Кэрэни кэрэхсиир оҕо, мөкүгэ убаммат

Биһиги олохпутугар — политикаҕа, экономикаҕа, социальнай эйгэҕэ тосту өҕүллүүлээх уларыйыылар буолбут кэмнэриттэн ылата балачча кэм ааста. Кистэл буолбатах, ити уларыйыылар тахсар бириэмэлэригэр, ырыынак сыһыаннаһыыларыгар киирэр кэмҥэ үгүс ыарахаттары, мэһэйдэри көрсүбүппүт.

Мунуу-тэнии да баара. Үлэтэ, дьарыга да суох сылдьааччы элбэҕэ. Ол эрээри саҥаны толкуйдааччылар, саҥа сүүрээни олоххо киллэрээччилэр, ыарахаттартан чаҕыйбат дьон эмиэ бааллара. Ити кэмҥэ олоҕу хамсаппыт дьон истэригэр «Хикари» туристическай фирманы тэрийэн, күн бүгүнүгэр диэри үлэлэтэ сылдьар Мария Константиновна Андрееваны киллэриэм этэ.

Кини салайар тэрилтэтэ тас дойду диэни харахтыы илик төһөлөөх элбэх биир дойдулаахтарыгар аартыктарын тэлэччи арыйбыта, үүнэллэригэр-сайдалларыгар олук уурбута буолуой? Тус бэйэм эмиэ бу фирманан аан бастаан кыраныысса тас өттүгэр тахса сылдьыбытым, улуу Кытайы көрбүтүм.

Оччолорго даҕаны Мария Константиновна: «Сахам сирин дьонун аан дойдуну көрдөрүөхтээхпин, ыырдарын, көрүүлэрин-истиилэрин кэҥэтиэхтээхпин», — диэн этэр буолара. Билигин ол сырдык ыра санаата туолла дии саныыбын. «Хикариттан» кынат анньынан, төһөлөөх элбэх киһи араас судаарыстыбалары көрбүтэ, үүммүтэ-сайдыбыта буолуой?

Чэ, туризм туризмынан. Маннык урбаанынан дьарыктана сылдьар киһи оҕолорго ырыа-үҥкүү, фольклор, айар дьоҕур фестивалларын тэрийиитинэн дьарыктанан киирэн барбытыгар, бастаан утаа үгүстэр соһуйбут буолуохтаахтар. Мария Константиновнаттан «Култуура эйгэтиттэн олох тэйиччи киһи хайдах быһыылаахтык фестиваллары тэрийиинэн дьарыктанарга быһаарыммыккыный?» — диэн ыйыпппытым. Онуоха кини:

 Бастаан дьоммун-сэргэбин сири-дойдуну көрдөрөн, үүннэриэхпин-сайыннарыахпын баҕарбыт эбит буоллахпына, кэлин кэлэр кэскиллэрбитигэр, оҕолорбутугар туох эрэ суолталааҕы оҥоруохпун баҕарбытым. Кинилэр атын хайа баҕарар норуот бэрэстэбиитэлин кытта тэҥҥэ туран, кэпсэтэр-ипсэтэр, атыттартан хаалсыбат, өссө ордук буолуохтарын баҕарабын. Биһиги омук айар-тутар дьоҕурбут — улахан. Итилэртэн сиэттэрэн, бу фестиваллар идеялара үөскээн-төрөөн тахсыбыттара. Ол курдук, Айсен Сергеевич Николаев Дьокуускай куоракка мэрдии олорон, олохтообут «Зима начинается с Якутии» бырайыак чэрчитинэн «Бриллиантовые нотки» уонна «Таланты земли Олонхо» диэн өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар фестиваллары тэрийэн ыытабыт.

Пандемия да кэмигэр ити үлэбитин тохтоппотохпут. Кэтэхтэн куонкурустары ыыппыппыт.
Оҕолор талааннарын, дьоҕурдарын арыйар фестиваллары, кэскиллэрбитин сайыннарарга биир туспа суол-иис быһыытынан көрөбүн. Ырыаҕа, үҥкүүгэ, фольклор араас көрүҥнэригэр үөрэнэллэрин таһынан, бастакынан, оҕо комфортнай, киниэхэ табыгастаах сиртэн тахсар. Тыа сирин оҕото киин куоракка кэлэн, улахан сыанаҕа тахсар. Бэйэтин талаанынан дьон болҕомтотун тардар, билиниитин ылар. Билигин куйаар ситимэ баар кэмигэр бу оҕо ыллаабыт, үҥкүүлээбит, чабырҕахтаабыт видеота начаас тарҕанар. Кини улууһун, нэһилиэгин, үөрэнэр оскуолатын чиэһин көмүскүүрүн өйдүүр. Онон эппиэтинэстээх буолууга үөрэнэр. Мантан киниэхэ бэйэтигэр эрэл киирэр, итинтэн тирэхтэнэн салгыы үүнэр-сайдар, — диэн кэпсиир Мария Константиновна.

«Хикари» фирма салайааччыта Мария Андреева үгүс үтүө өрүттэрин туһунан элбэҕи сэһэргээбитэ. Ол курдук, дьиэ кэргэн, аймах түмсэрин туһунан ахтан ааспыта. Оҕолоро улахан сыанаҕа тахсарын көрөөрү, кинилэр төрөппүттэрэ, эбэлэрэ, эһэлэрэ эрэ буолбакка, аймахтара кытта кэлэллэр эбит. Ити фестивалларга чаҕылхайдык кыттыбыт оҕолор салгыы Москва, Казань куораттарга, кыраныысса тас өттүгэр кытта араас фестивалларга кытталлар.

Манна сылдьаннар оҕолор үбү-харчыны ааҕарга-суоттуурга үөрэнэллэрин туһунан Мария Константиновна этэр.
Кини музыкальнай салайааччылар ыытар үлэлэрэ-хамнастара таһаарыылааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
— Сорохтор фестиваллар тоҕо усунуостаахтарый диэн соһуйаллар. Биһиги судаарыстыбаннай тэрилтэ буолбатахпыт. Ким да биһигини үбүлээбэт. Ол усунуоска киирбит харчынан фестивалбытын ыытар сирбитин арендалыыбыт. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, Сахам сирин оҕолорун сайдалларыгар туох эмэ кылааппын киллэрсибит киһи диэн санааттан фестиваллары тэрийбитим быйыл 2023 сылга оруобуна уон төгүрүк сылын туолла, — диэн кэпсээнин түмүктээбитэ Мария Константиновна.

Итини таһынан «Хикари» фирма алтыс күһүнүн, оскуола аһыллыытыгар «Домик добра» диэн бырайыагы үлэлэтэр. Ол курдук, Дьокуускайга куоракка оскуола баһаарыгар анал павильон арыйан, үөрэх тээбиринин, таҥас спонсордартан хомуйан, элбэх оҕолооох ыалларга түҥэтэн, дьон-сэргэ махталларын ылыан ылар.

Култуураны уонна духуобунаһы болҕомто киинигэр туппатахха, күлүккэ хааллардахха, хайдах олоххо-дьаһахха тиийэрбитин бука бары бэркэ диэн өйдүүбүт. Кырдьык, «Хикари» фирма салайааччыта этэрин курдук, кэрэни кэрэхсиир оҕо хаһан даҕаны мөкүгэ, куһаҕаҥҥа убаныа суоҕа.

Людмила НОГОВИЦЫНА.

https://ulus.media/

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...