“Лилась его речь, полная своеобразной поэзии,
сверкая лучами неожиданно ярких сравнений и метафор,
унося слушателей в далекий заколдованный мир сказок и чудес…
В смелых порывах слышались призывы к чему-то светлому,
бодрому и радостному”
Фиолетов Ю. Под звуки непогоды.
“Якутский край” №16, 30 августа 1907г.
БҮГҮҤҤҮ “ДАЛБАР ХОТУН” СУРУНААЛ ЫАЛДЬЫТА ОЛОҤХОҺУТ, САХА РЕСПУБЛИКАТЫН “ОЛОҤХО ТЕАТРЫН” АРТЫЫСКАТА, САХА КУЛЬТУРАТЫН ТУЙГУНА ВАСИЛИНА БАЛАНОВА — КЭРЭМЭС ЛЫҤКЫР.
Бэйэтэ олоҥхолуур, оруолларынан кыттар, быһа тардан толорор олоҥхолоро: “Дуо Бухатыыр” М.Ф.Шараборин-Кумаарап, “Кыыс Дэбилийэ бухатыыр” Н.П.Бурнашев, “Оҕо Тулаайах” В.О.Каратаев, “Эрбэхчэй Бэргэн” В.Г.Исаков, “Сылгы уола Дыырай Бухатыыр” Тоҥ Суорун, “Кулун Куллустуур” И.Г.Тимофеев-Теплоухов, “Күн Эрили бухатыыр” Н.И.Степанов-Ноорой, “Дьырыбына Дьырылыатта” П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ, “Бэриэт Бэргэн” П.Охлопков-Наара Суох.
Биһиги үлэлиир 303 хоспут аана, Аал Луук мас арылларыныы холкутук эрээри, “маннык буолуохтаах” диэбиттии, итэҕэтиилээхтик арылынна. Онуоха, киһи кутун-сүрүн тутар, эдэрчи, номоҕон саха хотун дьахтара эйэҕэс куолаһынан “дорооболоруҥ!” диэбитинэн намыын-намыыннык наскылдьыйан, минньигэс-минньигэстик мичилийэн киирэн кэллэ. Мин кинини: “ханна эрэ көрбүтүм ээ” дии санаатым. Онтон дьэ өйдөөн кэллим: 2011 сыллаахтан НВК “Саха” күөх экраныгар оҕо аймах кутун туппут “Биһикчээн” уонна “Эркээйи” диэн биэриилэр тахсыбыттарын. Ону, сааһыгар холооно суох оттомноох, сайаҕаһа туттуутугар-хаптыытыгар, сирэйигэр- хараҕар, саҥатыгар-иҥэтигэр олорсо сылдьар, лоп-бааччы кэпсээннээх-ипсээннээх кыыс ыытара. Кини көстөр буолуоҕуттан оҕо биэриилэрэ сэргэхсийбиттэрэ уонна ордук сахатыйбыттара. Сотору “Биһикчээн” — “Бастыҥ биэрии” буолбут диэн эмиэ истибитим. Бу ситиһии Василина Баланова айар дьоҕуругар тирэнэрэ. Маны таһынан кини: “Ымыычаан”, “Уу-чукучук”, “Күлүмэн” курдук биэриилэргэ редакторынан үлээбит.
Күндү ааҕааччыларбыт, ити курдук, күндү ыалдьыппытын “Биһикчээнинэн” сирэйдээн хараххытыгар көрөн олоруҥ диэн ыҥырабын уонна ыалдьыппыт олоҥхо далааһыннаах айаныгар хайдах туруммут кэпсээнин дуоһуйа ааҕыҥ.
— ВАСИЛИНА ВАСИЛЬЕВНА, КИМТЭН КИИННЭЭХХИН, ХАНТАН ХААННААХХЫН?
— Төрөөбүт дойдум, Өлүөхүмэ улууһун саамай кэрэ сирэ — Кыыллаах Арыы. Онно 1980 сыллаахха ыам ыйын 3 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Төрөөбүт араспаанньам Торговкина, билигин кэргэмминэн Балановабын. Аҕам Василий Васильевич механник идэлээх, олорон турбат үлэһит киһи. Ийэм Октябрина Семеновна кыыс араспаанньата Корнилова диэн этэ — учуутал идэлээх. Биһиги толору дьоллоох ньир-бааччы саха ыалабыт. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Мин соҕотох кыыс уонна бастакы оҕо буоламмын аҕам, ийэм, эбэлэр, эһэлэр мааныларыгар-далбардарыгар атаахтаан улааппытым. Оҕо саас, оскуола Кыыллаах Арыыга ааспыта. Онтон куоракка Культура уонна Искусства колледжыгар киирбитим. Кэлин 2007 сыллаахха Илин Сибиирдээҕи культура уонна искусства государственнай академиятын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. “Драма уонна киинэ артыыһа” идэлээхпин.
Киһи бэйэтин үчүгэйдик иһиллиир буоллаҕына, олох бэйэтэ суол ыйан иһэр буолар эбит. Мин, ол, олох бэйэтэ сирдииринэн баран иһэбин. Биһиги аймахха удьуор айылҕаттан айдарыылаах дьон элбэхтэр. Аҕам өттүнэн Торговкиннар устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах дьон. Аҕам бэйэтэ үчүгэйдик ыллыыра. Эһэм Василий Егорович кыралаан остуоруйалыыра. Эбэм Феодосия Серафимовна сүрдээх үчүгэй киэҥ-куоҥ куолаһынан ыллыыра, уонна оттон “уот айах” буоллаҕа дии, бэл этиһэригэр уус-уран тылынан этиһэрэ. Ийэм өттүнэн эбэм Генаида Дмитриевна кэрэ куоластаах ырыаһыт, ордук арылыннаҕына сахалыы ырыа бөҕөтүн ыллыыра. Эһэм Семен Иванович Корнилов аһары оҕомсох этэ. Мин кинилэр сылаас хоонньуларын билигин даҕаны ахтабын уонна араас үчүгэйгэ такайбыттарын үйэм тухары умнуом суоҕа. Ийэм кырабыттан айар дьоҕурбун арыйаары үҥкүүгэ, ырыаҕа сырытыннарара. Сибэкки курдук симиирин сөбүлүүрэ. Ол иһин оскуола, кулууп тэрээһиннэрэ миигинэ суох ааспаттара. Онтон дьиэҕэ туспа тыйаатыр, аймах оҕолор муһуннубут даҕаны, дьэ кэнсиэр, испэктээк тоҕо тардыллара. Сценабыт, Гена эбэм сундуугун үрдэ. Убайдарым гитараҕа оонньууллар, ыллыыллар. Мин аҥар кырыы барытын толоробун. Төрөппүттэрбит ытыстарын тыаһа хабыллан олорор.
