Кулан Хаан: «Сүрэххитин аһан, туруктаах буолуҥ!»

Бүгүн биһиги “Тойон Сэргэбит” ыалдьыта — сахалыы саҥалаах дьон билэр, ытыктыыр киһибит, үрүҥ ойуун, алгысчыт, бөлүһүөк Кулан хаан. Айылҕалаах киһи этэр этиитэ, илдьитэ барыбытыгар төһүү күүһүнэн буолуоҕа диэн туран, сэһэргэһиибитигэр киириэҕиҥ.

Кулан, билигин биһиги сүрдээх уустук быһыы-майгы бүрүүкээн турар кэмигэр олоробут. Анал байыаннай дьайыы кэмэ. Онно эбии күн аайы биир да мүнүүтэ тохтоло суох хотоҕойдуу субуллар араас сымыйа-кырдьык иһитиннэрии быыһыгар чачайан олорорбут баар суол. Бу маннык биир кэм ытылла турар кэмҥэ хайдах-туох дьаһанан олоруох таахпытый?

— Бу – баар балаһыанньа. Ол аата хайа баҕарар сахалыы өйдөөх-санаалаах киһи баар балаһыанньаҕа сөп түбэһиэхтээх, тугу да гыммакка олорон биэриэхтээх диэн буолбатах, бэйэтин көрөн дьаһаныахтаах, салгыы олорор туһугар үүт хайаҕас тобулан баран иһиэхтээх. Бу кэмҥэ аан бастатан туран олох тулхадыйбат, уларыйбат сокуонун өйдүү сатыахтаахпыт. Кыра ычанан, бэтэрээ көрүүнэн тохтоон хааллахпытына оҕустарыыбыт улахан буолуон сөп. “Буолуохтаах буолар” диэн сахалар буолбутун кэннэ этэллэр. “Хайдах гыныахпытый, буолуохтаах буоллаҕа дии,” — диэн. Кыайан уларыппатыбыт, оҥорботубут, буолан хаалла диэн суолтаҕа этиллэр. Холобур, киһини тиһэх суолугар атаарыыга “дьылҕата буоллаҕа” диэни элбэхтик истэбит, хайыы үйэ өлөн хаалбытын кэннэ. Оттон киһи тыыннааҕар, балыыһаҕа сытар кэмигэр, биллэн турар, охсуһа сатыыбыт, туох баар билэр билбэт дьоммутун туруоран, хамсанабыт. Кэмигэр хамсаныахтаахпыт. Буолар буолтун кэннэ киһи холкутуохтаах, ылыныахтаах. Бу олох сокуона. Оттон буола иликкэ долгуйуу — улахан охсуулааҕын киһи өйдүөхтээх. “Кэлэн уолбун илдьэ барыахтара”, — диэн буола иликкэ долгуйан, куттанан олоруу охсуулаах. Олохпут онто да суох кылгас. Кутталынан олоробут дуу, дуоһуйан астынан дуу. Билигин тус эйгэтигэр хаайтарбыт киһи үгүс. Киһи барахсан хайдах да гыммыт иһин, бэйэмсэх айылҕалаах. Кэнники отучча сыл хайдах олорон кэллибит? Кэлэктиип өйө-санаата диэн колхуостааһын, сопхуостааһын кэнниттэн умнуллубута, сынньаппыт курдук, бас-баттах барыы бүрүүкээбитэ, хайа да буолуҥ диэн. Баҕар ыал буол — баҕар суох, баҕар төрөө-ууһа — баҕар суох, баҕар сүөһүлэн — баҕар суох, баҕар арыгылаа, күүлэйдээ – баҕар суох.

— Ол курдук отучча сыл устата либеральнай сыаннаска иитиллибит көлүөнэ тахсан кэлбитин көрө-билэ сылдьабыт.

