«ОҔОМ КҮРЭХТЭҺЭР КҮНҮГЭР АЛААДЬЫЛААН ҮРДҮК АЙЫЫЛАРТАН КӨРДӨҺӨБҮН»
«Азия оҕолоро» ахсыс норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар ньиргийэн бүтээттэрин кытта, Саха сирин олохтоохторугар олус үөрүүлээх сонун көтөн кэлбитэ. Сунтаартан төрүттээх Лев Павлов уонна Амма хоһуун уола Андрей Мидловец тустууга Европа чөмпүйүөннэринэн буолбуттара! Саха уолаттарын үрдүк ситиһиилэрин бары да уруйдаан-айхаллаан көрүстүбүт.
Лев Павлов успуорт түһүлгэтигэр ситиһиилэрин туһунан сонуннары истэ- билэ сылдьабыт. Эдэр киһи бу чыпчаалга «сатабыллаах саһыл саҕалаах» эрэ буолан тахсыбатаҕа чуолкай. Сыралаахтык дьарыктанан, күүстээх санаатынан кини кыайыы пъедесталыгар тахсан, дойдутун чиэһин кэмүскээтэ. Биһиги Лев алаһа дьиэтин сылаас холумтаныгар хайдах иитиллэн, такыллан көччөх гынан көппүтүн билээри ийэтин Майя Афанасьевнаны кытта кэпсэттибит.
ОҔОЛОР СИТИҺИИЛЭРЭ – ТӨРӨППҮТ ДЬОЛО
Майя Афанасьевна Усуйаана улууһун Хаһааччыйа нэһилиэгин 5 кыыстаах дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүт. ХИФУ-га үөрэнэн юрист идэтин баһылаан баран олоҕун аргыһын Семену көрсөн ыал буолбуттар.
«Семен эмиэ элбэх оҕолоох ыалтан сылдьара. Биһиги олоҕу көрүүбүт сөп түбэһэрэ, ордук оҕолору иитиигэ. Оторой-моторой түөрт уоллаахпыт, мурун бүөтэ сибэкки кыысчааннаахпыт», – диэн ийэ кэпсээнин саҕалыыр.
Павловтар Сунтаар сэлиэнньэтигэр олороллор. Ийэ хапытаалын көмөтүнэн уһаайба атыылаһаннар икки мэндиэмэннээх дьиэтуттан, олохтоохтук оҥостубуттар.
«Оҕолор көҥүл оонньуур киэҥ-куоҥ дьиэлэмиттэриттэн, оҕуруот олордор тэлгэһэлэммиппититтэн олус үөрбүппүт», – диэн ыал хаһаайката этэр.
Европа чөмпүйүөнүн үрдүк аатын ситиспит Павловтар улахан уоллара Лев Роман Дмитриев аатынан олимпийскэй резервэ училищетын устудьуонунан буолар, иккис уол Филипп Сунтаар 1 №-дээх оскуолатыгар 9 кылааска тахсыбыт, үһүс уол Сэмэнчик 5-с, төрдүс уол Алмаас 1 кылаастары бүтэрбиттэр, мурун бүөтэ кыыстара Злата «Чебурашка» уһуйаан иитиллээччитэ.
«Уолаттарбыт үөрэхтэригэр үчүгэйдэр. Филипп физикаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада призера, Алмаас математикаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада призера. Кыра кыыспыт Злата ааттыын «көмүс», Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар үҥкүүгэ сүүмэрдээһини ааһан дьарыктаммыта сыл буолла. Ону таһынан уһуйаан иһинэн тэриллибит фольклор бөлөҕөр сылдьар, хабылыкка дьарыктанар. Улуустааҕы «Иитээччи уонна иитиллээччи» хабылык күрэҕэр иккис миэстэ ылбыта, НПК- ларга кыттар», – диэн Майя оҕолорун туһунан олус истиҥник кэпсиир.
Павловтар оҕолоро үөрэхтэригэр уонна успуорка ситиһиилэрин иһин төрөппүттэригэр улууска ыытыллыбыт бастыҥнары чиэстиир «Чыпчаал -2024» ыҥыраннар, «Кыһамньылаах төрөппүттэр» номинациянан наҕараадалаабыттар.