— ОҔО СААСКАР ОЛОҤХОНУ ИСТЭР ЭТИҤ ДУО?
— Суох. Балачча улаатан баран аҕабын сырса сылдьан, “эн олоҥхону истибитиҥ дуо?” диэн ыйытарым. Онуоха: “Биһиги оҕо эрдэхпитинэ киһи барыта олоҥхоһут курдук буолара. От үлэтигэр сырыттахха киэһэ аайы оҕонньор эрэ барыта онолуйа туойара”. “Тыый, аата үчүгэйин” диибин. “Ээ, суох, мин олох биһирээбэппин” диэн кэбиһэрэ.
— ОЧЧОТУГАР ОЛОҤХОҔО ХАЙДАХ КИИРБИККИНИЙ?
— Дьиктитэ баар, мин олоҥхону истибэтэх, туойан даҕаны көрбөтөх киһи этим. Биһиги уон сыл Нерюнгри куоракка олорбуппут. 1999 сыллаахха онно “Актер уонна Кукла театрыгар” артыыс быһыытынан үлэлии барбытым. Сыл буолан баран дьонум миигин ахтан бүтүн дьиэнэн көһөн кэллилэр. Дьон сөхпүттэр этэ, “ бачча үчүгэйдик үлэлии-хамсыы олорон хайдах буолан сир уларыттыгыт?” диэн. Онно олорон Сергей Баланов диэн бииргэ үлэлиир артыыс уолбар эргэ тахсыбытым. Икки кыыспыт Нерюнгрига төрөөбүттэрэ, онтон кыра уол манна күн сирин көрбүтэ. Сүрдээх үчүгэйдик айан-тутан үлэлээбиппит. Режиссербут Петр Скрябин араас оҕоҕо аналлаах куукуланан даҕаны, көннөрү даҕаны испиктээктэри туруорара. Биһиги онно артыыс быһыытынан сиппиппит- хоппуппут.
Оонньообут испиктээктэрэ: Р. Киплинг “Таффи”, М.Супонин “Бука”, Сиэн Өкөр “Тойтой Боотур”, “Homo ferus”, И.Грачев “Клепа, Степа спешат на помощь”, А Милн “Некто в котелке”, И.Уткин “Доктор сказочных наук”, А.Волков “Волшебник изумрудного города”, Р. Акутагава “Муки ада”, П.Ойуунускай”Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо”, “Саһыл уонна барсук”.
— Онно аан маҥнай Былатыан Ойуунускай “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” драматическай поэматыгар Аан Алахчын Хотун оруолун толорбутум. Барыта төһө даҕаны этэҥҥэ буоллар биһиэхэ сахабыт тыла, сахабыт кута-сүрэ тиийбэт этэ. Ол иһин куруук Дьокуускайга курдаттыы таттара сылдьарбыт. Саатар, бастакы оҕобутун сахалыы ааттыахпыт диэн, тапталлаах эбэбит Лена өрүс аатын биэрбиппит. “Лена” төһө даҕаны нууччалыы аат курдук иһилиннэр, биһиги сахалар ытык өрүспүт аата буоллаҕа дии уонна мин эбэ кытылыгар үөскээбитим. Иккис кыыспытын Сайаана диэбиппит. Дьыссаат, оскуола барыта нууччалыы тыллаах, ол иһин оҕолорбут онно таттарыылаах этилэр эрээри, дьиэҕэ олох сахалыы иитэрбит, сахалыы саҥардарбыт.
2010 сыллаахха дьэ ахтылҕаннаах Дьокуускайбытыгар көһөн кэлбиппит. Мин НКИХ-ҕа үлэлии киирбитим, Сергейи саха театрыгар ылбыттара. Телевиденияҕа Елена Петровна Кэрэмээһэбэ салайыытынан олус үчүгэйдик үлэлээбитим. “Биһикчээн” 2011 сыллаахха тахсыбыта уонна Саҥа Дьылга “бастыҥ биэрии” буолбута. Онно толкуйдуу толкуйдуу араас биэриилэри бэлэмниирбит. Мин буоллаҕына театрга наһаа талаһабын, биир даҕаны субуотаны, өрөбүлү көтүппэккэ испиктээкиллэри көрө театрга ойобун. Оҕолорбун ардыгар бэйэлэрин хаалларабын, ардыгар илдьэ барабын.
Инники театрга үлэлээбит киһи онно тардыһарбын Сергейым билэр, онон биирдэ эттэ: “Олоҥхо театрыгар артыыстары талаллар, холонон көрбөккүн дуо?” диэн. Кини куруук миигин өйүүр, өйдүүр буолан мин икки кынаттаахпын. Ол сыл тохсунньу ыйыгар, “артыыстары талабыт” диэн биллэрии биэрбиттэр этэ.
“Ээ, Олоҥхо театрыгар дуо?
