Макраме абылаҥа

Мин  Майя диэммин, Бүлүү улууhун Илбэҥэтиттэн төрүттээхпин. Маркетолог уонна экэнэмиис-бухгаалтыр үөрэхтээхпин. Кэргэннээхпин, үс  оҕолоохпун. Идэбинэн үлэлиирим таһынан, макраме ньыманан арааһы барытын баайабын.

Макраменан икки сыллааҕыта  оҕобор олорон дьарыктанан саҕалаабытым. Социальнай ситимнэр нөҥүө кыралаан үлэхтэри ылар буолбутум.  Билигин түннүк сабыыларын, абажурдары, суумкалары,  гамагтары, паннолары, куукулалары, брелоктары, оннооҕор былаачыйалары баайабын. Саамай астыммыт уонна өйдөөн хаалбыт оҥоһугум диэн, 180 см диаметрдаах төгүрүк панно уонна  сэттэ хонук иһинэн баайбыт гамагым буолар.  Бу курдук арааһы барытын баайарбын сөбүлүүбүн. Дьон ордук дьиэҕэ аналлаах харысхаллаах оҥоһуктары үлэһэллэр. Оттон  сайыҥҥы кэмҥэ кэрэ аҥаардар  хамаҕатык суумкалары  ылбыттара уонна Ыһыахха анаан сахалыы оһуордаах бастыҥа, илин кэбиһэр үлэспиттэрэ.

 

Туттар саптарбын  мантан эбэтэр атын куораттан үлэһэн ылабын.  Чааһынай дьиэҕэ олорор буоламмын, куруук дьиэбин ураты, кэрэ көстүүлээх малынан-салынан киэргэтиэхпин баҕарабын.  Ол миэхэ  саҥаны, сонуну айарбар иэйии  биэрэр. Ону таһынан, атын  омук маастардар үлэлэрин көрөн үөрэнэбин уонна хаһан да оҥорботох үлэҕим киирдэҕинэ астына-астына, үөрэ-көтө баайабын. Куруук биири эрэ баайа  сырыттахха, киһи уостар эбит. Ону, дьэ, саҥа биллим. Ол иһин,  бэйэм баҕарбыппын  баайаммын ити туруктан босхолонорго үөрэнним. Холобур, бу соторутааҕыта   былаачыйа баайан атыылаабытым. Оҥоһук кээмэйиттэн, төһө уустугуттан көрөммүн, холобур,   гамагы,  шатёру  3-4 нэдиэлэ, түннүк сабыыларын 10-14 күн, кыра паннолары 2-3 күн баайабын. Бу дьарыкпар  күҥҥэ 4-5 ч аныыбын, онтон уһуннук кыайан  баайбаппын.

Тыыннаах маастар-кылаастары  ыыта иликпин. Аныгы үйэ сиэринэн дьон куйаар ситимин нөҥүө үөрэнэллэрин ордороллор эбит. Ол иһин, түннүк сабыытын уонна былаачыйаны баайыыга  «онлайн» үөрэтэр маастар-кылаастаахпын.  Инникитин элбэх «онлайн» үөрэхтэри   устар, бэлэм  нобуордары оҥорор, устуудьуйалаах маҕаһыын арынар былааннаахпын. Өссө да элбэх араас оҥоһуктары баайыам, айыам-тутуом. Түгэнинэн туһанан  кэргэммэр улахан  махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Кини саптарбын атыылаһан аҕалан, оҥоһуктарым олохторун оҥорон, үлэһээччилэргэ илдьэн биэрэн күүс-көмө, өйөбүл буолар.

Харысхаллаах брелок оҥорууга маастар-кылаас

Ирдэнэр: 2,5 см кэтиттээх карабин күлүүс, биирдии миэтэрэ уһуннаах түөрт   быа (быа кэтитэ 3 мм). Харысхал диаметра 3 см.

Баайыыта  олус судургу, хаартыскалары көрөн үтүгүннэрэн оҥор.

Харысхаллаах брелокпут бэлэм буолла. Маны суумкаҕар иилэн  эбэтэр күлүүстэргин кытта илдьэ сылдьыаххын сөп.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...