— Оннук. Бэйэмсэх буолуу, бэйэни эрэ көрүнүү баар. Судаарыстыба маныаха дьонун үүннүүр-тэһиинниир эбээһинэһин толоруохтаах. “Государственное монополие на насилие” диэн өйдөбүл баар. Судаарыстыба бэйэтин аналынан дьонун көрүөхтээх-истиэхтээх, наада буоллаҕына дьаһайыахтаах. Билигин най барыы баар. Дьон наһаа түргэнник най барыыга киирэр. Ол иһин судаарыстыба норуотун көрөн-истэн, салайан биэрэригэр кэмиттэн кэмигэр кытаанах буолара эмиэ ирдэнэр. Най барыы биир дьиэ иһигэр олорон оҕобутун сахалыы саҥардыбаппытыгар кытта көстөр. Онуоха атын ким даҕаны буруйа буолбатах. Төрөппүт оҕотун кытта алтыспат буолуута, биир эйгэтэ суоҕа, тэйиитэ көстөр. Оҕолор интернет эйгэлээхтэр, ити кэннигэр арҕаалыы өйдөбүл турар. Тыа сиригэр олорон, оҕолор нууччалыы саҥараллара тоҕо үксээтэ? Куйаар ситимин эрэ сабыдыала буолбатах, бастатан туран, төрөппүт бэйэтин эппиэтинэһэ.

— Оҕону иитии боппуруоһугар сыыйа киириэххэ. Оҕолорбутун хайдах бигэ туруктаах гына иитэбитий бу аныгы балысханнаах уларыйыылаах кэмҥэ?

— Маныаха саамай сүнньэ диэн, төрөппүттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Холку, олохтон дуоһуйа сылдьар ийэ оҕолоро эрэллээх, бигэ туруктаах буолаллар.

— Ханнык ийэ оннук холку туруктаах буоларый?

— Эн ону туох дии саныыгын?

— Итэҕэллээх, эрэллээх киһи холку туруктаах буолар дии саныыбын. Олох күннээҕи көстүүтүттэн сатаан дуоһуйуу, кэрэни бэлиэтии көрүү, онтон ис кут, сүрэх үөрүүнэн туолуута.

— Сөп, оннук буолуохтаах. Санаан да көрдөххө, наар кыһалҕаҕа баттата сылдьар киһи олохтон сатаан дуоһуйбат, оҕотугар оннук иитиини кыайан биэрбэт. Төрөппүт оҕотугар бэйэтин тыынын иҥэрэр, атыннык эттэххэ, иитэр. “Иитэр” диэн тыл быһаччы тылбааһа “заряжать” диэн. Салгын кута мөлтөх төрөппүт, төһө даҕаны дьарыктыы сатаабытын иһин, оҕотун өйүн эрэ “дрессировкалыа”, инньэ гынан оҕото мөлтөх тыыннаах, олоххо бэйэтэ туспа көрүүтэ суох, тыал хайа диэки үрэринэн сылдьар, истигэн, толоругас киһи буолан тахсыан сөп. Ис көҥүлэ суох. Нууччалыы “воспитание” диэн тыл “питание”диэн сүрүн олохтоох. Ону “питать своим духом” диэн өйдүүр ордук. Төрөппүт, бастатан туран, бэйэтин ис туругун, салгын кутун күүһүрдүөхтээх. Ол дьиҥ итэҕэли кытта быһаччы сибээстээх. Билигин мещанныы өйдөөх-санаалаах дьон элбээтэ. Баайы-дуолу сыаннас оҥостон, ону сырсыы. Кыбартыыра, массыына, дьиэ-уот, ону саҥардан, уларытан иһии бүппэт эргииригэр миккиллии. Баайга баайыллыы. Оннук киһи олохтон дьиҥ дуоһуйууну ылыа дуо? Оҕолорбутун сылаас-сымнаҕас олоххо үөрэттибит. Холобура, Чыҥыс хаан аан дойдуну баһылаан-көһүлээн да сырыттар, атын сиргэ, сылааска олохсуйан хаалбакка, тыйыс килиимэттээх Монголият гар тоҕо кэлэ турар этэй? Тыйыс айылҕалаах дойдутуттан күүс ылаары, мөлтөөн-ахсаан хаалымаары. Ыарахаттары уйар буоллаххына биирдэ дьиҥ уоскулаҥ, олохтон дуоһуйуу туруга кэлэр. Христианствоҕа эмиэ баар дии, “через страдание приходишь к истинной вере” диэн. Хайа баҕарар итэҕэлгэ ити баар. Биһиги тыйыс дойдуга олороммут, ыарахаттарын кыайан уйар, туоруур буолуохтаахпыт. Оттон төһөнөн олох усулуобуйата тупсан иһэр да, соччонон киһи ис кыаҕа биллибэтинэн кэбириир, мөлтүүр. Сылааска, бэлэмҥэ үөрэммит тымныыны куйааһы тулуйбат, биһиэнин курдук элбэх бырдахтаах айылҕаны уйбат буолар. Өрүү “комфортнай” эйгэҕэ тардыһыылаах киһи ыарахантан куота сатыыр.

