Киһи тилэҕэ кини тирэҕэ

Ортопедическай табаардар туһаларын туһунан  нэһилиэнньэҕэ тиэрдэр үлэни ыыппытым номнуо уонча сыл буолла. Оҕо эрдэхпиттэн ыарыһах  буоламмын, билиибин-көрүүбүн  бэйэм нөҥүө аһардабын.    Ол иһин,  хас биирдии киһи бу туһунан  билиэн, туһаныан наһаа баҕарабын. Үлэһиттэрбэр:  “Биһиги  сыалбыт элбэх харчыны “өлөрүү” буолбатах,  кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһүү буолар” диэммин  куруук этэбин”, – диэн дьоруойум Татьяна Никифорова кэпсээнин саҕалыыр. Кырдьык даҕаны, сорох урбаанньыттар туох сыаллаах-соруктаах үлэлииллэрин, тугу атыылыылларын да билбэт буолааччылар.  Харахтарыгар харчы кыбыллыбыт атыыһыттар,  барыстанар эрэ туһуттан куһаҕан хаачыстыбалааҕы  батара сатыыллара кистэл буолбатах.    Оттон мин  дьоруойум  “Nota Bene”  ортопедическай табаары атыылыыр маҕаһыын хаһаайката.  Кини 13 сааһыттан саахар диабетынан ыалдьар. Аҕата киниэхэ  бэйэтин бүөрүн биэриэҕиттэн,  күн бүгүнүгэр диэри дьон тэҥэ үлэлии-хамныы сылдьар (ол туһунан “Далбар Хотун” сурунаал  7-с №-гэр “Санаа күүһэ”  рубрикаҕа ааҕыаххытын сөп).  Ол иһин да урбаан  бу эйгэтигэр  ылыстаҕа буолуо. Билигин  төһө да интэриниэт үйэтигэр олордорбут, дьон ортопедия туһунан үчүгэйдик билбэт эбит. Ол иһин, аҥардас атыынан эрэ муҥурдаммакка, тустаах тэрилтэлэри кэрийэ сылдьан, ортопедическай истиэлкэлэр, харсыаттар, сыттыктар о.д.а. табаардар туһаларын  туһунан  кэпсиир-ипсиир, көрдөрөн, быһааран биэрэр.    

Ортопедия диэн тугуй?

– Ортопедия диэтэххэ үгүс дьон  атах таҥаһын уллуҥун үрдүнэн угуллар сымнаҕас истиэлкэлэри эрэ саныы түһэллэр. Эбэтэр эчэйиилээх дьоҥҥо эрэ аналлаах  тэриллэри ааттыыллар диэн  сыыһа  өйдүүллэр. Ол эрэн, ортопедияны биир кэлим  (комплекс) курдук көрүөххэ наада. Манна  доруобуйаҕа аналлаах барыта киирэр.  Олору хайдах туһаныахха сөбүн туһунан кылгастык кэпсиим. Бастатан туран, киһи тура хаама сылдьарыгар этин-сиинин туох тутарый?  Биллэн турар,    уҥуохпут-иҥиэхпит уонна былчыҥнарбыт.  Былчыҥмыт суоҕа  буоллар  сиспит тоноҕоһо, илиибит-атахпыт уҥуохтара бэйэбитин кыайан  тутуохтара суоҕа этэ.  Доруобуйаны  биир кэлим курдук көрүөхтээхпит  диэммин маны этэбин.

Биһиги маҕаһыыммыт сүрүн сыала-соруга диэн,  дьон доруобуйатын  сөпкө көрүнэригэр көмөлөһүү буолар.  Билиҥҥи үйэҕэ куйаар ситимигэр сымыйанан, кырдьыгынан  араас иһитиннэриилэр тарҕаналлар, массыанньыктар  бөҕөтө бааллар. Урукку сылларга  түөкүттэр: “Биир тимэх эмп ыарыыны барытын үтүөрдэр” диэннэр, хайдах, ханна оҥоһуллубута биллибэт эмтэри атыылыыллара. Олор угаайыларыгар киирэн биэрбит дьон элбэх.  Оччолорго мэдэссиинэ да сайда илигэ, оттон нэһилиэнньэ бу эйгэҕэ улахан билиитэ-көрүүтэ суоҕа.  Онно холоотоххо билигин мэдэссиинэ олох атын таһымҥа таҕыста.  Чуолаан ортопедия  “биомеханика” диэн өйдөбүл баар буолуоҕуттан  сайдан барбыта. Холобур, урут  өлбүт киһи уорганнарын, уҥуохтарын    үөрэтэллэрэ,  хаамыы биомеханиката   диэни билбэт этилэр. Ол барыта кэлин  мэдэссиинэ сайдыаҕыттан  үөрэтиллэн,    ортопедия диэн өйдөбүл, ол кэнниттэн  травматолог-ортопед диэн идэлээх быраастар баар   буолбуттара.

