Ньургуйаана Андросова: “Хотторуу былааҥҥа суоҕа”

Дьоруойум  оҕо сылдьан   дьиэ кэргэнин кытта   “Далбар Хотун” сурунаал биир сайыҥҥы нүөмэригэр  ыалдьыттаабыт эбит. Ону ааҕан бараммын Соркомовтар,  кырдьык даҕаны, спорду өрө туппут ыал эбиттэр диэммин олуһун сөхтүм. Аҕалара Иван Иванович Соркомов улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин оскуолатыгар уһуйуллан, физкултуура учуутала идэтин ылан, билигин даҕаны   тренеринэн үлэлии-хамныы сылдьар. Бииргэ төрөөбүт биэс оҕоттон  Ньургуйаана игирэтин аҥаарынаан Ньургустааналыын уонна балтылара Туйаара, бырааттара Эрхаан  буолан  бары спорка сыһыаннаах дьон. Кыргыттар аҕаларын утумнаан, буолаары буолан тустуунан дьарыктаммыттар.    

 

2008 сыллаахха “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга Ньургустааналаах Туйаара бэйэлэрин ыйааһыннарыгар боруонса мэтээли ылбыттар, бырааттара Эрхаан 2012 сыллаахха иккис буолары ситиспит. Оттон Ньургуйаана  кыһыл көмүс мэтээли түөһүгэр кэтэн, чөмпүйүөн үрдүк аатын сүкпүт. Аҕалара “Чөмпүйүөнү бэлэмнээбитин иһин” эмиэ  кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Салҕыы  Ньургуйаананы кытта оҕо сааһын биир саамай чаҕылхай түгэнинэн буолбут, “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар тула уонна билигин тугу үлэлии-хамныы сылдьарын, туох ситиһиилээҕин, дьиэ кэргэнин туһунан ирэ-хоро кэпсэттибит.

Ньургуйаана,  хас сааскыттан  көҥүл тустуунан дьарыктанан саҕалаабыккыный?

–  Уон биэс сааспыттан дьарыктанабын. Дьокуускайдааҕы 2-с №-дээх оскуолаҕа үөрэммитим,  3-с №-дээх ДЮСШ-ҕа  дьарыктаммытым. Дьиҥэр, бастаан хайыһардыыр  этим. Ол эрэн, хайыһар кэмэ бүттэ да бииргэ дьарыктанар оҕолорум бары тыаҕа тахсаллара, мин эрэ куоракка  хааларым.  Инньэ гынан,  сайын устата мээнэ сылдьыахтааҕар аҕабар тустуунан дьарыктанарга быһаарыммытым.  Оттон Муомаҕа  олорор эрдэхпитинэ, аҕабын кытта сайын аайы   спортивнай лааҕырга тустууктары  кытта тэҥҥэ  сылдьыһарым.  Аҕам бастаан туһуннарбат этэ.  Ол иһин,  көннөрү   мэниктээн, оонньоон тахсарым. Кэлин   туста сылдьар оҕолору көрөн ымсыырар буолбутум,    хапсаҕайдаһан эҥин  көрөрүм. Ити курдук,   тустууну сэҥээрэн барбытым диэхпин сөп.   Билигин көҥүл тустууга тренеринэн үлэлии сылдьабын.

 2008 сыллаахха “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга кыттан бастаабыт эбиккин. Ол туһунан кэпсээ эрэ.

– Бэйэм ыйааһыммар  үс хапсыһыыны кыайан чөмпүйүөннээбитим.  Финалга Индияттан кэлбит   кыыһы кытта тустубутум. Онно  “мельница” диэн  ньыманан  быраҕан  ыраастыы “туше” түһэрэн кыайыыны ситиспитим.  Аны хамаандабар хапытаан  оҥороннор  улахан эппиэтинэс сүктэриллибитэ.  Инньэ гынан,  кыайардыы эрэ оҥостон  киирсибитим,  хотторуу диэн  былааҥҥа  суоҕа.  Уопсайынан, хапытаан  буолар уйулҕа өттүнэн ыарахан соҕус эбит этэ.  Хас дьарык иннинэ биир “А4” кумааҕыга  суруллубут  тылы үөрэтэрим. Ону  СӨ бэрэсидьиэнин, бырабыыталыстыба уонна   хамаандам   иннигэр туран эппитим.   Ол тыллары билигин да өйдүүбүн, түүн да  туран этиэхпин сөп.   Биһиги хамаандабыт олус иллээх-эйэлээх, бэйэ-бэйэбитим куруук өйөһөр  этибит. Ким Кимович Колодезников салайааччылаах дьарык бөҕөтүн ааспыппыт.  Оттон төрөппүттэрбит көмөлөрө баһаам буоллаҕа дии.  Ийэбит  биһигини  аһатаары  чэйин, бутербродун туппутунан “ыалдьа” кэлэрэ.  Аҕабыт ыйааһын түһэрэрбитигэр эҥин сүбэ-ама  бөҕөтүн биэрбитэ.  Кыайбыппар Муомам дьоно-сэргэтэ үөрүү-көтүү, ыһыы-хаһыы бөҕөтө буолбуттара.  Былаахпын  күөрэччи туппутунан  “почетный круг” оҥорбуппун хаһан да умнуом суоҕа. Билигин санаатахха олус да  долгутуулаах, күндү   кэмнэр  ааспыттар эбит. Түгэнинэн туһанан төрөппүттэрбэр, ДЮСШ-ҕа дьарыктаабыт тренердарбар:   Никита Николаевич Никифоровка , Прокопий Семенович Ивановка, Михаил Михайлович Каженкиҥҥа,  Иннокентий Иннокетьевич Кочкиҥҥа, сүүмэрдэммит хамаанда тренерыгар Ким Кимович Колодезниковка улахан  махталбын тиэрдэбин.

