Бу олорон толкуйдаан көрбүтүм — оҕуруоччут сылга үс эрэ ый сынньанар эбит. Номнуо, олунньуттан саҕалаан буорун бэлэмнээн, үүнээйилэрин олордон барар. Мичийэ Аргунова эмиэ оҕуруотун сыымайдаабыта ырааппыт.
Мичийэ Аргунова — Саха государственнай университетын Биолого-географическай факультетын биология салаатын бүтэрбит үрдүк үөрэхтээх оҕуруоччут. Иккис үөрэҕэ психолог буолан, билигин Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгин спортивнай оскуолатыгар психологынан үлэлиир. Үгүс дьон кинини оҕуруоччутунан билэллэр.
— Мин өрүү эксперименныыр идэлээхпин, саҥаттан-саҥаны боруобалаан олордобун: дьэдьэнтэн саҕалаан, огурдыняҕа, киваноҕа, пенниноҕа тиийэ үүннэрбитим, үүннэрэбин даҕаны. Төрүкү айылҕаҕа чугаспын. Кэтээн көрөр идэм оҕо сааспыттан баар, онно олук уурбут дьонум — аймахтарым уонна учууталларым. Эмтээх отунан эмиэ кыралаан дьарыктанабын, оттор дьайыыларынан дьүөрэлээн чэй оҥостон иһэрбин сөбүлүүбүн.
Оҕуруот аһыттан саамай ордорор, сөбүлүүр үүнээйим — помидор. Эчи, кини арааһа элбэҕэ, дьүһүнэ эриэккэһэ, амтана минньигэһэ… Ааспыкка ыйыппыттара: «Хас суол помидору олордоҕунуй?» — диэн. Онно тутатына сатаан хоруйдаабатаҕым. Кэлин сыта-тура ааҕыммытым уопсайа 130 суорт буолла. Сорохторун сылын аайы олордобун, сорохторун боруобалыыбын эрэ. Биһиги усулуобуйабытыгар барсыбат, эбэтэр аһары көрүүлээх, сороҕор амтанын ахсарбатахпына, ардыгар аһа аҕыйах буоллаҕына сыыйан иһэбин. Сыл ахсын 50-60 суорду ыһабын. Оҕуруоттаах киһи хаачыстыбалаах буорга наадыйар, оннук буору чиэрбэлэр оҥороллор. Ол иһин чиэрбэлэрбитин иитээри, хойукка диэри помидор арааһын сиэрибит оттуллар тэппэлииссэ туттубуппут.
Кэнники сылларга коллекционнай, араас эриэккэс помидордары олордуунан дьарыгыран эрэбин. Коллекциям сыллата уларыйар эрээри, амтанын, дьүһүнүн сөбүлээн өрүү олордор суортардаахпын: черная груша, сумасшедшие вишни Барри, атомный виноград Бреда, поцелуй герани, ирландский ликер, лимон Лиана, нежность, гигант лимонный, банановые ноги желтые, черная красавица, нина, орлиный клюв.
Маны таһынан аһаҕас халлааҥҥа сыллата үүннэрэр уларыппат суортардаахпын: безрассадный, взрыв, грунтовый Грибовский, груша красная, детская сладость, Джина, ТСТ, дубок, непасынкующийся засолочный, непасынкующийся красный, непасынкующийся, крупноплодный, ранний 83, розовый гигант, сибирский скороспелый, челнок, томат Яблонька России , томат Ямал 200.
Теплицаҕа олорор классическай суортарынан буолаллар: белый налив, бычье сердце.
Мичийэ Аргунова сүбэлэрэ:
1. Бэйэ эбэтэр атыылаһыы да сиэмэ буоллун, бастатан туран, хайаатар даҕаны хлоргексидин+перекись водорода, фитоспорин+марганцовка суурадаһыннарынан таҥастыахха (обработкалыахха) наада.
2. Буору оргуйбутунан уунан, фитоспоринынан, триходерманан таҥастыыр ирдэнэр.
3. Рассада буора көпсөркөй буоларын ситиһэргэ перлит, вермикулит, кумах, липпэ (торф), эбии кутуохха сөп.
4. Помидор рассадата пикировканы, перевалканы олус сөбүлүүр.
5. Кэмин иннинэ эрдэ олордумаҥ.
6. Рассада олорор иһиттэр, хайаатар даҕаны, салгыны оонньотор хайаҕастардаах буолуохтаахтар.
7. Сири булларарга ыксаамаҥ, хаһыҥ олоччу ааспыт сибикитин билэн баран олордор ордук.
Юлия ПЕСТРЯКОВА