 

Доруобуйа сүрүн кыһалҕата тилэхтэн саҕаланар

–   Киһини тилэҕэ  тутар. Тилэх сыыһа турда да  хаамыы биомеханиката   кэһиллэр, онтон  ис уорганнарга дьайар.  Олор бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээскэнэн ситимнээхтэр.  Ол биир эрэ сүһүөх буолбатах. Үгүстэр  тобук эрэ сүһүөҕүн саныыллар. Холобур, киһи тилэҕэ 26 уҥуохтан турар. Тоҕо ордук тобукпут ыалдьара буолуой?  Тоҕо диэтэххэ, тобук сүһүөҕэ саамай улахан уонна хаамар буоламмыт улахан ноҕоруусканы ылар.  Инньэ гынан, биомеханикабыт кэһилиннэ да,  тобукпут сүһүөхтэрэ ханньаччы баран,  бэйэ-бэйэлэригэр аалсан   ыарытыйар буолаллар. Хомойуох иһин,  бу кыһалҕа  билигин  оннооҕор оҕолорго көстөр.   Тоҕо диэтэххэ, оҕолор сатыы хаамаллара аҕыйаата, оскуолаҕа, уһуйааҥҥа массыынанан  таһыллаллар.  Таһырдьа сүүрбэттэр-көппөттөр,  оонньооботтор. Ол иһин, былчыҥнара мөлтөх буолан тилэхтэрин ис эбэтэр тас өттүгэр  үктүүллэр.  Ол  атахтарын таҥаһыттан   да көстөр буолуохтаах.   Аны хаптаҕай тилэхтээх буолуу (плоскостопие) олус тарҕанна. Оннооҕор улахан дьон, өскөтүн күн аайы олорон үлэлиир буоллахтарына,  хаптаҕай тилэхтэниэхтэрин сөп. Онтон сылтаан тобуктара,  таастара,  систэрэ ыарытыйан барар.

Саахар диабетынан ыалдьар дьон тилэхтэрэ маннык буолуон сөп.

 

Биир кэлим курдук көрүү

–  Урут  мэдэссиинэ ыарыы сибикитин (симптомы) эрэ эмтиирэ.  Холобур, хондуруоһа ыалдьыбыт киһиэхэ сүнньүгэр эрэ болҕомто уураллара. Дьиҥэр, хондуруос  хаптаҕай тилэхтээх буолууттан  ыалдьар ээ. Эбэтэр оһол содула   буолуон  сөп. Инньэ гынан,  тилэх көммөтөҕүнэ хондуруос ыарыыта   сүгүн-саҕын  үтүөрүө суоҕа. Ол иһин да буолуо,  “Быраас  анаабыт эмэ олох да  туһалаабата” эҥин  диэн мөҕүттэллэрин истэрим. Оччолорго бу ситимин  быраастар бэйэлэрэ да үчүгэйдик  билбэттэр этэ.  Билигин үрүҥ халааттаах аанньалларбыт  билиилэрэ-көрүүлэрэ, сыһыаннара олох атын.  Ол да үрдүнэн  итэҕэйбэт дьон син биир бааллар. “Быраас тобугум ыалдьыбытыгар истиэлкэ анаата, ол оннугар  кытай мааһынан сотуннахпына  ааһар ини”  дииллэр.  Аны быраастар истиэлкэ туһатын туһунан  сиһилии кэпсии, быһаара олороллоругар  бириэмэлэрэ тиийбэт курдук.  Ол иһин, ““Nota Bene”  маҕаһыыҥҥа өссө үчүгэйдик кэпсиэхтэрэ, быһаарыахтара” диэннэр биһиэхэ ыыталлар.   Биһиги мэдэссиинэ үөрэхтээх буолбатахпыт  эрээри,  уҥуох, былчыҥ, биомеханика  үлэтин туһунан барытын билэбит. Тоҕо тобук сүһүөҕүттэн  сылтаан сүнньүбүт ыалдьарын,  тоҕо  хаптаҕай тилэхтээх киһи   ортопедическай сыттыкка сытыахтааҕын эҥин туһунан,  идэлээх   быраастартан ордук билэбит диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым  буолуо. Ортопедическай табаардары атыылыырга уон сыл анараа өттүгэр, маҕаһыыммын арыйарбар  үөрэммитим.  Билигин даҕаны үлэһиттэрбин кытта куруук үөрэнэбит, билиибитин-көрүүбүтүн хаҥата сылдьабыт.  Хас биирдии табаар туохха, хайдах туттуллуохтааҕын көрдөрө-көрдөрө кэпсиибит уонна  социальнай ситимнэргэ  таһаарабыт.   Дьиҥэр, уонча сыл тухары  элбэх үлэ ыытылынна эрээри,  билигин   да  хамсааһын суохха дылы.

