Олимпия: «Муусукаҕа сыһыарбыт киһим – аҕам»

Кыыс оҕо ордук аҕатыгар чугас буолар дииллэр.  Кырдьыга даҕаны, кинилэри ураты таптал, иэйии  ситимниир диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо. Сорохтор  умса бырах, тиэрэ бырах дьүһүннүүн, майгылыын үүт-үкчү буолааччылар. Сэрэйбиккит курдук,  бүгүн биһиэхэ   аҕа кыыһынаан ыалдьыттыыллар. Кинилэр Ытык хайалаах Дьааҥы сириттэн төрүттээхтэр.  Аҕа  кыыһын таптаан Лааныкачааным диэн ааттыыр.  Киниэхэ   анаан  «Тохтоллор көмүс дорҕооннор» диэн ырыанньык оҥорон таһаарбыт.  Кини   Ил Түмэн бэтэрээннэрин сэбиэтин сэкирэтээрэ,  Дьааҥы куоратын бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна  Геннадий Тимофеевич Степанов.  Оттон кыыс аҕатыттан ырыаҕа тапталы утумнаан, саха эстрадатыгар  чаҕылхайдык өрө көтөн  тахсыбыта. Дьон-сэргэ   кинини  Олимпия диэн аатынан билэр. 

Геннадий Тимофеевич, кэпсэтиибитин эйигиттэн саҕалыахха,  кыыһыҥ ыллыыр дьоҕура оҕо эрдэҕиттэн биллибитэ дуо?

–  Оннук, оҕолорум кыра эрдэхтэринэ дьиэбитигэр  куруук муусука холбуур этим.  Оччотооҕу сэбиэскэй эстрада ырыаһыттарын Валерий Ободзинскайы, Вадим Мулерманы, Владимир Трошины,  Майя Кристалинскаяны  сөбүлээн истэрим.  Кыыһым  түөрт  саастааҕар хомуньуус баартыйатын туһунан бэлитиичэскэй  ырыалары  үөрэтэрим. Тылын умна-умна да буоллар  син ыллаабыта буолара.  Кэлин  оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан оһуохайга, тойукка, чабырҕахха  уһуйуллубута. Бэйэтэ баҕаран туран үҥкүүнэн дьарыктаммыта. Бу барыта  ырыаһыт буолан ыллыы-туойа сылдьарыгар олус туһалыыр буолуохтаах. Сыанаҕа имигэстик хамсанан тутта-хапта сылдьара, ырыатын киэргэтэр бөҕө буоллаҕа дии.  Уопсайынан, ырыа ис хоһооно, матыыба уонна толоруута табыллыбыт  буоллаҕына, дьэ кырдьык, норуот  ырыаһыта буолуохха сөп дии саныыбын.

Олимпия икки уол кэнниттэн күүтүүлээх кыыс оҕо буолан төрөөбүт эбит.  Бука, сэрэйдэххэ,   атаахтык  иитиллибит буолуохтаах. Оннук дуо?

–  Оҕолорбун киһи сиэринэн атаахтатар, улаханнык мөхпөт-эппэт этим. Оччолорго оскуолаҕа  дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлиирим, оҕолорго аналлаах араас тэрээһиннэри ыытарым. Үлэм түбүктээх баҕайы  буолан, күнү быһа оскуолаҕа сылдьарым. Инньэ  гынан, бэйэм  оҕолорбор  элбэх бириэмэни анаабатаҕым.  Кыыһым төрөөбүт аата Светлана диэн, куруук сырдыгынан сыдьаайа сырыттын   диэммин итинник  ааттаабытым.  Дьиэбитигэр кылгатан  Лана эбэтэр  эбээннии Лааныкачаан диэн ыҥырабыт.  Кыргыттар  ордук аҕаларыгар  чугас буолаллар  дииллэрэ  кырдьык эбит.  Ланабын   кыра эрдэҕинэ  оннооҕор  булка илдьэ сылдьар этим. Оһохтоох диэн олус бултаах-алтаах сирдээхпит, онно   хаста да бииргэ кустаан турабыт.

