«Ньургун Боотур» – Дойду киинигэр

 

Кыһыл көмүс

Кураахтаах бэргэһэ,

Кыһыл көмүс

Кырылас куйахтаах

Кып-кылгас суруктаах

“Саха буойуна”.

Аан ийэ дойдутун

Араҥаччылыырга

Аламай күнтэн анатыылаах

Айыы бухатыыра

Былыргы быһылааннаах

Быдан дьыллартан

Быһаччы арахсан, саманна,

Саала ортотугар

Сандааран турар!

“Музейга көрсүһүү”. Урсун

Сыанаҕа хор өрө күүрүүлээх испэктээк түмүктэнэр “Саргы-дьаалы” ырыатын тоҕо тардарын кытары: “Браво-бис!!! Браво-бис!!! Бравобис!!!” — диэн, көмүһүнэн дуйданан күлүм-чаҕыл оонньуу турбут Улахан тыйаатыр биэс хаттыгаһын иэнэ тэнийиэр диэри, мустубут көрөөччү өрөгөйдүүр хаһыыта өрө ньиргийэ түстэ. Ол астыныы, дуоһуйуу дохсун баалын хабан ылан, сыанаттан, бу балтараа чаастаах олоҥхо улуу күүһүн ап-чарай тылынан түмүктүүрдүү, сүрүн туруорааччы Арассыыйа норуотун артыыһа, ааттаах-суоллаах Андрей Саввич Борисовпыт “Уруй! Уруй! Уруй!” тылларынан күүркэтэн биэрдэ (иккис туруорааччы Саха академичэскэй тыйаатырын режиссера Руслан Тараховскай). Онно баар сахалар киэн туттуубутун, үөрүүбүтүн тоҕо кистиэхпитий, үгэс курдук үс төгүл “Айхал! Айхал! Айхал!” диэн хардаран күүстээх түмүк туруордубут. Аптаах остуоруйаттан арахсыан баҕарбатах көрөөччү күргүөмүнэн өргө диэри ытыһын таһына турда.

Сахабыт судаарыстыбаннаһа олохсуйбута 100 сыллаах үбүлүөйүн Улуу Арассыыйа эбэбит модун Москуба куоратыгар түмүктүүр сүрүн тэрээһиннэригэр кытта кэлбит биир дойдулаахтар хардарыта: “Хайа, хайдаҕый?” — диэн бэйэ бэйэбититтэн ыйыталаһа-ыйыталаһа Большой тыйаатыр киэҥ дуолугар сууллан таҕыстыбыт. Саха дьоно тугу барытын ымпыктаан-чымпыктаан ырытыһарбытын биһириир буоламмыт, үгэс буолбут ити ыйытыыларга хардабыт чугас буолааччы: “Бэртээхэй!” “Дьэ, астык даа астык!” “Олоҥхобут бу улуу тыйаатыр сыанатыгар анаммыт курдук”, “Оо, биһиги олоҥхобут сүдүтэ итиннэ сытар, хайа да өттүн таарый, барыта кэрэ-улуу буола турар”… Чэ, итинтэн даҕаны атын өрө күүрбүт дьон кэпсээнэ дэлэй. Мин, “бэйэ дьоно хайҕаамна” дии санаан, атын омук дьонун санаатын истээри, икки дьүөгэлии мааны дьахталларга тиийэн “хайа, туох дии санаатыгыт?” диэн ыйыттым:

— Киһи сөҕүөн курдук үчүгэй. Наһаа биһирээтибит. Мин дьүөгэм Саха сириттэн сылдьар. Хата, барытын уһуллум, билигин ыытыаҕым. Кинини дьоллуу охсоору ыксыыбын, төрүт ырыатын-тойугун истэн төһө эрэ үөрэр. Уой, бу туруоруута үчүгэйин, аны көстүүмнэрэ уратытын, сыана оҥоһуута чаҕылхай! Барыта, барыта биир көмүс иһиккэ кутуллубут курдук үчүгэй! Биһиги Уһук Илиҥҥи түөлбэттэн сылдьабыт. Онон Сибиир омуктарын култуураларыгар чугаспыт. Көрүөхпүт иннинэ эрдэттэн саха эпоһын кытары билсибиппит, онон бэлэмнээх этибит. Ити “Уруй-айхал!!!” диэн өрөгөй хаһыытын инники хаста даҕаны истибиппит. Дьэ, үчүгэй бырааһынньык буолла. Киһи кутун көтөҕөр, дойдуга, норуокка бэринии тыынын уһугуннарар. Сахаларга махтал, баһыыба! — диэн хардардылар. Аны атын көрөөччүгэ тиийэбин. Москуба олохтооҕо эбит.

