Лилия сибэкки Франция хоруолларын им бэлиэтэ буоларынан аан дойдуга биллэр. Кинилэр гербаларыгар ойууламмыт лилия — амарах сүрэх, кырдьыксыт суут-сокуон уонна аһыныгас санаа диэн ис хоһоонноох. Бу сибэккинэн уонна кини ойуутунан баайдар дьиэлэрин киэргэтэллэрэ. Оннук дьиэлээх-уоттаах ыал үрдүк дуоһунастаах, үптээх-астаах, баай-талым, ситиһиилээх буолаллара үһү. Онон, тэлэгэһэҕэр лилия сибэкки үүннэрэр буоллаххына харалыаба курдук сананыаххын сөп эбит.
Саха сиригэр лилия араас көрүҥүн олордуу туһунан Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун Ботаническай саадын научнай үлэһитэ, биологическай наука кандидата Екатерина Александровна Афанасьева кэпсиир.
- Биһиги институппутугар лилия сибэкки 40-тан тахса араас суорда чинчийиллэр. Бу суортар икки сиртэн кэлбиттэрэ:Мичуринск куораттан, И.В.Мичурин аатынан бүтүн Арассыыйатааҕы садоводство научнай чинчийэр институтуттан уонна Москваҕа баар Бүтүн Арассыыйатааҕы садоводство уонна питомниководство селекционнай уонна технологическай иститутуттан. Маны таһынан түөрт араас көрүҥнэри эмиэ кэтээн көрөбүт: лилия Консельванская, лилия Кудреватая, лилия Тигровая, лилия Тонколистная.
Көрүҥ — айылҕа үүннэрбит үүнээйитэ, сиэмэнэн тарҕанар.
Суорт — гибрид, киһи бэйэтэ оҥорбута.
Саха сиригэр үчүгэйдик үүнэр, чинчийиини ситиһиилээхтик ааспыт суортар:
- Вишенка — хараҥа кыһыл өҥнөөх. Уһуна 50-70 см. Сибэккитэ умса көрөр (чалмовидный). Умнаска 5-8 устуука сибэккилэнэр.
- Руфина — үрүҥ араҕастыҥы, оруосабайдыҥы өҥнөөх. Уһуна 40-50 см. Сибэккитэ ойоҕоһун диэки көрөр. Умнаска 3-5 устуука сибэккилэнэр.
- Малиновый звон — Тэтэркэй оруосабай өҥнөөх. Уһун умнастаах суорт, 70-80 см тиийэ уһуур. Сибэкки эргимтэтин кээмэйэ — 18 см. Быһыыта сулус курдук, сибэккитэ үөһэ көрөн үүнэр. Умнаска 5-8 устуука сибэккилэнэр.
- Вероника — лососевай өҥнөөх, хараҥа-малиновай эбирдэрдээх. Умнаһын уһуна 50-60 см. Сибэккилэрэ үөһэ көрөн үүнэллэр. Сибэкки эргимтэтин кээмэйэ — 10-12 см. Умнаска 3-6 устуука сибэккилэнэр.
- Вольхово — сырдык саарыл, салгыннаан дьэс кыһыл дьүһүннэммит өҥнөөх. Уһуна 70-80 см. Сибэкки эргимтэтин кээмэйэ 13-15 см. Умнаска 5-8 устуука сибэккилэнэр.
- Камилла — уһуна 80-90 см, сибэкки эргимтэтин кээмэйэ — 13-15 см. Умнаска 5-7 устуука сибэккилэнэр.
- Виринея — тэтэркэй оруосабай, ортото үрүҥ араҕастыҥы өҥнөөх, хараҥа кыһыл эбирдэрдээх. Уһуна 60-70 см. Сибэкки эргимтэтин кээмэйэ 12-14 см. Умнаска 5-10 устуука сибэккилэнэр.
- Аэлита — саһархай өҥнөөх, хараҥа кыһыл эбирдэрдээх. Уһуна 75-85 см. Сибэкки эргимтэтин кээмэйэ 14-16 см. Умнаска 5-8 устуука сибэккилэнэр.