 

Оҕону  хаамтара үөрэтиэххэ

–  Билиҥҥи оҕолор уһуннук хаама үөрүйэҕэ суохтар. Кыратык хаамтылар да сылайаллар, көтөхтөрөөрү тииһэллэр.  Саҥа хаамар, саҥарар буолуохтарыттан  төлөпүөн тутан баран олорбут оҕолор хайа аанньа буолуохтарай? Аны  оскуолаҕа  күн аҥаара нүксүйэн баран олороллор, ыарахан үрүксээктэрин сүгэ сылдьаллар.  Онтон сылтаан систэрин тоноҕоһо токуруйан хаалар.  Маннык түгэҥҥэ сорох төрөппүттэр оҕолоругар харсыат кэтэрдэн таттаран баран, күнү быһа оннук сырытыннарыахтарын баҕараллар.  “Тэлэбиисэр иннигэр мээнэ олоруохтааҕар харсыаттаах олорон төһө баҕар көрдүн” диэн  судургутук толкуйдууллар. Манна аҥардас харсыат эрэ көмөлөһүө суоҕа.  Бастаан тоҕо маннык буолбутун, төрүөтүн быһаарыахха наада. Үөһэ этэн аһарбытым курдук,  сиһин эрэ буолбакка, атаҕыттан саҕалаан биир кэлимник көрөн эмтиир ордук. Ол курдук, бастаан ортопедка  илдьэн атаҕын көрдөрөн, быраас анаатаҕына аналлаах истиэлкэ кэтэрдэн,   эбии    лфк-ҕа эбэтэр илбийиигэ (массаж)  сырытыннаран саҕалыахтааххыт.  Оччоҕо эрэ тупсан барыа буоллаҕа.  Сорохтор оҕолорун  мануальщикка илдьэн  сиһин тоноҕоһун  көннөттөрөллөр. Ол кэнниттэн оҕо тута  харсыат, моойго кэтиллэр саҕа (воротник) кэтиэхтээх. Тоҕо диэтэххэ,   былчыҥа өссө да үчүгэйдик туппат.  Оннук гымматыҥ да икки эрэ күн ааһыа, барыта төттөрү түһүөҕэ. Инньэ гынан, өссө биирдэ тоһоҕолоон этэбин, аҥардас истиэлкэ эбэтэр илбийии туһалаабат. Биир кэлимник, ол эбэтэр, истиэлкэ, харсыат кэтэрдэн, онно эбии илбийиигэ эбэтэр лфк-ҕа сырытыннаран эмтиэххэ наада.

Оҕо барыта маннык кыһалҕалаах буолбатах ээ. Ордук тыа сиригэр улааппыт оҕолор муус доруобай буолааччылар.  Оттон куораттааҕылар сатыы сылдьар буоллахтарына, манныкка тиийимиэхтэрин сөп. Оҕо күҥҥэ ортотунан  чаас аҥаара хаамыахтаах. Ортопед быраастар: “Сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдээҥ” диэн куруук этэллэр дии. Ол аата   оҕону кэлээскэҕэ анньан  буолбакка, сатыы  хаамтарары  этэллэр. Ону сорох  төрөппүттэр өйдөөбөт курдуктар.