 Эн санааҕар уол оҕону уонна  кыыс оҕону  иитии  уратылаах дуо?  

–  Уратылаах бөҕө буоллаҕа дии, холобур, уолаттары  от-мас үлэтигэр,  булка сыһыаран   иитиэххэ наада. Кыра эрдэхтэриттэн айылҕаҕа сырытыннаран  сиэри-туому тутуһарга,     сиэрдээх буоларга  уһуйар ордук.  Оннук  эр дьон эйгэтигэр киирдэхтэринэ,  дьэ, дьиҥнээх саха   эр  бэртэрэ  буола улааталлар.  Оттон  кыыс оҕону  ийэтигэр илии-атах оҥорон    дьиэ  үлэтин өрө тардарга,    иистэнэргэ, ас астыырга  үөрэтиэххэ наада.  Оҕо толкуйдуур дьоҕура,   билиитэ-көрүүтэ эмиэ сайдыахтаах.  Ол иһин, төрөппүт кинигэҕэ тапталы уһугуннаран,  ырыаҕа-тойукка эҥин сыһыаран,  бары өттүнэн сайдалларын ситиһиэхтээх дии саныыбын.

 Эр киһи, аҕа оруола түстэ дииллэр, ону  хайдах өрө тардыахха  сөбүй?

– Бастатан туран, ыал ийэтэ   оҕолор истэллэригэр эригэр   “эн кыайыаҥ, сатыаҥ  суоҕа, эр киһитэ да суох  олоруохха сөп” эҥин диэн саҥарыа  суохтаах. Ийэлэриттэн оннугу истэ улааппыт оҕолор кэлин аҕаларын убаастаабат буолуохтарын сөп. Ол иһин,  хаһан баҕар аҕа оруолун үрдэтэ сатыахха наада. Сатаабат, кыайбат да буоллаҕына бастаан  кинилиин  сүбэлэһэн,   санаатын истэн   үрдүктүк тутуохха наада. Оччоҕо эр киһи, кырдьык, аҕа баһылык буоларын өйдүүр, дьиэтин-уотун, дьонун-сэргэтин көмүскүүр-харыстыыр,  дьиэ кэргэнигэр эппиэтинэстээх буолар.   Өскөтүн дьиэ кэргэҥҥэ аҕаны убаастаабат, аанньа ахтыбат буоллахтарына,   арахсыы элбиир дии саныыбын.  Киһи барыта син биир туох эрэ  итэҕэстээх буолар. Дьахтар ону  була  сатыы-сатыы саҥарар,  уот айах буолан ыһа-тоҕо  кэпсии сылдьар буоллаҕына, биллэн турар,   сыһыаннара  сатарыйан  букатын тэйсэн да  хаалыахтарын сөп.

Олимпия эстрадаҕа  тахсыбыт хорсун  уобараһын   хайдах ылыммыккыный? Биллэр-көстөр кыыстаах буолар хайдах эбитий?

–  Үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии, кыратык киһиргээн  да ыллахха туох куһаҕаннааҕый? (күлэр)  Кыыспынан киэн туттабын, кини  сүрүн сүгүрүйээччитэ буолабын. Олимпия диэн олус улахан суолталаах, ураты  ааты бэйэтэ ылыммыта. Киниэхэ  наһаа барсар дии саныыбын.   Аан бастаан  “Тыын” диэн ырыатынан   бурҕачыйан тахсан соһуппута. Билигин син түспэтийэн, ырыалара да дьоһун  буоллулар. Тус бэйэм  “Кыргыттарым” уонна “Көстүүй” диэн ырыаларын наһаа сөбүлүүбүн.  Бу соторутааҕыта оскуолабыт үбүлүөйүгэр, оннооҕор  кылааһынньыктарым кыыһым ырыаларын хаста да  холботон  үҥкүү-битии  бөҕө буолбуттара.  Атын да дьон  бырааһынньыктарыгар кэлэн ыллаабытын, утуктуу олорон эмискэ  сэргэхсийэ түспүттэрин,   астыммыттарын туһунан  кэпсээччилэр.  Ону мин аҕа киһи олус күндүтүк ылынабын.