— Киһи астынар туруоруута. Мин эпоһы итинник туруорары бастакыбын көрдүм. Олох грек омук эпоһын курдук. Түҥ былыргыта тута биллэр. Сыана киэргэтиитэ  көстүүмнэр, сыананы аттарыы, артыыстар, дьон халҕаһатын хамсаныыта, үҥкүүлэрэ — барыта дьикти, киһини айсаар (фантазия) эйгэтигэр көтүтэр. Сүрүн дьоруойу Гераклга холоотум. Ордук артыыстар үлэлэрин сыныйан көрө сатаатым. Маннааҕы тыйаатырдар билигин итинник улахан, киэҥ далааһыннаах испэктээктэри туруорбаттар. Норуот баайа итиҥҥэ сыттаҕа дии. Мин бастакынан толоруллубут фольклор ырыатын наһаа биһирээтим. Һуу, кини куолаһа киһи оройун сиигинэн киирэн арыллан хааллым, хайы- сах остуоруйаҕа баар буолбуппун билбэккэ да хааллым (Айыы ойуунун саха чулуу ырыаһыта Александр Дьячковскай–Ырыа Саарын уһулуччу үчүгэйдик толорбута). Эпостар ис хоһооннорунан бары майгыннаһар буолан удумаҕалаттым, өйдөөтүм даҕаны диэххэ сөп. Биир сөбүлээбитим, сүрүн дьоруойдары — Ньургун Боотуру ( СӨ норуодунай артыыһа Александр Емельянов арыллан ыллаабыта), Үрүҥ Уоланы уонна Туйаарыма Куону (опера эдэр артыыстара Дмитрий Кырдал уонна Екатерина Корякина) толорбут артыыстар ырыалара. Кинилэр куоластара алыс барсаллар, табылыннылар. Бары ырыаһыттар үчүгэйдэр диэн этэр кыах суох. Арыый мөлтөхтөр уопсай өрө күүрүүгэ силлиһэн, идэлээх дьон эрэ кулгааҕа ылҕаан сыаналыы истэрин курдук үчүгэйдик угуллубуттар. Ити туруорааччы сатабыла. Мин бэйэм опернай ырыа уһуйааччыта буоламмын, ону чуолаан истэ сатаатым. Хор олох табылынна. Кинилэр барытын тардан таһаардылар. Оркестр, баҕар, айымньыта иннигиттэн буолуо, арыый модорооннук иһилиннэ. Тэтими тутар эрээри, хайдах эрэ ардыгар ити үлүгэр нарын мистерияҕа барбат кытаанах дорҕооннордоох дуу дии санаатым. Биир сөбүлээбит аарыйам — удаҕан ырыата (опера эдэр артыыската Екатерина Захарова Айыы Умсуур удаҕан оруолун толорбута). Кини аарыйата барыларыттан атын, дьикти үчүгэй матыыптаах, муусуката даҕаны табыллыбыт. Маладьыастар! Үһүс көрөөччүм тыйаатыр бэйэтин үлэһитэ:

— Мин саха эпоһын билбэппин эрээри, олох көрүөхтээхпин диэн анаан кэлбитим. Алыс даҕаны баай өҥнөөх-дьүһүннээх сүдү айымньы эбит. Норуот үгэстэрэ баайын көрөн, Арассыыйа эҥин үчүгэй култууралааҕын өссө төгүл сөхтүм, киэн тутуннум. Либириэттэтин бырагыраамкаҕа суруйбуттара туһалаата, онон өйдөөтүм. Муусуката судургу буолбатах, лаппа атын. (Марк Жирков уонна Генрих Литинскэй музыкаларын Руслан Мурсякаев эрэдээктэрдээбит). Норуот матыыптара киирбиттэрэ тупсарбыт диэххэ дуу, чэ, сыыйа толкуйдуом. Классическай операны истэ үөрэммит киһи тута өйдүү охсубат эрээри, үчүгэйдик чочуйар буоллар, бэртээхэй буолуох эбит. Сахалар маладьыастар, астынным дуоһуйдум!