Чэ, көрүөм, баҕар барыам, баҕар суох” диэн саарбахтаатым. Тоҕо диэтэххэ “драмаҕа” талаһабын уонна оччолорго Олоҥхо театра атаҕар үчүгэйдик тура илигэ, онон ханна баарын, тугу гыналларын даҕаны билбэппин. Аны саатар ол кэмҥэ телевиденияҕа Лена Петровна кыһаллан хамнаспын үрдэппиттэрэ, штатка ылбыттара. Санаабыты тута олоххо киллэрэн иһэр үтүөкэннээх кэллэктииппин аһыйарым диэн сүрдээх. Дьэ туран, сарсыарда тугум даҕаны быһаарыллыбакка үлэбэр барардыы таһырдьа таҕыстым. Онтон атаҕым бэйэтэ театр диэки илдьэ турда. Киирбитим, киһи бөҕө: артыыстар диэн, субуллар уһун суһуохтаах дьахталлар диэн, кып-кыраһыабай кыргыттар диэн… Мин мунан олордохпуна Илиана Павлова аттыбар олорон ыйытта: “Эн тугу бэлэмнэнниҥ?” диэн. Мин: “Суох” диэтим. Кыыһым хараҕа төгүрүйэ түстэ: “эс, хайдах буоллуҥ, за красивые глазки киирээри олороҕун дуо?” диэтэ. Мин дьэ “бабат!” дии түстүм. Онно толкуйдаан көрбүтүм, хаһан даҕаны туойбатах, олоҥхо диэни эппэтэх киһи эбиппин. Тута мэйиибэр “Дьулусханнаах дьолуо маҥан халлаан…” эҥин диэн Дьулуруйар Ньургун Боотуру дьүһүннүүр этиилэр киирэн кэллилэр. Ону ылан блокноппар суруннум. Онтон, оскуолаҕа саха тылын учуутала Августина Саввична Корнилова кылыһах таһааттара үөрэтэрэ, сөбүлүүр аҕай этим, ону өйдөөн кэллим. Аны, Нерюнгрига олоҥхо туруорбуппутугар кыратык туойан ылбыттаахпын санаатым уонна “чэ, иннигэр “итини” этэн баран, кэннигэр “маннык” гынар эбиппин” диэн мэйиибэр оҥорон, хорсун баҕайытык олордум. Дьэ саҕаламмат дуо?! Мин үйэлээх сааспар истибэтэх кэрэ дорҕооннорум, кылыһахтарым көтөллөр. Онно аан маҥнай “Уо-аай, кылыһах диэннэрэ наһаа даҕаны кэрэ эбит!” диэн сөрү-диэн сөхтүм, бэл, сүрэхпэр ыттардым. Конкурс эрэ, сах эрэ, таттаран, туохпун барытын умнан олордум. Онтон оройго оҕустарбыттыы: “Саат-суут, мин бу дьон ортотугар таҕыстахпына, пахыый-пахай, кинилэр ылгын чыгыйаларыгар даҕаны тиийбэт буолсууһукпун” диэн баанньыкалаатым. “Чэ, кэбис, төттөрү барыыһыкпын” дии санаатым. Онуоха, испэр Этэрдээҕим: “эн, манна оҕолоргун, үлэҕин быраҕа быраҕа тугу гына кэлэн олороҕун, дугдуруй да оҕус, тахсан айаххын ат!” диэтэ. Аны, тиэтэтэрдии үлэбиттэн эрийдилэр. Валентин Гаврильевич Исаков, Дмитрий Семенович Иванов, Николай Егорович Баишев курдук олоҥхоһут дьон ортотугар тахсаммын, кырдьах-хордьук “дьэ-буо…” эрэ диэн ыллаабыта буоллум. Онуоха Степанида Ильинична Борисова: “бэйэ эрэ, бу эн киэһэ аайы күөх экраҥҥа тахсан оҕолору саататар киһи, тоҕо манна кэллиҥ?” диэн ыйытта. Мин, наһаа баҕарарбын кырдьыгынан кэпсээн биэрдим. Онуоха дьонум: “кырдьык баҕалааҕыҥ көстөр, хараҕыҥ умайа сылдьар, онон биһиги эйигин хаһааска (резерваҕа) ылабыт. Биллэриэхпит” диэтилэр. “Ол аата ылбатылар” дии санаан баран, ыксалынан үлэбэр ыстанным. Дьоммор олох кэпсээбэтим, ол туһунан умнан даҕаны кэбистим. Сарсыныгар үлэбэр тиийбиппэр, дьонум: “Василина, бэҕэһээ телевизорга эйигин кастиҥҥа көрдүбүт, кып-кыһыл ырбаахылаах олорор аҕай этиҥ дии” дии тоһуйдулар. “Тыый, бараары гынныҥ дуо?!” диэн буолла. Мин: “Ээ, син биир ылбаттар” эҥин диэн куотуннум. Арай биирдэ, үлэлии олордохпуна театртан эрийдилэр уонна: “бачча чыыһылаҕа, бачча чааска кэлэҕин, сүбэлэһии (собеседования) буолар” диэтилэр. Эрэлэ суох тиийдим. Онтукайым, олох даҕаны, Олоҥхо Театрыгар киирбит дьон олорор эбиппит. Ол бөлөҕүнэн билиҥҥэ диэри үлэлии сылдьабыт. Саамай уустуга талыы. Лена Петровна мин ааппар туруорсуу да туруорсуу. Хамнас, штат, көҥүл барыта баар. Онтон антах тута сэрэппиттэрэ, “хамнаскыт олох кыра буолар” диэн. Герасим Семенович Васильев: “икки үлэҕэ кыайан сылдьыа суоҕа, биирин таллын” диэн Лена Петровнаҕа эппит этэ. Ыарырҕатыы бөҕө. Арай испэр Этэрдээҕим ыйытар: “Эн икки эрдээх курдуккун, икки киһини кытары дьоллоох буолуоҥ дуо?” диэн. Онтон түүлбэр-биппэр эҥин итэҕэйэн уонна театрым тардан Олоҥхо Театрыгар барбытым.
— ТЕЛЕВИДЕНИЯ ДИЭН, ЭЛБЭХ КӨРӨӨЧЧҮ БИЛИНИИТИН ТУТА ИЛИИГЭ УУРАН БИЭРИИ, БЭЛ ОЛ ЭН БИИР СЫЛ ҮЛЭЛЭЭБИККИН БИЛИҤҤЭ ДИЭРИ ӨЙДҮҮБҮТ. ОНТОН ТЕАТРГА ОНУ СЫРАЛАҺАН ЫЛАҔЫН. ИТИ ТАЛЫЫГЫТТАН КЭМСИММЭККИН ДУО?
— Олох кэмсиммэппин. Миэхэ олоҥхо бэйэм кыахпын таба туһанарбар кыах биэрбитэ. Киһи ис туруктуун уларыйар. Бэл дьиэ кэргэҥҥэ сыаһыаннаһыы, оҕону иитии, олоххо оттомуруу барыта сааһыланар. Урут харахпын симэн баран баран испит буоллахпына, билигин туох барыта саҥа арыллар, хас мүнүүтэ, чаас бүтүннүү суолталанар. Хас көрсүбүт киһигин кытары алтыһыыттан, кэпсэтииттэн дуоһуйууну, астыныыны, үтүө-сыһыаны ыларга үөрэнним. Олоҥхо сүдү күүһэ оннук салайар эбит.
Саха алыс сүгүрүйэр иччитинэн, үтүөнү эрэ оҥорор, төрүт сир-дойду, ийэ айылҕа иччитэ Аан Алахчын Хотун. Кини киһи аймаҕы, сылгыны-ынаҕы, аар айылҕаны абааһыттан, айылҕа алдьатыытыттан араҥаччылыыр, от-мас, үүнээйи быйаҥын биэрэр аналлаах. Бу, айыыга чугаһаабыт Ийэ иччи — саха төрүт, тапталлаах иччитэ. Кинини үксүн аатын ааттаабакка, “Дойду иччитэ”, “Эбэ хотун” диэн ыҥыраллар. Аан Алахчын Хотун тулалыыр айылҕаны, орто дойдуга үүнэри, төрүүрү барытын төрөппүтүн быһыытынан, таптал аата, эпитета олус элбэх: Маҥан Маҥхалыын, Ала Мылхсын, Айыы Ньэлбэрдээн, Ньаадьай Бараан хотун, Намыл Күөгэй, Хотой Нуоҕай, Аан Аалай Хатын о.д.а. Кини аан ийэ дойду алгыстаах айылгытын, араҕас далбарын айарга ананан, аан маҥнайгынан Орто туруу дойдуга хотун дьахтар көрүҥнэнэн, айыыларынан ыйаахтанан түһэриллибит, Аал Лууп Мас иһигэр олохтоммут. Аан Алахчын хотун биһиги үрдүкү айыыларбыт Адьыҥа Сиэр Хотун уонна Үрүҥ Аар Тойон кыыстара. Эбэ олус сайаҕас, аламаҕай майгылаах, сир дьонун олоҕун бэйэтигэр чугастык ылынан көмө-тирэх буолар.
— ОЛОҤХО ЭЛБЭХ, ЭН ОРДУК ОРДОРОР ОЛОҤХОЛООХХУН ДУО? МИН ЭЙИГИН ХАЙДАХ ЭРЭ ОЛОҤХО ААН АЛАХЧЫН ХОТУНУНАН СИРЭЙДЭЭН КӨРДҮМ.
— Олоҥхону барытын таптыыбын. Мин маҥнай олоҥхону кыайан даҕаны аахпат этим. Оҕоҕо ананан кылгатыллыбыт олоҥхолортон саҕалаабытым. Онно даҕаны өйдөөбөт этим. Тыллар миэхэ көннөрү дорҕоон эрэ курдук ааҕыллаллара. Ол иһин иккистээн ааҕабын, онтон үһүстээн, төрдүстээн. Дьэ оччоҕо киирэр. Оннук бэйэбин үөрэппитим. Сайын, театр артыыстарын икки аҥы хайыппыттара. Мин Валентин Гаврильевич бөлөҕөр түбэспитим. Кини олоҥхотун “Эрбэхчэй Бэргэни” толоруохтаахпыт. Били кастинг кэнниттэн кини миэхэ кэлэн эппитэ: “тоойуом, киирбэтэххинэ даҕаны хоргутумаар, хата, миэхэ кэлэн туойарга дьарыктанаар, эн сахалыы баҕайы сөҥ куоластаах эбиккин” диэбитэ. Онно олус үөрбүтүм: “маннык үчүгэй кылыһах дорҕооннорун таһаара үөрэниэм” диэн. Дьэ ол “Эрбэхчэй Бэргэҥҥэ” эһэм миэхэ, Аан Алахчын Хотун уонна Олоҥхоһут оруолларын толороҕун диэн туттаран кэбиспитэ. Аан Алахчын ырыатын үөрэттим. Хата саҥа квартира ылбыппыт, ону өрөмүөннүү сылдьан чуумпуга, дуорааннаахха тылбын үөрэттим. Букатын 40-ча мүнүүтэлээх. Ити курдук Олоҥхо аанын миэхэ Аан Алахчын Хотун бэйэтинэн арыйбыта. Олоҕум тосту уларыйбыта. Эн бэйэҥ туох дьарыктааххын, хайдах быһыылааххын-таһаалааххын даҕаны оҕолоруҥ оруобуна оннук буолаллар. Оҕолорум миигин үтүктэн олоҥхону үөрэппиттэрэ. Кыра кыыс 4 сааһыгар олоҥхоттон мин тиэкистэрбин ааҕар буолбута. Киниттэн эдьиийэ үөрэммитэ.
— ОЛОҤХОНУ ХАННЫК КӨРҮҤҮНЭН ТОЛОРОР ОРДУГУЙ?
— Бастаан бары кынаттыы олорон биир олоҥхону оруолларынан салгыы этэн толорорбут. Онно бэйэ-бэйэни истиһэ үөрэммиппит. Онтон сценаҕа олоҥхону испиктээк оҥорон таһаарыы олох атын. Холобур, бэйэҥ үгэс курдук, соҕотох толороргор биир чаас, эбэтэр онтон даҕаны элбэх буоллаҕына арылыннар-арыллан иһэҕин, куолаһыҥ чөллөрүйэр. Бэл, билбэтиҥ кытта өйгөр киирэн кэлэр. Төһө баҕарар этиэх курдук буолаҕын. Онтон күрэхтэр, куолаан толоруу барыта бириэмэлэнэр, 15 мүнүүтэттэн тахсыа суохтааххын, онон киһи кыайан арыллыбакка хаалар. Мин билигин олоҥхону соҕотох толорорбун ордоробун. Испиктээккэ ол суох, үксүн оонньуу (действия) хас биирдии оруол эн саҥаҕыттан, ырыаҕыттан-тойуккуттан, хамсаныыгыттан тутулуктанар уонна уһун ааҕыылар, ырыалар бары кылгаан диалокка кубулуйаллар. Үчүгэйэ, билиҥҥи көрөөччүнү олоҥхону истэргэ бэлэмниир, артыыс артыыс быһыытынан сайдарыгар туһалыыр. Онтон күрэхтэр үчүгэйдэрэ, биир идэлээхтэргин кытары билсэҕин, элбэххэ үөрэнэҕин.
Василина Баланова — Кэрэмэс Лыҥкыр 2018 с. “Уруйдан улуу олоҥхобут!” олоҥхону үгэс быһыытынан толоруу XIII республикатааҕы бэстибээлигэр “Олоҥхоҕо саҥа аат” номинацияны ылбыт. Бу сылга, “Сүгүрүйэбит, ытыктыыбыт улуу олоҥхобут” олоҥхону толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэригэр — “Дорҕоон тойуктаах” диэн аат иҥэриллибит. 2019 с. Хахасияҕа түүр омуктар “Хар-мөрий” күрэхтэригэр “Героическэй эпостары толоруу” номинациятыгар “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхону толорон Лауреат үрдүк аатын сүкпүт. 2021 с. Өлүөхүмэҕэ “Олоҥхо ыһыаҕар” олоҥхоһуттар күрэхтэригэр III степеннээх Лауреат. 2022 с. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах “Хотун Бүлүү Туонатыгар” — Олоҥхо ыһыаҕар кыттан: “Өрөөбүт уоспун өһүлэн, хоммут уоспун хоҥнорон”, “Кылыгырыы дьиэрэй кылыһахтаах тойугум” анал ааттары туппут. Маны таһынан, сахалар “Саамай уһун оһуохайга” Гиннесс рекордун олохтуулларыгар оһуохай этээччилэр бөлөхтөрүгэр киирбит.
