Кулун тутар ыйга “Комдрагметалл” саалатыгар турбут “Далбар Хотун” сурунаал отут сыллаах үлэтин хаартысканан кэпсиир “Олох ойуута” быыстапка элбэх киһи болҕомтотун тардыбыта. Үс нэдиэлэ устата аһаҕас турбут быыстапканы 500-тэн тахса киһи көрбүтүттэн биһиги, тэрийээччилэр, сүргэбит көтөҕүллэр.
Быыстапка аһыллыытыгар сурунаалы төрүттээбит, атаҕар турарыгар быһаччы көмөлөөх буолбут дьоммут кэлэн, быыстапканы үрдүктүк сыаналаабыттара. Биллэн турар, 100-кэ хаартыскаҕа сурунаал матырыйаалын батарбаккын, ол иһин сүрүн рубрикаларга араас сылга тахсыбыт сэдэх чахчылаах, дьылҕалаах дьону арыйбыт суруйуулары таһаарбыппыт. Тутааҕа диэн, аныгы кэм сиэринэн куйаар куодтаах хаартыскаларга төлөппүөнү даҕайдахха сурунаал саайтыгар киирэн, ол сурунаал нүөмэрин бүтүннүү арыйталаан ааҕыахха сөп. Горнайтан бүтүн автобуһунан кэлбит дьон дьиэлэригэр иҥэн-тоҥон ааҕаары куйаар куодтары хаартыскаҕа түһэрэн илдьэ барбыттарын биһириибин.
Быыстапкабытыгар дьон болҕомтотун тардаары араас тэрээһини ыыттыбыт. Дьоруойдабытын кытта көрсүһүүлэр, маастар-кылаастар, идэлээх дьон сүбэлэрэ, айар киэһэлэр…
Быыстапка дьон-сэргэ болҕомтотун тардыбыт бастакы эрэдээктэр Наталья Харлампьева айар киэһэтинэн түмүктэммитэ ураты суолталаммыта.
Быыстапка үлэтэ, тэрээһиннэрэ күннэтэ куйаар ситимигэр тахса турбуттара. Түгэнинэн туһанан быыстапканы оҥорбут, күннэтэ ыалдьыттардыын алтыспыт эрэдээксийэбит айар үлэһиттэригэр Гаврил Поповка, Юлия Пестряковаҕа, Сардаана Кузьминаҕа, Венера Охлопковаҕа, “Сахабэчээт” рекламаҕа отделын салайааччытыгар Анна Поповаҕа, испэсэлииһигэр Валентина Дедюкинаҕа, программист Дмитрий Елегяевка истиҥ махталбын биллэрэбин.
“Далбар Хотун” Олоҕун ойуута мэлдьи кэрэ, үтүө, сырдык буола турдун!
Айталина Никифорова, сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ.