“LUСAS” АЛА БЭЛИЭ ТӨРYТТЭЭЧЧИТЭ

Биһиги дьоруойбут — Лука Вознесенскэй. Кини тирииттэн эҥин оҥоһуктары, хаппардары тигэр. “Lucas” диэн ала бэлиэлээх (бреннээх), ону таһынан, бу идэтигэр дьону үөрэтэр. Дьоҕурдаах уол ураты дьарыгын туһунан биһиги сурунаалбытыгар кэпсиир.

Лука, хаһааҥҥыттан тириинэн дьарыктанаҕын? Тоҕо бу идэни таллыҥ?

Бастакы үлэбин 2017 сыллаахха оҥорбутум. Бу иннинэ икки сыл хаартыскаҕа түһэрээччинэн үлэлээбитим. Арааһы боруобалаан көрбүтүм: скрапбукинынан (хаар­тыска альбомун киэргэтии) үлүһүйэрим; италия маты­рыйаалларыттан хаалтыстары тигэрим; билиҥҥитэ кэр­гэним, оччолорго дьүөгэм Алисаны кытары бэлэхтээх “бокстары” хомуйарбыт, онно бэйэм пааспар хааларын, блокноттары, открыткалары оҥорон бэлэмниирим; уруу күнүгэр туттуллар араас тээбириннэри оҥорорбут.

Бастакы үлэҥ туох этэй?

Этэн аһарбытым курдук, пааспар хааларын тигэрим, сымыйа тирииттэн. Биирдэ, кэргэммин сөхтөрөөрү, дьиҥнээх тирииттэн холоон көрбүтүм. Хайдах эрэ су­дургу баҕайытык табыллан хаалбыта. Онно сөп буол­бакка эр киһи бүк тутуллар кумааһынньыгын тикпи­тим. Онтон көннөрү кумааһынньык оҥорбутум. Алиса олус астыммыта, хайаатар даҕаны бу дьарыккын сайын­нар диэн сүбэлээн сүргэбин көтөхпүтэ. Онон хараҕым уоттанан кыралаан бу хайысхаҕа үлэлээн барбытым. Би­лигин дьахтар хаппардарыттан айаҥҥа илдьэ сылдьар суумкаҕа тиийэ бэйэм киэптэрбинэн тигэбин.

Ханнык маастардары холобур оҥостоҕун?

Япония, Корея, Въетнам маастардарын сэргиибин. Олус хаачыстыбалаахтык уонна кичэллээхтик үлэлииллэр. Балартан биир эмэ дойдуга үөрэнэ, уопут ыла барыах­пын баҕарабын.

Матырыйаалларгын хантан ылаҕын?

Аан дойдуга тириини таҥастааһын эйгэтигэр биллэр- көстөр “Alran” диэн баабырыкаттан Италия, Франция тириитин үлэһэбин.

Арассыыйа араас куораттарыгар маастар-кылааста­ры ыытарыҥ туһунан кэпсээ эрэ.

Элбэх куоракка дьоҕурдаах үөрэнээччилэрдээхпин. Билигин кинилэр бу хайысханан тэрилтэ тэринэн ситиһиилээхтик үлэлээн, сайдан эрэллэр. Мин онтон олус үөрэбин. Ким эрэ олоҕор тирэх, күүс-көмө буол­лум диэммин. Бэйэм бэлиэтии көрбүппүттэн эттэххэ, саха сиригэр ханнааҕар даҕаны дьоҕурдаах киһи элбэх. Биһиги кэрэни атыннык, иһиттэн көрөбүт дии саныы­бын.

Бу кыһын Улан-Удэҕа тиийэ сылдьыбытым. Онно этэр­бэстэрин бэлиэтии көрбүтүм. Олус судургу, туох даҕаны киэргэлэ суох буолар эбиттэр. Биһиги этэрбэстэрбит итиннэ холоотоххо олус сиэдэрэйдэр. Ити аата биһиги кэ­рэни олус сэҥээрэр норуот эбиппит диэххэ сөп.

Тирии оҥоһук үйэтин хайдах уһатабыт?

Хас биирдии айылҕа барамайытан оҥоһуллубут мал көрүүнү-истиини ирдиир. Тириини кэмиттэн-кэмигэр аналлаах кириэмнэринэн, буосканан сото сылдьар ор­дук. Сүрүн сүбэм: күн уотугар уонна сииктээх сиргэ өр кэмҥэ илдьэ сылдьымаҥ. Сырдык тирии күн уотуттан хараҥарар уратылаах.

Туохха ордук болҕомтоҕун уураҕыҥ? Маастар- кылаастарга эбэтэр оҥоһуктарга?

Билиҥҥи туругунан, миэхэ уопсайа биэс сүүс киһи үөрэннэ. Ыйын ахсын биирдии маастар-кылааһы ыыта сатыыбын. Биэс күннээх кууруска хас даҕаны оҥоһугу оҥороллор. Хаһан даҕаны, тугу даҕаны тириинэн оҥорботох киһи кумааһынньыктан саҕалаан суумкаҕа тиийэ тигэргэ үөрэнэр, эбиитин оҥоһугун дьиэтигэр илдьэ барар.

Атын күннэргэ хамаандабын кытары үлэхтэрбитин оҥоробут, саҥаттан-саҥа оҥоһуктары тигэбит. Үс тыһыынчаттан тахса киһи биһиги оҥоһуктарбытын атыыласта. Мин бу дьыалабын олус сөбүлүүбүн, ол иһин күн ахсын үлэлиибин. Ордук түүн иэйиим кии­рэн ону-маны саҥаны айабын.

Туох соруктааххын?

Кэҥэттиэхпин, маҕаһыын арыйыахпын, дьоҥҥо төһө кыалларынан элбэх үлэ миэстэтин таһаарыахпын баҕарабын. Хас биирдии киһи сөбүлүүр дьарыгын сайыннаран үлэни, дьиэ кэргэни, сынньалаҥы бииргэ тутан, толору дьоллоох буолуон сөбүн бэйэм холобурбу­нан көрдөрүөхпүн баҕарабын. Мин араас сири-дойдуну кэрийэрбин, саҥаттан-саҥаны билэрбин, айылҕаны кытта алтыһарбын олус сөбүлүүбүн.

Элбэх киһи бэйэтин баҕа санаатыгар болҕомтотун ууру­охн, туох барыта бэйэтиттэн эрэ тутулуктааҕын өйдүөн баҕарабын. Ситиһии үлэни уонна тулууру сөбүлүүр. Ким эрэ олоҕор саҥа сүүрээни киллэрбит буоллахпына, дьоллоохпун дэнэбин.

 

 

кэпсэттэ Юлия Пестрякова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...