— БАСТАКЫ СОҔОТОХ ТОЛОРБУТ ОЛОҤХОҤ ХАННЫК ЭТЭЙ?
— Ол эмиэ остуоруйалаах. Бастаан театрга киирэн баран кылыһах хантан кэлэрин билээри эһэлэрбин: Дмитрий Семеновиһы, Валентин Гаврильевыһы, Герасим Семеновыһы батыһа сылдьан айахтарын эрэ атытан көрбөт этим. Ыйыттахпына, “оттон бэйэҥ кылыһахтыыгын дии, оннук курдук тахсар…” дииллэрэ. Николай Гаврильевичтан олоҥхону хайдах толорору токкоолоһон тахсарым. Герасим Семеновичтыын олоҥхо ис номоҕун, философиятын ырытыһарбыт. Уопсайынан кырдьаҕастары кытары алтыһарбын оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн, ол иһин кинилэри “эһэлэрим” диэн ааттыыбын.
2017 сыллаахха Сунтаар улууһугар гастролга барбыппыт. Онно Кутана олоҥхоһута Никандр Прокопьевич Тимофеев баарын, кини дьону үөрэтэрин истэрим. Мин буоллаҕына, дьиҥнээх олоҥхоһукка үөрэммит киһи диэн баҕара сылдьарым. Хиджа диэн ырыаһыт эһэтигэр, Бүлүү Чинэкэтигэр олорор Ивановка үөрэнэ барыахпын эҥин саныырым. Ол табыллыбатаҕа. Дьэ, Сунтаарга тиийдибит. Арай биир күн “Никандр Прокопьевич кэлэр үһү” диэн буолла. Мин, таҥараҕа тиксиэхтээх киһи курдук үөрдүм, долгуйдум. Кэллэ уонна олоҥхо туһунан, хайдах толорорун туһунан, эҥин кэпсээтэ. Мин илии тутуһан кыратык эрэ кэпсэтэн хааллым. Үөрүү да үөрүү. Сотору Кутанаҕа тиийдибит. Никандр Прокопьевыһы кытары көрсө балаҕаҥҥа бардыбыт. Киирбиппит киһибит үчүгэй баҕайытык дуобат оонньуу олорор эбит. Кэпсэттибит. Сотору испиктээк буолуохтаах, онон дьонум бары баран хааллылар. Мин хаалан кырдьаҕаһы кытары дьэ дуоһуйа өр сэлэстим. Доҕотторум эрийэн, “Василина, кэлэ оҕус, испиктээк саҕаланаары гынна, звонок буолла!” диэхтэригэр диэри олордум. Онно Никандр Прокопьевич эппитэ: “эн наһаа баҕалаах эбиккин, мин аны саас эйигин үөрэтэ куоракка тиийиэм” диэн. Муус устарга кэлбитэ. Маҥнай кылыһахтары үөрэппиппит. Мин буоллаҕына тойуктарга киирэ охсоору ыксаа да ыксаа. “Ыксаама” диир. Билигин мин бэйэм үөрэнээччилэрбин эмиэ учууталым курдук бытааннык үөрэтэрбин сөбүлүүбүн. Онно “Оҕо Тулаайах” олоҥхону үөрэттибит уонна аны сайын “Олоҥхо ыһыаҕар” толоруохпут диэн сүбэлэстибит. Ол эрээри бараары сырыттахпына: “Василий Каратаев “Оҕо Тулаайаҕын” толорума, дойдулаах дьон сөбүлүөхтэрэ суоҕа” эҥин диир дьон баар буоллулар. Инньэ гынан аны “Кыыс Дэбилийэни” олоҥхолуурга оҥоһуннум. Дьэ тиийдибит. Испиктээк, ыһыах аһыллыытын эҥин быыһыгар ойон тиийэ тиийэ олоҥхоһуттары истэбин, астыныы, ымсыырыы бөҕө. Арай, били, икки хас билэр олоҥхолорбун бэйэбэр ааҕан көрөбүн даҕаны, “Оҕо Тулаайахпар” эрэ балачча бэлэмнээх курдукпун. Ол иһин тиийэн сайаапка биэрэн кэбистим. Күрэх хайы сах бүтэн, түмүк таһаара сылдьаллар. Мин, иһиттинэр эрэ диэммин күрэҕи таһынан “Оҕо Тулаайахпын” толордум. Аан бастаан олоҥхоһут быһыытынан толоруум ол этэ. Онно телевиденнийэлэр бааллара. Биир оператор кэннибэр олорон устубут этэ уонна эттэ: “Олох эр киһи курдук толорор эбиккин, тугун барыта дырылаан олорор, ырбаахыҥ кытта салыбырыыр…” диэн. Ол миэхэ улахан хайҕал курдук иһиллибитэ.
— ЭН УЧУУТАЛЫҤ НИКАНДР ПРОКОПЬЕВИЧ ТИМОФЕЕВ КУРДУК БИЛИГИН ДЬОНУ ОЛОҤХОҔО ҮӨРЭТЭР ЭБИККИН ДИИ?
— Дьиҥэр кыра оҕолору, ордук уолаттары үөрэтиэхпин баҕарабын. Оҕо түргэнник ылынар. Былырыыҥҥыттан улахаттарга “Күн сандаар” диэн бөлөхтөөхпүн, бу “Олоҥхо декадатын” күннэригэр олоҥхобутун толоруохпут диэн былаанныыбыт.
— УУС-УРАН ЛИТЕРАТУРАҔА СЫҺЫАНЫҤ ХАЙДАҔЫЙ?
— Кыра эрдэхпиттэн саха литературатын олус сөбүлүүбүн. Онно уһуйбут дьоннорум эһэлээх эбэм. Кинилэр ааҕалларын биһириир дьон, онон саха классик суруйааччыларын кинигэлэрэ элбэх, долбуурга кэчигирээн аҕай турар буолаллара, онтон уларсан ааҕабын. Ол тылым сайдарыгар көмөлөспүтэ. Оҕоҕо төрөппүт эргимтэтэ күүскэ дьайар, кинилэр хайдах үөрэтэллэр даҕаны, онон барар. Уус-уран литература араас суруйааччылара бары тус-туспа кэрэ тыллаахтар. Ол иһин оҕо уус-уран тылынан суруллубут айымньыны чугастык ылынар. Холобур, мин сахалыы бастакы аахпыт сэһэним Далан “Дьикти сааһа” онтон Николай Якутскай “Төлкө” романа. Сөбүлүүр уонна тылбын чочуйбут Василий Яковлев — Далан диэххэ сөп, кини “Тулаайах оҕо”, “Тыгын Дархан” романнарын таптаан ааҕарым. Ааҕыы киһи билиитин, интеллегин хаҥатар, онон хайаан даҕаны ирдэнэр.
