Уһун кыһын устата кыыдааннах тымныыттан харыстаабыт мааны саҕынньаххын, бэргэһэҕин, унтуугун хайдах ыраастыыргын, харайаргын билэҕин дуо? Бастаан, таҥаһын төһө киртийбитин быһаар. Таҥас түүтүн күүскэ үр, тахсыбыт оҥхой түргэнник сүтэр буоллаҕына, ол аата ыраастанара эрдэ. Оттон сүппэт буоллаҕына, ол аата киртийбит, онон ыраастыырга тиэтэй.
ХАЙДАХ ЫРААСТЫЫБЫТ?
Саҕынньах түүтэ кумалламмыт, быыллыйбыт буоллаҕына, сииктээх тэрээпкэнэн сотуоххун сөп. Эбэтэр инчэҕэй таҥаска суулаан баран сэрэнэн тэбиир ордук. Оттон арыылаах-сыалаах буолуор диэри киртийбит буоллаҕына, “фейри” диэн иһит сууйар убаҕаһы туһан. Ол курдук, 1-2 хаапыланы ууга кутан суурайан баран, губканан түүнү тириитигэр тиийбэккэ, инчэппэккэ эрэ сот. Онтон түүтүттэн көрөн улахан эбэтэр кыра тиистээх тарааҕынан тараан баран куурда ыйаа. Үрдэрэр тэрилинэн туттар сатаммат. Дьиэ сылааһыгар туран бэйэтэ кууруохтаах. Күндү түүлээх итиини, сииги, күн уотун уонна инчэҕэйи сөбүлээбэт. Түүлээх таҥас таһыгар араас сыты-сымары, баттах лааҕын, салгыны тупсарар сыты ыстарыма. Итинтэн кэлин куһаҕан сыт үөскүөн сөп.
ХАРАЙЫЫ
Маҥнай, саҕынньаҕы “уоппускаҕа ыытыах” иннинэ, таһырдьа таһааран сэрэнэн тэбээ, ыраас хаарга тэлгэтэн баран тэбиир өссө үчүгэй. Суумкаҕа, хоруопкаҕа уурар сатаммат. Саҕынньах ыскаапка ыйаныахтаах. Ыскаап батареяттан тэйиччи турар буолуохтаах. Кыараҕаска симтэххэ түүтэ түргэнник элэйэр уонна кумаланар. Салапаан бакыакка буолбакка таҥаска суулаан ыйыыр ордук. Оччоҕо сайын устата көҥүл “тыына” туруо. Сырдык өҥнөөх түү күн уотуттан саһарар. Онон сырдыгы киллэрбэт халыҥ таҥаска суулаа. Кырааскалаах таҥаһы кытта бииргэ уурума. Ону таһынан, кырааскалаах истиэнэҕэ ыйаама. Түүлээх бэргэһэни кумааҕы хоруопкаҕа эбэтэр таҥас мөһөөччүккэ суулаан харай. Искуственнай түүлээх сону, дубленканы эмиэ таҥаска суулаан ыйыыр ордук.
АТАХ ТАҤАҺА
Сарыыттан (замшаттан) тигиллибит атах таҥаһын батареяҕа куурдар сатаммат. Бэйэтэ туран кууруохтаах. Суокканан сотон баран араас ыстарардары туһаныаххын сөп. Унтуу быылын инчэҕэй тэрээпкэнэн сотон, түгэҕин ыраастаан баран кумааҕы хоруопкаҕа уган уурар ордук. Унтуу иһигэр хаһыаты кумалаан симиэххэ сөп. Оччоҕо быһыытын сүтэриэ суоҕа уонна мүөлтэн харыстыа. Күн көрөр сиригэр уурума, хатан хаалыа. Төһө кыалларынан сөрүүн сиргэ харай.
МҮӨЛТЭН ХАРЫСТЫЫБЫТ
Дьон түүлээх таҥастарын мүөлтэн хайдах харыстыылларын билээри, социальнай ситим нөҥүө ыйытык оҥордум. Олортон оруннааҕын талан ылан таһаарабын. Туһалыа диэн эрэнэбин.
📌Сыттык хаатын ууга илитэн баран хойуу соҕустук хаһаайыстыбаннай мыыланан сотобун. Уонна сайҕаабакка эрэ куурдабын. Оччоҕо крахмал курдук буолар. Ол иһигэр икки хаа лавровай лииһи уонна хаһаайыстыбаннай мыыланы бытарытан маарыллаҕа суулаан баран угабын. Уонна соммун, бэргэһэбин, үтүлүкпүн тиэрэн баран онно суулуубун. Унтууну эмиэ маннык туспа харайабын. Былыр эбэм түүлээх таҥастарын маннык гынан мүөлтэн харыстыыр этэ. Мин бу ньыманы уон сыл туһанан кэллим.
📌 Мин сиидэс таҥаһынан хаа тигэн баран, ол иһигэр соммун кытта сыттаах эбэтэр хаһаайыстыбаннай мыыланы угабын. Уонна туох да киирбэт гына ыга баайабын. Бэргэһэлэрбин эмиэ бу курдук туспа харайабын. Унтууга хаһыаты кумалаан симэбин уонна мөһөөччүккэ эбэтэр кумааҕы хоруопкаҕа уурабын., таһынан дэлби ускуоһунан сыһыарабын.
📌Сонум сиэбигэр, унтуу иһигэр “Беломор канал” табаҕы угабын. Мүөл олох чугаһаабат буолар.