 

Түөкүттэргэ киирэн биэримэҥ

– Эрдэ этэн аһарбытым курдук,   дьон кыһалҕатынан туһанан байыан-тайыан баҕарар хара санаалаах түөкүттэр олус  элбэхтэр. Дьон   ортопедическай табаар туһалааҕын син өйдөөн эрэрин билэннэр,  араас ыарыыны барытын сыһыаран “аптаах” истиэлкэлэри, бааччылары (наколенник), эми-тому атыылыыллар. Онно  барытыгар итэҕэйэн иһэллэриттэн наһаа сөҕөбүн. Холобур, бу соторутааҕыта  бассаап нөҥүө, оннооҕор саахар диабетын   эмтиир магниттаах кытай  истиэлкэлэрэ атыыланалларын туһунан тарҕаммыта. Олору  биһигиттэн сотору-сотору  ыйытаннар сорбутун сордоотулар. Биһиги Германияҕа, Россияҕа бастыҥ оҥорон таһаарааччылары кытта үлэлиибит. Ол иһин, табаарбыт хаачыстыбатыгар 100 % эрэллээхпит. Биллэн турар, сыанабыт чэпчэкитэ суох. Үйэлээх хаачыстыба туһугар ботуччу соҕуһу төлүүр кэм кэлбитин өйдүөх тустаахпыт. Ийэм уонча сыллааҕыта ылбыт харсыатын  күн бүгүнүгэр диэри кэтэ сылдьар.  Онтуката тимэҕэ да  алдьанан көрө илик. Онон доруобуйаҕа аналлаах табаары интэриниэт, тэлэбиисэр нөҥүө үлэһэн ыла сатаамаҥ. Бырааска көрдөрүнэн баран кини анаабытын кэннэ биирдэ, аналлаах маҕаһыынтан тутан-хабан, кэтэн көрөн  ыларгыт быдан ордук уонна эрэллээх.

 

Эмискэ дьарыктанар кутталлаах

– Кэрэ аҥаардар быһыыларын-таһааларын оҥостоору спордунан үлүһүйэр буолбуттара хайҕаллаах. Ол эрэн, орто сааска диэри  олорон-олорон баран  эмискэ   “ойуоккалаан”  бардахха,  доруобуйаҕа  төттөрүтүн куһаҕаннык дьайыан сөп. Тоҕо диэтэххэ, ноҕоруусканы билбэтэх  былчыҥнар мөлтөх буоллахтара дии.  Ол иһин,  кыралаан хамсанан-имсэнэн саҕалыахха  наада.  Холобур, фитнес оннугар лфк-ҕа эбэтэр йогаҕа сылдьан, бастаан  былчыҥнаргытын ууннарыҥ диэммин сүбэлиибин. Биллэн турар,  сааһырбыт дьон  артрит, артроз курдук ыарыыларын   олоччу суох оҥорор кыаллыбата буолуо. Ол эрэн, баар  кыһалҕаны тохтотуохха сөп.   Онон саатар дьарыктанар кэмҥитигэр  аналлаах истиэлкэ, тобуккутугар бааччы  кэтэргитин умнумаҥ.  Тилэххит сүһүөхтэрэ иҥнэри-хаҥньары барда да, сааһыран истэххит  аайы бөкчөйдөр бөкчөйөн иһиэххит.  Ол иһин, кырдьар сааска кыччаан хаалар буоллахпыт дии. Оттон Европа диэки  олорор кырдьаҕастары көрөөрүҥ эрэ. Эчи, үрдүктэрэ,  эрчимнээхтэрэ…  Тоҕо диэтэххэ,  Германияҕа ортопедическай истиэлкэни  сэрии сылларын инниттэн кэтэн саҕалаабыттар. Оттон биһиэхэ  40 сыл анараа өттүгэр баар буолбут.

Тилэх манан ыалдьара «Неврома Мортона» диэн ааттанар. Аналлаах истиэлкэ кэттэххэ ааһар.