— БИЛИҤҤИ КӨРӨӨЧЧҮ ТУҺУНАН КЭПСЭТИЭХ.
— Гастроллартан саҕалыах. Дьэ биһиги олоҥхо көрдөрөөрү улуус нэһилиэктэригэр тиийэн баран, маҕаһыыҥҥа киирэн: “Биһиги наһаа үчүгэй олоҥхо көрдөрө кэллибит, киэһэ кэлэн көрөөрүҥ” диэн дьону ыҥырабыт. Онуоха дьоммут, үксүн: “Ээ, суох, суох, ол эһиги онолуйаргытын истэ тиийииһикпит дии, айыкка!” дииллэр. “Биһиэнэ онолуйуу эрэ буолбатах, биһиги хамсана-хамсана киһи барыта өйдүүр гына толоробут” диибит. Дьиҥэр, биһиги театрбыт билиҥҥи, “хараҕынан көрөн” (визуально) ылынар көрөөччүгэ анаан испиктээк туруорар. Ол көрөөччүнү олоҥхо эйгэтигэр иитии, бэлэмнээһин, истэргэ үөрэтии көрүҥэ. Былыр борук-сорукка киһи олоҥхону тылынан истэн хараҕар ойуулаан көрөр. Ол иһин ити дьоҕура олус сайдыылаах эбит буоллаҕына, билигин онто сүтэн хаалбыт. Холобур экраҥҥа: хопто көтөр, маҕан дьүһүннээх, күөх ууга түһэр, кынатынан сапсынар, балык тутар… Бүтүннүү саҥата суох иннигэр ойуулаан бэриллэр. Ол иһин көрөөччү хайы сах ойууламмыт бэлэми көрө үөрэнэн хаалбыт, бэйэтэ өйүнэн оҥорбот, атын киһи фантазиятыгар сөбүлэһэр. Ити бэйэ эппиэтинэһин атын киһиэхэ туттарыы. Ол иһин, ылбычча киһи, тылынан эрэ кэпсэнэр олоҥхону ылына охсор кыаҕа суох. Оччотугар, бастаан оҕо испиктээктэрин көрдөрө үөрэтиэххэ сөп. Биһиги театрбытыгар куукуланан эҥин оҕо испиктээгэ элбэх. Ити кэнниттэн ааҕыыга киирэн, салгыы олоҥхону испиктээк оҥорон сэҥээрдэн баран, дьэ улахан олоҥхоҕо киллэриэххэ сөп. Кэрдииһинэн баран истэххэ, үйэлэргэ олохсуйбут үөрүйэх син-биир уһуктуо этэ. Аны тута ылынар дьон эмиэ бааллар, бэл омуктар сэҥээрэн истэллэр. Олоҥхо бэйэтин уонна театр күүстэрин холбоон, көрөөччүбүтүн үөрэтэн таһаарыах тустаахпыт. Ол иһин, бу, аныгы Олоҥхо Театрыгар испиктээктэр тураллара олус суолталаах, наадалаах. Биһиги театрбыт соруга (миссията) итиннэ сытар. Иккиһинэн — “Олоҥхо ыһыахтара”. Сорохтор утарааччылар. Ол гынан баран бу ыһыахтар төһөлөөх сиэри-туому, умнуллубут ааттары сүргүппүттэрэ буолуой? Төһөлөөх элбэх олоҥхо хат тиллибитэ буолуой? Аҥардас мин улууспар былырыын “Олоҥхо ыһыаҕынан” ситимнээн үс олоҥхо бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу аҕыйах сыл иһигэр итинник сыыйа-баайа үөрэтэн, биһиги бэйэбит балачча көрөөччүлэннибит. Бастаан олох аҕыйах этилэр, онтон билигин, бэл, олоҥхону толору истэр дьон баар буоллулар. Үнүр Нам улууһугар тахсан киирбитим, онно ыраах нэһилиэктэртэн “анаан минээн эйигин көрө-истэ кэллибит” диэн тиийэ кэлэн, санааларын этэн, миигин наһаа үөрдүбүттэрэ. Олоҥхо ыраастыыр, арыйар күүһүн өйдүүр чараас куттаах дьон эмиэ баар буоллулар уонна элбии турдаллар, биһиги норуоппут олоҕо тирэхтээх, туруктаах буолуо этэ.
— ОЛОҤХОНУ, ТЕАТРА СУОХ КИҺИ ХАННА БАҔАРАР ОЛОРО ТҮСТЭ ДАҔАНЫ ИСТИЭН СӨП ДУО?
— Билигин суох. Олоҥхону, төрүт үгэстэри сүрүннүүр киин син-биир ирдэнэр. Ону сүрүннүүр биһиги театрбыт буолуох тустаах. Кини барытын түмэр. Биһиэхэ олоҥхоһуттар, артыыстар, сиэр-туом үгэс толорооччулар, онтон даҕаны атыттар бааллар. Фольклор көрүҥнэрин толоруу мантан тарҕанар. Бу Итэҕэл Дьиэтэ буолбатах. Итэҕэл Дьиэтэ —биһиги айылҕабыт бэйэтэ. “Олоҥхо театра” олоххо баар уталыйбат түгэннэри (актуальнай тема) таарыйар, бүгүн күннээх кыһалҕаны олоҥхо нөҥүө тиэрдэр. Бу олус табыгастаах ньыма. Олоҥхо баайа бэрт буолан искусства бары көрүҥнэригэр сөп түбэһэр. Аныгы технологияҕа олус үчүгэйдик эппиэттиир. Дьэ ити мультиктар, уот-күөс, тыас-уус, сценография, араас уларыйар хартыыналар бу барыта олоҥхо билиҥҥитэ, кэнэҕэскитэ буолар. Онтон үгэс буолбут олоҥхону толорооччулар хайаан даҕаны баар буолуохтаахтар, ону тута сылдьар, умуннарбат дьон син-биир баарбыт. Олоҥхо бааматынньык эрэ буолара табыллыбат, саха дьонун үйэлээх үрдүк искусствата үгэһин ыһыктыбакка иһиллиэх тустаах.
— ЭН, РЕЖИССЕР ТУРУОРБУТ ОБРАҺЫГАР БЭЙЭҤ ТУГУ ЭМЭ ЭБЭН БИЭРЭҔИН ДУУ, ЭБЭТЭР ТУРУОРУЛЛУБУТУНАН БАРАРГЫН ОРДОРОҔУН ДУУ?