— Хомойуох иһин, ити чахчы бу сылларга ордук күүскэ көһүннэ. Аныгы ыччат ортотугар дьиҥ ботуруйуоттуу санаалаах аҕыйаҕа, туох да диэбит иһин, баар суол.

— Ботуруйуот буолуу диэн иэйии (чувство) ээ. Тоҥ өйүнэн патриот буолуу фанатизмҥа тиэрдэр. Ис сүрэхтэн иэйиитэ суох киһи ботуруйуот буолар кыаҕа суох, ол өй үөрэтиитэ буолар. Өйүнэн барбыт киһи ыарахан буолла да куотар аакка барар. Ол кэннэ эбиитин кутталыттан атыттары буруйдуур, сирэй-харах анньар. Олоххо ити баар дии. Оннук дьон, биллэн турар, ботуруйуот буолбатахтар, хайдах да этиммиттэрин иһин. Сүрэҕэ аһаҕас, айылҕаҕа, төрөппүттэригэр, өбүгэлэригэр, төрөөбүт сиригэр-уотугар чугас буолан, дуоһуйа-астына сылдьар киһи дьиҥнээх ботуруйуот буолар. Оннук холку туруктаах, аһаҕас сүрэхтээх киһи арыллар.

— Кулан, эн билигин долгуйан олорор ийэлэргэ тугу этиэҥ этэй?

— Саба быраҕан уопсай сүбэ биэрэр уустук. Ыгылыйа сылдьар киһи атын дьон сүбэтин ылына охсоро биллибэт. Сүбэни ылынарыгар бэлэм буолуохтаах. Үгүс киһи бэйэтин кыһалҕатыгар киирэн хаалла. Эбиитин атын дьону буруйдаан бардаҕына сабыллан хаалар. Эппитим курдук, ийэ оҕотун туһугар киэҥ-холку буола сатыахтаах. Ийэ ис туруга бөҕө эрэ буоллаҕына, оҕото атын да сиргэ сылдьан, туруктаах, эрэллээх буолуоҕа. “Нохтолоох тойон сүрэххин арый, хайҕахтаах хара быаргын сымнат” диэн алгыс тылын ырытан көрүөҕүҥ. Манна өбүгэбит киһи ис тутулун үчүгэйдик билэрэ көстөр. “Нохтолоох тойон сүрэххин арый” – сэргээ, кэрэхсээ, таптаа, махталлаах турукка киир диэн ис хоһоонноох. Оттон “хайҕахтаах хара быары сымнат” – уордайыма, ыгылыйыма диэн, ол эбэтэр тула буола турар көстүүнү наһаа эргитэ санаан уус тугурдубакка, баарынан ылын диэн этэллэр.

— Эн бириэмэ уларыйда диэн информация саҥа технологиялара өтөн киириилэрин сэргэ тугу этэҕин?