 

Оннооҕор сүрэхпит былчыҥнаах

–    Кэлиҥҥи сылларга дьон сүрэҕинэн  ыалдьара   наһаа элбээтэ. Ол   аҕыйахта хамсанартан  сүрэх былчыҥнара  хааны кыайан хачайдаабат буолууларыттан тахсар.  Улахан киһи күҥҥэ аччаабыта  уон тыһыынча хардыыны оҥоруохтаах.  Оччону хаамар кыаллыбат  буоллаҕына  кирилиэһинэн төттөрү-таары хаамыаххытын сөп. Ыйааһыннаах дьоҥҥо йоганы эбэтэр  кардио хамсаныылары сүбэлиибин. Варикоз курдук тымыр ыарыыта эмиэ онтон үөскүүр. Атаҕы атах үрдүгэр ууран олорор  олох  куһаҕан. Тымыр баттаннаҕына биир өттүнэн үллэн-баллан тахсар. Ол иһин, үлэлии олорон ойон туран хамсаммыта, хаампыта буолуҥ. Баҕар, тымыргыт  кыраттан да бүөлэнэ сылдьара буолуо. Бу курдук кыралаан  хамсана-имсэнэ сырыттаххытына,  ыарыыгыт да нухарыйан барыа.  Уопсайынан, доруобуйа кыһалҕалара   былчыҥтан тутулуктааҕын өйдөөҥ.  Ыарахан үлэ, дьарык кэмигэр эбэтэр сатыы харсыаттаах сылдьаргытын умнумаҥ. Айаҥҥа эмиэ  киһи сиһин тоноҕоһо улахан ноҕоруусканы ылар. Оннооҕор хааман иһэн сыыһа үктэннэххэ, төбөҕө диэри доргуйааччы дии.  Уҥуохпут бэйэтэ ыалдьыбат ээ, онно ньиэрбэ суох. Былчыҥ эбэтэр ньиэрбэ тымырдара кыбылыннаҕына ыалдьар.  Ол иһин, сыттахпытына сиспит ыарыыта намырыыр  дии. Тоҕо диэтэххэ, баттааһын суох. Оттон туран кэллибит да ыалдьыбытынан барар. Манна  ортопедическай харсыат олус  көмөлөһөр.

 

Оҕо күүтэр кэрэ аҥаардарга

– Дьахтар ыарахан буоллаҕына этэ-сиинэ  силгэлэр (связка) имигэс буолалларын хааччыйар гормуону таһаарар. Бу  оҕолоноругар  тааһын уҥуоҕа арахсарыгар көмөлөһөр. Оттон иһэ улаатан истэҕин аайы  тилэҕэр улахан ноҕорууска бэриллэр.  Онтон сылтаан атаҕа иһэн (отек) барар.  Бу иһэ  быттыгынан ааһар тымырдары баттыырыттан маннык буолар. Онно эбии куруук олорон тахсар буоллаҕына өссө куһаҕан. Ол иһин, аналлаах истиэлкэ уонна иһин тутар бандаж  кэтиэхтээх.  Оччоҕо  илиитэ-атаҕа улаханнык иһиэ суоҕа. Сатыы бандажтаах  сылдьар буоллаҕына өссө үчүгэй.

Ким эрэ этэҥҥэ  быыһанан доруобуйата түргэнник чөлүгэр түһэр. Оттон сорохтор    тилэхтэрэ токуруйан баран  соннук хаалар.  Ол ыарыытын эдэр эрдэхтэринэ улахаҥҥа уурбаттар.  Сааһыран ыйдааҕылара кэлэн бүппүтүн  кэннэ биирдэ билэллэр. Тоҕо диэтэххэ,  эттэрэ-сииннэрэ туһалаах  гормуону кыайан оҥорон таһаарбат буолар. Оччоҕо  кальцийы иҥэринэллэрэ мөлтүүр.  Бу кэмҥэ  ортопедическай  истиэлкэ кэтэн саҕалаатахтарына,   токуруйбут уҥуохтара  көнүө суоҕа эрээри,  ыарыыта биллэ нухарыйыа. Куруук хобулук үрдүгэр сылдьар   кэрэ аҥаардар эмиэ  сүбэлиибин.