Көрүү-харайыы
Бу сибэккилэр бары бульбоноснайдар, ол эбэтэр умнастарыгар тахсыбыт үнүгэстэр көмөлөрүнэн тарҕаныахтарын сөп. Биир суорт 10-14 күн сибэккилиир. Ол иһин араас сортары олортоххо от ыйын бүтүүтүттэн атырдьах ыйын бүтүөр диэри сибэккилиэхтэрин сөп. Онтон лилия Тонколистная, лилия Консельванская, лилия Кудряватая бэс ыйын ортотугар, лилия Тигровая атырдьах ыйын 10-25 күнүгэр диэри тыллаллар. Дьон тиэргэнэ арааһынай буолар, дьиэ таһа мастаах игин буоллагына сибэккилиир кэмэ хойутуон сеп. Аһаҕас сиргэ олордуллубут лилиялар түргэнник сибэккилииллэр.
Олордооһуна
- Кулуумба тупсаҕай көстүүлэнэрин туһуттан, араас суортартан аччаабыта үстүү-биэстии луковицалары олордор ордук.
Лилияны бэс ыйын 10 күнүгэр диэри, эбэтэр күһүн, атырдьах ыйын 15-тэн балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри олордуохха сөп. Ханнык баҕарар луковицаны, грибоктаах ыарыынан ыалдьыбаттарын туһуттан, марганка суурадаһыныгар, “Максим” препаратка эбэтэр фитоспориҥҥа 30 мүнүүтэ илитэр булгуччулаах.
Лилия күн көрөр сиригэр таптаан үүнэр. Үрдүк соҕус, уу хоммот, үргүөрэ суох миэстэҕэ олордор ордук. Сыыс от киирбэтин диэн клумбаны хаймыа ленталыыбыт. Буора сымнаҕас уонна иҥэмтиэлээх буолуохтаах: 2/1 өр сыппыт ноһуом, 2/2 ийэ буор уонна 2/1 кумах.
Луковицаны буорга олордорго кинини икки саҕа ылбыт дириҥҥэ, силистээх өттө өрө сытарын курдук олордобут. Икки арда кыччаабыта 10-15 см, ырааппыта 30 см буолуохтаах. Луковицата төрүүр буолан тэйиччи соҕус олороро ордук. Сылын ахсын сибэкки умнаһын ахсаана элбээн иһиэхтээх.
Аһатыыта
Бастакы олордубут сылгар уоҕурдуу кутар наадата суох. Иккис сылыттан саҕалаан үстэ аһатыллар:
- Саҥа үүнэн эрэр кэмигэр 1 кв.м иэннээх сиргэ 5 л перегнойу быһа холоон кутаҕын;
- Сибэкки саҥа үнүгэстэнэн эрэр кэмигэр калий эбиэххэ сөп. 1 кв.м иэннээх сиргэ 1 ыстакаан мас күлүн кутаҕын эбэтэр убаҕас аналлаах уоҕурдууну.
- Сибэккилээн бүппүтүн кэннэ фосфорынан аһатаҕын.
Ыалдьыбатын туһуттан сибэккилээн бүппүтүн эрэ кэннэ фитоспоринынан ыстаран баран уу кутуоххун сөп. Тоҕо диэтэххэ, фитоспорин сырдык сибэккини хараардан кэбиһээччи.
Уу кутааһына
Нэдиэлэҕэ 1-2 кутуллар. 1 кв. м 10-20 лиитэрэ ууну кутуохха наада. Буора уонча сантиметр түгэҕэр диэри илийиэхтээх.
Умнаһын көрүү-истии
Лилия умнаһа уһун буолан тостон хаалыан эбэтэр сытынан кэбиһиэн сөп. Ол иһин, олус уһаабатын туһуттан сырдык, тыал хамсаабат сиригэр олордо сатаан. Уһун умнастаах суортары боробулуоханан күрүөлүүр ордук. Рейка күрүө соччото суох көстүүнү биэрэр.
Умнастарын күһүн быраҕаттаан кэбиһиҥ, саас өр сыттаҕына сытыйан ыарыыны мунньуон сөп.
Кэпсэттэ Юлия ПЕСТРЯКОВА