 Сиэннэргэр кыргыттар    төһө элбэхтэрий? Кинилэри иитиигэ   кыттыһаҕын дуо?

– Түөрт кыыс сиэннээхпин. Сорохтор  ыраах олорор буоланнар   дөрүн- дөрүн  көрсөбүт.  Кинилэри   бэйэм интэриэспэр, холобур,   кинигэ ааҕыытыгар, ырыаҕа-тойукка  сыһыара сатыыбын. Ордук  төрөөбүт тылларынан  аахтарабын. Сахалыы тыллаах оскуолаҕа үөрэттэрэллэрин  туруорсабын. Ланам  кыргыттара сүрдээҕин сахалыы саҥараллар, ийэлэрин ырыатын барытын кэриэтэ билэллэр. Кыра кыыс Элина  олоҥхоттон быһа тардан ааҕан үөрдүбүтэ. Уһуйааныгар  үөрэппиттэр этэ.  Кыра оҕолорго  маннык  үөрэтэллэрин   наһаа хайгыыбын. Сотору иҥнибэккэ  ааҕар   буолуохтара диэммин эрэнэбин. Нууччалыы буукубаны билбиттэрин кэннэ сахалыыга көһүөххэ наада. Барытын бииргэ  хааһылаан  кэбистэххэ буккуллан  хаалаллар дии саныыбын. Онон сиэннэрбин оннук үөрэтэр  былааннаахпын.

Эдэр аҕаларга тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Оҕону аҥаардас тылгынан  буолбакка холобургунан  үөрэтиэххин наада. Туох эрэ интэриэстээх уонна онно  дьиэ кэргэҥҥин  угуйар буолуохтааххын. Дьиэ-уот бүппэт  түбүгүн  өрө тутан  олоруо  суохтааххын дии саныыбын. Бииргэ айылҕаҕа тахсан сынньаныҥ,  кыраттан үөрэ-көтө,  ыллыы-туойа  сылдьыҥ диэммин сүбэлиибин.

 Геннадий Тимофеевич,   кэпсээниҥ иһин махтанабын. Аны  Олимпияны кытта кэпсэтиибитин салҕыахха.

Олимпия,    аҕаҥ эйигин оҕо эрдэххиттэн улахан сыанаҕа бэлэмнээбит курдук эбит дии.

– Оннук, аан бастаан  муусукаҕа сыһыарбыт киһим аҕам буолар. Кини атын куораттарга  бардаҕына хайаан да мусукаалынай  тиэхиньикэ аҕалааччы. Биирдэ  дьоппуон  магнитафонун  аҕалбыта.   Онно  ыаллыы олорор оҕолор   мустаммыт  Валерий Ободзинскайы, Майя Кристалинскаяны  истэрбит.   Кэлин Татьяна  Буланова  ырыаларын сөбүлээн   истэр буолбутум. Ол быыһыгар  Светлана Журавель ырыатыгар үҥкүү туруора оонньуурум. Онтон видео-магнитафон аҕалбыта. Онно устаары  ыллатар, хоһоон аахтарар ахан  этэ.  Хампыат манньалаах буолааччы.  Ити курдук,  аныгы  тиэхиньикэ  арааһа аан бастаан биһиэхэ баар буолаччы.  Онтон биһиги  наһаа  киэн туттарбыт,  олох  “курутуойдар” курдук сананарбыт.

Аҕам эмиэ байаанынан  наһаа үчүгэйдик  ыллыыр.  Ыһыахтар кини   ырыата суох ыытыллыбаттар диэтэхпинэ, омуннааһын буолбата буолуо.  Айар үлэбинэн куруук аҕабыттан сүбэ-ама ылабын,  саҥа ырыаларбын бастаан киниэхэ  иһитиннэрэбин.  Кириитикэлиир, тугу сөбүлээбэтэҕин баллаччы этэр. Биирдэ эмэ  хайҕааччы, 50-чэ  ырыабыттан   үһү-түөрдү эрэ  чорботуон сөп.