Тустуук кыыс ханнык хаачыстыбалары баһылыахтааҕый?

– Тустуу  олус  уустук көрүҥ. Манна ыарахан ноҕоруусканы тулуйар   эрэ кыргыттар хаалаллар. Кинилэр истигэн уонна тулуурдаах буолуохтаахтар. Үгүстэр тустуук кыргыттары уол курдук буолаллар дии саныыллар. Мин хамаандабар кимнээҕэр нарын-намчы, былаачыйалаах, дьууппалаах эрэ сылдьар  кыргаттар  дьарыктаналлар.

Билигин ханна  үлэлиигин?

– Санкт-Петербург куоракка  спортивнай оскуолаҕа  номнуо ахсыс сылбын  үлэлиибин.  Үрдүк категориялаах тренербын.

Бука, сэрэйдэххэ, кыргыттары дьарыктыырыҥ буолуо дии?  

– Оннук,   араас саастаах кыргыттары  дьарыктыыбын. Хамаандабыт улахан, арааһа, 40-ча буоллубут. Былырыын Венгрияҕа   Лилия Ермохина диэн иитиллээччим,  Европаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиигэ (16-гар диэри саастаахтарга) үһүс буолбута.  Быйыл Анжелика Ветошкина диэн кыыһым дьахталлар ортолоругар  Россиятааҕы  күрэхтэһиигэ иккис  буолла. Оттон  Амелия Лаптева диэн үөрэнээччим   18-гар диэри саастаахтарга  үһүс буолбута.  Амелия Хаҥаластан төрүттээх оҕо. Икки сыллааҕыта Питерга көһөн кэлэн миэхэ дьарыктанар. 2022 сыллаахха  Владивостокка ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ кыттан  кыл-мүччү  иккис  буолбута.  Хамаандабытыгар сахалар элбэхпит:  Дьокуускайтан 3-с №-дээх ДЮСШ-ны бүтэрбит Лина Мыреева тренердиир уонна   Виолетта Бирюкова, Жанна Докторова диэн  үөрэнээччилэр бааллар. Виолетта 16-гар,18-гар уонна 21-гэр диэри саастаахтарга Россия биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ.  Ону таһынан,  Европаттан икки  боруонсалаах,  быйыл эмиэ Европаҕа бараары бэлэмнэнэ сылдьар.  Оскуолабыт интэринээттээх буолан атын эрэгийиэннэртэн дьарыктана, үөрэнэ кэлэллэр.

Дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэриэҥ дуо?  Оҕолоргун спорка хайдах сыһыараҕын?

– Биһиги Андросовтар дьиэ кэргэн Санкт-Петербург куоракка  олохсуйбуппут ахсыс сылыгар барда. Кэргэним Гаврил  Уус Алдантан төрүттээх, уоллаах кыыс оҕолоохпут.  Уолбут  Натан французскай оскуолаҕа 3-с кылааһы бүтэрдэ.   Ордук харбааһыны сөбүлээн  дьарыктанар. Кыыспыт   Аврора алта сааһын туолла.  Миигин кытта дьарыкка сылдьарын наһаа сөбүлүүр. Залга киирдэ да   трикотун, борцовкатын кэтэ охсор.  Инникитин  баҕалаах буоллаҕына   тустуунан дьарыктаныа, тус бэйэм күүспүнэн   күһэйиэм суоҕа.

Ньургуйаана, истиҥ сэһэргэһииҥ иһин махтанабын. Үлэҕэр-хамнаскар өрө үүнүүнү баҕарабын.

 

Ньургуйаана  ситиһиилэрэ:

  1. Россия таһымнаах оҕолорго аналлаах күрэхтэһиигэ (Пермь) – 3 миэстэ
  2. Россия таһымнаах 18-гар диэри саастаахтарга (Тула, 2008 сыл) – 3 миэстэ
  3. “Дети Азии” спортивнай оонньууларга (2008 сыл) – 1 миэстэ
  4. Россия таһымнаах 18-гар диэри саастаахтарга (Красноярск, 2009 сыл) – 1 миэстэ
  5. Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга (Германия, Дормаген, 2009 сыл) – 2 миэстэ
  6. Россия үөрэнээччилэрин спартакиадатыгар (2009 сыл) – 1 миэстэ
  7. Россия таһымнаах 21-гэр диэри саастаахтарга (2010 сыл)  –  3 миэстэ
  8. Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга (Латвия, Рига) – 2 миэстэ
  9. Россия таһымнаах 21-гэр диэри саастаахтарга (2011 сыл)  – 2 миэстэ
  10. Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга (Латвия, Рига, 2011 сыл) – 1 миэстэ
  11. Дьахталларга норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга (Италия, 2011 сыл) – 3 миэстэ
  12. Д.Г. Миндиашвили аатынан бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһиигэ (Красноярск, 2011 сыл) – 2 миэстэ.

 

Венера Охлопкова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...