— Өбүгэлэрбит атын олоххо олордохторо дии, кинилэри арай аныгы кэмҥэ аҕалан кэбиһэр киһи, ханна барыахтарай, эмиэ уларыйыа этилэр. Бэйэбит курдук бэлэмҥэ үөрэнэн, най барыа  эбиттэрэ буолуо сорох сорохторо. Сылааска-сымнаҕаска, квартираҕа олорор киһи бэйэтин умнан кэбиһэр. Билигин эр киһи дьахтар эйгэтигэр киирдэ. Урут оннук буолбатах быһыы-майгы. Эр киһи туспа эйгэлээх этэ буоллаҕа дии. Ол тыа сиригэр эмиэ баар чахчы. Үгүс тыа дьоно сүөһүлэрин эһэн, мас-от үлэтэ суох, инньэ гынан олох укулаата уларыйар. “Комфортнай” эйгэ дьон олох араас түһүүтүн тахсыытын уйбат буоларыгар тиэрдэр. Уйулҕабыт да, доруобуйабыт да уйбат, кыраны да тулуйбаппыт. Аныгы дьон курдук төлөппүөн тутан олорбут көлүөнэ суох этэ. Биһиги иннибитигэр ким даҕаны маннык усулуобуйаҕа олорботоҕо, онон маннык балаһыанньаҕа бу курдук гыналлар этэ ээ диэн дьаһанар кыахпыт суох. 2010 сыллартан бэттэх цифровой технология күүскэ киирдэ, хайдах курдук балысхан уларыйыы бара турарын көрө-билэ сылдьабыт. Онуоха сөп түбэһэр үөрүйэхпит суох буоллаҕа дии. Алааһынан бытанан, сүөһү-ас тутан олоруубут удьуорбутугар баар, холобур, билигин ол оннукка төннүү буоллаҕына син хомунан, хотон туттан, бултаан-алтаан, этэҥҥэ олоруо этибит.

— Оччотугар аныгы саха дьоно хайдах сөпкө тэринэн олоробут?

— Туох-ханнык иннинэ өйдөбүллээх сыһыан баар буолуохтаах. Айылҕаттан тэйбэккэ, аныгы киһи бэйэтин дьарыктыы сылдьыахтаах. Сайынын оттоон, балыктаан, айылҕаҕа элбэхтик сылдьан, бэйэ этин-сиинин дьарыктаан, салгын кутун ииттэн. Саха киһитэ ис эйгэтин арынарыгар кыаҕа элбэх – ыһыахпыт, алгыспыт, оһуохайбыт, тойукпут, хомуспут, олоҥхобут, тылбыт, олохпут-дьаһахпыт урукку укулаата. Аҕыйах ахсааннаах буолан баран, олус дириҥ билиилээх, сөҕүмэр кыахтаах норуоппут. Бү үтүмэн үгүс үгэспитин, кыбыстыбакка, кэтэҕэмэйдээбэккэ, дьиҥ бэйэтин аналынан туһанарбыт буоллар, төһөлөөх элбэх киһи санаа түһүүтүттэн, куһаҕан дьаллыктан босхолонуо этэй? Ону баара билигин даҕаны таһынан өйдүү сылдьабыт. Билигин киһи ис дьиҥ хаачыстыбата арыллар кэмэ. Киһи үүнэ-сайда сатыахтаах. Тас өйү, билиини батыһан буолбакка, ис үүнүүгэ-сайдыыга тардыһыахтаах. Салгын куту бөҕөргөтүү хайдах курдук наадатын коронавирус пандемията да көрдөрдө. Аан дойду үрдүнэн дьон тыынар уоргана олус мөлтөөбүтэ көһүннэ. Ыраас салгынынан тыынар олус күндү буолла. Билигин ордук күүскэ салгын куту бөҕөргөтөр кэм кэллэ. Онно Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн туоналара, ыраас салгына абырал буолуохтаахтар. Төрөөбүт дойдубут барахсан тылынан сатаан этиллибэт сүдү күүһүн, киһиэхэ биэрэр ыраас, модун тыынын өйдүөхтээхпит. Кэм кэрдии уларыйда, онон киһи доруобуйатыгар болҕомто уурабатаҕына, ким да көмөлөһүө суоҕа. Олохпут – бэйэбит илиибитигэр. Инньэ гынан, бэйэни сүтэрбэт туһуттан киһи айылҕатыгар чугаһыахтаах, төрүт дьарыгын умнуо суохтаах. Киһи өйгө, суокка-учуокка, прагматиктыы толкуйга баран хаалла. Бииртэн биир былааны, соругу туруорунуу. Оттон иэйэр-куойар, астынар дуоһуйар иэйиитэ хаалан иһэр. “Чэ, бээ, ипотекабын төлөөтөхпүнэ, дьиэ тутуннахпына, үлэбин-үөрэхпин бүтэрдэхпинэ,” -диэн буолар. Ол нууччалыы эттэххэ “отложенная жизнь” дэнэр. Дьиҥэр, киһи тус иэйиитин угуттуур кыахтаах да, улахаҥҥа уурбат. Холобура, уон мүнүүтэ аһаҕас уот иннигэр олорбутуҥ, холкутук сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыбытыҥ нэдиэлэни быһа туһалыан сөп. Эбэтэр дьиэ кэргэнинэн бары мустан сахалыы миин буһаран, остуол тула олорон ыксаабакка, ирэ-хоро, ис дууһаттан кэпсэтии киһи кутун иитэр. Дуоһуйа сынньаныы диэн рестораҥҥа баран аһааһын, айылҕаҕа шашлыктааһын эрэ курдук буолан хаалла. Онно киһи ис кутун ииттибэт. Арҕаалыы култуураҕа баһыйтаран олорорбут содула оҕолорбут төрүт үгэстэн, ийэ тылтан, дьиэттэн-уоттан тэйиилэригэр тиэртэ. Олохпут наар ыксал-тиэтэл, суй-сай, бэйэ-эйгэтигэр бүгүү. Ол быыһыгар үлэҕэ умса-төннө түһүү. Икки кыраай курдук буолар. Билигин ортотун булан үүт-хайаҕас көрдүүр кэммит. Олохтоохтук олорор ыал оҕотун ис туруга бөҕө буолар, оннук сылаас-иһирэх эйгэҕэ тардыһар. Ыал да буоллаҕына ол олоҕун тутар, ийэтин кытта ис сүрэҕиттэн кэпсэтэрин курдук ойоҕор оннук сылаас сыһыаннаах буолар.