ТӨРӨППҮТ ХОЛОБУРУНАН
Майя Афанасьевна кэпсээнин истэ олорон, оҕолор бу курдук сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыылаах, дьулуурдаах буолбуттарыгар төрөппүттэрэ улахан дьайыылаахтар эбит дии саныыбын. Оттон Майя да, Семен да үлэлэринэн, дьоҥҥо сыһыаннарынан, сыалы ситиһэр дьоҕурдарынан оҕолоругар үтүө холобур буолбуттара саарбахтаммат.
Холобур, Майя Афанасьевна улууһугар биллэр илиитигэр талааннаах маастар, кини тикпит оҥоһуктара үгүс кыыс, дьахтар маллаах иһитигэр харалла сытар буолуохтаах.
«2014 сыллаахха оҕолонон олорор кэммэр кистэлэҥ талааным аһыллан, оҕуруонан тигиини баһылаабытым. Бизнес-былаан көмүскээн, социальнай хантыраакка киирсэн, «самозанятай» буолбутум. Дьиэбэр чөкө мастерской тэриммитим. Оҕотуттан улахан дьонугар тиийэ оҕуруонан аныгылыы моһуоннаах киэргэллэри, ыһыах симэхтэрин, сахалыы суумкалары, саарпыктары, унтуу билэлэрин уонна да атын оҥоһуктары сакааһынан тигэбин. Иэйиим музата кыракый сибэкки кыысчааным, кинини киэргэтэрбин сөбүлүүбүн», – диэн кэпсиир Майя.
Кини үлэлэрэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар тарҕаммыттар, киниэхэ киэргэллэри, оҥоһуктары сакаастыыр дьон элбээбит. Оттон «Сэрбэкэ» саҕынньах салона Майя Павловаҕа сахалыы оһуордаах сукуна саарпыктары сакаастаабыта кини кырдьык уран тарбахтаах, талааннаах иистэнньэҥ буоларын туоһулуур.
Майя Павлова ону таһынан араас быыстапкаларга, күрэстэргэ кыттар. Кини 2023 сыллаахха Горнайга буолбут аатырбыт модельер- худуоһунньук Августина Филиппова тэрийбит «Оһуор ойуур таҥаһа» саха төрүт таҥаһын кытта кэтиллэр хаттык көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр кыттан, «Сахалыы стилизованнай симэх» номинациятыгар кыайыытын кэрэни айар үлэтин үрдүк ситиһиитинэн сыаналыыр.
Оттон дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Семен Андреевич уолаттарыгар аҕалыы тапталын таһынан, инникигэ атахтарыгар бигэтик турар буолалларыгар бары күүһүн уурар эбит диэн түмүккэ кэлэбин.
Семен Андреевич Сунтаар улууһун Бүлүүчээн нэһилиэгэр 11 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүт. СГУ физкультура институтун бүтэрбит, оҕо эрдэҕиттэн тустуунан дьарыктанан улааппыт. Тустууга оҕолорго, эдэр ыччакка Арассыыйа призера. 2023 сыллаахха буолбут Манчаары оонньууларыгар хапсаҕайга чөмпүйүөннээбит, хапсаҕайга Саха сирин спордун маастара, СӨ физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна. 20 тахса сыл Сунтаарга физкультура учууталынан, тириэнэринэн, улуустааҕы успуорт салаатын салайааччытынан үлэлээбит.
Майя кэргэнин туһунан истиҥник кэпсиир.
«Аҕаларын үтүө холобурунан уолаттар бары бастакы кылаастан Сунтаардааҕы успуорт оскуолаҕа тустуунан дьарыктаналлар. Аҕабыт улахан уолун Лёваны кыратыттан илдьэ сылдьан дьарыктаабыта. Лев сэттэ сааһыттан тустуунан дьарыктанар. Аҕабыт ол кэмҥэ тустуу тириэнэрэ этэ. Мин өйдүүрбүнэн өрөбүллэргэ наар күрэхтэһэ бараллара. Ол курдук күрэхтэһиилэри сырса сылдьан кытталлара. Аҕабыт: «Эрчиллии ситиһиигэ бастакы үктэлинэн буолар, кыайыыга-хотууга хайысхаламмыт киһи күрэхтэһиилэргэ хатарыллар,» – диирэ. Ол аайы айанын ороскуотун бэйэбит уйунарбыт, оҕобут үүнэрин- сайдарын туһугар бүтэһик харчыбытын да уурбут түгэннэрдээхпит. Кыайыылар да, хотторуулар да бааллара. Күрэх кэннэ аҕата тустуу кэмигэр ханнык ньымалар туттуллубуттарын анааттарар этэ, ханна сыыспытын тобулатара», – диэн ийэ кэпсиир.
ТӨРӨППҮТ ӨЙӨБҮЛЭ КЫНАТТЫЫР
Олохторугар үлүһүйүүлээх дьон үгэс курдук тумус туттар киһилээх буолаллар.
«Лёваҕа үтүө холобурунан аҕата буолар. Аан бастаан тустан саҕалыырыгар аҕатын мэтээллэрин ситэр баҕа санаалааҕа. Ону таһынан киниэхэ сирдьит сулус буолаллар: олимпийскай чөмпүйүөннэр Роман Дмитриев, Павел Пинигин, икки төгүллээх аан дойду чөмпүйүөнэ Виктор Лебедев, олимпийскай призер Александр Иванов. Александр Иванов Лёва үтүө сүбэһитэ, кини дириҥ баай уопутун үллэстэр, үөрэтэр. Лёва кинини олус ытыктыыр, биир да тылын сыыска — буорга түһэрбэккэ истэр, ылынар», – диэн салгыы кэпсиир уол ийэтэ.
Маайа Афанасьевна Лев оҕо сылдьан хайдах курдук көмө буоларын санаан истиҥник мичээрдиир.
«Лёва от үлэтигэр эриллэн улааппыта, ыал улахан оҕото буолан мас хайытыыта, уу таһыыта кини эбээһинэһэ этэ. Ол кэмҥэ маһынан оттуллар оһохтоох этибит. Өрөбүл күн үлэтин толоро охсоро. Күүлэҕэ үс эрээтинэн түннүккэ диэри маһын хайытан кыстаан баран биирдэ оонньуу ойооччу. Кыратыттан дьаһаллаах киһи. Иккис кылааска үөрэнэ сылдьан оскуолаттан кэлэн иһэн бэкээринэҕэ килиэп уурдарбыт буолара. Улахан бөһүөлэккэ килиэппит наһаа түргэнник атыыланан бүтэн хаалара, лааппыга тиийдэхпинэ, «Лёва килиэп уурдарбыта», – диэн сип-сибиэһэй килиэптэри аҕалан иннибэр уурааччылар. Инньэ гынан килиэпкэ тиксэрбит. Аны оччолорго суотабай сибээспит да, дьиэтээҕи төлөпүөммүт да суоҕа. Инньэ гынан уу кутар массыынаны бөһүөлэги биир гына кэрийэн көрдүүрбүт. Ону оҕобут көрө-истэ сылдьан, оскуолаттан кэлэн иһэн водовозкаҕа түбэспит буоллаҕына, уу кутаар диэн сакаастаан ааһар эбит этэ. Ким да соруйбатаҕын үрдүнэн бэйэтэ ис-иһиттэн кыһаллан оҥороро», – диэн ийэ кэпсиир.
Маайалаах Семен оҕолорун үөрэххэ, успуорка туһуламмыт санааларын ийэ-аҕа тапталынан өйүүллэр.
Дьиэлэригэр оҕолоро успуорт эйгэтигэр, билиигэ ситиһиилэрин көрдөрөр киэн туттар муннуктаахтар. Бу муннуктарын долбууругар аан бастаан улахан уол Лёва тустан кыайбыт кубоктара турбуттар, мэтээллэрэ ыйаммыттар.
«Кэлбит-барбыт дьон харахтара хатанан, хайҕаан ааһар ытык миэстэбит буолла. Инникитин өссө уоттаах-күөстээх гынан тупсаран биэрэр былааннаахпыт. Күрэхтэһэн үлэлээн ылбыт наҕараадалара — мэтээллэрэ, кубоктара дьиэҕэ онон-манан кыбытыллыбакка, көстүүлээх миэстэҕэ чиэстэнэн ууруллан тураллара оҕолорбут санааларыгар да үчүгэй буоллаҕа», – диир Майя Афанасьевна.
