Былыр сахаҕа оҕо өлүүтэ олус улахан буолан араас үгэстэри, сиэри- туому күүскэ тутуһаллара. Холобур, 1925 с. саҥа төрөөбүт 1000 оҕоттон сыл иһигэр 626-668 оҕо өлбүт. «Оҕо абааһытыттан» сэрэнэн саҥа төрөөбүт оҕону хас да күн икки харахтаахха көрдөрбөттөр, кыыһын-уолун эппэттэр. Бастакы үс ый төрөппүттэриттэн атын киһи чугаһаабат. Арыый улааппытын кэннэ уол оҕоҕо кыыс таҥаһын таҥыннараллар, баттаҕын кырыйбакка кыыс курдук өрөллөр. Оттон кыыһы уоллуу таҥыннараллар, баттаҕын кыргаллар. Оҕону сэттэ сааһыгар диэри «харысхал» диэн хос аат биэрэллэр, эбэтэр убайын, эдьиийин аатынан ыҥыраллар. Абааһы ити ааттан толлор, ол иһин тыыппат диэн өйдөбүллээхтэрэ. Сэттэтигэр дьэ сокуоннай аатын биэрэллэр. Сороҕор «ымыы» диэн, төрөөбүт оҕону тута эһэ, ыт тириитигэр суулууллар. Ити кыыллартан абааһы куттанар. Саҥа киһи төрөөбүт балаҕанын ааныгар ат үүнүн ыйыыллар. Тимир тыаһа абааһылары үргүтэр. Арыт, оҕону «сата таас» угуллубут уутунан сууйаллар. Салгыы тахсыаҕа.