Ньургун Боотур олоҥхо туһунан

 Бырагыраамкаҕа киирбитинэн: Платон Ойуунускай олоҥхотугар уонна саха эпическэй номохторугар олоҕуран Дмитрий Сивцев–Суорун Омоллоон суруйбут либириэттэтинэн оҥоһуллубут икки оонньуулаах “Ньургун Боотур” опера.

Норуот култуурата бүтүннүү эпостартан силис-мутук тардар. Тыйаатыр эмиэ. XVIII үйэ иккис аҥарыттан Саха сиригэр олоҥхо үйэтэ үөскүүр. Боотурускай (Таатта) улууһун сиригэр бэйэтэ туспа “Таатта олоҥхоһуттарын оскуолата” диэн баар буолар. Ол кэмнэр биллэр олоҥхоһуттарынан Ырыа Сиипсэп, Улуу Кээмпэс буолбуттар. Бу Улуу Кээмпэс “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону бастакынан толорбута үһү. Оттон бастыҥ толорооччунан Килэмпир диэн чулуу олоҥхоһут дьон өйүгэр хаалбыт. 1895 сыллаахха Таатта үөрэхтээҕэ, олоҥхоһут Константин Григорьевич Оруоһун бастакынан бу олоҥхону сурукка түһэрбит. Ону Э.К. Пекарскай “Образцы” төрүт (фундаментальнай) үлэтигэр киллэрбит. XIX үйэ бүтүүтүгэр XX үйэ саҥатыгар “Ньургун Боотур” олоҥхо уонунан эҥин көрүҥнэнэн норуокка тарҕаммыт. Биллэр толорооччулар: И.Н. Винокуров-Табаахырап, Степан Саввин, Алексей Харлампьев, Егор Бытаһыытап, Василий Слепцов–Аллака Бааска, И.Е. Оҕучуйаарап, П. Васильев, С.Е. Андреев, М. Колодезников. Бу олоҥхоһуттартан ИЯЛИ фольклору хомуйааччылара “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо хас эмэ көрүҥүн устубуттар.

Оҕо эрдэҕиттэн олоҥхолору истэн уонна толорон улааппыт Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун хас сыллаахха суруйан саҕалаабыта биллибэт. 1930 сыллаахха тоҕус ырыаттан бастакытын бүтэрэн хайы-сах бэчээттэппит. Бу сыл ити олоҥхо ис хоһоонуттан “Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо” драматын таһаарар. Ааптар драматын сүрүн санаата — айыы аймаҕын алдьархайтан, эстииттэнбыстыыттан быыһыыр күүс Ньургун Боотур бэлиэ уобараһа. Драма бэчээккэ тахсарыгар суруйааччы: “Таптыыр, ытыгылыыр доҕорум Татыйаана Ойуунускай аатыгар тыл кэриэһэ тыыннаах буолуоҕа. П.Ойуунускай” диэн кэриэс-анабыл суруктаабыт.