— Кулан, сахалар олохпут сүрүн укулаата ыал буолуу диэн этэ. Ол эрэн, маныаха эмиэ арҕаалыы сүүрээн киирэн, дьиэ кэргэн тутула мөлтөөбүтэ биллэр. Ол төрүөтэ туохханый?

— Уопсайынан, Арассыыйа үрдүнэн арахсыы наһаа элбээтэ. Ыал үс гыммыттан иккитэ арахсар. Холобурга эттэххэ, 800 ыалтан 500-һэ арахсар. Урукку сэбиэскэй кэмҥэ баартыйа, профсойуус да орооһон кэргэнниилэри араартаабат буолара. Ол-бу буолума диэн буолар этэ буоллаҕа дии. Билигин барыта көҥүл. Холбос да, араҕыс да. Миэхэ эдэркээн кыргыттар кэлэн: “Уолу кытта билистим, Кулан, эт эрэ, мин киһим дуу, суох дуу?” – диэн ыйытааччылар. Туох эрэ “сделкаҕа” дылы. Төһө “крутой массыынаный?” диэбит курдук. Миэхэ үчүгэй усулуобуйаны тэрийэн биэриэ дуу диэн. Дьэ, бу сүрэх сабыылааҕа, өй таһымынан сылдьыы көстүүтэ. Ол иһигэр сүрэҕинэн сөбүлэһэн, үтүө санаатынан кэргэннии буолбуттар, биллэн Кулан Хаан үөрэҕэ кыраныыссата суох турар, ааһар көлдьүҥҥэ оҕустарбакка олороллор. Олох буккуйбахтыы түһэрэ буолуо. Аһара бас баттах бардыбыт. Былаас өссө күүһүрүө, тутар-хабар буолуо. Байыаннай балаһыанньа кэмигэр остуолу оҕустулар да, бүтүөҕэ. Оннукка чугаһаан эрэбит. Ити айылҕа бэйэтэ оҥорор. Алыс най барыы, ыһыктынан кэбиһии, олоххо тардыһыы мөлтөөһүнэ…

— Этэҥҥэ буолар суолбут ханныгый?

