Катя кыысчаан биир дьикти түүлүгэр тула өттүттэн сып-сырдыгынан сыдьаайбыт, сирэ халлааныныын силбэспит киэҥ да киэҥ куйаар түһүлгэҕэ киирэн турара. Эргиччи тырымнас дойдуттан тыгар сардаҥалар кини сирэйигэр түһэллэриттэн хараҕын симириктии туран уһуктан кэлбитэ. Туох дьикти түүлү түһээтэмий диэн санаан ылбыта.
Екатерина Нам улууһун түгэх сытар сэлиэнньэтиттэн Түбэттэн төрүттээх. Хатырык орто оскуолатын бүтэрэригэр эмчит идэтин талан, ийэм доруобуйатын тупсарыыга туһалаах киһи буолларбын диэн ыра санаалааҕа. Екатерина төрөппүттэрэ Савелий Николаевич, Анна Семеновна Жирковтар саастарын тухары тыа сирин уйгутун уһаныыга үлэлээбит, биэс оҕону төрөтөн улаатыннарбыт дьон.
Екатерина баҕа санаатын батыһан Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж сиэстэрэлэри бэлэмниир салаатыгар үөрэнэ киирбит. Бүтэрэн баран, ыал буолан, оҕолонон-урууланан, идэтинэн сэттэ сыл ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин поликлиникатыгар үлэлии сылдьыбыт. Онтон оҕотун көрө олорор уоппускатыгар кинини дьылҕатын ыллыга ол саҕана Ойуунускай уулуссатыгар баар эргэ дьиэҕэ олохсуйан, туспа дьиэлэнэн-уоттанан айымньылаахтык үлэлээн эрэр циркэҕэ аҕалбыт.
Екатерина Савельевна Никифорова 1994 сыллаахха цирк дьиэтин модьоҕотун атыллаан киириэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри Саха государственнай циркэтин төһүү киһитэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Бастаан гример, костюмер быһыытынан үлэҕэ киирбит бэйэтэ цирк эйгэтигэр кыыллары такайыы курдук олус интэриэһинэй, уустук дьарыкка сыстан үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьар.
– Сааһым тухары маннык идэтийиэх дьылҕам тардан, цирк ис эйгэтин сөбүлээн, умсугуйан хааллаҕым буолуо. Бу кэмҥэ Москубаттан цирк артыыстара гастролга кэлбиттэрэ. Салайааччыларбыт биһиги циркэбит эмиэ аренаҕа тахсар кыыллардаах буолуохтаах диэн санааҕа кэлэн сылдьаллар этэ. Арай Москубалар биир саастаах макаканы хаалларыахтарын сөп үһү диэн буолла. Биһиги дьоммут ону ыларга сөбүлэспиттэр. Арай Марфа Петровна: «Катя, эн билигин дьиэҕэр соҕотоххун дии. Даниелланы илдьэ бар», — диэтэ. Хайыамый, итии дойду «оҕотун» хайдах сыһыаннаһан көрөрбүн-истэрбин түһээн да баттаппакка тураммын сөбүлэспитим. Бэрт түргэнник ону-маны хасыһан, макака эбисийээнэлэр тустарынан билии-көрүү хомунан дьиэбэр илдьэ олорон оҕо гыммытым. Мэник-тэник, кыра оҕо курдук Даниеллабар ити курдук ылларбытым, таптаабытым.
Онтон цирк саҥа дьиэтигэр көһөн киирэн баран Марфа Петровнаҕа: «Миэхэ эбисийээнэ олорор дии, хайыыбыный?», — диэбитим. «Ким ылыаҕай, эйиэхэ үөрэннэҕэ дии, Катя, аренаҕа тахсыан наада. Үөрэт», — диэбитэ. Дьэ, ити курдук кыыллары үөрэтэн, бэлэмнээн аренаҕа таһаарыы курдук үөйбэтэх-ахтыбатах идэбэр сыһыннаҕым. Эмиэ кыыллары кытта үлэ туһунан билии-көрүү хасыһан, Даниеллалыын сүүрбэччэ сыл аренаҕа тахсыбыппыт, ырааҕынан-чугаһынан айан бөҕөтүн айаннаабыппыт. Төһөтүн да иһин итии дойду кыыла буоллаҕа, онон ыалдьыбатар диэн харыстаан бөҕө. Кыһын кыра оҕо курдук сылаас комбинезоннаан, саал былаатынан эрийэн илдьэ сылдьарым.
Гастрол да кэмигэр, аренаҕа даҕаны биһиэхэ араас күлүүлээх, ыксаллаах да түгэннэр элбэхтэр буоллаҕа. Арай биирдэ ханнык эрэ улуус дэриэбинэтигэр гастроллуу тиийэн баран ыалга киирдибит. Даниеллабын киирэр ааҥҥа турар олоппоско олордон кэбистим. Сүгүн олоруо баара дуо, ону маны тыытаары, тарбаары гынар. Сотору таһырдьаттан биир эмээхсин киирэн кэллэ. Оҕо чөкөллөн олорор диэн ымманыйаары гыммыта, атыннык хатаастар, харбыалаһар кыыл буолан хаалла. Эмээхсин: «Атын күтүр!», — диэн соһуйуу-өмүрүү бөҕөтүн түһэрдэ.