Татьяна Дмитриевна, оччотооҕу эргимтэҕэ биллэр бастакы тыйаатыр артыыската, Платон Алексеевич иккис кэргэнэ. 1925 сыл эҥэр холбоһон ыал буолбуттар, биир кыыстаммыттара кыратыгар күн сириттэн күрэммит. Татьяна сэллик ыарыыттан ити драма тахсыбыт 1930 сылыгар олохтон туораабыт. Оттон “Дьулуруйар Ньургун Боотур” аан маҥнай илиинэн суруллубутунан 1928 сыллаахха сыанаҕа туруоруу быһыытынан түөрт хартыыналанан олунньу 18 күнүгэр, Саха тыйаатырын хойутаабыт дьылын аанын арыйбыт. Режиссера Н.И. Оруоһун. Худуоһунньук Шавровскай испэктээккэ анаан көстүүмнэри уонна сыана киэргэтиитин оҥорбут. Көрөөччү олоҥхо тыйаатырга туруутун өрө көтөҕүллэн көрсүбүт. Испэктээк кэнниттэн Платон Алексеевич тыйаатыр кириитигин курдук ымпыктаан-чымпыктаан ырытан суруйбут. Ордук эпичэскэй айымньы толоруллар сиэрин тутуһууну ирдээбит: “Умайа турар төлөннөөх Муус Кудулу байҕалы чараас таҥаска суруттаран баран, аҥаар кырыытыттан тэлибирэтэ-тэлибирэтэ кэнниттэн күөх, кыһыл лаампанан дөрүн-дөрүн тыктарбыттара буоллар, көстүүтүн күүһэ дьиктитик көстүөх тустаах этэ. Муора төлөнө умайан, долгуна түллэҥнии тэбэн тахсыах этэ. (…) аартык иччитин дэгиэ хара тыҥырахтаах илиитин оҥорон көрдөрбөтөхтөр. Тумус тыаһа чуучугураабата, таҥалай тыаһа чаҥырҕаабата. Абааһы Уолун муннун тыаһа үөһэнэн-алларанан ньириһийбэтэ”.

Платон Ойуунускай 36000-тан тахса устуруокалаах улахан олоҥхотун 1932 сыллаахха атырдьах ыйын 31 күнүгэр Москуба куоракка аспирантураҕа үөрэнэ сылдьан түмүктээбит. Баҕар ол иһин буолуо, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо төрөөбүт буоругар Москуба куоракка төннө турар үгэстээх. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” 1938 с. кулун тутар 23 күнүгэр муусукалаах драма быһыытынан сүрэхтэниитэ буолбут. Ол кэмҥэ Ойуунускай тутуллан Москуба куорат “Бутырка” хаайыытыгар сытара. Оттон айымньылара тыйаатырга тахса турбуттар. “Это была первая попытка, сделанная П.А. Ойунским, чтобы использовать сюжет героического эпоса якутского народа для создания сценического произведения. Впоследствии В.В. Местников по либретто драматурга С. Омоллона в марте 1940 г. поставил музыкальную драму-олонхо “Ньургун Боотур Стремительный” диэн тыйаатыр антологиятыгар суруллар.

1943 сэрии ыар сылларыгар “Ньургун Боотур” эмиэ норуотугар көмө-тирэх буолан, кулун тутар ыйга сүүһүс төгүлүн турбутун дьон-норуот бэлиэтээбит. Ол испэктээк түмүгүнэн тыйаатыр аатыттан маннык тэлэгирээп ыыппыттар: “Москва, Кремль. Дорогой Иосиф Виссарионович! Коллектив Якутского музыкально-драматического театра, как и весь советский народ, полон жгучей ненависти и презрения к врагам нашего социалистического отечества – немецко-фашистским оккупантам. В знак выражения нашего священного стремления к скорейшему разгрому врага, нами за время отечественной войны внесено в фонд обороны родины 132 тыс. рублей деньгами и облигациями госзаймов. Сегодня, в день сотого спектакля любимой нашим народом первой якутской музыкальной драмы «Дьулуруйар Ньургун Боотур», коллектив театра дополнительно внес в Госбанк 158.300 рублей, в том числе облигациями госзаймов 87.645 рублей, на сооружение мощного танка  «Дьулуруйар Ньургун Боотур» — имени великого богатыря нашего народного эпоса-олонхо». Онуоха, И.В. Сталин махтанан харда тэлэгирээп ыыппыт.

Суорун Омоллоон либреттотынан “Ньургун Боотур” опера премьерата бэс ыйын 25 күнүгэр 1947 сыллаахха САССР 25-с сылын бэлиэтиир  үөрүүлээх күннэригэр тахсар. Онтон салгыы тыйаатыр уларыйыытынан тохтуу сылдьыбыт уонна 1954 сыллаахха В.В. Местников туруоруутунан тахсыбыт. 1957с. ахсынньы 10-17 күннэригэр Москубаҕа Саха сирэ  Арассыыйаҕа киирбит 325 уонна САССР төрүттэммитэ 35 сылларыгар анаан “Саха литературатын уонна искусствотын киэһэлэрин” сахалар өрөгөйдөөхтүк бэлиэтээбиттэр. Ону “Ньургун Боотур” операнан К.С. Станиславскай уонна В.И. Немирович-Данченко ааттарынан  муусука тыйаатырын сыанатыгар түмүктээбиттэр. Ол саха ускуустубатын ситиһиитин “Советская Россия”, “Советская культура” хаһыаттарга, “Театр” сурунаалга уонна даҕаны атын бэчээккэ өрө   күүрүүлээх хайҕал, махтал ыстатыйаларынан бигэргэппиттэр.

Сардаана Платоновна Ойунская: “Саха литературатын уонна ускуустубатын өрөгөй чыпчаалынан 1957 сыллаахха Москуба куоракка көрдөрүллүбүт “Ньургун Боотур” опера — оччотооҕуга саха тыйаатыра музыкально-драматическай этэ, онон операҕа ыллыыр дьоҕурдаах саамай талааннаах артыыстар бары кыттыбыттара. Опера муусукатынМ.Н. Жирков уонна Г.И. Литинскэй суруйбуттара. Операны туруорбут режиссер Василий Васильевич Местниковка ССРС норуодунай артыыһын аата иҥэриллибитэ, үгүс артыыстар үтүө аакка тиксибиттэрэ. “Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куону” билиҥҥи кэмҥэ аны “Эмэгэт” (Нерюнгринский театр актера и кукол) артыыстара улахан да дьону, оҕону-урууну да сөхтөрөр испэктээк оҥорон көрдөрбүттэрэ. Таҥастарын, эмэгэт-мааскалары дизайнер-художник Дарья Дмитриева оҥорбута”.

“Туйаарыма Куо” драма Саха национальнай тыйаатырыгар күн бүгүҥҥэ диэри ситиһиилээхтик турар. Бу драмаҕа олоҕуран Д.К. Сивцев–Суорун Омоллоон “Ньургун Боотур” бастакы саха операта, классическай репертуар быһыытынан күн бүгүҥҥэ диэри баар. 1970 сыллаахха П. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун Саха норуодунай, РФ үтүөлээх артыыһа Г.Г. Колесов Санкт-Петербург куоракка “Мелодия” Бүтүн сойуустааҕы фирмаҕа 9 ырыалаах гранпластинкаҕа суруттарбыт. 1975 сыллаахха нуучча биллиилээх поэта, эпос тылбаасчыта В.В. Державин олоҥхону нууччалыы тылбаастаан таһааттарбыт. 2005 сыллаахха “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо, шедевр быһыытынан ЮНЕСКО-ҕа киирбитэ.

Тус санааларым

2022 сыл ахсынньы 6 күнүгэр «Большой тыйаатырга» саха олоҥхотун өрөгөйүн үллэстибитим — мин олохпор биир бэлиэ күн. Онно олорон элбэҕи эргитэ санаабытым: Платон Алексеевич “олоҥхону утары охсор илиилэрин  өрө уунан турар” дьону кытары көмүскэстээх санаатыттан күүскэ хабырыйсыбытын, кинини күн бүгүҥҥэ диэри хара балыырынан аатын сото сатыылларын, “норуот өстөөҕүн” аатын сүктэрэн кыыллыы сэймэктээн уҥуоҕа да суох гына сүтэрбиттэрин… Дмитрий Кононович–Суорун Омоллоону, арааската, күтүрээн эрэй хаанын көрдөрөн хаайыы-түрмэ уйалыы сылдьыбыттарын, Сардаана Платоновна аҕатын аатын көмүскэһэн сууттарынан сүүрэкэлиирин… Онтон даҕаны элбэх ыар санаалар киирэн тахсалларын барытын бу дьикти күүстээх норуоппут тапталлаах олоҥхото сотонсууйан кылбачытан таһаарбытыттан сүргэм көтөҕүллүбүтэ. Итини барытын бигэргэтэрдии ытык киһибит Андрей Саввич Борисов испэктээк кэнниттэн маннык суруйбута: “Бу испэктээк, опера, кырдьыктыы, Платон Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан үөскээбитин тоһоҕолоото. Аныаха дылы, били аатын сото сылдьыбыттарынан араас атын олоҥхолортон оҥоһуллубут диэн этэ-суруйа сылдьаллара тохтуоҕа. Справедливость восторжествовала!”

Онтон норуот бэйиэтэ Наталья Ивановна Харлампьева бу курдук суруйааччыларга анаан суруйбута: “Ити үлүгэрдээх тэрээһин сүрүн хайысхата бэккэ табыллыбыт. Оттон быттаатахха итэҕэһэ көстүөҕэ… Ойуунускайбыт, олоҥхобут саха сүрүн-кутун, кыаҕын, далааһынын күн бүгүн бөҕөрҕөтө тураллар! Ол кылаабынайа! Олоҥхо байҕалыттан бас да бараммат! Киэн туттабын онтон ситимнээхпиттэн… Ити курдук баайдаах, энньэлээх дьон самныбат, сынтарыйбат дьоно буолуохтаахпыт! Ол сүнньүн, ситимин өйдүүр дьон – суруйааччылар. Саба быраҕан өйдөөччүлэр да Улууга кыттыспыттарын син удумаҕалатан иһиэхтэрэ!”

Мин көрүүбүнэн, опера чахчы таһымнаахтык барда. Саха сирин үс тыйаатыра кыттыһан халлаан сулуһа көтөрүнүү күлүмнэс көстүүнү бэлэхтээтилэр. Опера, балет тыйаатырын артыыстара, хора уонна симфоническэй аркыастыра, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара уонна муусукаһыттара, Государственнай филармония хора. Эрдэ Андрей Саввич сэрэппитинэн аныгы тыйаатырдыы албастар баар буолуохтаахтарыгар бэлэм этим. Уот-күөс, саҥа, күүтүллүбэтэх соһуччуну биэрэр нэлимнэр хамсыы, дьалкыйа турар олоҥхо Улуу Куйаарын анаарар сыана оҥоһуга. Маны барытын сценограф Михаил Егоров бэккэ кыайбыт. Саха көрөөччүлэрин Андрей Борисов аҕыйах тэриллээх сыанаҕа үөрэппитэ бэрт буолан, онно эмиэ бэлэмнээхпит. Олоҥхо үгэс буолбут хойуу өҥнөөх кырааскатын тумна үөрэммит буоламмыт, ону итэҕэс курдук ылыммат эбиппит. Саха сүрүн бэлиэлэрэ: күн, икки атахтааҕы “төрүттүүр түһүлгэ”, оһуордаах икки, үс үүт бүтэй күрүөлэр, моҕол ураһа омооно, айыы далбар кымньыыта, кыһыл көмүс сыаҕай, көр муос ох саа, муос дьиэрбэҥ куралай оноҕос (аптаах сэптэр), ап-чарай быата, чорооннор уонна да атын бэлиэлэр сөптөөхтүк туһаныллыбыттар. Холобур, сыана сүрүн көстүүтэ — оһуордаах көмүс ии-күн. Ол саха “айыы аймаҕа, көхсүттэн тэһииннээх күн өркөн оҕото” буоларын бигэргэтэр. Опера былаһын тухары бу күн иитэ хартыына уларыйыытын көрөөччүгэ чопчу ыйар. Күн куруук айыы аймаҕын батыһар: өлөр-хаалар күнүгэр сүтэр, кыайыыга аттаннаҕына үөһэ ойор, өрөгөйдүүрүгэр сиргэ чугаһыыр, онон соругун ситистэ. Көстүүмнэр төһө даҕаны буккаас (синтез) буоллаллар, олоҥхо сүнньүн кэспэтилэр, салгын курдук чэпчэкилэр. Солистар саха үгэс буолбут таҥаһын чэпчэтиллибит көрүҥүн таҥныбыттара, кинилэри сыысхала суох дьон халҕаһатын уонна хор быыһыттан була охсору хааччыйар. Ордук грек, кытай, египет тыйаатырдарын көстүүмнэриттэн тардыылаах кыталыктар, иччилэр, аллараа дойду олохтоохторун таҥастара олоҥхо уратытын алдьаппакка тупсаран, байытан, сыананы толорон биэрбиттэрэ көстүүм худуоһунньугун Сардаана Федотова булуута. Биллэн турар, Улахан Тыйаатыр уота-күөһэ бастыҥ буолуохтаах, ол эрээри, ону табыгастаахтык, аһары барбакка, режиссер көрүүтүн биэрии ирдэнэрин Сергей Шевченко кыайда. Кини улуу мистерия эйгэтин үөскэтэр уоттары кыайа-хото туттубута — испиктээк биир ситиһиитэ. Бу маны барытын, биллэн турар, муусука, аркыастыр салайар. Марк Жирков уонна Генрих Литинскэй суруйбут муусукаларын Руслан Мурсякаев оркестровкалаан уонна тупсаран хара маҥнайгыттан олоҥхо эйгэтин таайтарыылаах, түгэхтээх остуоруйатын кэпсии хойуутук аллара ылан (тональность) саҕалаабыта көрөөччүнү тута хомуһуҥҥа холбуур. Салгыы Айыы ойууна Айыы намыһын удаҕаттарын батыһыннаран киирэн Олоҥхо тыйаатырын муусукаһыттарын төрүт дорҕооннорун доҕуһуолунан күҥҥэ сүгүрүйүү сиэрин-туомун, олоҥхо драмата сайдар быатын, кэрэ кылыһахтаах куолаһынан дьалыһыйа туойан баайда. Испиктээк былаһын тухары биһиги тыйаатырдарбыт артыыстара: балеттар, хор, дьон халҕаһата, сүрүн геройдар биир даҕаны ордук-хоһу олоҥхо кэрэ эйгэтин дьалкытар хамсаныыны, туттууну, алҕаһы оҥорботохторо хайҕаллаах. Биир тыынынан барда, сиэрэ ситтэ!