— Туох-ханнык иннинэ бэйэ олоҕун иннигэр киһи бэйэтэ эппиэтинэстээх буолуохтаах. Кими эрэ буруйдуур киһи эппиэтинэһи ылыммат.Оҕо иитиитин бас баттах ыытыыбыт отут эрэ сыл буолла диир тутах буолуо. Ол да инниттэн бэйэтин дьаалытынан бара турбута. Оҕону оҕо, интернат, оскуола иитэрэ. Урукку тыа ыала үлэттэн ордубат да этэ буоллаҕа дии. Аһын-таҥаһын хааччыйдыбыт да бүтэр диэн этэ. Ол гынан баран, оччолорго эйгэбит атын этэ. Билигин информация түргэтээн, Америкаҕа туох буолбутун тута билэбит дии. Дьэ, бу маннык усулуобуйаҕа төрөппүт оҕотугар дьайыыта күүстээх буолуохтаах. Мин оҕо иннигэр бэйэм эппиэтинэһи сүгэбин диэн. Телефон буруйдаах диэбэккэ. Аныгы кэм – эппиэтинэс кэмэ. Эппиэтинэс ылынарга үөрэниэхтээхпит. Ону кытта оҕолорбутун аһаҕас иэйиилээх гына иитиэххэ, оччоҕуна бэйэбитигэр чугас буолуохтара. Оҕо үчүгэй-куһаҕан диэни араара, олоххо бэлэмнээх, барытын билэ улаатыахтаах. Тутааҕа диэн атын эйгэҕэ баһыйтарыа суохтаах. Ол буолар – туруктаах киһини иитии диэн. Саха сиэрин-туомун, сыаннаһын, олоҕун-дьаһаҕын, ис туругун билиэхтээх. Оччоҕо аал луук мас курдук бөҕө туруктаах буолуохпут.

— Кулан, оттон эйиэхэ төрөппүттэриҥ сабыдыала баар дуо?

— Сахаҕа төбө олоруута диэн өйдөбүл баар. Төбө олоруутугар төрөппүт иитиитэ улахан. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр тоҕус этибит, мин кэнники тохсус оҕонон төрөөбүтүм. Күн сиригэр кэлэрбэр аҕам Сергей Михайлович Артемьев 53 хаарын уулларбыт киһи этэ, ийэм Клара Никитична Нестерова 38 саастааҕа. Аҕабыт сэбиэт бэрэссэдээтэлэ этэ, инньэ гынан араас дьон сылдьара, Суорун Омоллоон кытта хонон-өрөөн ааһара. Кинилэр кэпсэтиилэрин истэ улааппытым олоҕу көрүүбэр элбэҕи биэрбитэ дии саныыбын. Уонна олох бэйэтэ иитэр-үөрэтэр.

— Эн оҕолоргун хайдах ииппиккиний? Суолларын булалларыгар төһө көмө-тирэх буолаҕы ный?

— Түөрт оҕолоохпут. Билигин улахан дьон буоллахтара. Киһи үүнэн-сайдан, эрэйи-кыһалҕаны, үрүҥү-хараны арааран үөрэнэригэр бириэмэ биэриэхтээхпит. Оҕо тус суолун тобуларыгар сыыһан табан улаатыахтаах. Кинилэр сыыһалларыттан кыбыстыа суохтаахпыт, онтон киһи үөрэнэр. Оҕо иитиитин түмүгэ 40 сааһыгар биллэр, төһө туруктаах буолбуттарыттан көстөр. Бу олоххо икки суол баар: ылыныы эбэтэр охсуһуу. Олохтон астынар, баары ылынар, туруулаһар, эт өйүнэн сылдьан наадатын быһаарсар, кэпсэтэр-ипсэтэр, мунаахсыйыыттан, кыбыстыыттан, мөҕүттүүттэн босхолоно сатыыр – бу буолар үтүө дьайыы диэн. Саха ньоҕой диэн дии, ньоҕойдоһон туран дьоллоох буоларга дьулуһуохтаахпыт.

— Дьол диэн тугуй?

— Дьол – ис турук, олоҕу, бэйэҕин хайдах ылынарыҥ. Дьон хайҕабылыттан тутулуга суох. Дьоллоох дьон биллэ-көстө сатаабаттар, “рекламаламматтар”, олохтон дуоһуйан чуумпутук олороллор. Киһи сааһыран баран, муҥатыйбакка, астынан, олоҕор махтанан, дуоһуйан барыыта – дьиҥ дьол.

— Бу олох кэннэ туох эмит баар дуо?

— Баар. Сахалар онуоха бүтэйдии итэҕэйэллэрэ. Ол иһин холкулар этэ.

— Кэпсэтииҥ иһин махтанабын!

 

Айталина Никифорова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...