Оҕону көмүскүүр сиэрдэр-туомнар (салгыыта) 

Сахалар оҕоҕо өлүүлээх буолан араас харысхаллары тутталлара. Оҕо биһигэр абааһыттан, хараҥа тыыннартан көмүскүүр дөлүһүөн угун, анал күлү буккуйар күлүкэни ыйыыллара. Биһик уот диэки өттүгэр: уол оҕоҕо удьурхай уктаах быһыччаны, кыыс оҕоҕо кыптыыйы угаллара. Үрдүгэр араас харысхаллары, ымыылары, эмэгэттэри ыйыыллара: кыыннаах быһах, чокуурдаах хатат, мас сүгэ, ох оноҕоһо, алтан чуораан, мэкчиргэ баһа эбэтэр мохсоҕол тыҥырахтаах атаҕа, эһэ баппаҕайа, сүөһү үрүллүбүт хабаҕа о.д.а. Ардыгар оҕо сытар сирин улаҕатыгар «чуолҕан» диэн анаан уһаарыллыбыт уһун ньолбуһах, хайаҕастардаах, хаптаҕай тимири кистииллэрэ. Ол «чуолҕан» оҕону оһолтон-моһолтон араҥаччылыыр. XVIII үйэҕэ сахалар олорор буолбут оҕо тас таҥаһыгар үс чуолҕаннаах хайаан да үрүҥ алтантан (медь) кутуллубут киэргэл харысхалы тигэллэрэ. Харысхал ортотугар кэлин атаҕар турар хахайы ойоҕос өттүттэн ойуулууллара. Хахай баһа утары хайыспыт буолар. Маннык киэргэли оҕо 7 сааһыгар диэри иилинэр.

Сайпыт: dalbar.ru
Телеграм: https://t.me/dalbarxotyn

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...