Түмүгэр, Москуба куорат тыйаатырдыы кириитигэ, ЖЗЛ кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Мария Кирилловна Залесская сыанабылыттан:

— Үтүөкэннээх испэктээк буолла. Бастакытынан, туох даҕаны күүркэтиитэ суох бу дьиҥнээх үйэлээх тыйаатыр. Биир күннээх, ааһан-сүтэн хаалар буолбатах, төрүттээх, олохтоох тыйаатыр. Билиҥҥи кэмҥэ сөрү-сөп түбэһэр. Испиктээк олус үрдүк таһымнаах, норуот айымньытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы манна өтө көстөр. Олоҥхо классическэй тутулун кэспэккэ бары фольклор көрүҥүн түмэн таһаарбыттара ураты. Ырыаһыттар партияларын таарыйдахха: истээччини абылыыр ханна даҕаны истибэтэх кэрэ куоластарбын иһиттим. Холобур, бастакы хартыынаҕа Айыы ойуунун куолаһа таҥараттан ананан кэлбит курдук иһиллэр. Мин кырдьыктыы сиртэн тэйбит курдук буолан ыллым. Көстүүмнэр, сценография дьиҥнээх бырааһынньык эйгэтин үөскэтэллэр. Москубаҕа 8000 көһү көҥү көтөн, 1200 сылы нөҥүөлээн олох атын остуоруйа олоҕун билиһиннэрэ биһигини үөрдэ, сөхтөрө кэлбит сахаларга Уруй! Иккиһинэн — муусука. Классическай муусуканы кытары сүрдээх уустуктук силлиһэр норуот матыыптарын холбоон оҥорууну, дьэ, бэккэ дьүөрэлээбиттэр. Ити үлүгэр тэтимнээх, дириҥ уонна киэҥ далааһыннаах испэктээк тухары мин аркыастыр биир даҕаны итэҕэһин булбатым, биир даҕаны алҕас тахсыбыт тыастан үргүбэтим. Тыыннаах аркыастырга араас тахсааччы. Испэктээк ол иһин өрө көтөҕүллүүлээхтик барда. Ити уустук партиялары эдэр артыыстар кыайа-хото аарыйаларын толорон арыйдылар. Тугу даҕаны кириитикэлиир кыаҕым суох, оннук иэйдим-куойдум. Сценографияҕа уонна көстүүмҥэ үрдүк сыанабылбын биэрэбин, ордук көстүүм худуоһунньугар. Үҥкүүһүттэри бэлиэтиэм этэ, холобур кыталыктар кырдьык кыырай халлаантан түспүт курдук чэпчэкилэр, чараастар. Тута Үс дойдуну араарбытым, ону сценография чопчулаабыта. Үсүһүнэн – либретто. Испиктээк эрэ барыта либириэттэттэн тахсар. Уопсайынан, үчүгэй уус-уран айымньы киинэ испэктээк таһымнарын үрдэтэр. Испэктээккэ, мин санаабар, булкаас (синтез) улахан оруоллаах. Кини барытын тэҥнээн, биир халыыпка уган биэрэн аныгы көрөөччүнү тардар соруктаах. Операҕа “поэзия послушная дочь” буолар диэн этии баар, ол эрээри Вагнер ону утарара эбитэ үһү. Мин санаабар муусука уонна поэзия тэҥ бырааптаахтар. Автор либреттоны айарыгар