— Чэ, уопсай көстүүнү, холобур синхроннай грим, костюм, сюжет кэһиллибэт. Онтон оруолгун сэргэхситэр кыра кистэлэҥнэри син биир киллэрэҕин. Сүнньүнэн ис-туругу көрдөрөр мимика, куолас кыаҕын арыйар туойуу кырааскатын уларытыы, артыыс бэйэтин имиджин чопчулуур уратыта буолаллар. Мин испиктээк хайысхатын кэспэт курдук тугу эрэ киллэрэн биэрэрбин эмиэ астынабын.
— ЭҺИГИ ЭЛБЭХТЭ ТАС ДОЙДУЛАРГА, РОССИЯ ЭБЭ ХОТУН УСТУН ГАСТРОЛЛУУГУТ. ОРДУК ХАННЫК ОМУК СИРИГЭР ЭҺИГИ ТЕАТРГЫТ СИТИҺИИЛЭММИТЭЙ?
— Биһиги театрбытын ханна баҕарар сэҥээрэллэр. Мин сылдьыспыт гастролларбар, ордук Кытайга, Грецияҕа ситиһиилэммиппит. Пекиҥҥэ — Андрей Саввич Борисов туруоруутугар “Илэ туолбут иччилээх түүл” (“Пионовая беседка”) диэн кытай омук шедеврын көрдөрбүппүтүн, кытайдар наһаа соһуйбуттара, сөбүлээбиттэрэ, хайҕаабыттара. Онно хардаран, манна кэлэн биһиги шедеврбытыттан Былатыан Ойуунукай олоҥхо-пьесатын “Туйаарыма Куону” көрдөрбүттэрэ дии. Грецияҕа эмиэ Былатыан Ойуунускай “Улуу Кудаҥсатын” Андрей Саввич туруоран илдьибитэ. Бастаан амфитеатрга саха тылынан оонньообуппут. Оо, онно гректэр алыс даҕаны сөхпүттэрэ, олох “биһиги номохторбут курдук дии, тыла кытта өйдөнөр” диэн, бэйэлэрин киэнин курдук ылыммыттара. Онтон дьиэ иһигэр көрдөрбүппүт, дьон астыныы да астыныы. Саха фольклоругар омуктар туохтарын эрэ таарыттараллар, ордук тойукка. Ардыгар ытаан киирэн бараллар. Амфитеатрга дорҕоон алыс даҕаны үчүгэйдик көтөр эбит диэн, биһиги бары сөхпүппүт.
Уһуллубут киинэлэрэ: 2010с. “Күлүмэн” —кылгас кээмэйдээх оҕо киинэтэ, 2016с. “Ыаллыылар” Сахафильм хампаанньа, 2017с. “Ааспыт ааспат амтана” НВК Саха.
— ТЕАТР, КИИНЭ, ТЕЛЕВИДЕНИЕ, ДЬИЭ ҮЛЭЛЭРИТТЭН ОРДОН ӨССӨ ТУГУНАН ҮЛҮҺҮЙЭҔИН?
— Үлүһүйэрим диэн хара баһаам. Барытыгар баҕарабын, иис-күүс, баайыы. Былырыын оҕобор олорон “Дорҕоон” курсун ыыппытым, “звуковая терапия” диэн киһи бэйэтин дорҕооннорунан сайыннарарын үөрэппитим. Тойук дорҕоонун холбоон киһи ис туругун, доруобуйатын тупсарыныан сөп эбит диэн дьарык толкуйдаабытым. Түөрт түһүмэх тухары ийэлэр, эбэлэр биһирээн сылдьыбыттара. Тэһэ кэйдэрбиппин тута оҥорорбун сөбүлүүбүн. Сарсыарда алта чааска туран “бэйэни саҥа күҥҥэ бэлэмнээһин” диэн, тыыныы, йога хамсаныыларын, медитация, релаксация ыытабын. Киһи ас курдук туох санааны иһигэр киллэрэр даҕаны, онон салайтаран барар. Үчүгэйи киллэрдэххинэ үчүгэйинэн дьайар, куһаҕаны ыйыһыннаххына куһаҕанынан тахсар. Ол иһин куруук үчүгэйи эрэ таһаарар курдук үчүгэйи саныахтаахпыт. Аны фитнес инструкторга үөрэнэ сылдьабын. Билигин аһылык дьайыытын баран бүттүбүт. Бэйэм меню оҥорон кыргыттарбар ыытабын ону астанан аһыахтарын сөп.
— СЕРГЕЙ БАЛАНОВ САХА ТЕАТРЫН БИИР БИЛЛЭР АРТЫЫҺА, КИНИ ДЬИЭ КЭРГЭНИГЭР ХАЙДАХ СЫҺЫАННААҔЫН БИЛИЭН БАҔАЛААХ ЭЛБЭХ БУОЛУО?
— Биһиги бачча тухары эйэ дэмнээхтик, сахалыы бэйэ бэйэбитин өйөһөн иллээх кэргэнинэн олорон кэлбиппитигэр, мин кэргэммэр махтанабын. Сергей эмиэ театр, искусство киһитэ буолан, биһиэхэ алыс сымнаҕас, аламаҕай, бары саҕалааһыннарбытын өйүүр үтүөкэннээх аҕа. Сынньаныахпытын баҕардыбыт даҕаны айылҕаҕа тахсабыт. Ардыгар сынньалаҥмытыгар солбуһа сылдьан доргуччу бэйэ бэйэбитигэр кинигэ ааҕарбытын сөбүлүүбүт. Сергей олус хаһаайыстыбаннай киһи, аспытын-үөлбүтүн, туттар сээкэйбитин барытын бэйэтэ булан- талан аҕалар. Мин үлэбиттэн, оҕолорбуттан ордон онно баспын сынньыбаппын, ас сыанатын даҕаны билбэппин. Сергейым оҕолорун наһаа үчүгэйдик биэбэйдиириттэн астынабын. Бэйэтэ дьыссаакка, оскуолаҕа, араас кыһалҕаларыгар таһар. Кыргыттарын атаахтатар аҕай. Ардыгар онон туһанабыт, холобур, маннык суруйаллар: “күндү аҕам, мин бүгүн пицца сиэхпин наһаа баҕардым. Эн ону атыылаһыаҥ диэн эрэнэбин” диэн. Ону, “иччэ үчүгэйдик көрдөспүт киһиэхэ хайдах аккаастыамый” дии-дии хайаан даҕаны булан аҕалбыт буолар. Сүрдээх тупсаҕай көрүүлээх. Онно-манна барда даҕаны барыбытыгар таҥас кэһиилээх кэлэр. Төһө эмит “бэйэҕэр ылынаар” диэн этэн ыыппыппыт үрдүнэн син-биир биһиэхэ аҕалбыт буолар. Уонна олох оруобуна сөп түбэһэр, сөбүлэтэр тугу эрэ булбут буолар. Биһиэхэ дьахтар аймахха ол наһаа күндү буоллаҕа дии. Илиитигэр алыс дьоҕурдаах, сатаабатаҕа диэн суох. Биһиги, бэл кини имитэн-хомутан массаастыырын туохха даҕаны биэрбэппит.