Сүүрбэччэ сыл аренаҕа бэриниилээхтик үлэлээн баран Даниеллам кырдьан, мөлтөөн тохтообута. Эмиэ киһи курдук сааһырарыгар чанчыктара маҥхайан барбыттара, – Екатерина Савельевна ийэ оруолун толорон, ииппит-үөрэппит кыылларын туһунан төһө баҕар кэпсии олоруон сөп.
Санаан да көрдөххө, айылҕа көҥүл оҕолорун сыанаҕа таһааран артыыстыырга үөрэтиэххэ диэтэххэ уустук курдук. Кыыллары кытта үлэлээччилэр аренаҕа бэлэмнэнэр чаастара үксүгэр сарсыарда эрдэттэн буолар эбит. Нүөмэрдэри ымпыктаан-чымпыктаан бэлэмнээһин уһуннук барар. Ол арена кэтэҕинээҕи үлэ ис хоһооно, биһиэхэ, бэлэм кэрэ көстүүнү умсугуйа, сэргии олорор көрөөччүлэргэ, биллэн турар, өйдөммөт даҕаны.
– Бу сылларга төһөлөөх элбэх кыылы, көтөрү кытта үлэлээн, илиим иһинэн аһарбытым буолуой. Кырдьык, уустук үлэ. Кууруссалар, козалар, табалар, куоскалар, саһыллар, пудельлар, саха ыттара… Бука бары тус-туспа майгылаахтар, настырыанньалаахтар. Хайалара ордуос, хайалара сүрэҕэ суох. Такайыыны бытааннык, түргэнник ылынааччылар эмиэ туспалар. Аренаҕа хайдах киирэн, ханна олорон, туран үлэлиэхтэриттэн саҕалаан сыныйан үөрэтэбит. Уот-күөс тыгарыгар, муусука тыаһыгар туспа үөрэтии буолар. Эн кинилэргэ саамай чугас киһилэрэ—ийэлэрэ курдук буолан хаалаҕын. Оҕолоргун билэриҥ курдук, сирэйдэриттэн-харахтарыттан, хамсаналларыттан хайдахтарын-туохтарын билэн, сыһыаны табан үлэлиэхтээххин, — Екатерина Савельевна иитиллээччилэрин туһунан кэпсиир.
Екатерина дьаҥ-дьаһах буолуон иннигэр «Ирбэт тоҥ сылаас тыына» бырагыраамаларынан хотунан-соҕуруунан дьон болҕомтотун тардан үлэлээбиттэрин туһунан истиҥник ахтар. Кини ити программаҕа «Кыһыҥҥы абылаҥ» түһүмэххэ табалары, саха ыттарын кытта тахсар эбит. Ордук соҕуруулпр наһаа сэргээн көрөллөр эбит, хоту дойду тыынын илэ-чахчы биэрэр тамайар табалары, ураты күүстээх, улахан көрүҥнээх саха ыттарын умсугуйа, сөҕө көрөллөр үһү. Билигин саха омугун «Ый кыыһа» остуоруйатынан саҥа дьыллааҕы алыптаах бырагырааманы бэлэмнээһин түбүгэр сылдьаллар.
Екатерина Савельевна талан ылбыт таптыыр идэтин көрө улааппыт, кыра эрдэхтэриттэн циркэҕэ дьиэтийбит оҕолоро ийэлэрин идэтин утумнаабыттар. Ол курдук уола Анатолий, кыыһа Анастасия Кытайга баран үөрэммит бастакы бөлөх иитиллээччилэрэ. Анатолий акробат, кыыһа Анастасия салгын гимнастката. Иккис бөлөҕү кытта үөрэммит кийиитэ Юлия каучукка гимнастка. Онон Екатерина Никифорова ханнык баҕар циркэлэргэ тулхадыйбат үгэс сиэрин толорон, циркачтар дьиэ кэргэттэрин, династия далбар хотун ийэтэ.
– Цирк – биһиэхэ оҕо эрдэхпититтэн саамай чугас, күндү эйгэбит. Иккис дьиэбит кэриэтэ. Мин доруобуйабынан бэйэм идэбиттэн тохтоон ийэбин кытта кыыллары кытта үлэлэһэбин,– диир алта аҥар сааһыттан Кытай курдук ыраах дойдуга тэлэһийэн, сэттэ сыл устата артыыс үөрэҕэр уһуйуллан кэлбит кыыһа Анастасия.
Екатерина иллэҥ кэмигэр иэйиилэрин хоһооннорго тиһэр, онтугар өссө матыыптары айан ырыа оҥортуур эбит. Эҥсиэли ырыаны айааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүтүн чилиэнэ. Сыахай оҥоруутунан дьарыктанан быыстапкаларга кыттар.
Тырымныыр, чаҕылыҥныыр, кылабачыйар уотунан-күөһүнэн киэргэммит мааны аренаҕа артыыска Екатерина Никифорова иитиллээччилэрин батыһыннартаан киирэн кэлэр. Оҕо сааһын дьикти түүлэ таайтаран эппитинии, тула өттүттэн барытыттан сырдатар тырымнас уоттары кытта тэбис-тэҥҥэ сыдьаайан, дьоҥҥо ускуустуба биир кэрэтин бэлэхтиир, таптыыр идэттэн дьоллонуу, астыныы истиҥ иэйиитигэр куустарар…
Галина НЕЛЬБИСОВА