом», но Катя стала болеть все сильнее и чаще…» Ити курдук Катя баҕарбыт баҕата туолара аҕыйах хардыы хаалбытын кэннэ, ыарахан туруктаах дойдутугар төннөн кэлбит. Дьокуускайга кинини «Красная Якутия» сэллик балыыһатыгар эмтии сатаабыттар даҕаны, ыар ыарыы ыыппатах, ыам ыйын 31 күнүгэр 1945 сыллаахха саха Күөрэгэйин сырдык тыына быстыбыт.
Екатерина Захарованы, дьон, балаархай кыһыл креп-жоржет таҥастан тигиллибит кэнсиэргэ кэтэр уһун былааччыйалаах ыллыы турарын өйдөөн хаалбыттар. Ол таҥаһын таҥнан кэрэтийэн олорорун, биир дойдулааҕа, худуоһунньук Никифоров төрөөбүт алааһын күөнүгэр уруһуйдаан үйэлээбит хартыыната баар. 1990 сыллаахха, биир бастакынан, Эстрада театрын артыыската, аймаҕа Вера Никифорова Саха Күөрэгэйигэр анаан айар киэһэ тэрийэн ыллаан-туойан ааспыта. Онтон, 1995 сыллаахха Е.А.Захарова 75 сааһын туолбут үбүлүөйүгэр анаан, биир дойдулаахтара Аммалар ахтыы кинигэтин таһаарбыттара. Салгыы, сыллата араас тэрээһиннэр ыытыллан, Саха Күөрэгэйин кэрэ куолаһа алаастар, сыһыылар үрдүлэринэн дьырылыы туойара тохтообот.
Туттуллубут матырыйааллар:
- Е.В.Слепцова – Куорсуннаах, «Түҥкүтэх ырай», норуот уоһуттан.
- Феврония Баишева «Тернистый путь к волшебным звукам»
- Амма. «Саха Күөрэгэйэ» – ахтыылар.
- НВК. «Екатерина Захарова – Күөрэгэй» – норуот артыыһа Иван Степанов ахтыытыттан.
- «Илин» сурунаал 2022с.№2. Лира Габышева. Саха күөрэгэйэ – Екатерна Захарова.
- В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап – норуот тапталлаах поэта. Фотоальбом.2009
- Антология Саха Театра. 2013с
- Хаартыскалар: «Илин» сурунаал архыыбыттан.