Ойууннааһын киһи аймах духуобунай култууратын биир сүрүн хайысхата буолан, айар дьону күн бүгүҥҥэ диэри абылыыр, тардар. В. Серошевскай суруйарынан, ойууннааһын хаанынан утумнуур. Оттон саха дьонугар ол киэҥник тарҕаммыт суол буоларын бэлиэтиир. 1970-с, 1980-с сыллардаахтан саха интеллигенцията норуотун үгэһин, фольклорун, этнографиятын, төрүт култууратын чөлүгэр түһэрэр баҕата улааппыт. Бу кэмҥэ 1976 сыллаахха бары өттүнэн талааннаах: артыыс, режиссер, балетмейстер, худуоһунньук Иоким Избеков — Уустаах «Ойуун» диэн ураты хартыынатын суруйбут. Бу хартыына уратыта диэн, олус хорсун. Инники ойууну хараҥа күүс быһыытынан уруһуйдуур эбит буоллахтарына, манна ойуун быыһааччы, абырааччы быһыытынан инники күөҥҥэ тахсыбыт. Ити, оччотооҕу бобуу-хаайыы кэмигэр хорсун быһыы курдук көрүллүбүт. Ааптар айымньытын үрдүк күүрүүтүн кыыра сылдьар ойуун уонна кини кутуруксута биэрэллэр. Оттон балаҕаҥҥа баар дьон холку көрүҥнэрэ, ойууҥҥа итэҕэйии, эрэнии экчитин этэллэр.