Оҕо сылдьан аҕаҕынан төһө киэн туттар  этигиний?   

–  Бу санаатахха,  ордук аҕабын кытта алтыһар эбиппин. Тоҕо диэтэххэ, кини  оскуолаҕа үлэлиир буолан, күнү быһа  онно  бииргэ сылдьар этибит. Устуоруйа уруогун ыытарын таһынан    оҕолору   оһуохайдатар, араас интеллектуальнай  оонньуулары ыытар, дискэтиэкэлэри  тэрийэр этэ. Куруук сиэбигэр хампыаттаах сылдьарын өйдүүбүн.  Ону көрдөөн оҕолор батыһа сылдьааччылар, аҕабын олус сөбүлүүр, киниэхэ тардыһар  этилэр. Ол  иһин, аҕабынан наһаа   киэн туттарым.  Кини миэхэ чугас доҕорум  курдук буолара. Ордук ийэбиттэн толлор этим.   Оттон аҕам  оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас курдук кэпсэтэрин, алтыһарын сөҕөбүн. Бу үтүө өрүтэ миэхэ бэриллибит дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ,  дьоһун саастарын бэлиэтиир үбүлүөйдэргэ,  кыһыл көмүс сыбаайбаларга,  оҕолор бырааһынньыктарыгар үгүстүк   ыҥырыллабын.

 Аҕаҕын кытта  түбэспит биир эмэ көрдөөх  түгэни кэпсиэҥ буолаарай.

– Биирдэ аҕабынаан кустуу бардыбыт. Оччолорго мин алта-сэттэ саастаахпын.  Тыынан   кустарбытын  хомуйа сылдьан, аҕам миигин  хаалларан баран  куһун ыла түспүтэ.  Син балайда ырааппыта быһыылаах. Мин аны кыһалҕатын оҥорон иигим кэлэн ыксаан бардым.   Аҕабын хаһыытаан ыҥыра сатаатым да, киһим мэлигир.    Хайыахпыный,  тыыга чохчойдоҕум дии (күлэр).  Ити курдук, эҥин араас  кусчуттар бааллара.

Улахан сыанаҕа тахсаргар хорсун  уобараскынан дьону куттуом дии санаабатаҕыҥ дуо?   

– Оччолорго халадаай ырбаахылаах хатыҥ аттыгар туран ыллыыр кыргыттар быыстарыгар,  эмискэ киирэммин  “революция” олохтообутум диэхпин сөп. Бэйэбиттэн тахсыбыт уобарас буолан дьон ылыммыта  дии саныыбын.  Була сатыы-сатыы айан  таһаарбытым  буоллар,  көрөөччү ону түргэнник билиэ этэ.   Үгүс   кириитиктэр миигин  “таарыйбыттара”, онтон мин олох кыһаллыбатаҕым, буолуохтааҕын курдук  саныыр этим. Саха эстрадатыгар  эпатажнай уобараска  суолу арыйдым дии саныыбын. Атыттарга майгыннаабат ураты  суоллаах-иистээх   ырыаһыт  буоламмын,   көрөөччү да интэриэһиргиир  буолуохтаах.

Түмүккэ, билиҥҥи үйэҕэ  эр киһи оруолун хайдах көрөҕүн?

– Аҕалаах, икки убайдаах, элбэх эр дьон аймахтаах  буоламмын, дьиэ кэргэҥҥэ эр киһи оруола үрдүктүк туруохтаах   дии саныыбын.  Мин дьиэ кэргэммэр оннук. Аҕа дьиэ кэргэн баһылыга, төбөтө буолуохтаах.  Кыргыттарбар эмиэ эр дьону  убаастааҥ диэммин куруук этэбин.   Бастаан остуолга ыал аҕа баһылыга  олоруохтаах,  кинини минньигэс аһынан аһатыахтааххыт диэммин  үөрэтэбин.

Махтал, айар үлэҕэр өрө дабайыыны баҕарабын.     

 

Кэпсэттэ Венера Охлопкова 

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...