— САҤА ДЬЫЛ ҮҮНЭН ЭРЭР, ЭЙИЭХЭ САҤА ДЬЫЛ ТУГУ САНАТАРЫЙ?
— Саҥа Дьыл сип-сибиэһэй харыйа сытынан дыргыйар. Оҕо эрдэхпититтэн дьиэбитигэр даҕаны оскуолаҕа даҕаны хайаан даҕаны харыйа туруорабыт. Сыллата ийэбинээн бадаарак мөһөөччүгүн ойуулаан тигэрбитин күндүтүк саныыбын. Аҕабынаан хайаан даҕаны маскараат оҥороллоро. Биирдэ бырааппар “робот” маскараатын оҥордубут. Хортуонунан бүтүннүү бүрүйэн баран чэй көмүһүнэн килэччи сыбаан кэбиспиппит, кылабачыйан бэрдэ сүр. Онтон пюрэ хаппаҕынан харах, мурун оҥордубут, тура сылдьар антеннатын боробулуоханан үүйдүбүт. Миэхэ эмиэ хортуонунан, чэй көмүһүнэн корона оҥороллор этэ, тоҕо диэтэххэ үксүн Хаарчаана буоларым. Биирдэ аҕам боробулуоханы үүйэн намчы баҕайы хаардары оҥорбута, ону ийэм сип-синньигэс мөһүүрэлэринэн хас токурун-макырын ааҕа хайаҕаһа суох гына сыһыарбыта. Ол наһаа да үчүгэй этэ…
Оттон кэргэмминээн Саҥа Дьылга эрдэттэн бэлэмнэнэбит. Бэлэх угар этэрбэстэри эҥин сыллата саҥаттан саҥаны куул таҥаһынан бэйэм тигэн бэлэмниибин. Харыйаны аҕабыт булар уонна 20 чыыһыла эҥэр туоруорар. Биһиги, кини үлэтиттэн кэлэн хаһан туруорарын тулуурдаахтык кэтэһэбит. Кинитэ суох туруо суохтаах. Барыта бүппүтүн кэннэ бииргэ симиибит. Түмүгэр, үгэс курдук анал ааттардаах саарыктарбытын илиибитигэр тутан туран баҕа санаабытын санаан баран, ыйаан кэбиһэбит. Биһиэхэ Саҥа Дьыл саамай тапталлаах бырааһынньыкпыт. 12 чааска манна баар чугас дьон ийэбит тула мустабыт. Утуйбут киһини хайаан даҕаны уһугуннарабыт уонна үөрэ-көтө эҕэрдэлэһэн, бэлэхтэрбитин туттарсан көрсөбүт. Сыл аайы атын-атын ыалга көһө сылдьан ылар үгэстээхпит. Онтон тохсунньу маҥнайгы күнэ биһиги дьиэҕэ Сибэтиэй күн, ньиргиччи аһыы-аһыы сынньанабыт, сытабыт, киинэ эҥин көрөбүт. Биһиги уопсайынан алыс тэтимнээх олохтоох буоламмыт дьиэҕэ наһаа тардыһабыт, сүрдээх “домашняй” дьоммут. Дьиэбитин ыбылы хомунан, ис киирбэх, тупсаҕай гына оҥорон баран, ас астана-астана ньир-бааччы олорорбутун ордоробут. Ардыгар мырааҥҥа тахсан куораты үөһэттэн көрөрбүтүн, симэммит харыйалары кэрийэн оҕолуу үөрэрбитин- көтөрбүтүн сөбүлүүбүт.
Манан туһанан миигин өйүүр, өйдүүр доҕотторбор, ытыктыыр киһибэр Никандр Прокопьевичка, эһэлэрбэр, төрөппүттэрбэр, чуолаан таптыыр кэргэммэр Сергейгэ уонна даҕаны атыттарга мин олохпор төһүү буолбуккутугар барҕа махталбын тиэрдэбин!
Сахам дьонун кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээн туран, бары үтүөнү эрэ баҕарабын! Олох ыарахан даҕаны буоллаҕына күн син-биир кэлиэхтээҕэр эрэллээх буолуоҕуҥ! Айылҕа, киһи өйө наһаа улааппытыттан эрэйдэнэр, ол иһин алыс өйбүтүнэн олорору сымнатан, бэйэбит ис турукпут иминэн олорорго талаһыаҕыҥ, оччоҕо барыта орун оннугар буолуоҕа. Киһи бэйэтин истэ үөрэниэхтээх. Тохтуу түһэн уоскуйан иһиллэниҥ, үрүҥү, сырдыгы көрүҥ, уйулҕаҕытын уоскутуҥ, үөрүүнү оҥостуҥ. Биирдэ кэлбит олоххо алыс санньыйа сылдьар наһаа курус дии. Ыарахан ханнык баҕарар үйэҕэ баара, онно баттаппакка үөрэ-көтө, баарынан дьоллоно сылдыаҕыҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин! Саҥа Дьылынан — Саҥа Дьолунан!
— ВАСИЛИНА ВАСИЛЬЕВНА, БИҺИЭХЭ КЭЛЭН ЫАЛДЬЫТТААБЫККАР БАРҔА МАХТАЛ! САҤА 2023 СЫЛ, ЭН ОЛОХХОР, АЙАР ҮЛЭҔЭР, ДЬИЭ КЭРГЭҤҤЭР СЫРДЫК-СЫЛААС КҮННЭЭХ КҮННЭРИ ЭРЭ ТОСХОЙДУН. КЫТААТ, ЫЛБЫТ ТЭТИМҤИН ЫҺЫКТЫБАККА ҮРДҮКТЭН-ҮРДҮККЭ КӨТӨН-ДАЙАН ИС! ЧАХЧЫ, УЛУУ ОЛОҤХОТО СУОХ САХА КУТА СУОХ БУОЛАР. ОНУ ИЛДЬЭ СЫЛДЬАР МААНЫ КИҺИБИТ ОҺУОРДААХ ОЛОҔУҤ ОСТУОРУЙАТА ОЛОҤХО КУРДУК УҺУН, ДЬОЛЛООХ БУОЛЛУН!
Елена Слепцова — Куорсуннаах