Алтынньы 16 күнэ Килиэп аан дойдутааҕы күнүн бэлиэтииллэр. Бу күн этэҥҥэ киһи хара буолан сылдьарбытыгар улахан оруоллаах ас – килиэп суолтатын санатар. Ол курдук килиэп – ас-үөл уйгутун мэктиэтинэн буолар.
Килиэп киһи күннээҕи аһылыгар саамай сүрүн аспыт буолар. Хас биирдии киһи күҥҥэ икки-үс быһыы килиэби сиэхтээх. Биир быһыы килиэпкэ (28 г) – 60 калорий, 12 г — углевод, 1 г — сыа, 4 г — белок баар.
Килиэп буһарарга маннык састаабынан буһарабыт:
200 мл — уу, 7 г – доруоһа, 500 гр – бурдук (үрүҥ эбэтэр хара), 3 кыра ньуоска – саахар, 3-5 остолобуой ньуоска — мас арыыта, 1,5 кыра ньуоска – туус.
Биир састаапка үрүҥ бурдугу уонна хара бурдугу кутан тус-туһунан тиэстэбитин миксерынан оҕустарабыт. Онтон ыламмыт илиинэн мэһийэбит уонна 2 чаас устата тиэстэбитин үлүннэрэ уурабыт. Тиэстэбит үллүбүтүн кэннэ духовкаҕа буһарабыт. Үрүҥ килиэппит уонна хара килиэппит буһан бэлэм буоллулар.
Сойбутун кэннэ уопут оҥорон көрдүм. Ыстакаан аҥара ууга 1 хааппыла йоду кутабыт. Биир ыстакааҥҥа хара килиэби, бииригэр үрүҥ килиэби уктум. 10-15 мүн. устата сытыарбытым кэннэ үрүҥ килиэп угуллубут ыстакаана өҥө уларыйан таҕыста. Ол аата үрүҥ килиэп элбэх крахмаллаах эбит.
Биирдии быһыы килиэби салапааҥҥа суулаан баран уурдум. Ол кэннэ ханнык килиэп ордук түргэнник түүнүгүрэрин кэтээн көрдүм.
Түмүктээн эттэххэ, хара килиэп үрүҥ килиэптээҕэр ордук тулуйумтуо эбит. Хара килиэпкэ элбэх битэмииннээх, минераллаах эбит. Хара килиэби сиэтэххинэ, өр аччыктаабакка сылдьаҕын, сүрэх үлэтигэр көмөлөһөр, рак ыарыы үөскүүрүн намтатар, куртах үлэтигэр көмөлөһөр, киһи организмыттан ас куһаҕан эттиктэрин оборон ылар буолан үөс тааһа үөскээбэтигэр көмөлөһөр эбит.
Онон хара килиэби сиэҥ, доруобуйаҕытын харыстааҥ!
Айнура Захарова,
Орто Халыма, Өлөөк-Күөл б.