Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр, декадалар ыытыллаллар. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар олоҥхону уонна олоҥхоһуттары үрдүктүк бэлиэтииллэр. Бу хайысхаҕа кэскиллээх бырайыактаах Борис Михайлов — Айылҕан буолар. Кини 2009 сыллаахха “Ыалга олоҥхолооһун” бырайыагын олоххо киллэрэн, бу сыллар тухары хас да саха ыалын дьиэтигэр биллэр олоҥхоһуттар олоҥхолоро иһилиннэ.
Олоҥхо — дьоро күн
Борис Михайлов — Айылҕан “олоҥхо үөскээбит, сайдыбыт төрүт эйгэтигэр – ыал дьиэтигэр киириэхтээх” диэн санаанан салайтарар.
Былыр-былыргыттан саха ыалыгар олоҥхону истии дьоро киэһэнэн ааҕыллара, олоҥхо буолар сиригэр элбэх аймах-билэ дьон, чугас ыаллар мусталлара. Борис Николаевич ол туһунан бу курдук этэр: “Билиҥҥи олоҥхоһуттар кэпсииллэр ээ. Кинилэр оҕо сылдьан олоҥхоһут кэлэр үһү диэн иһиттэхтэринэ, туох киһи кэлэрэ буолла диэн таайаллар эбит. Дьоннорун хамсаныыларыттан үчүгэй киһи кэлэрин сабаҕалыыллар эбит. Тоҕо диэтэххэ, саха ыалыгар олоҥхоһут саамай күндү ыалдьытынан буолара. Ол иһин олоҥхоһут кэлэр сураҕын истээт, дьон иһирдьэнэн-таһырдьанан үлэлэрин үмүрүтэ охсон, үчүгэй сыалаах эт киллэрэн ириэрэн, саламаат буһаран, минньигэс ас сыта дьиэ иһигэр тунуйара. Быыкаайык оҕолор ол иһин олоҥхону бырааһынньык курдук өйдүүллэрэ, оттон олоҥхоһуту үчүгэй киһи кэлэн иһэр диэн күүтэллэрэ. Онтон олоҥхоһуттара киирэн кэллэҕинэ, маанылыыллара, бастыҥ астарын остуолга тардан, аһаталлара. Дьэ, ол кэннэ олоҥхоһутуҥ, буолуохтааҕын курдук, оһох иннигэр оллоонноон олорон олоҥхотун саҕалыыра. Ол курдук, оҕолор быыкаайык сырыттахтарына олоҥхо ураты эйгэтэ кинилэр өйдөрүгэр иҥэн хаалбыт эбит. “Генетическая память” диэн өйдөбүл баар дии. Ол аата билиҥҥи олоҥхоһуттарбыт төрдүлэригэр улуу олоҥхоһуттар бааллар эбит, эбэтэр оҕо сылдьан олоҥхону истэннэр, билигин дьон болҕомтотун тардар курдук олоҥхолууллар”.
Олоҥхоһуту хайдах үөскэтэбит?
Борис Николаевич кэлиҥҥи сылларга олоҥхо үрдүк таһымҥа тахсыбытын бэлиэтиир:
— Уонча сыллааҕыта өбүгэлэрбит олоҥхолорун илдьэ сылдьар олоҥхоһуттар сүтэн-симэлийэн иһэллэр диэн өйдөбүл баара. Үрдүк трибунаттан “Олоҥхоһуттар кэмнэрэ ааспыта. Билигин хантан уонна хайдах олоҥхоһуттары үөскэтиэхпитий?” диэн этэллэрэ. Олоҥхо ис хоһоонугар уонна иитэр-үөрэтэр өттүгэр болҕомто ууруохха наада дииллэрэ. Ол гынан баран, биһиги күүстээхтик үлэлэһэн, аҕыйах хаалбыт олоҥхоһуттарбытын куонкурустарынан, бэстибээллэринэн сырытыннаран, араас олоҥхо эйгэтин үөскэтэн, куонкурустары тэрийэн, олоҥхоһуттарбыт сүрдээҕин сайыннылар. “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхону чаас аҥаарын курдук толорор олоҥхоһуттарбыт билигин 10 чаас олоҥхолуур буоллулар. Онон утум быстыбат, салҕанан барар эбит диэн биһиги санаалаахпыт.
Оттон мин “Ыалга олоҥхолооһун” диэн бырайыагым олоҥхо дьиҥ эйгэтигэр — сэҥээрэн истэр дьонноох-сэргэлээх ыалга олохсуйан, үгэс көрүҥэр төннүү буолар. Оччотугар дьиҥнээх олоҥхобут эйгэтигэр киирэн ылабыт. Бу маннык ыалларга сылдьан олоҥхолуур дьон, биллэн турар, сайдан иһэллэр.
Олоҥхоһуту маанылыыллара
Олоҥхоһут кэнсиэргэ кыттар киһи буолбатаҕын, тарбахха баттанар аҕыйах киһи олоҥхо жанрын баһылыырын бэлиэтээн туран Борис Михайлов этэр:
— Мэҥэ-Хаҥалас аатырбыт олоҥхоһута, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Иннокентий Иванович Бурнашев — Тоҥ Суорун уонтан тахса олоҥхону өйүгэр тута сылдьан этэр улуу олоҥхоһут этэ. Кини бэйэтин ахтыытыгар этэн турардаах: “Күндүлэтэр, маанылатар үчүгэйин буһуурҕаан, устунан олоҥхону идэ оҥостубутум”, диэн. Бу олус таба эппит.
Былыр олоҥхоһуттар баай ыалларга сылдьан, онтон этинэн, арыынан, миэтэрэлээх таҥаһынан манньалатан бараллар эбит. Ол онон бэйэлэрин дьиэ кэргэттэрин иитэллэрэ. Ол иһин Тоҥ Суорун дьиэтигэр аҕыйахта көстөр этэ диэн дьон ахтар. Кини дьиэтигэр кэллэҕинэ үөрүү-көтүү аргыстаах күн буолар эбит. Ол иһин биһиги олоҥхоһуттарбытын кыахтаах соҕус ыалга киллэрэн олоҥхолотон, Тоҥ Суорун эппитинии, буһуурҕатан, маанылатан сырытыннарарбыт буоллар, олоҥхону толоруу таһыма үрдээтэр-үрдээн иһиэ этэ. Оннук түмүккэ кэлэн эрэр да курдукпут. 10 сыллааҕыта 30-ча мүнүүтэ толорор олоҥхоһуттарбыт билигин уончалыы чааска тиийэ хастыы да олоҥхону толорор таһымҥа тиийдилэр. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Олоҥхону өйүүр уопсай хамсааһын үөскээбитэ бу фольклорбут жанрын үрдүк таһымҥа таһаарда.
Ол курдук, Борис Михайлов-Айылҕан курдук энтузиастар баалларын тухары олоҥхобут симэлийиэ суоҕа.