ОҔОНУ ДЬИЭТИГЭР АХТАР-КҮҮТЭР БУОЛЛАХТАРЫНА…
Павловтар ини-биилэр сайын устата успуорт лааҕырыгар сылдьаллар. Ол кэннэ буолаары турар улахан күрэхтэргэ сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирэргэ бэлэмнэнэллэр. Күн аайы күҥҥэ иккитэ эрчиллэллэрин туһунан ийэлэрэ кэпсиир. Ол дьарык бүппүтүн эрэ кэннэ Кириэстээххэ дьонноругар оттоһо, сир астыы, сынньана тахсаллар. Балыктаан, бултаан, сир астаан, сөтүөлээн сайыны атаараллар, элбэххэ үөрэнэллэр, эбээлэригэр көмөлөһөллөр эбит.
«Кириэстээххэ сайын көччүйэр кэмнэрин кыһыны быһа кэтэһэллэр», – диир Майя. Дьиэ кэргэн иһигэр олохтоммут эйгэ оҕолор улахан олоххо хайдах дьон буолан үктэнэллэригэр улахан оруолу оонньуур эбээт.
Ийэ киһи оҕолорун иитиигэ ордук ханнык өрүккэ болҕомтолорун ууралларын туһунан кэпсиир.
«Оҕолорбут бары тус-туспа майгылаахтар, онон хас биирдиилэригэр ураты сыһыан ирдэнэр. Үтүө майгылаах, кырдьаҕаһы ытыктыырга, кыраларга харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга, мөлтөҕү көмүскэһэргэ үөрэтэбит. Дьиэ иһигэр убаастабылы, бэйэ-бэйэҕэ сыанабылы, тапталы, эйэни олохтуу сатыыбыт. Ону кытта оҕолорум күүстээх санаалаахтарыттан сөҕөбүн. Ол курдук ыйааһын түһэрэр кэмнэригэр мин эрэйи көрөөччүбүн. Оҕолорум этиллибит ыйааһыннарыгар харыс да халбарыйбакка тиийээччилэр, мин буоллаҕына аһым да ас буолааччыта суох ол кэмҥэ.
Оҕо дьиэтигэр кинини күүтэллэрин, таптыылларын билэр буоллаҕына, дьиэтигэр тардыһар. Онон ийэ буоларым быһыытынан, аттыларыгар буола сатыыбын. Баҕарбыт астарын буһарабын. Өйдүүн-санаалыын, эттиин-хаанныын сынньаналларыгар усулуобуйа тэрийэ сатыыбын. Кэллэхтэринэ үөрэн-көтөн көрсөбүн, айаннаатахтарына, ийэлии алгыспынан атаарабын. Лёва өр кэмҥэ «сборга» сылдьар кэмигэр дьиэтин аһын олус ахтар. «Ийээ, хортуоппуйдаах бэрэскигин наһаа да суохтаатым», – диэччи. Оҕом кэлэригэр сөбүлүүр аһын астаан тоһуйабын», – диэн Майя Афанасьевна дьиэ кэргэнин олоҕун түгэниттэн үллэстэр.
Түмүгэр хас биирдии төрөппүт оҕотун саха киһитин үгэһинэн араҥаччылыырын туһунан кэпсиир.
«Лёвам ыраах сирдэринэн-дойдуларынан күрэхтэһиигэ бардаҕына, испэр оҕобор үтүө тыллары этэ сылдьабын. Күрэхтэһэр күнүгэр алаадьылаан, оҕом этэҥҥэ сырыттын диэн үрдүк айыылартан көрдөһөбүн. Оҕолорбун барыларын да дьиэттэн тахсан бардылар да ахтан барабын. Дьиэбит иһэ чуумпуран хаалар, аҕабытынаан чуҥкуйбутунан барабыт. Мин этиэм этэ, ийэ, аҕа тапталын билэн улааппыт оҕо инникигэ сыаллаах, бэйэтигэр эрэллээх буолар», – диэн истиҥ тылларынан Европа успуордун түһүлгэтигэр Саха сирин чиэстээхтик көмүскээбит Лев Павлов ийэтэ кэпсээнин түмүктүүр.