 

Тилэх чэрдийэрэ

– Бу олус тарҕаммыт ыарыы, нууччалыы “пяточная шпора” диэн ааттанар. Сорохторго улахан тарбахтарыгар үүнэр. Бу  хаптаҕай тилэхтээх буолуу биир сүрүн кыһалҕата диэххэ сөп. Маны үгүс дьон  туспа ыарыы курдук көрөллөр  эбэтэр саастаах эрэ дьоҥҥо сыһыаннаах дии саныыллар. Хомойуох иһин, саастан тутулуга суох ким баҕар тилэҕэ чэрдийиэн сөп. Ону сырыы аайы ылларыах оннугар аналлаах истиэлкэ  ылан кэппит ордук.

Уҥуохха эмп хайдах тиийэрий?

–  Ордук сааһырбыт  дьонтон: “Эмп бөҕөтүн иһэбин да олох туһалаабат” дииллэрин элбэхтик истэбин.  Оттон  “Эккин-хааҥҥын уһугуннаран хаамаҕын, хамсанаҕын эҥин  дуо?” диэн ыйыттахха:  “Соох, атаҕым ыалдьар буолан олоробун” дииллэр.  Ол иһин, аналлаах эмп  уҥуохха хайдах тиийэрин туһунан  кэпсиэхпин баҕарабын. Ис уорганнарга  очоҕостон хаан тымырынан бэриллэрэ  өйдөнөр. Оттон уҥуох  сүөһү киэнин курдук саастарынан   иҥэринэр. Аны онно хамсанар буоллахха биирдэ эрэ тиийэр. “Движение – это жизнь” диэн мээнэҕэ этиллибэтэх буолуохтаах. Онон, төһө да атаххыт ыарыйдар  кыралаан хамсана-имсэнэ  сылдьыҥ. Куруук олорон, сытан тахсар буоллаххытына, төһө да сыаналаах эмтэн  туһа тахсыа  суоҕа. Ол иһин, дьону кытта билсэ-көрсө таарыйа лфк-ҕа сылдьыҥ эбэтэр скандинавскай хаамыынан  дьарыктаныҥ диэммин сүбэлиибин.  Аналлаах истиэлкэ, харсыат кэтэргитин умнумаҥ.

 

Дьон туһугар

–  Ити курдук, “Nota Bene” маҕаһыыҥҥа аҥардас ортопедическай истиэлкэ  37 араас көрүҥэ баар.  Сүһүөхтэргэ аналлаах бааччылар, харсыаттар, сыттыктар туһунан киһи этэ да барбат. Бу эрэ маҕаһыыҥҥа   сытыаран көрөн  чопчу  хайдах сыттык барсарын  талан биэрэллэр.  Манна атыыланар табаар барыта үрдүк хаачыстыбалаах. Онон сууйтара-сууйтара   хас эмэ сыл илдьэ сылдьар кыахтааххыт. Маҕаһыын үлэһиттэрэ  ортопедическай табаар туһунан барытын билэллэр. Мунаахсыйар ыйытыккытыгар хоруйдуурга куруук бэлэмнэр.

Маҕаһыыннар Дьокуускай куоракка Киров уулуссатын 19/2 дьиэтигэр, 2-с офиска (өрөбүлэ суох) уонна Петр Алексеев аатынан уулусса 77-с  дьиэтигэр (өрөбүллээх)   үлэлииллэр. Куоракка кэлэр кыаххыт суох буоллаҕына, босхо 8-800-250-84-38  нүөмэргэ  эрийэн ыйыталаһыаххытын сөп.  Биэнсийэлээхтэргэ, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо, устудьуоннарга, элбэх оҕолоохторго уонна  спорт кулууптарыгар  дьарыктанар дьоҥҥо чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Ону таһынан, куһаҕан хаачыстыбалаах табаары ылбыт буоллаххытына,   ону  манна  аҕалан туттаран баран саҥаны 25 % чэпчэтиилээх ылыаххытын сөп.

Доруобуйатыгар кыһаллар киһи  ортопедическай  истиэлкэлээх, харсыаттаах уонна сыттыктаах буолуохтаах”, – диэн Татьяна кэпсээнин түмүктүүр. Онон,   хайаан да бу маҕаһыыны  кэлэн көрүҥ, сүбэтэ-амата ылыҥ уонна   биирдэ үйэлээҕи, хаачыстыбалааҕы  ылаҥҥыт  чөл туруктаах, доруобай буолуҥ!

«Nota Bene» маҕаһыыннарыгар маннык подоскопка буор босхо диагностика оҥорон биэрэллэр.

 

Венера Охлопкова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...