хайаан даҕаны муусуканы истэ, онно олоҕура сатыахтаах. Саатар ария тэтимин тутар курдук, муусука таҥаһыгар хайдах сытыахтааҕын тутуһуохтаах. Оттон хампаһыытар, биллэн туран, санааны-оноону биэрэр курдук поэзияҕа олоҕурара биллэр дьыала. Ол иһин икки көрүҥ сөпсөһүүтэ ирдэнэр. Мин санаабар улуу Ойуунускай уонна Дмитрий Сивцев эпос ураты мелодикатын олус үрдүккэ таһаарбыттар. Ол иһин хомоҕойдук имитиллэрхомутуллар, бары көрүҥҥэ табыгастаахтык сытар. Өссө маннык этиэххэ сөп, композитор бэйэтэ ардыгар либреттоны суруйар уонна бэйиэккэ чочуттарар. Поэт эрэ тыл муусукатын, тэтимин, күүрээнин истэр, сүрэҕинэн таайар. Ол ордук табыллымтыа буолар быһыылаах. Онно олоҕурбут биир дьикти түөрүйэ баар: хас биирдии дорҕоон ханнык эрэ матыыптаах, бэйэтэ музыкалаах буолар диэн. Оччотугар ол либретто ханнык даҕаны тылга тылбаастаммат. Холобур, Италия операларын үксүн айыллыбыт тылларынан ыллыыллар, тоҕо диэтэххэ, хас биирдии тыл бэйэтэ муусука дорҕоонун илдьэ сылдьар. Ону суруйарга, айарга сүдү талаан ирдэнэр. Ити барыта бу испэктээккэ баарын иһин этэбин. Саха тыла бэйэтэ туспа муусукалаах курдук иһиллэр. Мин туруорааччы режиссер Андрей Саввиһы ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Кини туруоруута Россияҕа култуура инники хардыыны оҥорбутун көрдөрдө. Биһиги киин куораппытыгар итинник чаҕылхай национальнай кырааскалаах туруорууну сэдэхтик көрөбүт. Онон, бу дьиҥнээх тапталынан, олус харыстабыллаахтык биэбэйдэнэн оҥоһуллубут олоҥхо-испиктээк буолара тута харахха быраҕыллар. Мин сахалар төрүт култуураларын, фольклордарын таптаан, харах харатын курдук харыстыылларын билэбин уонна биһириибин. Билигин биһиэхэ барыбытыгар итинник култуурунай сыһыаннаһыы далаһата ууруллара хайаан даҕаны ирдэнэр кэмэ. Итинтэн бары байабыт. Төһө даҕаны атын-атын омук буолларбыт Россия омуктара син биир бэйэ бэйэбитигэр сүрдээх чугаспыт, ону маннык түгэннэр чопчулууллар. Мин бэҕэһээ ити истиҥ сыһыаннаһыыны көрөн “биһиги элбэхпит уонна дьиҥнээх ускуустубаны айабыт” диир санааттан ис-испиттэн үөрэн, чэпчээн, үрдээн хаалбытым. Махтал буоллун саха дьонугар, ийэ олоҥхоҕутун инник үрдүктүк, күндүтүк тутаргытыгар! Кини эһигини бөҕөргөтөр уонна үрдэтэр, ону билиэхтээххит.

 

Елена Слепцова -Куорсуннаах

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...